11.08.2022 | 10:00

Евдокия Павлова: Хатас диэни көрдүбүт да, куруутун үөрүү

Орто дойдуга олох баарын тухары угуйар улуу умсулҕан, санааттан арахпат абылаҥ – айар-тутар суол. Айар-тутар, дьайар суол олох хайа баҕарар хайысхатыгар баар. Айар-тутар киһи туохтан барытыттан көрбүт эрэ сөҕөр, долгуйар, тойон болгуо сүрэҕэ тэбиэлиир дьикти көстүүтүн оҥоруон сөп.
Евдокия Павлова:  Хатас диэни көрдүбүт да, куруутун үөрүү
Ааптар: Наталья Руфова
Бөлөххө киир

Хатаспыт барахсаҥҥа талааннаахтар, дьоҕурдаахтар үгүстэр. Олортон биирдэстэрин – төгүрүк сыл уоскуйары билбэккэ үрдүк үүнүү туһугар үлэлиир, олох тыгыалас тымырын тута сылдьар, бу күннэргэ Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев биллэрбит «Киин куорат күөх кубога» көҕөрдүү күрэҕэр кыттар Евдокия Андреевна Павлованы ойуулаатахха, маннык: кулун тутартан саҕалаан көмүс күһүҥҥү  дьогдьоот кэмигэр диэри (кыһыҥҥыны өҥөйүөххэ диэри) олордуу, хомуйуу, астааһын, хаһааныы, уурунуу, тоҥоруу, хатарыы... Кыһыҥҥы ыйдарга сиэмэлэри наардааһын, суулааһын, эмтээһин, бэлэмнээһин, сааһылааһын, үчүгэйин-куһаҕанын ырытыы, ыраҥалааһын, литератураны хаһыы, интернет дириҥ далайыттан наадалааҕы булуу. Бу барыта Евдокия Андреевна сарсыарда туруоҕуттан киэһэ утуйуор диэри түбүгэ. Саҥа дьыл ааста да, олунньу ыйтан – кыралаан, кулун тутартан маассабай олордуу. Муус устар ортотун ааста да, тэпилииссэҕэ тахсыы. Манна тахсыбыт, быкпыт үүнээйилэри биирдиилээн араарыы (хас эмит уонунан тыһыынча устуука! – Аапт.), оһоҕун манааһын. Көрөргүт курдук, тулуйардаах киһи тулуйар дьарыга. Ол эрэн орто дойду олоҕор умсугуйан туран оҥорооччу, астына-астына айааччы, үөрэ-үөрэ үлэлээччи ситиһиитэ ситимнээх, үлэтэ тахсыылаах диэн баар. Баҕаран туран оҥоруу барҕарыыга, астынан туран олордуу аска-үөлгэ тиэрдэрэ – эмиэ Евдокия Андреевна олоҕо. Кини уруккута идэтинэн ветврач, киэҥ далааһыннаахтык, хоннохтоохтук үлэлээбит салайааччы, үлэттэн үөрүүнү, ситиһиини, үрдүк үктэллэри билбит, чахчыта да, хары күүһүн, өркөн өй да көмөтүн этинэн-хаанынан билбит киһи. Сүрдээх сэргэх, кэпсэтинньэҥ, аламаҕай, кими баҕарар кытта алтыһарга бэлэм, билиитин-көрүүтүн, сатабылын үөрүүнү кытта үллэстэр киһини кытта сэһэргэһиим маннык буолла.

– Евдокия Андреевна, саха дьонун сиэринэн, туохтан тутулуктааххыный, хантан саҕалаабыккыный диэххэ.

Мин 1955 сыллаахха хатыҥнардаах-чараҥнардаах, хампа солко тыалардаах, аҥаат-муҥаат алаастардаах Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгэр аҕыс оҕолоох Андрей Петрович Манасытов уонна Мария Петровна Лиханова дьиэ кэргэннэригэр маҥнайгы оҕонон күн сирин көрбүтүм. Дьонум барахсаттар киһини өйдүүр буолуохпуттан үлэни өрө туппут, дойду туһугар диэн өйдөбүллээх үтүөкэн үлэһиттэр этэ: аҕам – бостуук, сылгыһыт, ийэм – ыанньыксыт. Оччотооҕу ыал сиэринэн айыылар анаабыттарынан, иэйэхситтэр эппиттэринэн диэн өйдөбүлүнэн аҕыс оҕоломмуттар. Ийэбит барахсан оҕо көрөн олорботох, алта ыйбытын туоллубут да, дьааһыла оҕото буола түһэр эбиппит уонна кэлин сыыйа бэйэ-бэйэбитин көрсөммүн, этэргэ дылы, туох да муҥа-таҥа суох улааппыппыт. Төрөппүттэрбититтэн ылбыт саамай сүрүн өйдөбүлбүт – дьону кытта эйэлээх буол, үлэни үҥэр таҥара оҥоһун.

