Эр дьоҥҥо аналлаах бүлүүдэлэр
Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүн көрсө, эр дьоҥҥо аналлаах, иҥэмтиэлээх уонна тотоойу аһы астааҥ.
Буженина
1,5 кг сибиинньэ этэ (окорок);
Эккэ барсар приправа;
2-3 ост. нь. мүөт;
2 уст. апельсин;
3-4 чеснок өлүүскэтэ;
Туус уонна мас арыыта.
Сибиинньэ этиттэн буженина бырааһынньык да, көннөрү да күн остуолугар күндү ас. Иҥиирэ, элбэх сыата суох эт барсар.
Эппитин сууйабыт, кумааҕы салфетканан сотон куурдабыт. Быһаҕынан дьөлүтэ кэйиэлээн, тууһунан, араас туманан сыбаан баран дириҥ миискэҕэ угабыт.
Мүөтү арыыны кытта холбоон эппитигэр кутабыт. Дьөлүтэ кэйбит хайаҕастарбытыгар соус киирэр гына кутабыт. Биир суукка туруорабыт.
Биир хоннорон баран апельсин суогунан уонна цедратынан маринад оҥоробут. Эппитигэр кутабыт. Хайаҕастарыгар кырбаммыт чесногу симэбит. Духуопка форматыгар ууран, фольганан сабан, 180 кыраадыска 1,5 чаас буһарабыт.
Буспутун кэннэ фольгатын ылан кэбиһэбит, бэйэтин сүмэһинин үрдүгэр кутан өссө 30 мүнүүтэ духуопкаҕа саһарчы буһарабыт.
Хортуоппуй рулет
150 г бекон;
500 г буспут хортуоппуй;
100 г пармезан сыыр;
100 г халбаһы курдук ууллаҕас сыыр;
1 уст. сымыыт;
100 г тэллэй;
Туус, хара биэрэс.
Барытын бииргэ кырбаан соркуой астыахха сөп эрээри, маннык боростуой састааптаах аһы уратытык астыахха эмиэ сөп.
Хортуоппуйу эрдэ туустаах ууга буһаран баран ыраастыыбыт. Пюре оҥорон ньыһыйабыт. Теркаламмыт сыыры, биир сымыыты, туус, биэрэс, кытаанах сыыр сороҕун эбэбит, үчүгэйдик булкуйабыт.
Пергамент кумааҕыны тэлгээн, бекону түөрт муннуктуу сааһылыыбыт. Бекону бэйэ-бэйэлэрин кытта өрөн, саахыматтыы сааһылаан ууруохха сөп. Үрдүгэр пюребытын уурабыт.
Хортуоппуй үрдүгэр халбаһы курдук плавленай сыыры, ыһаарыламмыт тэллэйи уурабыт. Эмиэ хортуоппуй уурабыт, тэҥнээн биэрэбит.
Грузинныы чахохбили
1,5 кг куурусса;
3 уст. эриэппэ луук;
2-3 чеснок өлүүскэтэ;
1 тутум петрушка уонна кинза;
4 сиппит помидор;
1 ч. нь. хмели-сунели тума;
2 ост. нь. ткемали слива соуһа;
Туус, хара уонна стручковай биэрэс.
Астыырга судургу уонна олус тотоойу бүлүүдэ. Рагуга маарынныыр.
Кууруссаны сууйабыт, орто куһуоктарга араартыыбыт. Луугу аҥаардаан баран чараастык кырбыыбыт. Помидор хаҕын ыраастыыбыт, кырбыыбыт. Күөх оппутун кыра гына кырбастыыбыт.
Халыҥ хобордоохха арыыны сылытабыт. Бастаан куурусса этин эргитэ сылдьан саһарчы буһуор дылы ыһаарылыыбыт.
Ынах арыытын эбэбит, луук, туус, биэрэс, хмели-сунели, помидору кутабыт. Булкуйан баран хаппахтаан, кыра уокка 20 мүнүүтэ буһарабыт.
