22.02.2022 | 17:00

Эр дьон кыбыстар тиэмэтэ

Эр дьон кыбыстар тиэмэтэ
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

«Ыал оҕото суох буолуутугар 40 % эр киһи буруйдаах буолуон сөп», — диир уролог, андролог быраас Николай Николаевич Григорьев (@doctor_nikolaii,  @delta_clinica).
Эр киһи доруобуйатын туһунан аһаҕастык кэпсиир блогер-быраас биһиги ааҕааччыларбытыгар эр дьоммут ордук туохха болҕомто ууруохтаахтарын билиһиннэрдэ.

Спермограмма диэн тугуй?

Сперма анаалыһа (спермограмма) – олус чуолкай түмүктэри таһаарар чинчийии биир ньымата. Эр киһи тоҕо оҕолонор кыаҕа суоҕун быһаарарга уонна половой олоҕунан бэриллэр араас ыарыылары буларга туһаныллар.
Уролог андролог быраастар спермограммаҕа оҕото суох, ЭКО-ҕа бэлэмнэнэр, аҕа буолуон баҕарар эр дьону ыыталлар.

Дьиҥэ, спермограмманы эр киһи, оҕолонуон баҕарар, кэскилин былаанныыр буоллаҕына, хаһан баҕарар туттаран көрүөхтээх. Бу анаалыска анаан-минээн бэлэмнэнии ирдэнэр:

1) Кэрэ аҥааргытын кытта чугас сыһыаҥҥытын 2-3 күҥҥэ тохтотоҕут (уһуннук тохтотор наадата суох, оччотугар анаалыс сыыһа көрдөрүөн сөп).

2) Спермограмма туттарыаххыт 7 күн иннинэ аһыы утаҕы амсайбаккыт.

3) 7 күн инниттэн ханнык да эми испэккит. Бастайааннай иһэр эмтээх буоллаххытына, бырааска хайаан да этиэхтээххит.

4) 7 күн инниттэн баанньыкка, саунаҕа сылдьыллыбат.

5) Анаалыһы анал клиникаҕа кэлэн туттарар ордук. Бааҥкаҕа кутан илдьиигэ көрдөрүүлэр халбаҥныахтарын сөп.

6) Сперманы анал иһиккэ эрэ хомуйуллар.

7) Анаалыска төһө ыгыллан тахсарын барытын туттарыахтааххыт.

8) Хаттаан туттарар түгэҥҥитигэр, спермограмма түмүктэрэ атын-атын буолуохтарын сөп.

Спермограмма түмүгүн уролог андролог быраас таһаарар. Эр киһи ууһуур кыаҕын быһаарарга бу анаалыс хас да төгүл туттарыллыахтааҕын тоһоҕолоон этиэххэ наада. 2-3 нэдиэлэнэн эбэтэр 3 ыйынан хатылыыр наада буолар.

Тус-туһунан лабораторияларга туттаран көрөр ордук. Сорох клиникалар анаалыстары атын сиргэ илдьэн оҥоттороллор, онуоха түмүк араастаһыан сөп. Онон бэйэлэрэ лабораториялаах балыыһалары талар ордук. Спермограмма – эр дьон саамай саатар, кыбыстар анаалыһа, ол иһин ханнык усулуобуйалаах клиникаҕа туттараллара тустаахтарга эмиэ оруолу оонньуур.

 

Дьокуускайга спермограмманы туттарыахха сөп:

- Медицинэ киинин Киһи репродукциятын лабораториятыгар, Сэргэлээх шоссетын 4 км;

- “Доруобуйа уонна киһи репродукциятын киинигэр”, Бестужев-Марлинскай уул., 1;

- ЯРКВД поликлиникатыгар, Богдан Чижик уул., 3.

Маны таһынан чааһынай клиникалар эмиэ бу анаалыһы туталлар.

 

Уол оҕону аһара уотумаҥ

– Былыр-былыргыттан үчүгэйдик аһыыр, аппетиттаах оҕону эһээ-эбээ хайҕыыр куолута. Оҕо аһыырын тухары кутан биэрэ олорор төрөппүттэр эмиэ элбэхтэр. Билиҥҥи аҕыйах хамсаныылаах үйэҕэ аһара уойар оҕо ахсаана сыллата эбиллэр.