– Оннук бөҕө буоллаҕа. Ити көлүөнэ эйэлээх буолууну өрө туппут да буоланнар сэрии урусхалын чөлүгэр түһэриигэ эн-мин дэспэккэ, дойду туһугар, ол аата хас биирдиибит атыттар тустарыгар, атыттар хас биирдии киһи туһугар сыраластахтара. Эн, бука, улаатан баран  “Оскуола-производство-үрдүк үөрэх” диэн хамсааһыҥҥа кииртиҥ буолуо. Идэҕин хайдах таллыҥ?

– Олох сөпкө таайдыҥ. Ити хамсааһын билигин да баара буоллар сириэм суоҕа этэ. Туох да куһаҕаны оҥорботох хамсааһын. Үлэни-хамнаһы сыаналыы үөрэнэрбит, үп-харчы, ас-таҥас хантан, хайдах кэлэрин көрөрбүт. Олоххо буолар араас түгэннэртэн хайдах кыайыылааҕынан тахсарга да үөрэнэрбит. Тус бэйэм хамнас ылан дьоммор көмө буоларбыттан наһаа астынарбын өйдүүбүн. Идэни талыы диэ... Эппитим курдук, олох кырабыттан дьоммун холобур оҥостор буоллаҕым, арай онно көрдөхпүнэ, үп-харчы, ас-таҥас тыа хаһаайыстыбатыттан кэлэр. Онон улаханнык толкуйдуу барбакка, үөрэ-көтө Саха судаарыстыбаннай университетыгар бэтэринээр быраас үөрэҕэр туттарсыбытым. Эдэр саас, саҥа доҕоттор, билиини-көрүүнү эбинии – ити курдук үөрэнэн бүппүппүтүн билбэккэ да хаалбытым (күлэр – Аапт.). Диплом тутан, үлэһит буолан, ананыы бэрээдэгинэн Өлүөхүмэҕэ барар буоллум. Бастакы Нөөрүктээйи сопхуоһугар «старшай» диэн эбиликтээх бэтэринээр-бырааһынан үлэбин саҕалаатым. Хайдах эрэ куттана-толло санаабыппын өйдөөбөппүн, төттөрүтүн, сүргэ көтөҕүллэ, хайдаҕый, тугуй диэн интэриэһинэй, умсугутуулаах олох саҕаламмыта.

– Ол, бука, ыал улахан оҕото буолаҥҥын куруутун эппиэтинэскэ эриллэн, үгүс-элбэх тоҕо диэҥҥэ харда була үөрэммиккиттэн уонна, ити этэн аһарбытыҥ курдук, оскуола кэнниттэн үлэ оскуолатын ааспыккыттан буолуо. Дьэ, Чурапчы кэнниттэн Өлүөхүмэ айылҕата, сүөһүтэ, сылгыта, ото-маһа хайдах этэй?

Уратылаах бөҕө буоллаҕа дии. Дьиҥ өҥ-быйаҥ буор-хаар диэн чахчы онно баара, баар да буоллаҕа. Санаан көрүүй, биир ыал тэлгэһэтиттэн аҕыс уоҥҥа, тоҕус уоҥҥа тиийэ куул хортуоппуй хостонор! Дьэ уонна сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри хортуоппуйу мотуйуу да мотуйуу... (күлэр – Аапт.) Ити оонньоон этэбин. Ол хортуоппуй кинилэргэ кыһын бензин, ас-таҥас, миэбэл, туттар тэрил, техникаҕа тиийэ буолан эргиллэн кэлэр буоллаҕа дии. Оттооһун-мастааһын да үгүөрү буолара. Былаан диэн сокуон курдук өйдөбүл баара. Былааны толоруу, хас эмит сыл инники өттүн былааннааһын олох бары хайысхатыгар баара – үлэһит каадыры иитэн таһаарыыга, норуот хаһаайыстыбатын бары өрүтүгэр тиийэ.

