Евдокия Семенова: «Сырдык санаалан, олоҕуҥ сценарийын үчүгэйдик суруй»
«Айуу, чэ!» тэттик киинэ биир да сериятын көтүппэккэ, тото күлэн, олоҕун уһаппыт киһи элбэх. Өссө сорохтор эргитэ сылдьан хос-хос көрөллөр үһү.
Суруналыыс хараҕынан хайгыы көрөр, “кинилиин кэпсэппит киһи” диэн хаһаана сылдьар дьоруойдаах буолар. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт туһунан суруйуохпун баҕарбытым ыраатта. Ол баҕа санаам туолла.
Евдокия Семенованы кытта тыйаатыр, киинэ, дьиэ кэргэн туһунан сэһэргэстибит. Кини “Айуу, чэ!” тэттик киинэҕэ уһуллубутун кэмсинэн ылбытын, кэлин дьон махталынан кынаттаммытын кэпсээтэ. Хатастааҕы норуодунай тыйаатыр режиссера олоҕун сценарийын кылгастык билиһиннэрдэ. Элбэх оҕолоох ийэ оҕону иитиигэ көрүүлэрин, кистэлэҥнэрин үллэһиннэ.
Оҕо сааһым кулуупка ааспыта
– Евдокия Ефимовна, саха дьонун сиэринэн сэһэргэһиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. Кимтэн кииннээххиний, хантан хааннааххыный? Култуура, тыйаатыр, киинэ эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний?
– Сунтаар улууһун Толоон нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Ийэм – Сунтаар, аҕам – Хатас. Алта оҕолоох ыал улаханабын. Төрөппүттэрим культпросвекка үөрэнэ сылдьан билсибиттэрэ. Мин үөскээн, дьонум ситэ үөрэммэтэхтэр. Ыал буолаат, Сунтаар Толоонугар көһөн тиийэн олохсуйбуттар. Кыра нэһилиэк буолан, алын сүһүөх оскуола эрэ баара, онон мин Элгээйи орто оскуолатын бүтэрбитим.
Төрөппүттэрим нэһилиэк култуурунай олоҕор көхтөөхтүк кытталлара. Аҕам баянныыра, ийэм ыллыыра, иккиэн сыаҥкаҕа оонньууллара. Этэргэ дылы, кинилэрэ суох биир да кэнсиэр буолбата. Онон оҕо сааһым кулуупка ааспыта, култуура эйгэтин көрөн улааппытым. Оскуола бары тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттарым, сыанаттан түспэт этим. Инникитин драмтыйаатыр артыыһа буолар ыра санаалааҕым. Ол эрээри үөрэххэ туттарсар сылбар сүүмэрдээһин ыытыллыбатаҕа. Онон төрүт култуура салаатыгар киирэргэ быһаарыммытым. 1997 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн баран, төрөөбүт дойдубар кулууп дириэктэринэн ананан үлэлии тиийбитим. Онтон Сунтаарга “Бартыһаан” кулуупка көспүтүм. Кэргэн тахсан, Кириэстээх нэһилиэгэр кийииттии барбытым, онно эмиэ кулуупка үлэлээбитим. 2004 сыллаахха дьонум биһиги кэккэбититтэн хомолтолоохтук туораабыттара. Ол саҕана үс оҕолоохпут. Кэргэммин кытта сүбэлэһэн баран, бииргэ төрөөбүт кыра балтыбын эпиэкэҕэ ылбыппыт. 2005 сыллаахха Хатаска уһаайба атыылаһан, дьиэ кэргэнинэн көһөн кэлбиппит. 2006 сыллаахха “Тускул” култуура киинигэр үлэлии киирбитим. Билигин Хатас норуодунай тыйаатырыгар режиссерунан айа-тута сылдьабын. Кэлин кэлэктиибим өйөөн, Култуура уонна искусство колледжыгар уһуйуллан, “Театральное творчество” диэн үөрэҕи бүтэрбитим.
«Айуу, чэ!» салгыыта тахсыа дуо?
