02.07.2022 | 12:00

Эр киһи — олоҕу тутар күүс

Эр киһи — олоҕу тутар күүс
Ааптар: Вера Канаева, Таатта
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү кэпсэтэр дьоруойум – Таатта улууһун олохтооҕо, бастыҥ уопсастыбанньык, тус санаатынан гиирэ спордун сайыннарааччы эр бэрдэ Иннокентий Бояров.

– Үтүө күнүнэн, Иннокентий Иванович! Саха киһитин сиэринэн кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын диэн кэпсэтиибин саҕалыым.

– Мин ыам ыйын 24 күнүгэр 1965 сыллаахха Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгэр Бояровтар дьиэ кэргэттэригэр үһүс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Аҕам Иван Алексеевич Бояров Петр Алексеев аатынан Уус Таатта отделениетын биригэдьииринэн, управляющайынан, профсойуус бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Ийэм Светлана Иннокентьевна Захарова балыыһаҕа санитаркалаабыта.

– Киһи инники олоҕо дьиэ кэргэнигэр түстэнэр. Төрөппүттэриҥ  иитиилэрэ туох уратылаах этэй?

— Төрөппүттэрим тыа сирин олохтоохторо буолан, үлэҕэ уһуйан ииппиттэрэ. Киһи айылҕа сорҕото буоларын билэ улааппыппыт, сиэри-туому  иҥэрэ, тутуһуннара ииппиттэрэ. Ол курдук, айылҕаҕа, сир аһыгар, окко бары бииргэ сылдьарбыт. Бииргэ төрөөбүт бэһиэбит, түөрт уолу кытта биир балтылаахпыт. Улааппыт кэммит даҕаны атахпытыгар чиҥник турууга сабыдыаллаабыта.

— Оҕо сылдьан спорт ханнык көрүҥүнэн дьарыктаммыккыный? Бииргэ төрөөбүттэриҥ спорду сэргииллэр дуо?

— Оҕо сылдьан спорт хас да көрүҥүнэн тэҥинэн дьарыктаммытым –  тустуу, сүүрүү, хайыһар, волейбол, дуобат. Быраатым Николай Иванович оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан тустара. Хабаровскайдааҕы физкультура институтун бүтэрбитэ. Идэтинэн физруктаабыта, ол быыһыгар оҕолору мас тардыһыытыгар дьарыктаабыта. 10 спорт маастарын иитэн таһаарбыта. Саха сирин үтүөлээх тириэньэрэ аатын ылбыта. Убайым Алексей Иванович уола Эрхаан мас тардыһыытынан дьарыктанар. “Азия оҕолоро” оҕолорго аан дойдутааҕы спорт оонньууларыгар 2-с миэстэлээх, бэйэтин саастыылаахтарыгар өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ.

— Оҕо сааһыҥ кэминээҕи спорт көрүҥнэрин уларытан, билигин күүс көрүҥүн гиирэни талан дьарыктанаҕын. Хас сыллаахтан саҕалаабыккыный? Спорт бу көрүҥэ эйиэхэ тугу биэрэрий?

Гиирэнэн 1983 сыллаахтан Харбалаахтааҕы СПТУ-га үөрэнэ сылдьан И.С. Шараборин салалтатынан дьарыктаммытым. Гиирэ спорда имигэс, сымнаҕас, өһөс, тулуурдаах, уһун тыыннаах, күүстээх санаалаах буоларга сүрүннүүр, иитэр.

— Гиирэ спордуттан кими холобур оҥостоҕун, сүгүрүйэҕин?

Киһи олоҕор тумус туттар, холобур оҥостор киһилээх буолар. Мин тириэньэрбин, Саха сирин гиирэ федерациятын солбуйааччы дириэктэрэ, Саха сирин үтүөлээх тириэньэрэ, Саха сирин, Арассыыйа гиирэҕэ маастара Василий Николаевич Дьячковскайы холобур оҥостобун. Василий Николаевич “Модун” спорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр үрдүк кылаастаах спортсменнары иитэр, дьарыктыыр.

— Оттон эн улуускар өр сылларга оҕолору баҕа өттүгүнэн спорт бу көрүҥэр уһуйан кэллиҥ. Хас сыл уопсастыбаннай тириэньэринэн үлэлээтиҥ?

Төрөөбүт улууспар гиирэ спорда сайдыан баҕаран, 2010 сылтан  уопсастыбаннай тириэньэринэн Оҕо спордун киинигэр сыстан үлэлээн кэллим.

— Кыайыы күнүгэр гиирэ күрэхтэһиитин тэрийбиккит үгэс буолла.

2011 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр Ытык Күөл  “Сарыал” сынньалаҥ киинин салайааччыта А.И. Тарасовтыын ыччат Аҕа дойдуну көмүскүүргэ бэлэмнээх буолуутун, патриотическай тыыҥҥа иитиллэн тахсарын күүһүрдэр сыалтан тэрийэн саҕалаабыппыт.

— Дьарыктыыр, эрчийэр оҕолоруҥ ситиһиилэринэн кынаттанан, хамнаһа суох үлэлээн кэллиҥ. Оҕолоруҥ ситиһиилэрин сырдат эрэ.