– Оннук ээ. Былааннааһын баар буолан, пятилетка, семилетка диэн баара.

Ити курдук үлэттэн бастакы үөрүүнү-хомолтону, түһүүнү-тахсыыны, олох араас түгэнин билбит сирим – өҥ-быйаҥ буордаах, күлүмүрдүү сүүрүгүрэр уонунан өрүстэрдээх, бултаах-астаах Өлүөхүмэ улууһа. Тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар үлэлээбитим, үлэһит, салайааччы быһыытынан буһуу-хатыы оскуолатын барбытым. Уопсайынан, Өлүөхүмэ миэхэ күндүттэн күндү, сүрэхпэр-дууһабар куруутун чугас. Манна мин олоҕум доҕорун, оҕолорум аҕаларын көрсөммүн ыал буолбутум, ийэ буолар дьолу билбитим. Кэргэним РФ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Лучшие люди России” диэн реестргэ киирбит Иннокентий Васильевич Павлов үлэттэн өрөгөйү, үөрүүнү-көтүүнү, үрдүк үрдэллэри ылбыт сатабыллаах салайааччы, киһи киэнэ килбиэннээҕэ этэ. Хомойуох иһин, кини билигин биһиги кэккэбитигэр суох.

Ол курдук ньиргитэн-ньаргытан таһаарыылаахтык үлэлии сырыттахпытына дойду бүттүүнүн олоҕор судаарыстыба тутула уларыйыар диэри улахан хамсааһыннар, ыһыллыы-бураллыы барда. Бу маннык түгэҥҥэ хайдах буолабытый диэн боппуруоһу үөрэтэн, ырытан баран, 1993 сыллаахха “Айан” крестьянскай хаһаайыстыба тэриннибит уонна үлэлии үөрүйэхпитинэн түһүнэн кэбистибит. Оччолорго судаарыстыба көмөтө билиҥҥи курдук оччону оҥоруом этэ, баччаны барыһырыам этэ диэн суругунан буолбакка, дьиҥ-чахчы үлэлээн ылбыт түмүккүнэн буолара. Инньэ гынан тигинэччи үлэлээн 4 төгүл СӨ гранын ылан турардаахпыт, ону таһынан аат-суол бөҕөтүн ситиспиппит – РФ бастыҥ хортуоппуй үүннэрэр хаһаайыстыбата буолуохпутугар тиийэ үрдүк көрдөрүүлэри ылаттаабыппыт.

– Эһиги көлүөнэ дьон сүрүн үлэни кытта уопсастыбаннай үлэни тэҥҥэ алтыһыннаран, норуот туһа, дойду туһа диэн хайаан да баар буолааччы. Ол хайысхаҕа тугу гыммыккытый?

Биһиги Кудай диэн уруккута холкуос саҕаттан баар сиргэ үлэлээбиппит. Бу ытык сиртэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр тыыннарын толук уурбут эдэркээн уолаттар, кэлин сэрииттэн тыыннаах төннүбүт, сэрии урусхалын кэннэ дойдуну чөлүгэр түһэриигэ үтүө суобастаахтык үлэлээбит  ытык дьоммут ааттарын үйэтиппиппит. Онно нэһилиэк баһылыга Светлана Иннокентьевна Ермолаева оруола сүрдээх улахан этэ.

– Ол курдук үлэлээҥҥин сыыйа оҕоруокка көспүккүн дии.

Дьэ, этимэ даҕаны. Дьиҥэ буоллаҕына, сири кытта үлэҕэ кыра эрдэхпиттэн тардыһар эбиппин диэххэ дуу... Оҕуруотунан дьарыктанар киһи үҥэр таҥарата буор, буор састааба, ол эрэ кэннэ сиэмэ, онтон көрүүтэ-истиитэ кэлэр буоллаҕа дии. Олох кыра сылдьан ыам ыйын 19 күнүгэр, Пионерия күнүгэр, хонууга хаар уута хоммут, мустубут сиригэр бастакы сөтүөлээһин буолара (тэбэнэттик көрөр – Аапт.). Дьэ онно кыыс, уол бөҕө киирэн сөтүөлүүрбүтүгэр сир сиик сыттаах буолааччы, ону сыттыырбын наһаа сөбүлүүр этим. Ол сытым бааһынаҕа саас баар буолааччы – сир сиигин тахсыыта. Инньэ гынан ити эмиэ мин наһаа күндүргэтэр, астынар түгэним буолар. Тоҕо диэтэххинэ былыта суох халлааннаах, куруутун дьоллоох кэммин санатар.

