25.02.2022 | 10:44

Эриэккэс куукулалары оҥорор Хаарчаана Баппаҕай

Эриэккэс куукулалары оҥорор Хаарчаана Баппаҕай
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Хаарчаана Баппаҕай диэн айылҕаттан ураты талааннаах кыыһы уруккуттан билэбин. Кини ис киирбэх сэбэрэлээх, чоҕулуччу көрбүт уоттаах харахтардаах, сахалыы мөссүөннээх куукулалары оҥорор кыыһынан биллэр. Оҥоһуктарын аан дойду бары муннугуттан сакаастыыллар. Хаарчаана Баппаҕай бүгүн «Киин куорат» «Эн суолуҥ» рубрикатыгар ыалдьыттыыр.

Хаарчаана, дорообо! Ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. Туох идэлээххин, ханна үөрэммиккиний уонна хантан төрүттээххиний?

Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхпин, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай  институт «Дизайн одежды» факультетын бүтэрбитим. Аҕабынан эһэм 1943 сыллаахха Баппаҕаайыттан Тамалакааҥҥа кэлбитин «Баппаҕай” диэн хос ааттаабыттар. Оттон аҕам аҕатын хос аатын араспаанньа оҥотторбута, ити 90-сылларга этэ. Устудьуоннуу сылдьан мин эмиэ араспаанньабын Баппаҕай диэҥҥэ уларыппытым. Аатым эмиэ ураты. Мин төрөөбүт күммэр ыам ыйын 4-гэр соһуччу киһи сототугар диэри халыҥ хаар түспүт. Ол бэлиэтигэр миигин Хаарчаана диэн ааттаабыттар.

Айар-тутар эйгэҕэ олох кыра сааскыттан ылсыбытыҥ дуо?

Ийэлээх аҕам, эбэлэрим бары айар дьоҕурдаах дьон. Кинилэри көрө үөрэнэн, кыра сылдьан бастаан иис-уус эйгэтигэр сыстыбытым. Кэлин хоһоон суруйарга, остуоруйа айарга холоммутум. Үөрэхпин бүтэрэн баран иистэнэ сылдьыбытым эрээри, хайдах эрэ “бу миэнэ буолбатах” диэбит курдук санаа арахпат этэ.

Билигин бэйэҥ ыал киһигин. Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ эрэ.

Үс оҕолоохпун, улахан кыыһым үһүс кылаас, орто кыыһым түөрт саастаах, уһуйааҥҥа сылдьар, кыра уолум иккилээх киһи. Онон оҕолорбунан дьарыгырабын, кинилэр утуйар кэмнэригэр быыс-арыт булан үлэлиибин.

Урбаан эйгэтигэр үлэлээбитиҥ төһө өр буолла?

 2021 сылга самозанятай диэни истэммин регистрацияламмытым.  Кыралаан да буоллар, хардыылары оҥоро сатыыбын.

Сүрдээх кыраһыабай, ис киирбэх куукулалары оҥороҕун, эйиэхэ хайдах куукулалары сакаастыахха сөбүй?

Хайдах баҕарар көрүҥнээҕи оҥоробун, араас матырыйаалы барытын туһанабын.

Оттон бастакы куукулаҥ хайдах этэй?

Бастакы куукулабын харыстаан ыскаапка ууран турабын, алҕас булан көрдөхпүнэ, күлэ саныыбын. Бастакы үлэм буолан, сыыһалара элбэх эрээри, син биир саамай күндү, дьүһүнэ да мааны. Бааһынай, сырдык баттахтаах, сэлээппэлээх кыыс.

Атыылаһааччылар эн куукулаларгын  ордук тугун сөбүлүүллэрий?

Ханна да хатыламматын, үрдүк хаачыстыбалааҕын иһин дииллэр. Дьон үксүн бэйэлэрин эбэтэр чугас дьоннорун мөссүөнүн үтүктэн оҥотторо сатыыр. Кырачаан киһиэхэ маарынныыр куукула, өйдөбүнньүк курдук, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэрэ саныырга да сылаас курдук, сүрэххэ да чугас.

Хаарчаана, бу талааныҥ хайдах арыллыбытай?

