18.07.2022 | 22:14

Эрдэ уһуктар туох үчүгэйдээҕий?

Эн, хас чааска утуйан тураҕын? Күн устата сэниэҥ тиийэр дуо? Төһө элбэҕи ситиһэҕиний?
Эрдэ уһуктар туох үчүгэйдээҕий?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Учуонайдар эрдэ туруу үтүө өрүттэрин ааҕан көрбүттэр:

- Элбэх бириэмэлэнэҕин;

- Саҥа үчүгэй үөрүйэхтэр (привычка) үөскүүллэр;

- Киһи энергията элбиир, элбэҕи кыайа тутаҕын;

- Иммунитет күүһүрэр;

- Күүрүү (стресс) кыччыыр;

- Өйдөөн хааларыҥ тупсар;

- Болҕомтолоох буолаҕын;

- Олох охсууларын этэҥҥэ аһарынаҕын;

- Ыйааһыҥҥын быраҕаҕын.

7-8 чааска турар буоллаххына күн номнуо саҕаламмыт буолар, онон былаанныыр, сааһыланар кэм хаалбат. Маннык ыгылыйыы кэмигэр “прокрастинация” диэн үөскүүр эбит, ол аата бүгүн оҥоһуллуохтааҕы сарсыҥҥыга, сарсын оҥоһуллуохтааҕы өссө кэлиҥҥигэ көһөрөн иһии тахсар.

5 чааска уһукта үөрэннэххинэ бэйэҕэр эрэлиҥ күүһүрэр эбит. Эрдэ тураргытыттан эрэйи көрбөккө, эрдэ турууну бэйэҥ талбыт буоллаххына – олоххор ситиһии аргыстаһар.

Эрдэ турбут киһи эрчимнээх буолар. Өссө кыратык сэрээккэлиир, сөрүүн уунан душтанар буоллаххына, күн устата сэниэҥ эстибэт. Эт-сиин уһун күҥҥэ бэлэмнэнэр, түүн устата хамсаабатах хаан уонна лимфа эргиирэ күүһүрэр. Ол иһин иммунитет күүһүрэр, ол аата доруобуйаҥ биллэ тупсар.

Эрдэ тура үөрэнэргэ бастаан уһуктаат да, өр сыппакка, сүрҕэлдьээбэккэ атахпытыгар турабыт. Суунан-тараанан баран йога хамсаныыларын, чэпчэки сэрээккэни оҥоробут. 1-2 ыстакаан мүлүркэй ууну ыймахтыыбыт – организмы уһугуннарабыт.

Утуйар уонна уһуктар бириэмэҕит наар биир буоларыгар кыһаллыҥ.

Сарсыарда туох да сыала суох уһуктар ыарахан, онон киэһэ сытыах иннинэ кэлэр күҥҥэ тугу эмэ былааннааҥ. Бэйэни көрүнүөххэ, кинигэ ааҕыахха сөп. Ыксаабакка ас астанан аһыахха сөп.

Киэһээ сытарга саамай табыгастаах чаас – 21.00. Киэһээ тоҕустан түүн ортотугар диэри утуйуу – организмҥа саамай туһалаах утуйуу буолар, мелатонин үөскүүр. Бу чааска утуйбакка сылдьар киһи элбэҕи сүтэрэр – организм үлэтэ кэһиллэр, наар сылайбыт курдук буолан хаалар, сэниэтэ күн устатыгар тиийбэт. Онон 22.00 чаас иннинэ орону булар табыгастаах.

Ууну хана утуйан туруу – доруобай буолуу төрдө. Сомнологтар диэн түүлү үөрэтэр, эмтиир быраастар суруйалларынан, киһи сууккаҕа 7 чаас кытаанахтык утуйан турдаҕына толору сынньанар.  Сарсыарда 5 чаас саҕана киһи организмыгар кортизол уонна адреналин диэн гормоннар элбииллэр, гемоглобин уонна саахар үрдүүр, пульс түргэтиир, тыыныы дириҥиир. Ол аата организм уһуктарга бэлэмнэнэн барар. Ол иһин эрдэ туруу бу чааска саамай табыгастаах буолар.

Эрдэ турууга сыыйа-баайа үөрэниэхээ наада. Ыллыбыт да сарсын 5 чааска будильнигынан уһуктабыт диэн буолбакка, эрдэ утуйууттан саҕалаан, биирдии чааһынан эбэтэр чаас аҥардыытынан уһуктууну эрдэлэтэн истэххэ киһи түргэнник үөрэнэр.

Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....