23.11.2023 | 21:00

Эргиччи талаан баар киһитэ — Карл Нутчин!

Эргиччи талаан баар киһитэ — Карл Нутчин!
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Бу интервьюга Карл Алексеевич тута сөбүлэспитэ, туох эрэ саамай күндүнү кытта көрсүһэр курдук – оҕо сааһа, үөрэммит сыллара, тапталлаах кэргэнэ, талан ылбыт идэтэ, олоҕо-дьаһаҕа барыта бу биһиги кылгас кэпсэтиибитигэр ахтыллан ааһар. Кини сахалыы сэмэйэ, холкута, муударайа хайдах эрэ сэбиэскэй кэм  дьиҥнээх эр киһитин, саха саарынын, биһиги аҕаларбытын санатта.

Карл Алексеевич Нутчин 1943 сыллаахха алтынньы 17 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһун Улахан-Муҥку сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ. Үлэ бэтэрээнэ, Ньурба улууһун Бордоҥ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, 8 оҕо амарах аҕата, 21 сиэн, үс хос сиэн эһэтэ, 80 сыл хаарын санныгар түһэрбит ытык кырдьаҕас.

Карл Алексеевич, бастатан туран, оҕо сааһыҥ, төрөппүттэриҥ тустарынан кэпсиэҥ дуо?

– Сэрии саамай ыарахан сылларыгар, аччык-сут кэмигэр күн сирин көрбүппүн. Ийэм Феодосия Николаевна Павлова Өлүөхүмэттэн 3 саастаахпар дойдутугар кэлбит. Төрөппүт аҕам Өлүөхүмэ олохтоох киһитэ эбит, төрүөм иннинэ ийэбиттэн арахсан барбыт, инньэ гынан ийэм барахсан соҕотоҕун олоро сатаан баран, иитэр-аһатар киһитэ, чугас уруулара-аймахтара, өйүүр дьоно суох буолан дойдутугар Маалыкайга төннүбүт. Ол саҕана сырыы суох, Өлүөхүмэттэн бурдук таһар бэдэрээччиттэри кытта кэпсэтэн, үстээх оҕотун ат сыарҕатыгар олордон, ыарахан айаны айаннаан дойдутугар кэлбит. Онно кэлэн баран 5 саастаахпар иккиһин кэргэн тахсан, маачаха аҕаламмытым. Сылгыһыт, олус боростуой, үтүө киһи этэ. Онтон икки уол, биир кыыс төрөөбүттэрэ. Бары ыал, үлэлээх-хамнастаах, хаһаайыстыбалаах дьон.

1964 сыллаахха Маалыкай орто оскуолатын бүтэрээт аармыйаҕа барбытым. Приморскай кыраайга мотострелковай полкаҕа артиллерист-наводчик этим. Оччолорго кытайдары кытта сыһыан уустук этэ. Уссурийскай кыраайга кыраныыссаҕа бөҕөргөтүү оройуонугар сыппыппыт. Туйгун сулууспам иһин Кыайыы 20 сылынан Бырабыыталыстыба аатыттан наҕараада ылбытым. Армияттан 1967 сыл кыһыныгар кэлбитим, тута Ст. Васильев аатынан сылгы собуотугар спортивнай инструкторынан ылбыттара, эбии уопсастыбаннай үлэ быһыытынан хомсомуол сэкирэтээрэ буолбутум. Онтон 1968 сыллаахха Дьокуускайга ГПТУ-8 маастар-фотограф үөрэҕэр киирбитим.

Араспаанньаҕын элбэх киһи сэргиир буолуохтаах?

– Оскуоланы бүтэриэхпэр диэри маачаҕа аҕам араспаанньатынан Павлов диэн этим.  Миэтэрэпкэни ийэм эрдэ ылбатах этэ, онтон армияҕа барарбар Өлүөхүмэҕэ запрос оҥорон билбитим, төрөппүт аҕам Нутчин Алексей Александрович диэн эбит. Аҕам төрүттэрин кэлин ыйыталаспытым, Улахан Муҥкуга Нутчиннар элбэхтэр эбит. Төрдүлэрэ Шерстянников диэн нуучча киһитэ үһү, ол уларыйан-тэлэрийэн “Нууччун” буолбут.

Отучча сыл фотографтаабыт идэҥ туһунан кэпсэтиэх эрэ.

– Маастар-фотограф үөрэҕин бүтэрэн Ньурба оройуонугар бытовой комбинакка ананан кэлбитим. Дойдубар Маалыкайдааҕы филиалга 1969 сылтан үлэлээбитим. Үлэбин, идэбин наһаа сөбүлүүр этим, сөпкө талбыппын диэн астынарым.