– Тэттик киинэҕэ сүүмэрдээһини хайдах ааспыккыный?
– 2018 сыллаахха кастинг буоларын истэн, артыыстарбын өйөөн, кинилэри кытта барсыбытым. Сүүмэрдээһиҥҥэ кэлбит дьон бэлэм сценарийынан сыаҥкаҕа оонньоон көрдөрөллөр эбит. Мин эмиэ киирэн оонньоспутум. Артыыстарбын ыҥыраллара дуу дии сырыттахпына, миэхэ эрийэн: “Эйигин ыллыбыт”, – диэбиттэрэ. Соһуйан эрэ хаалбытым. “Оо-дьэ, хайыыбыный?” - диэн толкуйга түспүтүм. Хата, кэллиэгэлэрим тута өйөөбүттэрэ. Ол саҕана колледжка режиссураҕа үөрэнэ сылдьарым. Онон үөрэнэ-үөрэнэ уһуллубутум. Киэһэ кэлэн кулууппар үлэлиирим. Ол курдук түөрт ый биллибэккэ ааспыта.
Кастиҥҥа 90 киһиттэн алта артыыһы талан ылбыттар эбит. Бэлэм сценарийы ыыталлара, сарсын маннык таҥнан кэлэҕин дииллэрэ. Күҥҥэ икки-үс сюжеты усталлар. Сороҕор хас да дубль буолар. Бастакы күннэргэ, уопута суох буоламмыт, 14-15-тэ хос уһулларбыт.
– Көрөөччүнү ытатар, долгутар чэпчэки, күллэрэр ордук ыарахан дииллэр. Көрдөөх киинэни дьон-сэргэ хайдах ылыммытай?
– Бастаан утаа таах-сибиэ уһуллубуппун диэн санаалар киирэн ааспыттара. Көрөөччүлэр араас комментарийы суруйаллара. Дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибэккэ-көстүбэккэ сылдьыбыт киһиэхэ ыарахан соҕус этэ. Онтон пандемия саҕаланыаҕыттан хааччахтааһын кэмигэр эһигини көрөн сэргэхсийэбит диэн үгүс киһи махталын биллэрбитэ. Онон мээнэҕэ уһуллубатах эбиппин дии санаатым. Уулуссаҕа көрсө түстэхтэринэ, тута билэллэр, хаартыскаҕа түһэллэр. Инстаграмҥа биир быраас дьахтар махтанан суруйбута. “Наһаа ыарахан үлэҕэ сылдьабын (арааһа, ковид биригээдэҕэ үлэлиир), эһигини көрөн аралдьыйабын. Балыыһаҕа уһуллар түгэннээх буоллаххытына, кабинеппын туран биэрэбин”, – диэбитэ. Үгүс киһи эһигини көрөн күлэбит, үөрэбит диэн суруйар. Онтон сүргэбит көтөҕүллэр.
– Бука, көрөөччүлэргит саҥа сериялары күүтэр буолуохтаахтар. “Айуу, чэ!” салгыы уһуллуо дуо?
– Тэттик киинэбит серияларын билиҥҥэ диэри эргитэн аҕала-аҕала көрдөрөллөр, араас социальнай ситимнэргэ угаллар. Ол иһин сорохтор баччааҥҥа диэри уһулла сылдьаллар дииллэр эбит. Көрөөччүлэрбит эбии сериялары таһаарыҥ диэн баҕа санааларын этэллэр. “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа бырайыага элбэх. “Айуу, чэ!” салгыытын уһулуо эбит да, сценарий суруйуута ыарахан. Уопсайынан, көр-күлүү жанра уустук. Холобур, мин сценарийын эрэ аахтахпына, туох да күлүүтэ суох курдук буолааччы. Оонньоон көрдөххүнэ биирдэ тахсар. Эбэтэр күлүүлээх баҕайы сценарий, төттөрүтүн, туох да күлүүтэ суох буолуон эмиэ сөп.
Урукку састааппыт кэккэтэ кэҥиир
– Аны сүрүн үлэҥ туһунан кэпсэтиэххэ.