Кырдьык, оҕолорум ситиһиилэрэ, баҕа санаабын ситиһэрбэр, улууспар гиирэ спордун сайыннарыыга, тэнитиигэ кыаҕы биэрэр. Биирдиилээн түмүккэ Лена Габышева, Сардаана Тарасова, Диана Петрова, Катя Кладкина өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ буолбуттара.  Аня Юнчанова, Рената Неустроева, Маша Павлова, Алиса Никонова, Оля Барбасытова, Сандаара Чербоева миэстэлэспиттэрэ. Сардаана Тарасова Улан Үдэҕэ ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ бэйэтин саастыылаахтарыгар бастаабыта. Диана Петрова “Манчаары оонньуутун” кыайыылааҕа буолбута. Оҕолорум өрөспүүбүлүкэҕэ хамаанданан чөмпүйүөннээн, иккитэ бастаабыппыт.

Оттон улахан дьоҥҥо Станислав Белолюбскай өрөспүүбүлүкэҕэ иккитэ үһүс, Саха сирин үлэһиттэрин спартакиадатыгар иккис миэстэни ылары ситиспитэ. Дима Ефимов, Кирилл Аргунов, Анна Башарина  Федерация Кубогын анал күрэхтэһиитигэр үһүс миэстэни ылбыттара. Уопсай хамаанданан түмүккэ  2015 сыллаахха үһүс миэстэ буолбуттара. Оҕолорго уопсай хамаанданан 2015-2017 сс. – үһүс миэстэ, 2021-2022 сс. – бастакы.

— Иннокентий Иванович, эн улуус биир бастыҥ уопсастыбанньыгынаҕын.

Төрөппүттэрим чөл олоҕу тутуһаллара, ыраастык таҥна сылдьарбытын хонтуруоллууллара. Тулалыыр эйгэм, төрөөбүт дойдум ыраас буолуон олуһун баҕарабын. “Тааттаавтодорга” 26 сыл үлэлээбитим. Суолу тутааччы быһыытынан эрэ буолбакка, күн аайы хаамар уулуссабыт, нэһилиэгим ыраас буолуутугар, ырааһырдыыга субуотунньуктары тэрийэбин.  Бу көҕүлээһин биһиги улууска тэриллибитэ хас да сыл буолла. Ол курдук,  2015 сыл ыам ыйын сааһыттан саҕалаан сынньалаҥ пааркатын, ипподром, автодром бөҕүн-сыыһын ыраастыыбыт. Манна скандинавскай хаамыы (сал. М.Е. Павлова), сүүрүктэр (сал. А.И. Колесова) түмсүүлэрэ уонна биһиги буолан үлэлиибит. Үксүн булт, кус кэмэ буолан, кыргыттар, дьахталлар, эбэлэр эрэ субуотунньуктууллар. Итини сэргэ Эр дьон түмсүүтүн салайабын, түмсүү дьоно, көрө сылдьан, кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөбүт.

— Дьиэ кэргэниҥ, аҕа дьиэ кэргэҥҥэ оруолун кэпсээ эрэ.

— Дьиэ кэргэн – олохпут уйгутун оҥорор уопсастыба биир тутаах ячейката. Ийэбит Анна Ивановна Боярова “Чуораанчык” уһуйааҥҥа асчыт көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиир. Мин тириэньэр быһыытынан ситиһиилэрбин бигэргэтэн, “Модун” спорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр гиирэҕэ тириэньэр буолары ситистим. Уолбут Иннокентий ЯГСХА ХИФУ магистратуратын  бүтэрбитэ, куоракка үлэлиир. Кыыспыт Саина Товарова ЯГСХА-ы бүтэрбитэ, ветврач идэлээх, кэргэннээх, икки оҕолоох. Кэргэнэ Василий Товаров электрик идэлээх.

Аҕа, эһэ буолан, дьиэ кэргэним туруктаах олоҕун оҥоробун. Куһаҕан дьаллыгы батыспат, өй-санаа, эт-хаан өттүнэн чөл, олоххо актыыбынай көрүүлээх саха эр киһитэ хайдах буолуохтааҕын бэйэбинэн холобурдаан олорорго дьулуһан кэллим.

Эр киһи олоҕу тутар күүс, олоҕу оҥорор киһи. 2014 сылтан эр дьон түмсүүтүн салайабын, улуус уопсастыбаннай сэбиэтигэр 2014 сылтан үлэлиибин. Бастакы ыҥырыыга бэрээдэк, спорт хайысхатыгар  үлэлээбитим. Иккис ыҥырыыга саҥа ыытыллар соцобьектарга, суол хонтуруолугар эппиэттээхпин. Улууска гиирэ спордугар тириэньэрдиибин, гиирэ федерациятын толорооччу дириэктэрэбин. Уон икки сыл буолан баран, улууһум дьаһалтатын, спорт кэмитиэтин туруорсууларынан, кэлэр “Манчаары оонньууларыгар” бэлэмнэнии чэрчитинэн тириэньэр ыстаатын көрөннөр, дьэ, хамнастаах үлэһит буоллум.

– Иннокентий Иванович, кэпсэтиибит эн  олоххо  күүстээх тардыһыыгын көрдөрдө. Төрөөбүт дойдугун таптыы, дьиҥнээх эр киһи  аналын толоро сылдьаргыттын киһи эрэ үөрэр, эйигинэн киэн туттар. Өссө да спорт туонатыгар оҕолоруҥ ааттара иһиллэ турдун, дьиэ кэргэниҥ нус-хас олохтоннун.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....