03.05.2022 | 23:33

Эргиллии

Эргиллии
Ааптар: Надежда ГРОМОВА
Бөлөххө киир

Самнархай балаҕан көмүлүөк оһоҕун иннигэр Ааныс саҥа төрөөбүт кырачаан уолчаанын Уйбаанчыгы кууһан олорон: “Оҕом дьоллоох, чөл туруктаах буол”, – диэн иһигэр ботугуруу олордо. Кэргэнэ Ыстапаан сүөһүтүн көрөөт, саҥа киһи кэлбитин уруйдаан алаадьы сырдьыгынатта, саламаат буһарда. Ийэ-аҕа буолар дьолун билбит дьон бэйэ-бэйэлэрин көрсөн, сэмээр мичээрдээн ыллылар.

Ааналаах Ыстапаан холкуос удаарынньык үлэһиттэрэ. Кинилэр уон иккитэ оҕоломмуттарыттан тымныыттан, үчүгэй көрүү, медик суоҕуттан бары кыра эрдэхтэринэ олоҕу билбэккэ өлбүттэрэ, онон Уйбаанчык суос-соҕотох оҕолоро буолан, харахтарын харатын курдук харыстаан, көрөн-истэн, бүөбэйдээн, тапталларыгар угуттаан улаатыннарбыттара.

Сайынын фермаҕа түөрт-биэс ыал дьукаахтаһа олороллоро. Ол кэмҥэ орон да диэн суоҕа, бары кыбыллан утуйаллара. Ол да буоллар ийэ-аҕа болҕомтолоох, үтүө сыһыана Уйбаанчыкка эрэли үөскэппитэ, эйэҕэс-сайаҕас майгылаах буола улааппыта. Отутус сылларга олох биллэ тупсан испитэ. Бөһүөлэктээһин саҕаламмыта. Бары нуучча дьиэтигэр олорор буолбуттара, ол аата билиҥҥитэ муосталаах дьиэлэргэ.

Биир сайын сэрии саҕаламмытын туһунан иһитиннэрии кэллэ. Дьиэлээхтэр бары олус долгуйдулар, айманнылар. Төрөппүттэр барахсаттар бэйэлэрин тустарыгар буолбакка, уолларын дьылҕатын санаан сүрэхтэрэ хам тутта. Уйбаанчык сэрии саҕаланарыгар 15 саастааҕа, сэттис кылааһы саҥа бүтэрбитэ. Оскуолатын бүтэрбитин кэннэ дьонун сүбэтинэн педагогическай училищеҕа туттарса сылдьар кэмигэр устудьуон да дьон фроҥҥа бэбиэскэлэри тутан барбыттара. Ыал соҕотох оҕото Уйбаанчык дьонун кытта олоро түһээри, аргыс көстүбүтүгэр үөрэҕин быраҕан дойдулаан хаалла. Дьоно айманан олорор кэмнэригэр уоллара дьиэтигэр кэлбитигэр сүрдээҕин үөрдүлэр. Ити курдук кини 18 сааһын туолуор диэри араас үлэҕэ үлэлээбитэ. Бастаан утаа холкуоска, онтон сэттис кылааһы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбит уонча оҕону сыл аҥаара учуутал идэтигэр кууруска үөрэттэрбиттэрэ. Онтон сыл иккис аҥаарыгар алын сүһүөх учууталынан үлэлээбитэ. Уйбаанчык үөрэҕэр үчүгэй буолан, барытын судургутук ылынара, тыла-өһө чуолкай, олус эппиэтинэстээх, холку, киэҥ көҕүстээх этэ. Сэрии саҕаламмыта иккис сылыгар байыаннай дьыалаҕа хайыһардьыттары, ытааччылары бэлэмниир инструкторынан ылан, Уйбаанчык оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр саха национальнай байыаннай оскуолатыттан байыаннай дьыалаҕа икки сыл үөрэнэн, «Ворошиловский стрелок» диэн бэлиэни ылан дьонун үөрдүбүтэ. Ити барыта кини үһүс кылаастан аҕатын кытта бииргэ сылдьан, сааны тутта үөрүйэҕиттэн этэ.

Сэрии дуораана ыраах сытар улууска эмиэ тиийбитэ. Уйбаанчык 18 сааһын туолаатын кытта аармыйаҕа барар бэбиэскэни туппута. Бүлүү биэрэгиттэн борохуокка олорсон, эдэркээн уол дойдутуттан ыраах айаҥҥа туруммута.