– Норуодунай тыйаатыр артыыстара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри хамнаска үлэлии сылдьар идэтийбит дьон буолбатахтар. Мин артыыстарым үлэлэрин кэнниттэн дьарыктана кэлэллэр. Репетициябыт киэһэ сэттэттэн уон чааска диэри буолар.
Сүрэҕин баҕатынан, бу эйгэни чахчы таптаабыт киһи эрэ норуодунай тыйаатырга оонньуур. Сыл аайы артыыспыт элбээн, урукку састааппыт кэккэтэ кэҥээн иһэр. Уопуттаах артыыстар эдэрдэргэ ыйан-кэрдэн биэрэллэр, сүбэ-ама, холобур буолаллар.
– Режиссер быһыытынан туох ирдэбиллээххиний?
– Артыыс оруолун баһыттан атаҕар диэри үчүгэйдик билиэхтээх, испэктээк сыалын-соругун өйдүөхтээх. Артыыстарбар чопчу маннык гыныҥ диэн этэн биэрбэппин. Бэйэлэрэ туспа көрүүлээх, уопуттаах дьон. Арай баҕа санаабын этиэхпин уонна кыратык көннөрүөхпүн сөп.
Артыыс арыллара-арыллыбата сыанаҕа хайдах туруктаах оонньуу тахсыбытыттан, тылын төһө билэриттэн, көрөөччү хайдах ылынан олороруттан тутулуктаах. Арай идэтийбит артыыстар тута арыллан оонньуохтарын сөп.
– Пандемия саҕаланыаҕыттан култуура эйгэтэ балайда эмсэҕэлээтэ. Бастаан утаа бары дьиэбитигэр олорбуппут, көрөөччүтэ суох хаалар кутталламмыккыт. Ол да буоллар, быыс-хайаҕас булан, аныгы кэм ирдэбилинэн бары да үлэлии олороҕут.
– Оннук. Хатастааҕы норуодунай тыйаатыр үлэтэ биир да күн тохтооботоҕо. Араас челленджтэри, күрэхтэри биллэрбиппит. Наталья Руфова “Сэрии кэмиттэн лоскуйдар” кэпсээнин “Тэтим” араадьыйаҕа анаан устубуппут. Гавриил Угаров “Харыйа” диэн айымньытын испэктээк гынан араадьыйаҕа биэрбиппит. Дмитрий Наумов “Гибернация” айымньытынан видеонан испэктээк туруорбуппут. Былырыын Дмитрий Наумов сыл аайы ыытар “Битва режиссеров” күрэҕэр кыттан, элбэх анал аакка тиксибиппит. Дмитрий Федосеевич сүүрэн-көтөн, кэпсэтэн, оптуобус булан, “Саллаат дьылҕата” испэктээкпитинэн Үөһээ Бүлүүгэ бара сылдьыбыппыт. Бу айымньы дьиҥ олоххо буолбуту көрдөрөр. Онон сүрүн дьоруой Николай Ноттосов дойдутугар – Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар уонна Үөһээ Бүлүүгэ бэйэтигэр көрдөрбүппүт.
“Саллаат дьылҕатыгар” сэрииттэн улаханнык бааһыран, этэргэ дылы, киһи аҥаара буолан кэлбит киһи туһунан кэпсэнэр. Дириҥ ис хоһоонноох испэктээккэ үксэ эдэр дьон оонньообуттара. Уолаттар оруолларын ис сүрэхтэриттэн толорбуттара.
Биһиги Дмитрий Федосеевич Наумов күрэҕэр сыл аайы кыттабыт. Биир сыл “Бассаап барахсан” айымньытын алта дуу, сэттэ дуу норуодунай тыйаатыр туруорбуппут. Бары тус-туһунан оонньоон көрдөрбүппүт. Режиссер барыта ураты көрүүлээҕин онно өссө күүскэ итэҕэйбитим. Хас биирдии артыыс атын-атыннык оонньуура олус интэриэһинэй этэ.
