25.03.2022 | 12:34

Эр киһи андаҕара

Эр киһи андаҕара
Ааптар: Людмила Баишева-Федорова
Бөлөххө киир

Кулун тутарга норуот бэйиэтэ Сэмэн Бөтүрүөбүс Дайыылап атааннаах-мөҥүөннээх аан ийэ дойдуну арыйбыта 105 сылын туолла. 

Кини норуотун тапталын, сүгүрүүйүтүн тыыннааҕар билбит дьоллоох киһи этэ. 
Сааһын тухары кырдьыгы эрэ куйах оҥостубут, үрдүк трибуналартан Өксөкүлээх, Алампа, Ойуунускай  сырдык ааттара төннөллөрүн турууласпыт, кинилэр үйэлээх айымньылара тылбаастанарын ситиспит, аатырбыт "Дьулуруйар Ньургун Боотур" олоҥхобут нууччалыы  тылбааһын уран тыл уустарын түмэн, тэрийсибит үтүөлээх. Ити эттэххэ эрэ дөбөҥүн иһин, сүҥкэннээхэй үлэ поэт чараас сүрэҕин ортотунан ааспыта сэрэйиллэр... 

Сэмэн Бөтүрүөбүс классиктары эрэ буолбакка, уопсай халыыпка киирбэт, Көҥүл тыыннаах, санааларын дорҕоонноохтук этэр айылҕаттан айдарыылаах дьону эмиэ көмүскэһэрэ. 

Ол курдук, Дмитрий Дыдаев "Хара быраат хара убайыгар суруга" хоһооно цензураны алҕас мүччү көтөн, бэчээттэнэн атыыр айдаан тардыллыбытыгар, кини бу хоһоонньуту көмүскээн: "Эһиги бу сэбиэскэй тутулу үөҕэн суруйбут диир буоллаххытына, ол аата, маннык куһаҕан олоххо олоробут диэн бүүс-бүтүннүү сөбүлэһэн, илии баттаан олороҕут",– диэбитэ!

Эдэр тыыппалаах айар куттаахтар айымньыларын Арассыыйа ааттаах-суоллаах тылбаасчыттарыгар  ханнык баҕарар омук сэҥээрэрин курдук, тылбаастатан, Сэбиэскэй Сойуус үрдүк таһымнаах киэҥ ааҕааччытыгар билиһиннэрэн,  ааннарын тэлэччи аһан, киэҥ дуолга көтүппүт, куорсун аспыт эмиэ кини.

Кини - улахан лиирик-поэт. Элбэхтэн  биир бастыҥ айымньыта бу баар: хайа да кэрэ куо нохтолоох сүрэҕэ ууллар, эркин курдук эрэллээх Эр киһи андаҕара: 

ЭРЭН МИЭХЭ

Эрэн миэхэ,
Эрэн миэхэ...
Эрэн илиим эрчимигэр,
Эрэн сүрэҕим төлөнүгэр, 
Эрэн санаам сайыныгар.

Ханнык да ыар охсууну, 
Ханнык да ыар сохсону 
Эйигиттэн халбарытыам, 
Эһиэм, уоттуом, барчалыам.

Эн барыҥый муннуккар 
Күн мичээрин түһэриэм,
Санньыппакка, салгыбакка, 
Эн сүрэххин ириэриэм.

Эйигин олох албыныттан,
Эрэн, экчи арчылыам, 
Уонна санаам сайынынан
Киэҥ аартыкка таһаарыам...

Эрэн илиим эрчимигэр,
Эрэн сүрэҕим төлөнүгэр, 
Эрэн санаам сайыныгар.
Экчи эрэн,
Эрэн миэхэ.

Оччоҕо
Эмньик күүстэниэм,
Иэйэр
Эдэр сүрэхтэниэм,
Күн күлүмэ өйдөнүөм.
Эрэн миэхэ.
Эрэн!

... Биирдэ кини хоһооннорун хомуурунньугун ааҕа олорон, арай бу айымньыга "кэтиллэ" түстүм уонна соһуйан мэктиэтигэр таалан олордум ээ. Ааҕыҥ эрэ:

ТӨРӨӨБҮТ АЛААСПАР

Оҕо сааспыттан дьалхааннаах суол дьаарбаҥнаммыт,
Олохтон эрэ – олох иһин охсуһуулааҕын ордорбут –
Мин,
Бу ааһан иһэр кэрэдэх курдук кэлэн,
Эһэлэрим эстибит өтөхтөрүгэр уталыйдым,
Кимтэн кииннээхпин кырдьан баран дьэ билинэн,
Сорсуйа соҥуйдум, саныыр санаалыын кырыйдым...

Хаһааҥҥыта эрэ, оргуйар олох киинэ буолан,
Чаҕаарыйа сыппыт мин Бор алааһым барахсан,
Биир да буруота суох – чиэски үрэх баһа аатыран,
Уларыйбыта сүрүн...
Билиэхчэ билбэтим.
Онтон
Сугун уктаах Дьулаҥ үрүйэҕэ соҕотох туруйа
Тулаайахсыйар чуҥкук хаһыыта дуораһыйда,
Онтон олох чугас Өлөҥнөөхпөр уларыйан,
Мин ийэ куппун долгута, ыардык курулуйда.

Бу күн уулбут көмүһүнэн көөчүктүүр уулаах
Күндүлүйэр көлүкэлээх алааһым бары кэрэтин
Харысхала суох хаалларан,
атын соргуга ымсыыран,
Айаҥҥа таласпыт оччотооҕу миигин батыспатах,
Алааһа барахсантан харыһы да халбарыйбатах,
Билэр биир тапталлаах мин элэккэй Эдэр Сааһым,
Элбэх эрэллэриттэн аккаастаммыт мин Эдэр Сааһым,
Ити туруйа чуҥкук хаһыытынан уруйдаан көрүстэҕэ,
Соҕотох сорсуйа хаалбыт сорун-муҥун кэпсээтэҕэ.

... Олоҕум кирдьиксит судьуйатаа – мин үөлээннээҕиэм,
Этиий даа миигин уоскута: ким кэскилэ кэрэтин:
Хайабыт сатаабытын,
Хайабыт алҕаһаабытын,
Хайабыт дьиҥнээх олоҕу олорон ааспытын:
Ити, айыллыбыт айылҕатыгар хамсаабакка хаалан
Тулаайах туруйа хаһыыта буолбут мин Эдэр Сааһым,
Эбэтэр, бу олох одун охсуһуутугар буойун аатыран,
Сындалыйа кырдьыбыт бүгүҥҥү мин буоларым дуу
Хайабыт дьоллоох олоҕу олорбутуй?


...Ол аата, оннооҕор маннык – сааһын тухары олох оргуйар үөһүгэр сылдьыбыт, кыаҕын, дьоҕурун бүүс-бүтүннүү норуотун сайдыытыгар, көмүскэлигэр биэрбит, бар дьонугар суон дурда, халыҥ хахха буолбут хорсун сүрэхтээх, дохсун дьылҕата үөһэ-аллара быраҕаттыырын барытын сиэрдээхтик тулуйбут, саха устуоруйатыгар хаалар сүдү личность - "Дьиҥнээх олоҕу олордум дуо? Атын суолунан баран, алҕаһаатым дуу?"– диэн саарбахтыыр санааларыттан сааһырар, саппаҕырар күннэрдээх буолар эбит...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...