Ийэлээх аҕата Уйбаанчыгы атаара кэлбиттэрэ. Уйбаанчык ийэлээх аҕата көстүбэт буолуохтарыгар диэри биир сиргэ хамсаабакка көрөн турбута, бу кэмҥэ кини хараҕын уута иэдэһинэн сылаастык түспүтэ. “Сэрииттэн хайаан да эргиллиэхтээхпин, дьоммор, дойдубар төннүөхтээхпин”, – диэн иһигэр көрдөһөр икки бэйэтин былаанныыр икки ардынан сибигинэйбитэ. Уйбаанчык сулууспатын тас Монголияҕа саҕалаабыта. Бастаан автоматчигынан, сотору буолаат командование кини туйгуннук ытарын бэлиэтии көрөн, снайперскай сборга ыыппыта. Сбору ситиһиилээхтик бүтэрэн, снайпер диэн ааты ылан, урукку чааһыгар төннүбүтэ. Ити кэннэ Уйбаанчыгы снайперскай сборга төттөрү ыҥыран ылан, отделение командирынан, ефрейтор званиетын биэрэн туран анаабыттара. Бастакы сборга түөрт снайперы иитэн таһаарбытын кэннэ, ол саллааттары фроҥҥа атаарбыттара, бэйэтин младшай командиры үөрэтэн таһаарар полковой оскуолаҕа ылбыттара. Ону бүтэрэн, младшай сержант званиелаах саҥа тэриллибит снайперскай сборга фашистскай Германия үлтүрүтүллүөр диэри быыстала суох үлэлээн, элбэх снайпердары үөрэтэн таһааран фроҥҥа атаарбыта. Уйбаанчык дьонун олус ахтара, ол иһин суругунан ахтылҕанын таһаарара, дойдутун сонунун ыйыталаһан, ийэлээх-аҕатыгар чугас курдук сананара.

Забайкальскай байыаннай уокурук 17-с аармыйатын 284-с стрелковай дивизиятын араас полкаларыгар тарҕатар кэмнэригэр Уйбаанчыгы төрдүс автоматнай ротаҕа ыыппыттара. Сахалартан соҕотох этэ. Түөрт уонча хонук устата снайперскай сборга баран, снайперскай саанан ытарга уонна снайпер диэн кимин-тугун, хайдах сэриилэһиэхтээҕин, маскировкаланыахтааҕын быһаарбыттара. Тулуурдаах уонна мындыр, бэргэн ытааччы буолуу бары сатабылларыгар үөрэппиттэрэ. Дойдуҥ, норуотуҥ, былааҕыҥ иһин дьиҥ-чахчы бэриниилээх буолаҥҥын, Ийэ дойдуҥ иннигэр иэскин чиэстээхтик толоруохтааҕыҥ ирдэнэрэ.

«Эн өстөөххө улахан кутталлаах сэрииһиккин, ол иһин өстөөх снайпердара эйигин сойуолуохтара. Эйигиттэн бары куттаналлар», – диэн, элэ-была тылларын эппиттэрэ. Сбор бүтүүтүгэр отучча саллаакка снайпер аатын биэрбиттэрэ уонна: «Өйдөөҥ, эһиги бастакы өстөөххүт – өстөөх снайпера, кинини эһиги урут суох оҥоруохтааххыт, ону тэҥэ өстөөх офицердарын, разведчиктарын, связистарын бултаһыахтааххыт», – диэн кичэйэн үөрэппиттэрэ.

Фроҥҥа ыҥырыллыахтарыгар диэри урукку роталарыгар баран сынньаммыттара. Онуоха рота командира старшай лейтенант Крылов Уйбаанчыкка: «Снайпер Васильевы снайперскай сборга ыҥыраллар, хомун», – диэн бирикээстээбитэ. Уйбаанчык командира снайперскай сбор ротатын командирыгар капитан Матюшиҥҥа рапордаан туттарбыта. Кини Уйбаанчыгы бэйэтин аттыгар туруоран баран, стройдаан турар саллааттарыгар туһаайан: «Эһиги курдук биһиги оскуолабытыгар туйгуннук үөрэммит красноармеец Васильевка ефрейтор званиетын биэрэн туран, биһиги снайперскай оскуолабытыгар отделение командирынан аныыбын», – диэбитэ. Онно Уйбаанчык олус соһуйбута уонна билбэт дьыалабар түбэстим, хаһан ону мин кыайабын диэн, куттана санаан ылбыта. Капитан ону биллэ быһыылааҕа уонна эттэ: «Мы тебя научим, поможем, не беспокойся». Бу тыллары истэн, Уйбаанчык арыый кэҥээтэ. Түөрт байыаһы кини иннигэр туруордулар уонна: «Бу күнтэн ыла эһиги отделениеҕыт командира Васильев буолар, кини командатын биир тылы утарбакка толороҕут. Билигин, мин мантан босхолоннохпуна, Васильев миэхэ киирээр», – диэтэ. Кини босхоломмутугар хоһугар киирбитигэр үчүгэй, сымнаҕас баҕайытык кэпсэттэ: «Красноармеецтаргын кытта билсис, нууччалыы син үчүгэйдик билэҕин», – диэтэ. Онтон ыла Уйбаанчык отделение командирынан сулууспалаабыта.