Артыыс дьону кэтээн көрүөхтээх
– Евдокия Ефимовна, эн көрөөччү өйүгэр хотун хаан уобараһынан ордук хатаммытыҥ диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Оттон олоххор хайдаххыный?
– Мин идэбинэн дьону салайар киһибин. Аны туран, элбэх оҕолоох ийэбин. Онон дьиэбэр, үлэбэр да хотун хааным баар буоллаҕа дии (күлэр). Ол гынан баран хас биирдии оруолуҥ үтүө да, мөкү да өрүтүн дьиҥ олохтон ылан, холобур, ханна эрэ көрбүккүн өйдөөн кэлэн, уобарас айан таһаараҕын.
– Артыыс режиссер эппитин толоруохтаах. Бэл, ханан да сыстыбатах оруолга тиксиэххин сөп. Эйиэхэ оннук баара дуо?
– Былырыын ахсынньыга көстүбүт “Кыргыттар” сериалга бэйэбэр олох майгыннаабат, эр киһи курдук дьахтары оонньообутум. Оруолбар киирэрбэр чэпчэки буоллун диэн, баттахпын кырыйтарбытым, кырааскаламмат этим. Бэйэм идэтийбит артыыс буолбатахпын. Онон уобараспын айан таһаарарбар билэр дьоммун харахпар ойуулаан, оҥорон көрөр этим.
Артыыс дьону кэтээн көрүөхтээх. Ким хайдах саҥарарын, хайдах туттарын-хаптарын, хаамарын-сиимэрин, тугу толкуйдуурун. Онон уобараһын айан таһаарар дии саныыбын.
Дьахтар сэбиэтин тэрээһинэ үгүс
– Эн уопсастыбанньыккын. Дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн хаһан талыллыбыккыный? Туох үлэни ыытаҕытый? Үгэс буолбут тэрээһиннээххит дуо? Быйыл Ийэ сылыгар туох былааннааххытый?
– Биһиги сэбиэппит 2012 сыллаахха тэриллибитэ. Онтон ыла бэрэссэдээтэлбин. “Ийэбиниин бииргэ” диэн сыл аайы ыытыллар бырайыактаахпыт. Оҕолор ийэлэрин кытта ыллаан, үҥкүүлээн, бэстибээл курдук ыытааччыбыт. “Ыам ыйын кэрэ көстүүтэ” диэн кыргыттары, дьахталлары ыҥыран, араас трениннэри оҥоробут. Дьахтар ис кэрэтин көрдөрөр бырайыак диэн кылгастык этиэххэ сөп. Иллэрээ сыл соҕотох аҕаларга бэстибээл тэрийбиппит. Ол иннинэ дьахталлар мустан, аҥаардас аҕаларга Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүнэн бэлэх оҥорор этибит. Олох ыарахаттарыгар түбэспит кыргыттар оскуоланы бүтэрэр банкеттарыгар былаачыйаларын тигэн, сирэйдэрин кырааскалаан, баттахтарын оҥорон биэрэн көмөлөспүппүт. Итинник араас хайысхалаах аһымал аахсыйалары иилээн-саҕалаан ыытабыт. Ону таһынан куоракка буолар күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттабыт. Пандемия уопсастыбаннай үлэбитигэр арыый мэһэйдээтэ. Ол эрээри Дьокуускай куорат дьахталларын Лигата социальнай ситиминэн араас күрэхтэри тэрийэр, онно көхтөөхтүк кыттабыт.
– Хатаска олохсуйбуккут ырааппыт. Нэһилиэккит төһө сайынна, тубуста дии саныыгын?
– Хатас урут-уруккуттан сахалыы кутун тута сылдьар нэһилиэк. Сыл аайы улаата, кэҥии турар, Табаҕаҕа тиийэн эрэр. Оҕолорун үөрэттэрээри, киин сиргэ тардыһан, үгүс киһи көһөн кэлэр, биһиги нэһилиэкпитин сөбүлээн олохсуйар. Хатас дьоно-сэргэтэ элэккэй, көхтөөх, түмсүүлээх.