Уол оҕо уойара ордук кутталлаах. Метаболизм ыһыллар, түргэн углеводтар бэйэлэрин соруктарын толорбутунан бараллар – оҕо  уойан иһэр.

Оттон уол оҕо 12 сааһыгар эр киһи буолар сүрүн гормона – тестостерон үөскээн барар. Тестостерон – хорсун буолуу, ыраланыы, туруоруммут сыалга дьулуһуу, тулуурдаах буолуу, былчыҥ сайдыытын уонна эр киһи ууһуур уорганын кээмэйигэр эппиэттиир гормон – бу барыта уолу эр киһи оҥорор.

Аһара уойбут уол оҕо эр киһи буолар кэскилин тэнитэрэ уустугурар. Сыа быыһыгар тестостерон бытааннык үөскүүр. Ол аата уол оҕо эмис буоллаҕына, 12 сааһын туолуон иннинэ ыйааһынын быраҕыахтаах. Диетата, аччыктааһына суох! Сөпкө аһааһын, иҥэмтиэлээх ас уонна эти-хааны чэбдигирдии, хамсаныы эрэ көмөтүнэн.

12 сааһын ааспыт уонна ыйааһынын сатаан бырахпат уолга быраас эрэ көмөлөһөр кыахтаах. Уол оҕону харыстыахха, кэскилбитин быһымыахха.

Отут саастаах оҕонньоттор

Билиҥҥи эр дьон эрдэ кырдьаллар диэн учуонайдар суруйаллар. Эрдэ кырдьыы сүрүн төрүөтэ – тестостерон таһымын намтааһына.

Андрогеннай диписиит – 45 саастарын ааспыт эр дьон тестостероннарын таһыма түһүүтэ. Билигин 30 саастарын ааспыт эр дьоҥҥо үгүстүк көстөр буолла. Чинчийиилэр түмүктэринэн, тестостерон таһыма сыл аайы 2,5 % түһэн намтыыр.

Тестостерон түһүүтүн организм кырдьыы саҕаламмытын курдук ылынар. Кырдьыыны түргэтэтэллэр:

1) Уойуу. Организмҥа төһө элбэх сыа үөскүүр да, ароматаза диэн фермент элбиир. Бу фермент тестостерону дьахтар половой гормонугар эстрадиолга кубулутар. Ол аата эр киһи уойдаҕын аайы кини организмыгар ароматаза уонна эстроген элбиир, тестостерон кыччыыр.

2) Быар ыарыылара. Тестостерон уонна улаатыы гормона быарга сайдаллар. Быар ыалдьар буоллаҕына, тестостерон үлэлээбэт, тас өттүттэн киирбит да тестостерон үлэлиир кыаҕа суох.

3) Артериальнай гипертония уонна сүрэх ишемическэй ыарыыта. Маннык ыарыылар баар буоллахтарына, сүрэх тымырдара уонна мэйии эрэ буолбакка, тестостерону үөскэтэр сымыыттар тымырдара эмсэҕэлииллэр.

4) Сахарнай диабет. Эр киһи тестостерона түһэр буоллаҕына, 2-ис типтээх сахарнай диабет үөскүөн сөп.

5) Дислипидемия. Холестерин таһымын үрдээһинэ.

Ханнык баҕарар ыарыыны уһаппакка-кэҥэппэккэ эмтээтэххэ, аныгы медицина үксүн кыайар. Онон эр дьоҥҥо половой гормоннары бэрэбиэркэлээн, хаан анаалыһын туттарарга сүбэлиибин.

 

Бэриллибит испииһэктэн биири эмэ бэйэҕитигэр булбут буоллаххытына, половой гормоннаргытын бэрэбиэркэлэнэргит уолдьаспыт:

- Сэниэҕит эстэр, сылайаҕыт;

- Половой олоххут мөлтүүр;

- Былчыҥ күүһэ сүтэн иһэрин бэлиэтиигит;

- Ньиэрбинэй, кыраттан тырытта сылдьар буолаҕыт;

- Сааһырыы ыарыылара элбээбит – сүрэх, тымыр ыарыылара, остеопороз, ноор ыарыыта о.д.а.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...