«Эн эмиҥ аттыгар үүнэр...»
Светлана Ивановна Попова – Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин олохтооҕо, түөрт оҕо иһирэх ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбэтэ. Кини Максим Аммосов төрөппүт кыыһа Лена Аммосованы, эдьиийэ Наталья Кировна кыыһа Мария Охлопкованы кытта өр сыллаах истиҥ сыһыаннарын сэһэргээтэ. 80-гар чугаһаабыт ытык кырдьаҕастан Саха сирин эмтээх үүнээйилэрин хомуйар ураты дьарыгын эмиэ туоһуластыбыт, ааҕааччыларбытыгар сүбэтин-аматын ыллыбыт.
Оҕо саас ахтылҕана
– Светлана Ивановна, бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
– Кииним түспүт сирэ – ийэм дойдута, Үөһээ Бүлүү Мэйигэ. Аҕам Попов Иван Иннокентьевич Нам Хатырыгыттан төрүттээх. Төрөппүттэрим Хатырыкка олохсуйан, уон оҕоломмуттар: тоҕус кыыс уонна соҕотох уол. Аҕам манна бастакы ааҕар балаҕаҥҥа үлэлээбитэ. Анал үөрэҕэ суох эрээри, айылҕаттан эргиччи талааннааҕа, оскуолаҕа уруһуй учууталынан үлэлии сылдьыбыта. Биир кэмҥэ Намнааҕы култуура дьиэтигэр дириэктэрдээбитэ. 1950-с сылларга Хатырыкка Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн талыллан, биэнсийэҕэ тахсыар диэри дойдум туһа диэн санаанан үгүс сыратын ууран үлэлээбитэ. Иван Иннокентьевич нэһилиэк суолун былаанын, ыһыахтыыр сири, онно баар стадиоммутун оҥорторбут, сэрии толоонугар охтубут дьоммутугар өйдөбүнньүк пааматынньыгы туруортарбыт үтүөлээх. Түһээн харчытын мунньан, бэйэтэ бырайыактаан, маастардаан, библиотека дьиэтин туттарбыта кэлин салҕааһыннанан, нэһилиэк музейа буолбута.
Ийэм Мария Семеновна Григорьева – Герой ийэ, үлэ, тыыл бэтэрээнэ. Кэлин балыыһаҕа, почтаҕа, уһуйааҥҥа үлэлээбитэ. Олус бэркэ иистэнэрэ, биһиги киниттэн элбэххэ үөрэммиппит.
Оҕо сааһым умнуллубат түгэнэ элбэх. Киэһэ аайы оҕолор эбэбит остуоруйатын, кэпсээнин истээри, уочаратынан кини хоонньугар киирэрбит. Библиотекаҕа сылдьар буолуохпуттан эбэбэр саха суруйааччыларын кинигэлэрин доргуччу ааҕар буолбутум. “Төлкө”, “Сааскы кэм”, “Лоокуут уонна Ньургуһун” курдук норуот таптыыр айымньыларын сөбүлээн аахпытым. Ол кэмтэн бу эйгэҕэ сыстан барбытым буолуо дии саныыбын.
Эдьигээҥҥэ
Светлана Ивановна Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар училищеҕа библиотекарь идэтигэр үөрэммитэ. Кини – Эдьигээн оройуонугар оҕо библиотекатын тэрийбит киһи.
– Бастаан райком дьиэтигэр биир хоһу биэрбиттэрэ. Баайым-дуолум диэн хаадьаҥныыр атахтаах олоппос, эргэ ыксаап уонна Национальнай библиотека ыыппыт икки баайыы кинигэтэ этэ. Ону көрөн баран: “Хайдах маннык үлэлиэхпиний”, – диэн олорон эрэ ытаабыппын өйдүүбүн, – диэн билбэт сиригэр хайдах ананан тиийбитин билигин күлэ ахтар.
Ити курдук, Оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээн баран, Светлана Ивановна 1981 сыллаахха улуустааҕы кииннэммит библиотека дириэктэринэн анаммыта. “Ол саҕанааҕы култуура управлениетын хотуна В.Е. Шадринаны кытта түөрт кыбартыыралаах дьиэни библиотека оҥорбуппут. Икки этээстээх, туспа турар, бэйэбитигэр сөрү-сөп библиотекаламмыппыт. Горнайдар уопуттарынан дьиэ кэргэн ааҕыытын тэрийбиппит”, – диэн Эдьигээҥҥэ үлэлээбит кэмнэрин сылаастык саныыр.
Максим Аммосов балтын кытта
– Библиотекарь буоларбар суолбун сирдээбит киһим – Мария Алексеевна Охлопкова. Кини – Максим Аммосов бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Наталья Кировна төрөппүт кыыһа. Оҕоҕо ураты истиҥ сыһыаннаах киһи этэ. Киниэхэ библиотекаҕа үөрүүнэн көмөлөһө тиийэрбит, ааҕааччы формулярын толорон, улахан дьоҥҥо кинигэ биэрэрбит, алдьаммыт кинигэлэри абырахтыырбыт.
