10.04.2022 | 12:00

Эрэллээх аҕаны хантан булабыт?

Эрэллээх аҕаны хантан булабыт?
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Оҕо – олоҕу салҕааччы. Киһи аймах историятыгар оҕону иитии ньымалара араастар. Хас биирдии норуот үйэлэр тухары муспут ньымалара сайдыы кэмигэр сөп түбэһиннэрэн, омук олорор айылҕатынан, олоҕун оҥкулуттан көрөн уларыйар.
Удьуор утум салҕанан барарыгар, ѳбүгэ үгэстэрэ үйэтийэ туралларыгар аҕа холобура суураллыбат суолталаах. Ол эрээри, хомойуох иһин, олохпут уйгута уларыйан, ыал аҕата булааччы-талааччы, кэскили тутааччы буолар анала кэхтэн эрэр.
Аҕа – дьиэ кэргэн туллубат тулааһына, ыал модун кыаҕа, сүрүннүүр күүһэ. Кини байылыат, дьоллоох олоҕу төрүттээччи.

Биһиги, оччотооҕу оҕолор, аҕаларбыт, күнү-күннээн тыҥ хатыытыттан үлэлээн букунуйар, дьиэҕэ көстүбэт дьон буоллахтара. Онон аҕа оруолун ийэ эмиэ сүгэрэ. Дьиэ үлэтэ, оҕолору иитии, аһы-үөлү тэрийии, таҥаһы-сабы бэрийии ийэ күннээҕи соругунан, солбуллубат түбүгүнэн буолара. Аны хотоно, иһирдьэ-таһырдьа үлэтэ. Оҕолор, биллэн турар, улахаттар көмөлөстөллөр да, син биир кини дьаһала, ыйыыта-кэрдиитэ суох туох да табыллыбат буолара. Оттон аҕа барахсан булар-талар, бултуур-алтыыр, дьиэҕэ, оҕолоругар ас-үөл аҕалар сүрүн үлэһиттэрэ, дурда-хахха киһилэрэ буоллаҕа.

Аҕа барахсан аҕыйах саҥалаах, эркин курдук эрэллээх, бэйэтин холобурунан, үтүө, үлэһит майгытынан оҕолорун иитэр. Биирдэ эмит дьарыйар да буоллаҕына, аҕыйах кытаанах тылынан мас-таас курдук этэр эбэтэр саҥата суох кытаанахтык көрөн кэбиһэр. Оттон биирдэ эмит иллэҥсийдэҕинэ, кыраларын атаахтатан, санныгар сүгэн, уолаттарын булка, балыкка үөрэтэн, айылҕаҕа сыһыарар.

Аҕа ордук кыыһыгар, ийэ уолугар чугас дииллэр. Ол да буоллар аҕа уолугар оруола син биир быдан улахан. Уол оҕо улаатан дьоһуннаах киһи буолан үүнэн таҕыстаҕына, “Аҕатын туйаҕын хатарбыт” диэн киэн туттан кэпсэтиһэр үгэстээхтэр. Ити барыта аҕа иннигэр эппиэтинэһи туруорар, кини кэтит кѳхсүгэр эмиэ биир ыарахан сүгэһэри кэтэрдэр. Ону аҕа өйдүү, тутуһа сылдьар ытык иэстээх.

Аҕа сылдьар эйгэтэ өрүү даҕаны киэҥ, ыраах. Үксүгэр, туспалаах уонна ураты буолан, үлэни-хамнаһы, сырыыны-айаны, эрэйдээҕи-кутталлааҕы кытары ыкса ситимнээх.

Мин аҕам 11 саастаахпар, баара-суоҕа 57 сааһыгар ыарахан ыарыыттан суох буолбута олохпор бастакы улахан охсуум этэ. Ийэбит сэттэ оҕону атахпытыгар туруоран, киһи оҥортоон, 80 сааһын туолуон эрэ иннинэ барбыта. Кини куруук аҕабытын ытыктыыра, кини туһунан истиҥник ахтара, олуһун таптыыр, күндүтүк саныыр этэ. Хаһан даҕаны мөҕөн ыһа-тоҕо сылдьыбатаҕа, хаһан да сарыйан ону гын, маны гын диэн сулуйбатаҕа. Онон ийэбит үтүө холобура биһиэхэ, кыргыттарыгар, онтон сиэн кыргыттарга бэриллэн, бары эр киһини өрө тута, убаастыы, хараанныы сылдьабыт, сылдьаллар даҕаны.

 

Аныгы аҕалар хайдахтарый?

