02.02.2023 | 16:00

Евгений Гоголев: «2023 сыл өйгө-санааҕа хаалар ситиһиилэрдээх буолуо диэн эрэнэбит»

Евгений Гоголев:  «2023 сыл өйгө-санааҕа хаалар ситиһиилэрдээх буолуо диэн эрэнэбит»
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Быйылгы сыл Арассыыйа үрдүнэн Уһуйааччы сылынан биллэрилиннэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр – Үлэ сыла. Аны туран чэгиэн-чэбдик олоҕу тутуһааччыларга, чөл туругу сэргээччилэргэ, физическай култуураны сайыннарааччыларга эмиэ бэлиэ сыл. Ол курдук, Саха сиригэр физическэй  култуура төрүттэммитэ 100 сыла бэлиэтэнэр.

Оттон биһиэхэ, хатастарга, И.И. Захаров аатынан Хатастааҕы 7 №-дээх оҕо спортивнай оскуолата төрүттэммитэ 20 сылын туолар. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт, И.И. Захаров аатынан Хатастааҕы 7 №-дээх оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Евгений Егорович Гоголев дьэ бу үөһээ этиллибиттэргэ барытыгар дьиҥ-чахчы сыһыаннаах. Ол курдук, үөрэнээччитэ Анатолий Михайлович Баишев, Анатолий Михайлович үөрэнээччитэ Григорий Филиппович Евсеев буоланнар бииргэ үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллара утумнаах үлэ биир чаҕылхай туоһута.

– Евгений Егорович, «Киин куорат» хаһыат аатыттан үбүлүөйдээх сылгыт үүммүтүнэн, бэлиэ сылы көрсө үйэҕэ буолбатах баараҕай спортивнай комплекс тутулла турарынан эҕэрдэлиибит! Бэйэҥ  Хатастааҕы Оҕо спортивнай оскуолатын төрдүгэр турбут киһи быһыытынан оскуолаҕыт историятын кэпсии түс эрэ.

– Оскуолабыт 2003 сыллаахха Дьокуускай куорат оччотооҕу баһылыга Илья  Михальчук дьаһалынан Хатас орто оскуолатын спортивнай саалатын баазатыгар тэриллибитэ. Дириэктэринэн – мин, үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччынан Оксана Павловна Гаврильева анаммыппыт. Оскуолабыт спорт түөрт көрүҥэр идэтийэн саҕалаабыта – тустуу, волейбол, мас-рестлинг уонна дуобат. Бастакы тренердэринэн Гаврил Гаврильевич Дмитриев, Вячеслав Валерианович Тимофеев, Руслан Иннокентьевич Жирков,  Василий Кимович Борисов үлэлээн саҕалаабыттар. Бу сыллар усталарыгар Дьокуускай куораттааҕы Үөрэх, Физическэй култуура уонна спорт  управлениеларын өйөбүллэринэн, Хатас дьаһалтатын көмөтүнэн, тренердэрбит сыралаах үлэлэринэн уонна, биллэн турар, дьарыктанар ыччаттарбыт дьөккүөрдэринэн кырата суох кирбиилэри ситистибит. Ол курдук, Анатолий Ларионов спорт маастарын нуорматын толорбута, Виктор Баишев, Виктор Никифоров, Андрей Руфов маастарга кандидат буолбуттара. Григорий Евсеев «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуу чемпиона буолар үрдүк чиэскэ тиксибитэ, Александр Павлов, Александр Соловьев, Анатолий Татаев, Семен Слепцов, Семен Пермяков бу Оонньуулар призердара буолбуттара. Мас-рестлиҥҥэ Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһии чемпионнара Виктор Андреев, Артем Степанов, Владик Никифоров, Айаал Никифоров, Арассыыйа призердара Айаал Кондратьев, Бурхалей Степанов, Василий Сивцев бүгүҥҥү ыччаттарга холобур буолаллар. «Урожай» ДСО Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиитин кыайыылааҕа Николай Степанов, III «Ёрдынские игры-2011» Норуоттар икки ардыларынааҕы этнокултуурунай бэстибээл чемпиона, VIII Бүтүн Арассыыйатааҕы тыа сирин кыһыҥҥы спортивнай оонньууларын (2017) призера Аина Петрова о.д.а. ааттарынан оскуолабыт киэн туттар.

