13.10.2022 | 13:00

Эр дьоммутугар эркин курдук эрэнэбит

Эр дьоммутугар эркин курдук эрэнэбит
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Саха киһитэ барахсан оччоттон баччаҕа диэри бэйэ-бэйэҕэ өй-санаа өттүнэн өйөнсөн, ылсан-бэрсэн, көмөлөсүһэн олорор. Санааҕа баттаттахха, төбөнү төҥкөттөххө, олох хаамыыта бытаарар. Аҥаардас бүгүҥҥү балаһыанньа хас биирдиибитин атахтаата, «соҕотохпун дуу» диэххэ диэри кэлиини-барыыны, алтыһыыны хааччахтаата.

Дьэ маннык кэмҥэ киһи киһиэхэ сылаас сыһыана, өйөбүлэ-өйдөбүлэ хаһааҥҥытааҕар даҕаны күндү, эмтиир күүстээх, санааны көтөҕөр, күүскэ күүс эбэр. Биллэн турар, өрөспүүбүлүкэбит хас биирдии нэһилиэгэр араас үтүө түмсүүлэр, тэриллиилэр бааллар.

Мин бүгүҥҥү сэһэним-сэппэним Хатаска баар эр дьон түмсүүтүн туһунан буолуо. Чэ, холобура, былыр-былыргыттан хас биирдии саха эр киһитин сүрэҕэр-дууһатыгар баар өйдөбүл, дьарык – булт-алт, балыктааһын. Биһиэхэ бу хайысхаҕа үлэ бэркэ барар. Уонча сыл тиһигин быспакка «Байанай күрэҕэ» ыытыллар, түөлбэлэр икки ардыларыгар «Байанай бэлэҕэ», «Балыктан бастыҥ бүлүүдэ», «Тумата суох ас» уо.д.а. тэрээһиннэр буолуталаабыттара. Бу тэрээһиннэр, булчут, балыксыт дьоммут суоҕа буоллар, ыытыллыа суох этилэр. Ситимнээх үлэ түмүгүнэн «Саха» НКИХ «Үүтээн кэпсээнэ» биэриитэ чаастан ордук кээмэйдээх көстүүнү уһулан барбыта.

Аны туран, мас тардыһыыта аан дойду таһымыгар тахсыытыгар хатастар эмиэ кылааппыт кырата суох. Ол курдук, бу хайысхаҕа эмиэ ураты суоллаах-иистээх дьоннордоохпут, бэйэлэрэ туспа түмсүүлээхтэр, бэйэ-бэйэлэригэр көмө-тирэх буолар түгэннэрэ аҕыйаҕа суох. Онно сөптөөх хамсаныыны оҥорор салайааччылар, дьарыктанааччылар бэйэлэрэ, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ, дьарыктааччылар, көҕүлээччилэр, ыалдьааччылар даҕаны бааллара, бааллар, баар да буолуохтара диэн эрэнэбит. Маныаха нэһилиэкпит баһылыга Евгений Пермяков мас тардыһыытын туһунан: «Мас тардыһыыта спорт атын көрүҥнэриттэн биир сүрүн уратытынан чөл, чэбдик олоххо тардыһыыга ханыылаһар сыаллааҕа-соруктааҕа буолар. “Ай” уонна “дьай” диэбит курдук, өркөн өйгүнэн тобул, хамсат-имсэт, оҥор-тут диэн буолар. Оттон ол айар, дьайар кэм кэлиитэ, дьэ, ол киһи олоҕун тутулуттан, хардыытыттан, ситэн-хотон сайдыытыттан тутулуктаах. Онон мас тардыһыыта киһиэхэ быыппастар былчыҥы, күүһү-уоҕу эрэ буолбакка, ис турук тас туруктуун биир таһымҥа киириитин биэрэр дии саныыбын», - диэн санаа үллэстиитэ элбэҕи этэр. Манна даҕатан атын даҕаны дьоммут мас тардыһыытын туһунан этиилэрин ахтан ааһар оруннаах. Холобура, мас тардыһыытын төрдүгэр турбут, бэйэтэ быраас идэлээх Николай Софронов: «Мас тардыһыыта – дьикти көрүҥ! Күөн көрсөөччүгүн кытта этиҥ-сииниҥ бараныар диэри иэмэхтэһэн киирсэн баран, күрэх бүттэ да, истиҥ доҕор, аллар атас буолаҕын», - диир. Оттон Дьокуускай куораттааҕы 7 нүөмэрдээх спорт оскуолатын дириэктэрэ Евгений Гоголев: «Оҕолорбунан киэн туттабын, саамай сүрүнэ – олоххо оннуларын буллулар, үлэлээхтэр-хамнастаахтар, дьиэлээхтэр-уоттаахтар, дьиэ кэргэннээхтэр. Билигин биһиги үлэбитигэр төһүү күүс буолар дьонум эмиэ кинилэр – солбуллубат спонсордар, тэрээһиннэрбит көҕүлээччилэрэ, өйөөччүлэрэ-өйдөөччүлэрэ. Ол баар тылынан сатаан этиллибэт, сыаналаммат махтал, үлэбит үтүө түмүгэ».

