12.01.2023 | 14:00

Эниэргийэни кэҥэтэр йога

Федора Афанасьевна Дьячковская йоганан дьарыктаммыта сүүрбэччэ сыл буолла. Төһө да бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбытын иһин, эдэрдии эрчимин ыһыктыбакка, хас да үлэни бэрт чэпчэкитик үмүрүтэр, ону ыарахан сүгэһэр оҥостубат.
Эниэргийэни кэҥэтэр йога
Ааптар: Марианна ТЫРТЫКОВА
Бөлөххө киир

Сарсыарда халлаан саҥа суһуктуйуута уһуйааҥҥа тиэтэйэр, иитээччи буолан, күнү супту кырачааннары кытта бодьуустаһар. Онтон киэһээ «Асаi йога» тиийэн, араас саастаах дьону йогаҕа дьарыктыыр, киһи этин-сиинин былчыҥнарын эрчийэн, ис кыаҕы арыйарга үөрэтэр, ону таhынан биирдиилээн киһини кытта эмиэ үлэлиир. Үлэбин ыарырҕаппаппын, куурустарга, вебинардарга үөрэнэн, анал научнай ыстатыйалары хасыhан, билиибин чиҥэтэ сатыыбын диэн үөрэ-көтө кэпсиир.

Дьиҥэр, хас да үлэни ситиһэ сатаан эдэр да киһи сылбата эстиэн, сылайыан-элэйиэн сөп. Федора Афанасьевна йоганан дьарыктаныаҕыттан этин-сиинин энергетическэй ханаалларын сөпкө үлэлэтэн, анал дьарык нөҥүө турукка киирэн, күүс-уох, сэниэ ыларын бэлиэтиир.

Оччолорго Чурапчы Сылаҥ нэһилиэгэр олорор саха тылын учуутала аан бастаан почтанан киһи доруобуйатын, олоҕун тупсарар духуобунай кинигэлэри сурутан, утаппыттыы ааҕан барбыта. Ол саҕана аан дойду киэҥ куйаарыгар түннүк аһылла, билиҥҥи курдук фитнескэ, йогаҕа дьарыктыыр кииннэр киэҥник тарҕана иликтэрэ.

Олоҕу уларыппыт кинигэ 

«Үгүс дьон йогаҕа доруобуйаларын тупсараары кэлэллэр. Оттон мин ас буһарар уорган үлэтин чөлүгэр түһэрээри, отут сааспыттан кыралаан биллэн барбыт варикоһу эмтээри ылсыбытым. Ыарыы сибикитэ саҥа биллэн эрдэҕинэ, ону дириҥэппэккэ эмтэнэн иһэрбин сөбүлүүбүн. Тымыр устун хаан эргиирин тупсараары төбөбөр таҥнары туран көрбүтүм эрээри, хайдах эрэ барсыа суох диэн тохтообутум. Кэлин техникатын сыыhа толорбуппун диэн өйдөөбүтүм.

Дьиҥэр, доруобуйа буолбакка, биир сытыытык долгутар кыһалҕам кэлэктиипкэ дьону, оҕолору кытта алтыһыы, кинилэри кытта уопсай тылы булуу этэ. Холобура, оскуолаҕа сорох мэник оҕо араас быракаас оҥордоҕуна, бэйэни туттунар уустук буолара. Ол иһин кыраттан кыыһыран-тымтан, хаһыытаан барбакка, уордайыыттан босхолонор, бэйэни уоскутунар, истириэстэн тахсар араас ньыманы көрдүүрүм.

Ити кэмҥэ эдьиийим «Как изменить судьбу» диэн Андрей Левшинов кинигэтин бэлэхтээбитэ, онно классическай йога эрчиллиилэрэ баар этилэр. Онтон почтаҕа каталогы көрөн, йога туһунан икки кинигэни сурутан ылбытым. Ол кинигэҕэ хас биирдии эрчиллии кимиэхэ барсара-барсыбата, дьарык техниката сиһилии сурулла сылдьара. Йоганан дьарыктаныахпыттан оскуолаҕа биир сиргэ олорбот, биир кэм эргичийэ сылдьар оҕолорго илиҥҥи гимнастиканы ыытар буолбутум», — диэн кэпсээнин саҕалыыр Федора Афанасьевна.