Бастакы аппарааккын өйдүүрүҥ буолуо?

– Ол саҕана “Зенит” диэн фотографтарга бэриллэр профессиональнай аппараат баара. Бастаан оннугунан түһэрэ сылдьыбытым, кэлин павильон арыйан штативтаах ПК-2 диэн хомуллар аппараат биэрэннэр, онон үлэлээбитим. Ол улахан кассетнай пленкалаах этэ, хойукка диэри туттубутум.

“Зенит” кыракый буолан илдьэ сылдьарга бэрт этэ. Нэһилиэктэри кэрийэрим, ол курдук Хатыы, Малдьаҕар, Чуукаар, Өҥөлдьө устун айанныырым. Үлэбэр былаан биэрэллэр, ыйга бачча суумалаах харчыны киллэрэҕин диэн, ол былааммын куруук толорорум.

Нэһилиэк бары тэрээһиннэригэр, ыҥырыынан тэрилтэлэргэ, оҕо саадыгар, оскуолаларга, бэл ыал бырааһынньыктарыгар, ол быыһыгар бохоруоналарга эҥин сылдьан түһэрэрим.

Урукку хаартыскалары көрдөххө, үөрбүт-көппүт сирэй суох, бары таас курдук көрөн олороллор, тураллар диэххэ сөп.

– Уопсайынан, урукку сэбиэскэй кэмҥэ дьон боччумнаах соҕустук туттан-хаптан түһэрэ. Араас киһи баара. Ону үөрдэн, майгыларын көрөн уларытан-тэлэритэн, маннык туттуҥ эҥин диигин. Хаартыскаҕа түһэрии бэйэтэ искусство буоллаҕа, анаан олордон, таҥастарын-саптарын көннөрөн,  настарыанньаларын көтөҕөн, уотун туруоран үчүгэй гына түһэрэ сатыыгын.

Билигин фотограф буоларга кыах, сыаналаах аппараат барыта баар. Арай эдэриҥ буоллар, ханна үлэлии барыаҥ этэй?

– Көмпүүтэргэ үөрэниэххэ наада, олох уларыйан, цифровой аппарааттар бааллар, көннөрү аппарааты соччо туттубат да буоллулар. Көмпүүтэргэ киирбит хаартыскалар сорохторо үйэтэ суохтар, сотуллан хаалыахтарын сөп. Онон бэчээттэтэн иһэр эрэллээх. Эдэрим эбитэ буоллар фото-кэрэспэдьиэн курдук үлэлии барыам этэ. Ньурбаҕа “Коммунизм суола” диэн хаһыакка кэрэспэдьиэннээн турабын, ыстатыйа эҥин суруйан үлэлии сылдьыбытым, тэлэбиидэнньэҕэ эмиэ үлэлээбитим, кыра интервью ылар этим, ити 1978-1979 сыллардаахха.

Фотограф идэтэ эн санааҕар?

– Фотограф диэн үчүгэй идэ, дьону хаартыскаҕа түһэрэҥҥин өйдөбүнньүк хааллараҕын, үйэтитэҕин. Билигин сайдыылаах олох кэлэн турар, интэриниэт да баар, араас талбыт аппараатыҥ да баар. Фотограф болҕомтолоох, фантазиялаах, дьону таба көрөр, тулуурдаах, айар дьоҕурдаах буолуохтаах.

Эн дэгиттэр талааннааххын. 80-с сааспын туоллум, сааһырдым диэн баран быар куустан олорбоккун, билигин да хаартыскаҕа түһэрэҕин, аныгы социальнай ситимнэри баһылаабыккын, сурутааччылардааххын, ыллыыгын-туойаҕын, уруһуйдуугун, араас дойдулары кэрийэҕин...

– Киһи саҥаттан саҥаны билэргэ дьулуһуохтаах. Дьокуускай куорат тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрин народнай хоругар 2015 сылтан дьарыктанабын. Саамай саастаахпыт 90-наах, саамай эдэрбит 65-тээх.  Хорбут 60-сыллаах үбүлүөйүн көрсө Профсоюзтар дьиэлэригэр хартыынам быыстапката турда. Хорбутугар 20-тэн тахса буолан дьарыктанабыт.

Тапталлаах кэргэниҥ Раиса Афанасьевналыын хайдах билсибиккиний, кини туһунан ахтан ааһыаҥ дуо?