Красноармеецтара бары даҕаны үчүгэй, бэрээдэктээх, араас омук уолаттара түбэһэр этилэр. Онон табаарыстыы, доҕордуу буолбуттара. Уйбаанчык кинилэргэ урут туохха үөрэммитин, билбитин тириэрдэ, толотторо сатыыра, ордук снайперскай албастарга, өстөөҕү тулуурдаахтык кэтэһэн буларга, ону тэҥэ эйигин сойуолаһар өстөөх снайпера кэтэһэ сатаан баран, бэйэтэ баарын биллэриэр диэри тулуйуохтаахтарын, элбэх албын сыаллары туттуохтаахтарын үөрэтэрэ. Сбор түөрт уон хонукка барара, хас күн аайы бокуойа суох снайпердары практическай, тактическай уонна политическай да занятиеларга сырытыннараллара, үөрэтэллэрэ. 1944 сыл кыһын үчүгэй сулууспатын иһин Иван Васильев «Отличник РККА по боевой и политической подготовке» диэн түөскэ кэтиллэр нүөмэрдээх бойобуой бэлиэнэн наҕараадаламмыта.

1945 сыл от ыйын, атырдьах ыйдарын устата сэриигэ бэлэмнэнии, учениелар буолуталаабыттара. 17-с Забайкальскай аармыйа Улахан Хинган туһаайыытынан бэлэмнэммитэ. Атырдьах ыйын 8 күнүгэр границаны туораабыттара. Граница «тыытыллыбат зонатын» олох да ытыалаһыыта суох ааспыттара. Дьоппуоннар границаҕа тоҕуоруспут сэрииһиттэртэн, аармыйалартан куттанан чугуйан хаалбыттара. Холуодьастары барытын дьааттаан барбыттара. Хинган хайата олус улахан, үрдүк, туруору этэ. Ону туорааһын ыарахаттардаах буолбута. Хайаны пехота эрэ туораабыта, ас-таҥас, боеприпас хаалан хаалбыта. Хайаны туорааһыҥҥа атах таҥаһа тулуйбата. Уйбаанчык биир күн бачыыҥкатын уллуҥа хоҥнон түһэн, чааһыттан быстан, хаала сылдьыбыта. Оннук быстыбыт саллааттары дьоппуоннар элбэҕи кыдыйбыттара. Дьолго, сотору танкалар, самоходкалар хайаны дабайан астарын-таҥастарын, сэрии сэбин уонна быстыбыт дьоннору ситиһиннэрбиттэрэ. Танкалар, самоходкалар, катюшалар атаакалаан киирэн бара турбуттара, пехоталар кинилэр кэннилэриттэн өстөөҕү ситэри сиппийбиттэрэ. Биир күнүскү сэриигэ Уйбаанчык араанньы буолбута уонна контузияламмыта. Уҥа бүөрүн таһынан бааһырбыта да, стройтан туораабатаҕа – кура суох, бэрэбээскинэн сылдьыбыта. Японияны кытта сэрии олус кырыктааҕа, ол гынан баран күүстээх, түргэн сэрии этэ. Уйбаанчык Порт-Артурга киирэригэр капитуляция буолбута. Кыайыы үөрүүтүн балаҕан ыйын 2 күнүгэр сүргэтэ көтөҕүллэн көрсүбүтэ. Онно аҕыйах сахалар «кыайыы малааһына» диэн хортуоппуйунан саламаат оҥостон сиэбиттэрэ.

Бу кэннэ Владивостокка турар 19-с морской стрелковай пехота биригээдэтигэр түбэһэн, бастаан ротнай суруксутунан, онтон старшай писарынан үс сыл эбии сулууспалаан, Кыайыы буолбутун кэннэ үс сыл буолан баран демобилизацияланан, ийэлээх аҕатын улаханнык үөрдүбүтэ. Уйбаанчык икки хараҕынан көрбөт буолбут аҕатын уонна сэрии содулуттан улаханнык ыалдьыбыт ийэтин көрөн-истэн, көмүс уҥуохтарын көтөҕөн, киһи буолбут иэһин төлөөбүтэ.

Кэпсээн «Киин куорат» хаһыакка 2016 сыллаахха бэчээттэммитэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...