Бүгүн биһиэхэ 200-чэкэ оҕо дьарыктанар. Аҥаардас мас тардыһыытын секцията сүүсчэкэ оҕону иитэн таһаарда. Үөһээ этэн аһарбытым курдук, манна  үөрэнэ сылдьан “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга 2000 сылтан саҕалаан 2016 сылга диэри мас тардыһыытыгар чемпионнар, үрүҥ көмүс, боруонса призердар буһан-хатан таҕыстылар. Ону таһынан тустуунан, волейболунан дьарыктаналлар. Бу көрүҥнэргэ киэн тутта кэпсиир Арассыыйа да, тас дойдулар икки ардыларынааҕы да таһымҥа түмүктэр элбэхтэр.

Иитэр-үөрэтэр үлэҕэ сүрүн болҕомтону маассабай спорка уурабыт. Тренердэр А.М. Баишев, К.К. Матаннанов, А.П. Осипов, Г.Ф. Евсеев, Т.С. Афонина биһиги оскуолабыт истиэнэтиттэн спорка ситиһиилээх эрэ буолбакка, чөл, чэгиэн өйдөөх-санаалаах дьон үүнэн тахсарыгар сыраларын уураллар.

– 2016 сыллаахха үлэлиир дьиэҕитин улахан баһаар былдьаан, билигин, кырдьык, уустук усулуобуйаҕа үлэлии олороҕут. Дьолго, быйыл саҥа спортивнай комплекска киирии үөрүүтүн билиэххитин сөп. Саҥа тутуу хаамыытын туһунан бастатан туран Хатас олохтоохторугар анаан кэпсээ эрэ. 

– 2016 сыллаахха ыам ыйыгар тахсыбыт быһылаан кэннэ дьиэтэ-уота суох хаалан, бу сыллар тухары, кырдьык, элбэх мэһэйи көрүстүбүт. Үгүс туруорсуу кэннэ 2021 сыл атырдьах ыйын 21 күнүгэр Хатас бөһүөлэгэр үөрүүлээх-көтүүлээх быһыыга-майгыга саҥа спорт комплексын сыбаайатын түһэрии сиэрэ-туома ыытыллыбыта. Үлэ-хамнас 2022 сылга саҕаламмыта. Күн бүгүн үлэ бара турар, ол гынан баран саха дьонун сиэринэн улаханнык оччо-бачча дииртэн туттунабын. Арай биири эрэнэн-итэҕэйэн туран этиэхпин сөп. Комплекспыт тутуута түмүктэнэн үлэҕэ киирэр түгэнигэр, дьарыктыыр эйгэбит кэҥиир, үлэһиппит ахсаана биллэ элбиир, нэһилиэнньэ хабыллар эйгэтэ эмиэ далааһыннанар диэн. Тутууну ыыта сылдьар КИНГ95 тэрилтэни кытта ыкса ылсан үлэлэһэбит.

– Бырайыак быһыытынан, иһигэр туох-туох баар буолуохтааҕын истэн үөрүөххэ.

– Дыбарыаспыт «2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр физическэй култуураны уонна спорду сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагырааманан тутуллар, уопсайа 2600 тыһыынча кв. миэтэрэ иэннээх, 400 миэстэлээх трибуналаах, икки этээстээх буолуохтаах. Игровой көрүҥнэринэн дьарыктанар саала, тустуу, бокса дьарыктара барыта баар буолуохтара. Тиэргэнигэр сынньалаҥ балаһаакката, аһаҕас халлаан анныгар спортивнай балаһаакка, массыына туруорар сир кытта оҥоһуллуохтаахтар. Онон нэһилиэнньэ хас да сыллаах ыра санаата олоххо киирэрин бары даҕаны долгуйа күүтэбит. Комплекспыт олоххо киирдэҕинэ, олохтоохтор куоракка киирэ сатаабакка, манна үрдүттэн дьарыктанан, баай, дириҥ спортивнай историялаах нэһилиэкпит чөл, чэгиэн олоҕу тутуһуута өссө күүһүрүө, ыччаппыт өссө үрдүк чыпчааллары дабайыаҕа диэн эрэнэбит.

Дьэ ити курдук тутулла турар спорт дыбарыаһа үлэҕэ киирэн, И.И. Захаров аатынан Хатастааҕы оҕо спортивнай оскуолата үлэлиир усулуобуйата тупсан, көрдөрүүтэ, хаачыстыбата өссө үрдүө, нэһилиэнньэ маассабай спорка кыттыыта, чөл олох акылаата өссө чиҥиэ диэн баҕа санаабыт баһаам.