Сыыйа куоракка киирэн, араас куурустарга, спортивнай медицинаҕа, реабилитационнай кииҥҥэ үөрэммит, цигун, илбийии үөрэҕин ааспыт. 2008 с. Дьокуускайга көһөн киирэн, тренер быһыытынан үлэлээн саҕалаабыт.

Ол курдук, араас хайысхалары үөрэтэн баран вйайама сушма йоганы ордук сэҥээрэн дьарыктаммыт, Брахмачари үөрэнээччитэ биллэр йогин Ареймахаш Амерхамерга уһуйуллубут.

Чакра аһыллыыта

Федора Афанасьевна йоганан дьарыктаныаҕыттан доруобуйата тута тупсан барбытын туһунан этэр. Учууталлыыр кэмигэр уруокка өр турдаҕына атаҕа ыалдьара ааһан хаалбыт. Ону таһынан, холкутуйуу туругар киирэн, көхсө кэҥээн, куруук тумуулуур, мунна бүөлэнэр, төбөтө ыалдьар киһи харахтан сыыһы ылбыттыы аны ыалдьыбат буолбут.

Дьарыгын бырахпакка эрчиллэр киһи медитация таһымыгар тахсар, оччотугар күннээҕи кыһалҕаттан тэйэн, уоскуйар, холкутуйар. Йога ис хоһооно олус дириҥ, эзотерикаҕа тиийэр, ойуун эттэниитигэр майгынныыр. Холобур, кундалини-йога чакралары арыйан, эниэргийэни кэҥэтэр, атын долгуннары (вибрациялары) истэр, билэр турукка тиэрдиэн сөп. Эйгэтэ кэҥээбит киhи ис кыаҕа лаппа улаатар. 

Онон йога былыр былыргыттан кэлбит наука, ис дьиҥэ эти-хааны атын эйгэҕэ сымнаҕастык киирэргэ, көмүскэллээх буоларга эрчийэргэ анаммыт эбит.

Дьарыктанар киhи энергетическэй хамсааhыннары бэйэтигэр араастаан кэтээн көрүөн сөп: эт-хаан итийиититтэн саҕалаан, олох хаачыстыбатын уларытарга күүс-уох киирэригэр тиийэ. Уонна хас биирдии киһи ол уларыйыыларын атын дьону кытта буолбакка, бэйэтин урукку таhымын кытта тэҥнээн көрөр. Ол аата йога хас биирдии киһиэхэ тус-туһунан дьайар.

Медитация таhымыгар тиийбит дьоҥҥо учууталлар үрдүкү чакралары сэрэхтээхтик арыйарга сүбэлииллэр. Карма үөрэҕинэн, дьон билиҥҥи да, ааспыт да олоҕор үтүө уонна мөкү быһыыны оҥорор. Өскөтүн мөкүтэ элбэх түгэнигэр, аһыллыы алдьатыылаах буолуон сөп диэн сэрэтэллэр.

Кыаҕы сайыннарыы

Йога физическэй эрчиллииттэн уратыта диэн киһи мунутуур кыаҕынан оҥоро сатыыр, холобур, былчыҥнаргын ууннарарга бэҕэһээ оҥорбут сиргэр тохтоон хаалбакка, сэрэнэн салгыы баран иһэҕин. Ол иһин йогтар аҥаар илиилэригэр тураллар, араас акробатическай уустук трюктары оҥороллор. Итинник таһымҥа хас эмит сыл дьаныардаахтык үлэлээн тиийэллэр. Тымырдара мөлтөх киһиэхэ сорох ыарахан хамсаныы барсыбат, эбии бэргэтиэн, эчэтиэн сөп, онон бэйэ кыаҕын көрөн хамсаныллыахтаах.  

Йоганан дьарыктанар дьон этэллэринэн, биир кыһалҕаны эргитэ сылдьан санаа баттыга оҥосторуҥ сүтэн хаалар, санааҥ ырааһырар, үлэни, турукка киирэн, ыарырҕаппакка оҥороҕун, түргэнник быһаарынаҕын.