Оҕону үс сааһыгар диэри бэйэҕиттэн араарыма
– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?
– Кэргэним эмиэ Сунтаартан төрүттээх, “Анаабыр алмаастара” тэрилтэҕэ суоппарынан үлэлиир. Улахан кыыспыт Айыллаана Семенова ыллыыр, икки оҕолоох. Уйусхан – Нерюнгритааҕы медколледж устудьуона. Эрхаан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үөрэнэр. Чэмэлиинэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интэринээккэ 5 кылааска, кыра кыыспыт Күн Чөмчүүк Хатас орто оскуолатыгар маҥнайгы кылааска үөрэнэллэр. Сиэннэрбит эмиэ сахалыы ааттаахтар. Кыыспыт улахан уолун Уххан, кыратын Айхал диэн ааттаабыта.
– Тыый, бары олус кэрэ ааттаахтар! Сахалыы саҥараллар дуо?
– Бэһис кылааска үөрэнэ сылдьан Москваҕа баран кэлбитим. Саха эрээри, тоҕо нууччалыы ааттаахпын ыйыталаспыттарын өйдүүбүн. Улааттахпына, оҕолорбун хайаан да сахалыы ааттыам дии санаабытым.
Улахан оҕолорбут сахалыы үчүгэйдик саҥараллар. Арай кыра кыыспыт нууччалыы баран хаалла. Онно бэйэм буруйдаахпын. Биир сааһыгар үлэлии тахсыбытым. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри солото суохпун. Билиҥҥи оҕо үксүн төлөпүөҥҥэ олорор, этэргэ дылы, кинини ютуб иитэр. Ити билигин кыһалҕа буолла. Онон оҕону үс сааһыгар диэри бэйэҕиттэн араарбакка илдьэ сылдьыахтаах эбиккин диэн түмүккэ кэллим.
Уопсайынан, куорат эйгэтэ син биир нууччалыы. Маҕаһыыҥҥа киир, оптуобуска олор. Ол эрээри төрөппүттэн улахан тутулуктаах дии саныыбын.
Соторутааҕыта “Саха” НКИХ социальнай ролик көстүбүтэ. Саха оҕото бэйэтин тылын билбэт, атын омуктар билэллэр. Ол оҕо эбэтиттэн: “Мин тоҕо сахалыы билбэппиний?” – диэн ыйытар. Ону кыыспар көрдөрбүтүм. Оҕом барахсан маккыраччы ытаабыта. Сахалыы кылааска биэрбитим, төрөөбүт тылбытынан кэпсэтэ сатыыбыт. Онон туох эрэ түмүк тахсар ини.
Үтүө майгыҥ – көтөр кынатыҥ
– Дьиэ кэргэҥҥэр сүрүн режиссер буоллаҕыҥ. Оҕону иитиигэ өссө туох көрүүлээххиний?
– Урут уонча оҕолоох ийэлэри көрө-көрө “итиччэ элбэх оҕону хайдах иитэллэрэ буолуой?” дии саныырым. Улахан оҕолоргун үчүгэйдик иитиэхтээх эбиккин, оччоҕуна кэлин көмөлөһөөччү буолаллар. Айыллаанам кыраларбытын көрсөн абыраабыта. Солото суох ийэ оҕолоро кыра саастарыттан бэйэлэрин дьаһанарга үөрэнэллэр. Элбэх оҕолоох буоллаххына, өссө үчүгэй. Бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр-харайсаллар, көмөлөсүһэллэр. Оҕолорум киэһээҥҥи астарын астыыллар, үөрэхтэригэр хомунан, тэринэн бараллар. Уолаттар дьиэ ис-тас үлэтин кыайа-хото туталлар. Биллэн турар, мурун бүөтэ кыыспыт атаах соҕус (күлэр).
Оҕо аҕатын, ийэтин көрөн үөрэнэр, онон оҕолоргун бэйэҥ холобургунан иитэҕин диэн санааны өрө тутабын. Онон барыларын батыһыннара сылдьан үлэҕэ сыһыарабыт.