Билиҥҥи аҕалар тустарынан ыйыталастахха, кыргыттар, этэргэ дылы, “ыйылыы” түһэллэр. Пиибэлээн дьиэтигэр кэлбэтэх, атастарын кытта арыгылыы барбыт, баар да буоллаҕына, компьютерга тааҥкалыы олорор, дьиэ-уот, оҕо-уруу диэҥҥэ кыһаммат, кымаардаан да көрбөт. Ама бары оннук буоллахтарай?

Аныгы аҕа диэн киһи бирээмэ дипломнай үлэ суруйуох курдук. Биир дьахтар кэпсиир: “Кыыһым кэргэн тахсыбыта да, күтүөппүн олох сирэбин. Саатар бииргэ олоробут. Күнү-күннүктээн хоһуттан тахсыбат, доҕотторун кытта оонньуур үһү, мин иһиттэхпинэ, омуктуу эҥин кэпсэтэр курдук. Хата, омук тылын баһылаабыт быһыылаах. Кыыһым оҕоломмута да, эриттэн улахан көмө суох. “Маама, тыытыма, саатар эрэ олордун, кылаабынайа ханна да барбат, күүлэйдээбэт, пиибэ испэт”, - диэн көмүскэһэр. Айылааҕын оннук ини. Оттон биһиги аҕаларбыт дьиэҕэ олоро түс, кыратык сынньан диэтэххэ, хата, туох эрэ бириигэбэр курдук истэллэрэ, өһүргэнэллэрэ. Иллэҥ курдук буола түстүлэр да, бултаан, тыаҕа сылдьан, балыктаан, сылайбыттарын онон таһаараллара. Оттон күтүөтүм булар-талар диэн суох, кыыһым, хата, компьютерын иннигэр аһын илдьэн биэрэр. Биирдэ эмит мөҕүтүннэхпинэ, хата, киэһээҥҥи аһылыкка тахсан асаһар, оҕотун көтөхпүтэ буолар. Кыыспын аһыннарбын да, хайыахпыный?”.

Милена, эдэр ийэ: “Мин кэргэним ыал атаах, соҕотох уола этэ. Бэйэм ийэлээх аҕабар улаханнарабын, биэс бииргэ төрөөбүппүт. Онон кэргэммэр хайдах эрэ иккис ийэтин курдук буола түспүтүм. Дьиҥэр, икки сыл өссө балыспын. Бастаан ыал буоларбытыгар сүрдээх киириилээх-тахсыылаах, кэпсэтиилээх курдук этэ. Булар-талар да курдуга, элбэх доҕоттордооҕо. Онтон хайа күн  пааспарбытыгар бэчээт турбута да, киһим арай таҥнары харыйа курдук буола түстэ. Миигин ийэ оҥоһунна, барытын миэхэ сэлээннээтэ. Бэйэтэ атастарыгар-доҕотторугар көмөлөһөр аатыран күнү күннээн сүтэр, дьиэ төлөбүрэ, ас-үөл булуута барыта мин санныбар сүктэрилиннэ. Киһим олох да оҕо курдук эбит. Тугу да быһаарбат, тугу да булбат-талбат, аҕалбат. Арай дьэ массыына ылаары гынныбыт, сыбаайбытыгар киирбит харчынан. Дьэ, бэйэҕит да соһуйуоххут, барытын бэйэм буллум-таллым, биллэриилэри көрдүм, кэпсэтиитэ эмиэ миэнэ. Соһуйдарбын да, таптыырым бэрт буоллаҕа, этэргэ дылы, “оруосабай ачыкылаах” сылдьабын. Үс эрэ сыл тулуйан олорбутум, сибэкки хагдарыйбыта, таптал уостубута. Биир оҕобун кыбыммытынан дьоммор барбытым. Айдаана, харах уута суох. Билигин ийэтин аахха баран атаахтыы олордоҕо дии. Оҕотугар кыһаммат, көмөлөспөт, саатар эрэ дии саныыбын. Итинник киһини хайдах таптаан, эрэнэн кэргэн тахсыбыппын бэйэм да бэркиһиибин”.

Итинник кэпсээннэри иһиттэхпинэ, хайдах эрэ сонньуйабын эрэ. Ол да буоллар эркин курдук эрэллээх эр дьон, киһи эрэ ытыктыыр, киэн туттар аҕалара бааллар, ону ааһан элбэхтэр. Билигин эр киһи, аҕа оруола намтаата диибит да, онно дьахталлар бэйэбит эмиэ буруйдаахпыт. Ити Милена курдуктар барытыгар сүүрэ-көтө, була-тала сырыттахтарына, эр киһи оҕотугар түһэр буоллаҕа. Эрдэттэн кинини кымньыылаан, сүүрдэн, үлэлэтэн биэриэххэ баара. Тоҕо дьахтар массыына атыылаһа сүүрдэ, тоҕо эрин тааҥкалата олорто, аһын иннигэр аҕалан уурда? Уонна кэлэн эр дьон мөлтөхтөр, тугу да сатаабаттар диэхпит.