Хатастар түмсүүлээх, биир сомоҕо буолуу баарын аҥаардас күрэхтэринэн эрэ буолбакка, түмүктээх үлэнэн-хамнаһынан, дьыаланан билэбит. Ол курдук, Аҕа дойду сэриитигэр баран Ийэ дойдуларыгар ытык иэстэрин төлөөбүт дьоммутугар анаммыт пааматынньыгы сөргүтүүгэ улахан субуотунньуктарга нэһилиэк эр дьоно баҕа өттүлэринэн кэлэн, ырыанан-тойугунан арыалланан, полевой кухнянан бэлэмнэммит сылаас аһы таһырдьа олорон үөрэ-көтө, сүргэ көтөҕүллэ амсайан, ньиргиччи, таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

«Хатас хамсааһына» түмсүү былырыын Хатаспытыгар киирии стеланы, Агрогородок сэргэтин саҥардыбыта. Быйыл балаҕан ыйыгар нэһилиэкпит түмэлин өрөмүөнүгэр, ититиигэ аналлаах субуотунньугу ыыппыттара.

Аны туран бу аҕыйах хонуктааҕыта харах хайҕала, сүрэх үөрүүтэ көстүү баар буолла. Ол курдук, Агрогородок түөлбэтин биир киин уулуссатыгар тобоҕу, быраҕыллыбыты, туһаныллыбыты мунньар анал баахтар (контейнердар) турар сирдэрэ саҥардылынна. Бу үлэ Хатас олохтоохторун баҕа санааларынан, бэйэлэрин күүстэринэн буолбута кэрэхсэбиллээх. Ол хайдах саҕаланна этэй? Бу саас ырааһырдыныы ыйыгар маҥнайгы Баҕарах түөлбэтин субуотунньугар салайааччы Николай Попов бөх-сыыс, тобох-ибэх мунньуллар «санитарнай точка» диэн ааттанар анал тутуулары сөргүтэн, саҥалыыттан оҥорор баҕалаах сүрдээх үчүгэй ыччат дьонноох эбиппит диэн турар. Бу эдэр киһи аата Тимур Ташпулатов диэн. Тимур элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибитэ, манна Хатаска орто оскуоланы бүтэрбитэ. Ийэлэрэ өр сылларга полицияҕа оҕо аймах бэрээдэги кэһиитин утары үлэлээбит буолан, дьиэтигэр дэҥҥэ көстөрө. Онон Тимур кыра эрдэҕиттэн бэйэтин эрэ туһугар буолбакка, бырааттарын, балтын туһугар эппиэтинэскэ иитиллибитэ, быһаарса, оҥоро-тута, айа, дьайа сылдьар  аартыкка үктэммитэ. Орто саастаах дьон Тимур оҕо эрдэҕиттэн мэлдьи сэргэх сэбэрэлээх, чэбэр, ыраас көстүүлээх буоларын бэркэ өйдүүбүт. Уолбут үөрэҕин бүтэрэн, үлэ-хамнас булунан, төрөөбүт-үөскээбит Хатаһыгар төннөн кэлэн үөрдүбүтэ. Киэҥ-куоҥ эйгэҕэ сылдьан, араас улахан куораттары кэрийэн, ыраастык туттан олоруохха сөбүн илэ хараҕынан көрөн-истэн баран, күндүтүк саныыр Хатаһыгар бэйэтин үбүнэн үтүө дьыаланы оҥорор баҕалааҕын эппит. Ол туһунан дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Василий Пинигин маннык кэпсиир: «Быйыл саас Тимур Ташпулатов “бачча суумалаахпын, онно бөх тоҕор сирбитин үчүгэй көстүүлээх гына оҥоруохпун баҕарабын” диэн этиилээх кэлбитэ. Онтукатыгар «Хатас хамсааһына» түмсүүгэ эрэлэ улаханын эппитэ. Сүбэлэһэн баран, контейнердар турар сирдэрэ бетоннаммыт буолуон наада диэн түмүккэ кэлбиппит. Толкуй, ырытыы кэмигэр эдэр уол бачыымын өйүүбүн уонна көмөлөһөбүн диэччи Александр Павлов баар буолбута». Дьэ ити курдук ааҕан-суоттаан, матырыйаалы атыылаһыы, аҕалыы саҕаламмыта. Манна даҕатан эттэххэ, Василий бииргэ төрөөбүт убайа Денис Пинигинниин бэйэлэрэ эмиэ нэһилиэккэ турник, ворота уо.д.а. курдук үтүө дьыаланан оҥорбуттара элбэх. Василий Егорович тус бэйэтин кырааннаах массыыната үгүс үтүө дьыала матырыйаалын босхо тиэйэн аҕалара сонун буолбатах. Ол курдук, тимир өттүн Пинигиннэр дьаһайбыт буоллахтарына, мас өттүн кинилэргэ эбии Алексей Осипов, Андрей Саввин тустаах үлэлэрин кэнниттэн түүннэри үлэлэһэн, кээмэйдээн, быһан-отон, аалан, ыраастаан бэлэмнэстилэр. Туттар инструменынан Иннокентий Спиридонов көмөлөспүт. Оҥоһуллубуту туруорууга Васильев Григорий салайааччылаах Владимир Филиппов, Алексей Андреев, Петр Семенов, Дмитрий Николаев, Михаил Неустров үлэлэспиттэр. Ити курдук «Агрогодок», «Баҕарах» түөлбэлэргэ хатастар, эркин курдук эрэллээх эр дьонноох, «Хатас хамсааһына» диэн саамай тоҕоостоох кэмигэр тэриллибит түмсүүлээх буоламмыт, бөһүөлэк көстүүтүн тупсарар, хаһаайынныы сыһыан туоһута буолар тупсаҕай бөх тоҕор санитарнай точкалар баар буоллулар. Биир сүрүнэ – олохтоох дьон баҕа санаатынан, норуот бэйэтин үбүнэн!

Күндү ааҕааччым! Дьэ, дьиҥ-чахчы ис сүрэхтэн тахсыбыт үтүө дьыаланы оҥорбут биир дойдулаахтаргынан киэн тутун, салгыы кэпсээ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...