26.02.2021 | 13:39

Эти, балыгы сатабыллаахтык хаһаанабыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Мантан ыла салгын түһэн, сыыйа-баайа ириэрэн, кыһын таһырдьа турбут аспытын-үөлбүтүн морозильникка көһөрөр, куоттарар түбүккэ түһүөхпүт. Бу күннэргэ “Убаһа этэ атыылыыбын. Сыаната удамыр” диэн ис хоһоонноох биллэрии элбээтэ. Балык да баһаам быһыылаах.

Ааҕааччыларбытыгар аһы-үөлү сөпкө харайар, хаһаанар туһунан туһалаах матырыйаал суруйаары, чугас дьоммуттан, аймахтарбыттан, доҕотторбуттан ыйыталастым. Бассаап умайа сыста, бөлөхтөрүм “оргуйа” түстүлэр. Эдьиийдэрим, дьүөгэлэрим – бииртэн биир сатабыллаах хаһаайкалар, сүбэнэн-аманан “көмөн” кэбистилэр. Сороҕо – аҕам, ийэм үөрэҕэ.

САЛГЫН СИЭБЭТИН ДИЭН

  • Эти куһуоччуктарынан, балыгы биирдии-биирдии, олох сүрэҕэлдьээбэккэ, ас пленкатыгар (“пищевая пленка”) суулуубут. Хаста да кичэйэн эрийэбит.  Былырыын убаһа быарын эмиэ маннык харайбыппыт. Аҕыйах хааннаах дьон сайыны быһа сибиэһэй быарынан эмсэхтэнэн абыраммыппыт.
  • Эдьиийим этэринэн, эти муустаан угар ордук үһү, чуолаан сылгы этин.  Тоҥ эт куһуоччугун ууга уган ылаҕын. Оччоҕо таһа мууһурар.
  • Тайах, таба этэ өр сытар, ол иһин бастаан сылгы этин сиигит, онтон ынах этин, таба, тайах –  бүтэһик. 

Миэстэни ылбат

  • Морс отонун блендердээн баран, салапааҥҥа хаптаччы ууран тоҥоробут. Миэстэни ылбат. Экономиялыырга да үчүгэй.
  • Эти эрийэн, лэппиэскэ курдук хаптаҕай гынан баран пакекка эбэтэр пленкаҕа суулуубут. Элбэх батар.

СААҺЫЛЫЫБЫТ, НААРДЫЫБЫТ

  • Морозильникка тус-туспа долбуурдарга угабыт. Холобур, бастакы тардарга ынах этин, иккискэ куурусса, үһүскэ балык, о.д.а. ууруоххутун сөп.
  • Таһыгар суруйуохха сөп. 1 – ынах этэ, 2 – куурусса, 3 – балык диэн. Сүрэх-бэлэс баһаам диэххит. Бэйэҕит абыраныаххыт. 
  • Сороҕор биир долбуурга, холобур, кууруссаны балыгы кытта бииргэ хаһаанар түгэҥҥитигэр, бастакыны араҕас пакекка, иккиһи маҥан пакекка арааран угаҕыт.
  • Эти мииҥҥэ уонна торуойга диэн тус-туһунан угабыт. Тоҕо диэтэххэ, сиэн истэх аайы аҥаардас уҥуох эрэ хаалыан сөп.
  • Аһы-үөлү кэмчилээн сииргэ, барытын суоттаан-учуоттаан хаһаанарга өссө биир бэртээхэй ньыма баар. Холобур, улахан балыктары маннык бырааһынньыктарга сиибит диэн суруйан уураҕыт: Дьахтар күнүгэр, Саас уонна Үлэ бырааһынньыгар,  Кыайыы күнүгэр, Ыһыахха, ким эрэ төрөөбүт күнүгэр, о.д.а. Дьоро күн элбэх, онно барытыгар хаһааскытын таһааран иһиҥ (хаартысканы көр).  

БАЛЫК, КУС, ХААС, АРЫЫ

Галина Николаевна, Орто Халыма кийиитэ:

– Куһу, хааһы хайаан да эттээн, иһин ылан быраҕан, үчүгэйдик суулаан баран тоҥоробун. 

Эргэ, сайыҥҥы чыыры эмиэ барытын эттээн, бөрүөккэ диэн туспа бэлэмнээн хаһаанабын.

Быраҥааттаны, күндүөбэйи ыһаарарга, буһарарга бэлэмнээн, эттээн уктахха, морозильникка элбэх балык батар.

Мин арыыны кыратык ириэрэн баран, кыра гына куһуоччуктарга үллэрэн тоҥоробун. Хааһыга эрэ кутабын, килиэпкэ сыбаммаппын. Тоҥ арыыны тойор айака.

Сибиинньэ ис сыата туһалаах

Ираида, куорат олохтооҕо:

– Эти сороҕун гуляш курдук кубигынан кырбаан тоҥоробун. Сороҕун эрийэн кэбиһэбин. Балык сороҕун эмиэ астаан, ыраастаан баран кубигынан кырбастыыбын, оччоҕо таһааран тумалаатыҥ да, индигирка бэлэм.

Сибиинньэ ис сыатын хобордооххо уулларан баран, бааҥкаҕа кутан сойутабын уонна морозильникка эбэтэр балкоҥҥа уура сылдьабын. Ол сыа киhи алҕас илиитин итиигэ буһардаҕына туттуллар эбэтэр улахан тымныйыыга. Бронхикка, сэбиргэхтэтиигэ (пневмонияҕа) кыра ньуосканан иһиллэр. Ыт эбэтэр барсук сыатын солбуйар.

Икки сыллааҕыта биир табаарыһым ыт сыатын сиэтэ сатаабыта, бронхопневмония буолбуппар. Ол кэриэтэ сибиинньэ сыата онтон итэҕэһэ суох дии саныыбын.

БАРЫАННЬА

Екатерина, хаһаайка:

–Сайын аайы сир астыыбын. Ону барытын сибиэһэйдии тоҥоробун. Битэмиинэ сүппэтин диэн оннук хаһаанабын. Санаан кэлэ-кэлэ барыанньалыыбын. Саас эрдэ, ириэрэ илигинэ, киллэрэн субуотунньуктуубун. Оччоҕо морозильникка миэстэни ылбат. Сөрүүн сиргэ турар. Эбэтэр холодильникка уурабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....