– Кэргэммин кытта ГПТУ-8 бииргэ үөрэммиппит. Эр киһи таҥаһын тигэр салааҕа үөрэммитэ. Бэйэтэ эмиэ Ньурбаттан төрүттээх, Хатыҥ Сыһыыга төрөөбүтэ, миигиттэн аҕыс сыл балыс, эдэркээн, кэрэчээн кыысчаан этэ. Раям спортсмен бөҕөтө, бастакы разрядтаах хайыһардьыт, волейболист эҥин этэ. Араас күрэхтэһиилэргэ куруук кыттан чемпион, призер буолара. Көрөөт да тута сөбүлээн, таптаан, 1969 сыллаахха холбоһон, ыал буолбуппут. Маалыкайга сүгүннэрэн аҕалбытым, иккиэн бытовойга үлэлээммит, 44 сыл устата дьоллоохтук олорбуппут. Ийэбит наһаа элбэҕи ааҕара, кинигэ бөҕө мунньар этибит. Муударай, дьаһаллаах киһи этэ. Хомойуох иһин, 2013 сыллаахха эмискэ олохтон туораабыта.

Кэргэмминээн биэс уолу, үс кыыһы төрөтөн, иитэн-такайан, барыларын атахтарыгар туруортаан, ыал оҥорбуппут. Ийэбит иистэнньэҥ бэрдэ буолан атахтарыттан-бастарыгар диэри бэйэтэ тигэн таҥыннарара. Бэйэбит хаһаайыстыбалаах этибит, сүөһү, куурусса, куруолук ииттэн, дьиэ туттан, бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн, олус иллээхтик, дьоллоохтук олорбуппут.

Оҕолорбун кыраларыттан куруук булка илдьэ сылдьарым, балыктаан, туу, илим үтэн, сир аастаан, оттоон-мастаан. Үлэҕэ барытыгар сыстаҕас этилэр. Мөҕөттөөбөт, сэмэлээбэт да этим. Тугу барытын кэпсээн, көрдөрөн, үөрэтэн биэрэрим. Онон барыны-бары сатыыр буола үөрэммиттэрэ. Билигин олохторугар туохтан да иҥнэн турбаттар, дьоҥҥо сирдэрбэт үлэһит буола үүннүлэр.

Үгүс төрөппүт оҕолоругар кэпсээбэтэх, аһыллыбатах түгэннэрдээх буолар. Эн хаһыакка анаан кинилэр соһуйалларын курдук бу 80 сааскын туолан баран арыйар кистэлэҥнээххин дуо?

– Билбэт түгэннэрэ суоҕун тэҥэ буолуо. Дьиэ кэргэммитигэр истиҥник, аһаҕастык кэпсэтэр идэлээхпит. Син араас түбэлтэлэргэ эдэрбэр түбэспиттээҕим. Училищеҕа саҥардыы үөрэнэ тиийбиппит кэннэ музыкальнай инструменнары уорбуттар этэ. Айдаан таҕыста, биһигини буруйдаатылар, балыйдылар. Оччолорго барыта күндү буоллаҕа.  Онно-манна ыҥыра эҥин сылдьыбыттара, уоран баран атыылаабыккыт буолуо диэн силиэстийэ бөҕөтө буолбута. Кэлин биллибитэ: остуорас эмээхсин күлүгээн уолугар биэрбит эбит. Онон эмээхсин билиниэр диэри таскайданан биэрбиппит, туһугар эмиэ куттал этэ.

Аармыйаҕа Уссурийскай куоракка айаннаан тиийэрбитигэр Саха сириттэн борохуотунан Осетроваҕа диэри устубуппут. Биһигини аллараа трюмҥа сытыараллар этэ. Уолаттар иһэллэр, охсуһаллар, оройуонунан арахсаллар. Уссурийскайга тиийэн тохтоотубут, мин Малдьаҕар уолунаан вокзалга бардыбыт. Арай хаалбыт уолаттар арыгы иһэн баран аны омугунан арахсан охсуспуттар. Байыаннайдар кэлэн тутан хаайталаан баран кэлин босхолообуттар этэ. Биһиги, хата, автовокзалга бараммыт, биир суолтан быыһанан турардаахпыт.

Дьоллоохпун диэн этэргэ хайдах олоҕу олоруохтаахпытый?

– Биһиги, саамай үчүгэй, сэбиэскэй кэмҥэ олорон ааспыт дьоммут. Ол гынан баран ханнык да кэмҥэ олох олоруу киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Оҕолорго, ыччакка баҕарыам этэ, олохтон хаалан хаалбакка, сайдан, үлэлээн, хайдах олороргутун былааннаан, сиэри-туому тутуһан дьоллоохтук олоруҥ. Олох кэрэ, ону өйдөөн көрөр дьоҕурданыҥ.

Бэйэм сиргэ түспүт сэрэбиэйбинэн кэннибэр хаалар үтүө ыччаттанным диэн саамай дьоллоох киһинэн ааҕынабын. Олохпун дьоһуннук олордум дии саныыбын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...