Улахан кыыһым үстээх эрдэҕинэ, кинини аралдьытаары араас ооонньуулары толкуйдуур этим. Ол сылдьан интэриниэккэ куукула оҥорор маастардар тустарынан аахпытым. Ол кэннэ иэйии киирэн, бэйэм “методом проб и ошибок” үөрэнэн, боруобаланан барбытым.

Бачча күндү уонна мааны куукулалары киһи оҕоҕо биэриэ суох курдук дии...

Сэрэнэн, харыстаан оонньуохха сөп бөҕө буоллаҕа дии. Мин куукулаларым дьону ытыктыырга, харыстыырга, үлэни сыаналыырга үөрэтэллэр. Оттон сыанатын туһунан эттэххэ, мин санаабар, ханнык баҕарар илиинэн оҥоһук сыаналаныахтаах.

Матырыйаалын булар уустук буолуо, эн ордук хантан атыылаһаҕын?

Араас куораттартан интэриниэт нөҥүө сакаастаан ылабын. Коза түүтэ (баттах) Ростов-на-Дону куораттан көтөн кэлэр, туойум – Москваттан, туттар лаахтарым, тэриллэрим – Самараттан.

Биир куукула төһө өр оҥоһулларый?

Куукулатыттан тутулуктаах, кыччаабыта ый курдук оҥоһуллар.

Оттон сыаната төһө буоларый?

Эмиэ куукулаттан тутулуктаах, 6 тыһыынчаҕа тиийэ сыаналаныан сөп.

Миэхэ эн оҥорбут куукулаҕын бэлэхтээбиттэрэ. Олус үчүгэйдик, быылы да оборбокко, киэргэл буолан турар.

Тыый! Муостаҕа суулларбакка, харыстаан, таптаан, мааны долбуурга,  ыскаапка уура сылдьаргар сүбэлиибин. Саамай сүрүнэ – илитимиэххэ наада.

Куукула иччилээх диэҥҥэ итэҕэйэҕин дуо?

Буолуо ээ. Мээнэҕэ кэпсээннэр, киинэлэр даҕаны оҥоһуллубат буолуохтаахтар. Ол эрээри ким хайдах саныырынан буоллаҕа. Баҕардахха, тугу барытын иччилиэххэ сөп. Мин бэйэм итэҕэйбэппин диир сыыһа курдук, көннөрү ол туһунан санаабаппын диир оруннаах буолуо. Миэхэ куукула кэрэ декор буолар.

Уопсайа хас куукуланы оҥорбуккун ааҕаҕын дуо?

2015 сылтан саҕалаабытым. Онон ааҕарга ыарахан. Чопчу баччаны оҥордум диир кыаҕым суох. Куукулаларым араас дойдунан, куоратынан тиийэ айаннаабыттара.

Бэрт интэриэһинэй дьарыктааххын. Маастар-кылаастары баҕалаахтарга ыытаҕын дуо?

Ыытыахпын баҕарар этим да, пандемия мэһэйдээн, сатаммакка сылдьар. Бокуой да суох курдук.

Иэйии хайдах киирэрий?

Сүрүн иэйиини оҕолорум бэлэхтииллэр. Кинигэ персонажтара, интэриэһинэй дьүһүннээх дьон, ырыа, кэпсээн – туох барыта иэйии буолуон сөп.

«Самозанятай” статуһун, чэпчэтиллибит нолуок систиэмэтин биһирээтиҥ дуо, төһө барыстаах эбит дии санаатыҥ?

Иллэҥник үлэлиибин, барыс киирдэҕинэ эрэ нолуок төлүүбүн. Ол бары өттүнэн табыгастаах. Саамай сэҥээрбитим диэн, туох да сүүрүүтэ-көтүүтэ, отчуота суох. Мин курдук иллэҥэ суох, элбэх оҕолоох киһиэхэ онто үчүгэй.

Бизнеһиҥ сайдыытыгар туох былааннааххыный?

Эппитим курдук, маастар-кылаастары, ону тэҥэ үлэ кээмэйин улаатыннарар былааннаахпын. Барыта табыллыа диэн эрэнэбин!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...