Уһуйааччыгын кытта үлэлииртэн ордук суох

Е.Е. Гоголев үөрэнээччитэ, И.И. Захаров аатынан Хатастааҕы 7 №-дээх оҕо спортивнай оскуолата аан маҥнай тэриллиэҕиттэн спордунан утумнаахтык дьарыктанан саҕалаабыт Анатолий Михайлович Баишев бу күҥҥэ убаастанар, тарбахха баттанар бастыҥ исписэлиис. Сүрдээх кичээҥи, сааһылыыр-наардыыр үлэни кыайа тутар буолан, ситимнээх үлэни үйэтитиигэ олус үчүгэй матырыйааллары мунньар. Хатастааҕы оҕо спортивнай оскуолатын Кубогар ыытыллар мас тардыһыы күрэхтэрин боротокуоллара, суруктара-бичиктэрэ кичэллээхтик уурулла сыталлар. Аны куруутун иҥэһэ үрдүгэр сылдьар буолан, күрэхтэһиигэ кэлэр оҕолору үгүстэрин бэркэ диэн билэр. Онон кэпсииригэр-ипсииригэр даҕаны барыта сиһилии: хаһан, ханна хайдах киирсибитин, төһө сайдыбытын, үүммүтүн ытыс иһигэр илдьэ сылдьар сир түннүгэ киһи. Сааһылыыр-наардыыр, кэтээн көрөрү сатыыр, ураты түгэннэри, албастары бэлиэтии көрөр уонна иитиллээччилэригэр эмиэ ити этиллибит хаачыстыбалары уһуйар дэгиттэр дьоҕурдаах.

– Анатолий Михайлович, уһуйааччыгын кытта үлэлиир хайдаҕый? 

– Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын бүтэрээт, ханна да халбаҥнаабакка, СГУ Физкултуурунай институтугар туттарсан киирэн, 2004 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Онтон ыла үөрэппит учууталым аттыгар үлэлиибин. Ол үчүгэйтэн уратыны аҕалбат дии саныыбын. Ааспытын кэннэ санаан көрдөххө, институкка үөрэммит доҕотторум ортотугар үөрэхпитин бүтэрэрбитигэр ханна үлэлии баралларын билбэттэр да бааллара. Билэр да буоллахтарына, онно тиийэн кими кытта алтыһан үлэлэрин хайдах саҕалыыллара эмиэ боппуруос курдуга. Оттон мин чааспар эттэххэ, үөрэнэрим тухары алтыспыт оҕолорум – иитиллээччилэрим, бэркэ билэр, убаастыыр учууталым – салайааччым миигин күүтэн олороллоро. Уонна саамай сүрүнэ – чопчу сыаллаах-соруктаах, былааннаах этим. Биллэн турар, барыта остуол ньуурун курдук көнө, чэпчэки буолбатах этэ эрээри, оннук туох эмит мунчаарыы, боппуруос баар буоллаҕына, бары сүбэнэн тобулан, быһааран кэллибит. Инникитин да оннук биир ситимҥэ үлэлиэхпит диэн эрэнэбин. Учууталбар, настаабынньыкпар, салайааччыбар Евгений Егорович Гоголевка махталым муҥура суох.

– Бэйэҕит холгутугар элбэх моһолу аастыгыт эрээри, илиигитин араарбакка үлэлээҥҥит, ылбыт үрдүк таһымҥытын ыһыктыбакка кэллигит. Бу туохтан, кимтэн тутулуктааҕый?

– Бастатан туран, дьоҕус эрээри эйэлээх, олус үлэһит кэлэктииптээхпит. Кэккэ биричиинэнэн ордук кэлиҥҥи сылларга сүрдээх ыарахан усулуобуйаҕа үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Ол курдук, Хатастааҕы музыкальнай оскуоланы (дириэктэр Лемешева Х.Н.) кытта биир дьиэҕэ-уокка баарбыт үлэбитигэр-хамнаспытыгар, ордук игровой көрүҥнэр дьарыктарыгар охсуулаах. Мас тардыһыытын, көҥүл тустуу дьарыктара кыах баарынан, санаа күүһүнэн тэтимнэрин ыһыктыбакка ыытылла тураллар.

Анатолий Михайлович Баишев учууталын, настаабынньыгын уопутун ылынан, оскуола саҕаттан иитэн-үөрэтэн, тэҥҥэ үүнэн-сайдан тахсыбыт үөрэнээччитэ Григорий Филиппович Евсеевы кытта бииргэ үлэлии сылдьар.