Бүтэһиккэ Ткемали грузинскай соуһу, петрушканы, кинзаны, чесногу эбэбит. Уотун арааран баран 10 мүнүүтэ туруора түһэбит.
Маннык буспут кууруссаны помидору уонна ханнык баҕарар сөбүлүүр гарниргытын кытта остуолга биэрэҕит.
Кумааҕыбытын биир өттүттэн ылан, рулет гына эрийэн кэбиһэбит. Үрдүгэр сыыр таммалатабыт. Кумааҕыбытыгар суулуубут.
200 кыраадыска 30 мүнүүтэ духуопкаҕа буһарабыт. Буһарын саҕана кумааҕытын өһүлэн, саһарчы буһара түһэбит.
Сибиинньэ этиттэн антрекот
1,5 кг сибиинньэ этэ (антрекот);
3 помидор;
2 баклажан;
1 моркуоп;
2 уст. эриэппэ луук;
150 г кытаанах сыыр;
4 ост. нь. майонез;
Хара биэрэс;
Туус;
Мас арыыта.
Сибиинньэ антрекота диэн уҥуохтаах этэ ааттанар.
Эппитин тымныы ууга сууйабыт. Тууһунан, биэрэһинэн сыбыыбыт. Майонеһынан биһэн баран 1 чаас маринуйдуубут.
Антрекот маринуйданар кэмигэр оҕуруот аһын бэлэмниибит – кырбастыыбыт, луугу бөдөҥ гына кырбыыбыт. Моркуобу теркалыыбыт, помидору уонна баклажаны кубиктыы кырбыыбыт.
Ыһаарыламмыт луукка уонна моркуопка помидору уонна баклажаны эбэбит, туустаан баран 20 мүнүүтэ орто уокка ыһаарылыыбыт.
Антрекоттарбытын мас арыытынан сыбаммыт духуопка илииһигэр уурабыт. Ыһаарыламмыт оҕуруот аһын эппит үрдүгэр уурабыт. 180 кыраадыска 1 чаас 15 мүнүүтэ буһарабыт.
60 мүнүүтэ ааспытын кэннэ теркаламмыт сыыры үрдүгэр таммалатабыт. Сыыр саһарчы уулуннаҕына, бүлүүдэ бэлэм буолар.
Сүөгэйгэ буспут ынах этэ
600 г ынах этэ;
2 уст. эриэппэ луук;
100 г сүөгэй;
50 г ынах арыыта;
2 улахан нь. мас арыыта;
2 чеснок өлүүскэтэ;
1/2 ч.нь. лимон цедрата;
Туус.
Маннык астаммыт ынах этэ олус сымнаҕас буолар. Гарнирыгар хортуоппуй, рис, гречка барсар.
Ынах этин уһун синньигэс гына быһабыт.
Улахан миискэҕэ лимон цедратын теркалыыбыт, эппитин онно кутан туустуубут, биэрэстиибит. 20 мүнүүтэ сынньатабыт. Чесногу, луугу кыра гына кубиктыы кырбыыбыт.
Хобордооҕу уокка ууран баран биир улахан ньуоска мас арыытын кытта ынах арыытын аҥаарын кутабыт. Манна луукпутун уонна чеснокпутун ыһаарылаан ылабыт. Атын иһиккэ сүөкүүбүт.
Луугу ыһаарылаабыт хобордоохпутугар эппитин уурабыт, арыыбытын эбэбит. Булкуйа туран ыһаарылыыбыт.
Ыһаарыламмыт луукпутун, чеснокпутун эбэбит. Барытын бииргэ өссө 3 мүнүүтэ устата ыһаарылыыбыт уонна сүөгэйбитин эбэбит. Чаас аҥаара кыра уокка, хаппахтаан буһарабыт.
Этэ сымныы илик буоллаҕына, өссө буһара түһүөххүтүн сөп.
Гарнирыгар хортуоппуйтан, оҕуруот аһыттан ураты араас салааттары кытта остуолга биэриэххэ сөп.