Этиҥ-сииниҥ тугу этэрин иһит
Биһиги испитигэр, эппитигэр-хааммытыгар туох буола турарын бэйэбит да билбэппит. Туох эрэ кэһиллии таҕыстаҕына биирдэ өйдүүбүт. Эбэтэр онно кыһаллыбаппыт. Дьиҥэ, биһиэхэ араастаан “биллэрэ”, “сэрэтэ” сатыырын улахаҥҥа уурбаппыт.
Тирииҥ хатырар буоллаҕына
Эккэр-хааҥҥар Е битэмиин тиийбэт. Күннээҕи аһылыккар эриэхэ, эмис балык, үүнээйи арыыта наада.
Баттаҕыҥ түһэр, тыҥыраҕыҥ тостор
В бөлөх битэмииннэрэ уонна кальций тиийбэт. Бу битэмииннэр туорахтаах аска, хааһы арааһыгар, килиэпкэ элбэх.
Миилэҥ хааннырар
С битэмиин кэмчитин кэрэһилиир. Луугу, чесногу, фруктаны уонна оҕуруот аһын дэлэйдик сиэ. Дөлүһүөн көөнньөһүнньүгүн эбэтэр бэс мутукчатын оргутан ис.
Үчүгэйдик утуйбаккын, кыраттан кыыһыраҕын
Магний уонна калий тиийбэт. Эйиэхэ курага, чернослив уонна сүбүөкүлэ абыраллаах буолуоҕа.
Түүн аайы иҥиириҥ тардар
Ол аата эккэр-хааҥҥар эмиэ магний уонна калий тиийбэт.
Тоҕоноҕуҥ хаас тириитин курдук
С уонна А битэмиин тиийбэт. Саһархай өҥнөөх оҕуруот аһыгар уонна фруктаҕа элбэх: моркуоп, тыква, помидор, абрикос, курага.
Аны туран, киһи биир кэм сыалааҕы-арыылааҕы эбэтэр аһыы аһы сиэн баҕарар түгэннээх. Киһиэхэ туох тиийбэтин организм бэйэтэ биллэрэр эбит.
Туустааҕы сиэххин баҕараҕын
Инфекция эбэтэр тымныйыы бэлиэтэ. Чуолаан хабах, ууһатар уорган мөлтөөбүт буолуон сөп.
Минньигэһинэн үлүһүйэҕин
Сылайбыккын-элэйбиккин, ньиэрбэҥ бараммыт. Мүөт эбэтэр сакалаат сиириҥ ордук.
Ньулуун ас
Гастрит эбэтэр быар мөлтөөбүтүн кэпсиир “сигнал”. Тууһа суох ас куртаҕы уоскутар.
Ас барыта тууһа суох, сымсах курдук
Депрессия бэлиэтэ.
Сиэмэчикэ сиэххин баҕараҕын
Эккэр-хааҥҥар антиоксидант тиийбэт.
Аһыы ас
Организм быар уонна үөс үлэтин күүһүрдэн биэр диэн биллэрэрин быһыыта. Күннээҕи аскар лимону уонна күлүүкүбэни киллэр.
Муора бородууктата
Йод тиийбэт.