– Кырдьык даҕаны, мин санаабар, айылҕаҕа, олоххо эмискэ, соһуччу диэн суоҕун дакаастабыла ити таҕыста дии. Манна бааһынаҕа өр сылларга үлэлээбит агрономнар этэллэринэн, сааскы сир сыта олох ис-иһиттэн ураты уонна туһулаан ол эрэ кэмҥэ баар диэччилэр. Эйиэхэ оннук иэйии оҕо эрдэххиттэн баарын билбэккэ сырыттаҕыҥ, ол эрэн Дьылҕа Хаан син биир тиксиһэннэрдэҕэ дии.

Оннук. Уопсайынан киһи олоҕун итинник ыраҥалаан, саас-сааһынан наардаатаҕына, буолуохтаах син биир хаһан эрэ кэлэр эбит. Ол мин Хатаска кэлэн олохсуйарбар эмиэ баар көстүү. Өлүөхүмэ Дьокуускайтан ыраах буолан, айана сүрдээх сылаалаах, кэтэһиилээх буолааччы. Оннук айанныы сылдьан «Владимировканы аастыбыт да – Хатас», «Хатаһы аастыбыт да – куорат» диэн үөрээччибит аҕай. Ол аата Хатас диэни көрдүбүт да, куруутун үөрүү, аны тыа киһитэ куоракка хонору-өрүүрү эмиэ ыарырҕатар: тыаһа-ууһа, сыта-сымара, анньыһыыта уо.д.а. Ол иһин, сааһыран истэҕим аайы, ааһан иһэн санааччыбын: «Уу, дьэ, Хатаска дьиэлээхпит буоллар, төһө эрэ үчүгэй буолуо этэй?» - диэн. Ол ол курдук ааһан иһэр этэ. Дьэ, инньэ гынан таһаарыылаах, тахсыылаах үлэҕэ кыах бүтүүтэ, этэргэ дылы, дьаакыр быраҕан, оҕоҕо, сиэннэргэ болҕомто ууран олоруохха диэн өй-санаа кэлбитигэр, кэлэ-бара, айанныы сылдьан куруутун астына көрөр-истэр, саха дьоно сөбүлээн төбүрүөннээн олохсуйар сирдэрэ – Хатаска олорор эбиппин диэн буолбута. ''Сказано – сделано'' диэн өйдөбүлүнэн Маалгын түөлбэҕэ  тэлгэһэтэ тобус-толору Саха сирин эрэ буолбакка, араас дойду мастарынан сад олордуллубутун сөбүлүү көрөн, дьаакыр дьэ онно түһэр.

– Наһаа үчүгэйдик олох остуоруйа курдук кэпсиигин. Хатаска тэлгэһэҕэр киирэн туран маҥнайгы санааҥ туох этэй?

Дьэ онно мааҕыын таарыйбыт боппуруоспут кэлэр – былаан, былааннаах буолуу диэн. Кэлэрбэр чуолкай былааннаах этим. Инньэ гынан аан маҥнай тиэргэммэр киирэн туран саба быраҕан хортуоскам буолатын көрдүм. Көрдөхпүнэ, 15 куултан элбэҕи ылбат учаастак хаалбыт, атына барыта от-мас, ол-бу тутуу. Оччотугар 15 куулу 1000 атыылаатахпына, 15 000 сылга ыйы да быһаарбат дии санаатым уонна тэпилииссэнэн барар эбиппин диэн быһаарынным. Аны аатырбыт Хатаска оҕуруот аһын арассаадатын атыылааммын дохуот оҥосторум эмиэ саарбах эбит диэн буолла. Хата, ол сыл Дьокуускай куоракка оскуола оҕолоругар түһээн түһэриэхтэригэр диэри көҕөрдүнүү үлэтэ далааһыннаахтык ыытыллан, сибэккинэн күүскэ барбытым. Ол гынан баран оҕуруотум аһын да олортоҕум дии.