«Холобур, сарсыҥҥы тэрээһиҥҥэ тугу саҥараргын суруммакка эрэ ол билииҥ төбөҕөр, урукку уопуккар баар түгэнигэр, барыта ис-искиттэн бэйэтэ сааһыланан тахсар, ону “быть на потоках” диэн этэллэр. Йога көмөтүнэн ол долгунуҥ үчүгэйдик аһыллан, күүстээх, кыахтаах буолаҕын. Ону таһынан, эниэргийэҕин харайарга, харыстыырга, сөпкө туттарга үөрэнэҕин.

Оскуолаҕа үлэлии сылдьан биир идэлээхтэрбэр ымсыырар этим, учууталлар оҕолорун олимпиадаҕа бэлэмнииллэр уонна бастакы, иккис миэстэни ылаллар, оттон мин оҕолорум онус буолан кэлэллэр. Сыал-сорук туруорунан үлэлээбитим кэннэ үөрэнээччилэрим бириистээх миэстэҕэ тиксэр, бэл, бастыыр буолбуттара.

Йога көмөтүнэн киһи толкуйа аһыллар, холобур, тугунан эрэ дьарыктаныаххын баҕараҕын, ол эниэргийэҥ эйигин собуоттуур, сыалгын ситиһэргэр саҥа ньымалары булаҕын, өйүҥ-санааҥ тобуллан барар. Эниэргийэтэ суох киһи кыраттан сылайар, сытыан, сынньаныан эрэ баҕарар.

«Йога и здоровье», «Йога день за днем» кинигэлэр элбэххэ туһалаабыттара, киһи сэрэйэр дьоҕурун арыйан, сэниэҥ эһиннэҕинэ, ону чөлүгэр түһэрэн, ситэрэн биэрэҕин. Өскөтүн дьарыктанар бириэмэҥ суох түгэнигэр, үлэни эккирэтииттэн тохтуу түһэн, сынньаныахха наада»,— диэн бэлиэтиир Федора Афанасьевна.

Дьол туруга

Киһи эрэ ылбычча йоганан дьарыктанан барбат, сорох эрчиллии барсыбат буолуон сөп, холобур, тоноҕоһун уҥуоҕа токуруйуулаах, лордуостаах, кифозтаах, үрдүк дабылыанньалаах киһиэхэ. Сорох дьон йоганан сыыһа дьарыктанан, эрчиллиини аһары күүскэ оҥорон, былчыҥнарын, сибээскэлэрин эчэтиэхтэрин сөп.

Йога биир хайысхата пилатес былчыҥнары бөҕөргөтөр, хамсаныылара бытаан, арыый судургу соҕус. Офиска күнү супту көмпүүтэр иннигэр олорор дьон хондуруостара көбөн, көхсүлэрэ, систэрэ ыалдьара ааһан хаалар диэн этэллэр. Эрчиллии кэнниттэн шавасана холкутуйуу, уоскуйуу туругар киирэн, сынньанан тахсаҕын. Итинник дьарыктаммыт дьон эниэргийэлэрэ нэдиэлэ устата өрө тыга сылдьыан сөп, айар-тутар турукка киирэллэр.

«Уус киһиэхэ уһанар тэрилин кэриэтэ, йога бэйэҕин салайынарарга бэрт көдьүүстээх уонна туһалаах ньыма. Биир өртүнэн, эниэргийэ хаатыйаланыыта атын өттүнэн тахсыан сөп, үөйбэтэх өттүттэн кыыhырыынан, холус майгы араас көстүүлэринэн биллиэн эмиэ сөп. Ол иһин йогаҕа сөбүн көрөн, кэмнээн дьарыктаныы диэн өйдөбүл эмиэ баар.

Йоганан дьарыктаныан баҕалаах дьон, бастатан туран, туруктарын учуоттаан хамсаныахтарын наада. Спордунан дьарыктанар, кыанар киһи саҥа саҕалааччылар бөлөхтөрүн астыныа суоҕа.

Хатха-йога диэн физическэй гимнастика сүһүөх, сис тоноҕоһун, энергетическэй киин үлэтин тупсарар. Пилатес аҥаардас йога буолбатах, былчыҥнары бөҕөргөтөр ньыма. Күүһү-уоҕу сайыннарар йога эмиэ туспа.

Ханнык баҕарар физическэй хамсаныы гормоннар үлэлэрин тупсарар, ол иһин дьарык кэнниттэн дьол, үөрүү туруга киирэр», — диэн Федора Афанасьевна кэпсээнин түмүктүүр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...