Михаил Литвак диэн парапсихолог: “Дьоллоох олох сценарийа киһи майгытыттан-сигилититтэн тутулуктаах”, – диэн эппитэ. Былыр биһиги өбүгэлэрбит “Ким оҕотоҕунуй, тоойуом?”- диэн ыйыталлара мээнэҕэ буолбатах. “Ээ, үтүө киһи ыччата эбиккин!”– диэн үөрэ түһэллэрэ. Киһи майгыта-сигилитэ, туттара-хаптара кытта удьуорунан бэриллэрэ чахчы. Ол иһин кырдьаҕастар маннык майгылаах оҕо олоҕо эмиэ оннук буолар диэн эрдэттэн тойоннууллара.
– Дьылҕа Хааҥҥа итэҕэйэҕин дуо? Эбэтэр киһи олоҕун сценарийын бэйэтэ суруйар дуу? Туох дии саныыгыный?
– Киһи син биир үөһэттэн туох эрэ дьоҕурдаах, талааннаах этиттэрэн, айыллан кэлэр. Үрүҥ уонна хара суруктаах буолар. Ол – кини олоҕун сценарийдара. Онтон ханныгы талара көҥүл. Мантан сиэттэрэн эттэххэ, киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор.
– Иллэҥ кэмҥин хайдах атаараҕыный? Айар куттаах киһи, бука, тыыҥҥын таһаарынар, уоскуйар дьикти дьарыктааҕыҥ буолуо.
– Сайын оҕуруот олордобун. Кыһын хартыына уруһуйдуубун, ютубу көрөн, дьону үтүктэн, ону-маны илиибинэн оҥоробун. Иэйиим кэллэҕинэ эрэ дьарыктанабын.
Ыарахан да күннэргэр үчүгэйи эрэ ыралан
– Күммүт уһаан, сандал сааспыт чаҕылыйан иһэрэ билиннэ. Бу кэрэ кэми дьиэ кэргэҥҥитинэн хайдах, туох түбүктээх көрсөҕүтүй?
– Саас түбүкпүт үгүс. Арассаада олордобут, онтубутун көрөбүт-харайабыт, төттөрү-таары сыҕарытабыт. Элбэх оҕолоох ыалга эбии аһылык, дохуот да буолар. Таһырдьа сылыйдаҕына, дьиэбит таһын хомуйабыт, ыраастыыбыт.
– Кэлин ханнык бырайыакка ыҥырдылар? Сотору кэминэн күөх экраҥҥа көрүөхпүт дуо?
– Билигин суох. Баҕар, мантан саас ыҥырыахтара. “Битва режиссеров” күрэххэ кыттаары, испэктээк туруоран, солото суох сылдьабын.
– Ааҕааччыларга баҕа санааҥ.
– Киһи, чуолаан дьахтар, дьоллоохтук олоруон баҕарар буоллаҕына, сырдык санаалаах буолуохтаах эбит. Сырдык санаалаах киһи уһун үйэлэнэр, ыалдьыбат, олоҕун сценарийын үчүгэйдик суруйар. Өбүгэлэрбит ити туһунан мындыр этиилэрэ элбэх. “Киһи санаа күүһүнэн олорор” дииллэрин кытта сөбүлэһэбин. Санааҥ самынна да, олоҕуҥ эмиэ оннук буолар. Оннооҕор ыарахан да күннэргэр үчүгэйи эрэ ыраланыахтааххын, хара күүскүнэн санааҕын көтөҕө сатыахтааххын. Алгыстаах Уйбаан биир интервьютугар: “Биһиги бу орто туруу бараан дойдуга үөрээри-көтөөрү, үчүгэй санаалаах буолаары кэлэбит”, – диэбитин холобурдуохпун баҕарабын. Култуура эйгэтин үлэһиттэрэ дьон-сэргэ сүргэтин көтөҕөр, үөрдэр-көтүтэр туһугар айабыт-тутабыт.