– Онтон ити олордор кэмиҥ, тыллар кэмнэрэ Өлүөхүмэттэн уратылаах дуо?

Уратылаах бөҕө, тыллар, ситэр кэмэ сороҕор икки нэдиэлэҕэ тиийэ араастаһар. Онтон син үлэлэһэн нэмин булбутум.

– Биһигини, хатастары ааһан, куораты, даачалары үтүөкэн туруктаах арассааданан хааччыйаҕын. Быйыл  арассаадаҥ Чурапчыга, Хаҥаласка да барыталаата. “Күөх сирэм” этно-искибиэрбит, И.Д. Панаев аатынан библиотека тиэргэнэ кустук өҥүнэн оонньуур араас үчүгэй суортаах сибэккилэрэ эмиэ эн сылаас илииҥ иһиттэн тахсаллар. Евдокия Андреевна, онтон сиэмэҕин хайдах, хантан булаҕын, кими кытта үлэлэһэҕин?

Бэрт боппуруос. Мин сиэмэни хас эмит уонунан сылларга, Өлүөхүмэ саҕаттан, Дьокуускай куоракка Чернышевскай уулуссатын, 8/1 баар “Семена +” диэн маҕаһыынтан ылабын. Лена Даниловнаны кытта бу сыллар тухары эн-мин дэһэн өйдөһөн-өйөһөн кэллибит.

– Арассаадаҕын «маассабай”, “сэдэх сибэкки”, “сэдэх суорт” эҥин диэн араараҕын дуо?

Арааран. Номнуо уонча сыл үлэлэһэммин куруук атыылаһар дьонум ордук тугу сөбүлүүллэрин билэбин уонна, биллэн турар, ким хайдах, төһө кыахтааҕын (күүс-уох, үп-харчы, интэриэс, сатабыл) эмиэ көрөбүн. Биллэн турар, сэдэх, селекционнай суортар сиэмэтиттэн саҕалаан ыарахаттар, сорох сибэкки анал буору, анал иһити ирдиир уо.д.а. Үгэс быһыытынан куруутун олордуллар да сибэккилэр, табан олортоххо (өҥүн-дьүһүнүн, үрдүгүн-кылгаһын, тыллар кэмин), сүрдээх кыраһыабай көрүҥү үөскэтиэхтэрин сөп. Ол гынан баран атын-атын үүнээйилэри, араас-араас суорду олордор үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии. Этэргэ дылы, интэриэһинэй, умсугутуулаах даҕаны. Наһаа биир да биир буоллаҕына, холтууралааһын, көтүмэх, хал буолуу тахсыан сөп. Онон сыл аайы туох эрэ сонуну, саҥаны, дьиктини хайаан да боруобалыыбын.

– Арба даҕаны, Саха сирин айылҕатын эмискэ итийэр, соһуччу тоҥорор, санаата да тыалырар, куйаара туран күһүҥҥүлүү буоларын тулуйар Сиэдэрэй Сэмэн диэн помидорбутун кэпсиэххэ эрэ.

Дьэ, Сиэдэрэй Сэмэн диэн помидор мин биир дойдулааҕым Чурапчы Арыылааҕыттан төрүттээх Попов Семен Романовиһы кытта быһаччы ситимнээх. «Сэмэн наһаа үчүгэй, угар кытарар, үгүөрү астаах помидордаах үһү” диэни истэммин, илдьиттэһэн-илдьиттэһэн, наарыһынайданан, дьэ, сиэмэм кэллэ. Бэйэ оҥоһуу кумааҕы пакетка таһыгар “Щедрые” диэн суруктаах этэ. Ол гынан кини бу суорду хайдах булбутун дуу, таһаарбытын дуу чуолкай билбэппин. Сыыйа, сахатытан, сиэдэрэй диэн буолла, аны аатын кытта дьүөрэлэһэ «Сиэдэрэй Сэмэн» диэн тахсан кэллэ.

Бу түбүктээх, сылаалаах үлэ эйиэхэ тугу биэрэрий, тоҕо сыл аайы бу курдук далааһыннаахтык үлэлиигин?