Аны Сардаана эрин хайҕыыр: “Ыал буолбуппут уонча сыл, чуолкайдаатахха аҕыс сыл буолла. Ол тухары Сашабар кэргэн тахсыбыппыттан биир да мүнүүтэ кэмсиммэппин, наһаа дьоллоохтук олоробут, үс оҕолоохпут. Сашам аҕа, кэргэн, күтүөт быһыытынан олус эрэллээх, киниэхэ сүүс бырыһыан итэҕэйэбин, хаһан да түһэн биэриэ, таҥнарыа диэн санаабаппын даҕаны. Мин ийэбин “маамабыт, маама” диэн наһаа истиҥник ааттыыр. Оҕолоругар улахан оруолу оҥорор, үтүө холобур буолар. Икки улахаммыт кыргыттар, онтуларын кыбынна да, балыктыы, күөгүлүү илдьэ сылдьар, сайын-күһүн бары отоннуубут, тэллэйдиибит. Асчытын туһунан этэ да барбаппын. Бу сыаны, балыгы, тэллэйи, хаппыыстаны тууһуура, араас аһы олус минньигэстик астыыра, таһырдьа казаҥҥа плов буһарара минньигэстэн минньигэс. Аны туран дьиэ-уот төлөбүрэ, булуута-талыыта, кэпсэтиитэ кини үрдүнэн. Маҕаһыыҥҥа туох, ханна чэпчэки сыанаҕа баарын, хантан тугу булуохха сөбүн барытын билэрэ, мин дьоммор бу айылаах көмөлөһөрүн туохха да тэҥнээбэппин. Билиҥҥи үйэҕэ олох көмүскэ тэҥнэһэр күндү киһим буолар. Онон кини төрөппүтэригэр эмиэ махталым улахан. Ийэтин кытта сыһыана олус истиҥ. Кыргыттарын уһуйааныгар төрөппүт кэмитиэтигэр баар, наһаа элбэх доҕоттордоох, барыларыгар күннэри-түүннэри сүүрэр, көмөлөһөр. Саас буолла да, бултуу-алтыы хас да хоно барар. Биһиги алаадьылаан, өйүөлээн үөрэ-көтө атаарабыт. Дьүөгэлэрим, кини табаарыстара биһигини холобур оҥостоллор, сорохтор этиһэн баран иллэспит, арахсаары сылдьан холбоспут да түгэннэрэ баар. Онуоха мин кэргэним, биһиги ыал холобур да буолбуппут, эйэ холууба да буолбуппут. Мин эргимтэбэр, дьүөгэлэрбэр, аймахтарбар да ытыы-соҥуу, эр киһиттэн өлбүт-быстыбыт, мөхпүт-эппит кыргыттар суохтара олус үчүгэй. Онон эр дьону барыларын биир халыыпка ууран мөлтөхтөр, тугу да сатаабаттар, билиҥҥи олоххо бэлэмнэрэ суох диэҥҥэ сөбүлэспэппин”.

 

Кырдьык да, аҕалары өрө тутуохха, кинилэргэ суолу биэриэххэ, оруолларын үрдэтиэххэ. Аҕа – дьиэ кэргэн туллубат тулааһына, модун кыаҕа, сүрүннүүр күүһэ буоларын умнумуоҕуҥ. Хайдахтаах курдук холобурга сылдьар, хорсун дьыалалары оҥорбут, дьоруойдуу сэрии толоонугар охтубут эр дьонноох этибитий? Кинилэр буоллахтара, биһиги халыҥ хаххабыт, суон дурдабыт. Аҕалары ытыктыаҕыҥ, убаастыаҕыҥ, уол оҕону эр киһилии дьоһуннаахтык, сиэрдээхтик иитиэҕиҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Сонуннар | 23.10.2024 | 17:38
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэҕэ департамена иһитиннэрэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ветеринарияҕа управлениетын кытта дьиэ кыыллара бэйдиэ сылдьалларын бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ куорат Автодорожнай, Строительнай, Сайсары, Октябрьскай, Гагаринскай уокуруктарынан уонна Марха, Маҕан, Хатас, Тулагы нэһилиэктэринэн ыытыллыбыт эриэйдэ түмүгүнэн боротокуоллар толоруллубуттар, нэһилиэнньэни кытта өйдөтөр, быһаарар, сэрэтэр үлэ ыытыллыбыт....