– Григорий Филиппович, оскуолаҕа үөрэнэр эрдэххинэ сайыҥҥы сынньалаҥҥар даҕаны дьарыккын тохтоппоккун, ааһа баран үөлээннээхтэргин, уулуссаҥ оҕолорун мунньан бииргэ дьарыктанаргытын бөһүөлэк дьоно үөрэ көрөрө. Олоххун спорду кытта ситимнииргэ олук уурбут бастакы кыайыыҥ дуу, хотторууҥ дуу туһунан кэпсээ эрэ.

– Маҥнайгы мэтээлбин ылбыт күммүн олох бэҕэһээҥҥи курдук өйдүүбүн. Буолаары буолан кыһыл көмүс этэ. Оччолорго хамаанда ахсаана 15-18, сороҕор 20-ҕэ да тиийэр түгэннэрэ баара. Ол 2004 сыллаахха ыкса киэһэ күрэхтэһэн бүтэн баран өссө саалабытын барытын хомуйан, помостпутун көтүрэн бэйэбит саалабытыгар киллэрэн, дьиэбитигэр түүн үөһүн диэки тарҕаспыппыт. Бүтэн баран үөрүүбүттэн сүрэҕим битиргэччи тэбэ-тэбэ дьоммун үөрдээри тэпилииссэлэр быыстарынан сүүрэн иһэрбин бу курдук өйдүүбүн. Баран иһэн сотору-сотору илиим иминэн кууркам иһигэр кэтэ сылдьар мэтээлбин бигээн көрөбүн, аны түһэн хаалыа диэн куттанар курдукпун (мичээрдиир-Аапт.). Тиийбитим, дьонум бука бары утуйбакка миигин күүтэн олорор эбиттэр! Үөрүү-көтүү бөҕө буоллулар. Онтон ыла спорт, чөл-чэгиэн турук олоҕум арахсыспат аргыһа, сыалым-соругум буолбута. Онтон ити эн кэпсиир түгэннэр сайыҥҥы каникул кэмигэр буолааччылар. Бастакы тренажердарбытын араас тимирдэри (тыраахтар, массыына киэннэрин) хомуйан бэйэбит таҥан оҥорбуппут. “1 Баҕарахха” саастыы, эгил-тэгил уолаттар элбэх этибит. Хата, оннук мустарбыт мас тардыһыытыгар эрэ буолбакка, атын күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ эмиэ бэркэ көмөлөһөрө. Хатаска уонунан сыл ыытыллар “Байанай” күрэҕэр үс иһиттэн түспэккэ иһэрбитигэр даҕаны төһүү күүс буолбута. Түөлбэбит салайааччыта Николай Семенович Поповка  айылҕаны кытта алтыһыыга араас албастары үөрэппитигэр махталбыт улахан.

– Эн бу оскуолаҕа көлүөнэ ситимэ буолан кэлэн үлэлии сылдьар исписэлиискин. Бу туһунан тугу этиэҥ этэй?

– Ээ, бэрт бөҕө буоллаҕа. Төрөөбүт-үөскээбит Хатаспыттан харыс да халбарыйбакка кэргэннэнэн, оҕолонон-урууланан, дьиэ-уот туттан олорорбор учууталбар, настаабынньыкпар Анатолий Михайловичка махталым улахан. Сүрүн үлэбит таһынан нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор эмиэ кыттабыт. Онно улахан төһүү күүс, өй-санаа угааччынан эмиэ Анатолий Михайлович буолар. Кини этэринэн-өйдөтөрүнэн “билигин буолбатах буоллаҕына, хаһан” эбэтэр “эйиэхэ наадыйалларын тухары олох үөһүгэр сылдьыахтааххын” диэн девизтээх “Хатас хамсааһына” да диэн түмсүүгэ, мас тардыһааччылар да түмсүүлэригэр баарбыт. Ону сэргэ бэйэбит иитиллээччилэрбитин саха сатаабатаҕа суох диэн өйдөбүлүнэн айылҕаҕа да сырытыннарабыт, муус-мас бэлэмнээһинигэр үөрэтэбит уо.д.а. Ситим быстыбатын туһунан эттэххэ, быйылгы үөрэх дьылыгар үөрэнээччилэрим Саша Протопопов уонна Илья Иванов Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжы бүтэрэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....