Бастатан туран, дууһа уоскулаҥа, сүрэх үөрүүтэ. Оҥорбуккуттан, кыайбыккыттан, сатаммытыттан үөрүү, саҥаны, сонуну билэн, эйгэҥ кэҥиир. Тиэргэн иһиттэн дохуот диэни улаханнык ылбаккын, ол эрээри, кистэл буолбатах, биллэн турар, дьиэ кэргэн экономикатыгар эбилик. Бу барыта үлэ, үлэ уонна үлэ. Уонна оҕону, ыччаты үлэнэн иитии. Кыра сиэним атыылааһыҥҥа эппиэтинэстээх, дьэ ону сүрдээх үчүгэйдик толорор. Киһиэхэ атыылыыр буоллуҥ да, бары өттүнэн – көрүҥэ, туруга, тааратыгар тиийэ –  толкуйдуубут.

– 100 % сөбүлэһэбин. Эйиэхэ кэллэххэ, арассааданы уктан барар хоруопкатыгар тиийэ бэлэм буолааччы. Аны кэпсиириҥ оҕото сыттаҕа дии. Бэйэтэ туспа ода... Хайдах маннык үчүгэйи билбэккэ сылдьыбыппыный, хайдах итиччэ кэрэни олордуом суоҕай диэххэ диэри буолааччы. Ол эмиэ туспа талаан, дьоҕур. Дьэ, күһүн буолла, аскын хомуйдуҥ. Онтон?

Онтон дьэ хаһааныы, уурунуу, тоҥоруу, хатарыы. Урут эдэр, кыанар эрдэххэ, сырыы аайы сонуну, саҥаны оҥоруу буолара. Кэлин бу чуолкай сиэниллэр диэбиппин эрэ оҥоробун.

– Евдокия Андреевна, эн үлэни таһынан сүрдээх үчүгэйдик иистэнэргин билэбин, били сиидэс баалга олус үчүгэй былаачыйалаах этиҥ. Өссө таҥаһыҥ кырадаһынынан сиидэс сэлээппэлээх этиҥ. Өссө туох дьарыктааххыный?

Онтон наһаа сакааска эҥин барардыы да буолбатар, саха дьахтара, хаһаайката тугу сатыырын син иистэнэбин. Устудьуоннуу сылдьан өссө олох тууһугуран туран баайыынан дьарыктаммыт кэмнээхпин.

Дьэ, ити курдук, этэргэ дылы, индийскэй киинэ диэн сымыйа, аан дойду киэҥ киэлититтэн, араас дойдуттан аҕалыллыбыт, атыылаһыллыбыт алта уонтан тахса көрүҥ уон оччо суорда, о.э. тыһыынчанан сибэккигэ сууланан олорор, оҕуруот аһын ый аайы хомуйардыы күнүн-дьылын ааҕынан олордор үс куту дьүөрэлээбит, сиэр-майгы үрдүк таһымыгар тахсыбыт санаата арылхай, эйгэтэ эйэҕэс Өлүөхүмэ улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайката, Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын Бочуотун кинигэтигэр киирбит Евдокия Андреевна Павлованы кытта кэпсэтиибин Валентина Комиссарова – Күлүмүрэ хоһоонунан түмүктүүрбүн көҥүллээҥ.

Сир ийэ барахсан – бэйэтэ

Амарах айылгы эйгэтэ,

Аан дойду олоҕун бүөбэйдии,

Күн тула эргийэр эйэргии.

Ол курдук дьон эмиэ дьаныһан,

Сылайар диэн тугун билбэккэ,

Үрдүкү тапталга талаһан,

Тардыһыах тустаахпыт сырдыкка.

Евдокия Андреевна бэрт тиийимтиэтик, саас-сааһынан сааһылаан, оҕуруот үлэтин “Саха” НКИК “Тиэргэн” биэриитигэр 2020 сыл от ыйыгар кэпсээбитин ютуб ханаалга киирэн көрүөххүтүн сөп. Биллэн турар, биир биэриигэ кини олоҕун анаабыт дьарыга кыратык сэгэтиллэр эрэ буоллаҕа дии. Онон инники өттүгэр бу үлэни үйэтитиигэ, кини уопутун киэҥник тарҕатыыга үлэлэстэххэ, өссө туһалаах буолуо этэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....