7-с кылааска үөрэнэ сырыттахпытына Мария Алексеевна идиэйэтинэн, оскуола дириэктэрэ Р.Д. Маппырова, история учуутала В.П. Протопопова көҕүлээһиннэринэн хомсомуол историятын үөрэтэр куруһуок тэриллибитэ. Биһиги онно дьарыктаммыппыт. Кэлин кыраайы үөрэтэр умсугутуулаах үлэбит саҕаламмыта: сааскы, кыһыҥҥы уһун өрөбүллэргэ дэриэбинэлэри кэрийэ сылдьан этнографическай малы-салы, иһити-хомуоһу хомуйбуппут. 1956 сыллаахха Саха АССР төрүттээбит дьоммут үтүө ааттарын чөлүгэр түһэрии саҕаламмыта, хаһыаттарга ыстатыйалар тахсар буолбуттара. Ол саҕана Максим Аммосов соратниктарын булан, суруйсан, үгүс үлэ ыытыллыбыта. Хайысхабыт улам кэҥээн, матырыйаалбыт элбээн, оскуола музейа аһыллар буолбута. Биирдэ Ефим Шапошников Мария Алексеевнаҕа: “Олус үчүгэй матырыйааллары хомуйбуккут, маны туһанан, нэһилиэгиҥ музейын тэрийиэххин наада”, – диэн өй укпут. Инньэ гынан аны нэһилиэк музейа тэриллибитэ. Мария Алексеевна биһигини музейы төрүттэспит оҕолорум диэн ааттыыра.
Эдьигээҥҥэ үлэлии олордохпуна, аҕам соһуччу өлбүтэ. Ийэбэр көмөлөһө дойдубар быстах көһөн кэлэ сылдьыбытым. Онно Мария Алексеевналыын бииргэ оҕо библиотекарынан үлэлээбитим. Онтон Мария Алексеевна: “Тэрийсибит музейгар кэлэн үлэлээ”, – диэн ыҥырбыта. Кини сопхуостарга тиийэн туруорсан, үлэһит ыстаата көрүллэн, миигин дириэктэр оҥорторбута. Ол иннинэ музей туспа тэрилтэ буола илигэ, уопсастыбаннай эрэ үлэ курдуга.
Уларыта тутуу кэмнэрэ олус ыараханнык ааспыттара. Онтон 1997 сыллаахха Максим Аммосов төрөөбүтэ 100 сылыгар музей таас дьиэтэ тутуллан киирбитэ. Кэлин статуһа үрдээн, судаарыстыбаннай суолталаах буолбута. Онон аныгылыы көрүүлээх, эрчимнээх эдэр салайааччы наада диэн миэстэбин туран биэрбитим, бэйэм фондовигынан хаалбытым. 2015 сыллаахха диэри М.Н. Попованы кытта биир ыстаапканы үллэстэн үлэлээбиппит.
Күүтүүлээх күндү ыалдьыттар
– Судаарыстыбаннас күнүгэр өрөспүүбүлүкэни салайар бас-көс дьоммут Хатырыкка кэлэр үгэстэрин бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев саҕалаабыта. Музейга үлэлээбитим тухары өрөспүүбүлүкэ тумус туттар дьонун кытта үгүстүк алтыспытым. Бастакы академик Владимир Петрович Ларионовы, норуодунай суруйааччы Баһылай Харысхалы кытта көрсүһүүбүн ордук сылаастык саныыбын.
Лена Максимовна Аммосова куруук саамай күүтүүлээх уонна күндү ыалдьыппыт буолара. Биһигини “Мои дорогие” диэн ааттыыра. Манна кэллэҕинэ, хайаан да аҕатын төрөөбүт сиригэр Аччыгый Арыыга сылдьара, ханнык да күн-дьыл турдун, сөтүөлээн тахсара. Лена Максимовна кэлэригэр уолаттар анаан-минээн балыктыы барааччылар. Ыһаарыламмыт собону сөбүлээн сиирэ. Наар төрүт аскытын аһааҥ диир буолара. Киниэхэ куруук кэһии туттаран ыытааччыбыт, онтон олус үөрэрэ. Бүтэһигин Москваҕа балыыһаҕа сыттаҕына көрсөн кэлбиппит. А.Н. Жирков көҥүллэтэн, палаататыгар киирэн тахсыбыппыт. Букатын дьүдэйэн, кыччаан хаалбыт этэ. Ол кэннэ Хатырыкка кэлээхтээбэтэҕэ...
Хатыҥ сэбирдэҕинэн эмтэнии кистэлэҥнэрэ
Светлана Ивановна 2015 сылтан хаалыктаах хаамыынан дьарыктанар. Кинилиин эмтээх үүнээйилэри хомуйуу туһунан үгүһү кэпсэттибит.
– Мин медик да, биолог да буолбатахпын. Эбэм, ийэм айылҕаҕа батыһыннара сылдьан кэпсээбиттэриттэн, үөрэппиттэриттэн-такайбыттарыттан өйдөөн хаалбыппынан Ийэ айылҕабыт бэлэҕин бэйэм сатыырбынан туһана сатыыбын.
Хатыҥ сэбирдэҕэ сыстаҥнас кэмигэр олус туһалаах, уҥуох-сүһүөх ыарыытыгар киниэхэ тэҥнээх суох. Хайаан да эбиэт иннинэ хомуйуллар. Биир лабааны бүтүннүү “сотон” ылбаккын, элбэх сири кэрийэҕин. Ити сыстаҥнас буолбут кэмигэр сэбирдэҕин тартахха, бэрт үчүгэйдик кэлэр. Кэлин тоҥорон хаһаанар, кыһыннары туттар буоллум.
Хатыҥ сэбирдэҕинэн эмтэнии биир судургу ньымата маннык. Киэһэ утуйуоҥ иннинэ ыалдьар сиргэр сыһыары тутан, ас пленкатынан эрийэн кэбиһэҕин, таһын сылаас таҥаһынан, атаххын анал наколеннигынан эбэтэр биинтэнэн бааныаххын сөп.
2000 сылларга бииргэ төрөөбүт балтым, сүүрэ-көтө сылдьан, сүһүөҕэ, уҥуоҕа ыалдьан, эмискэ турбат буолан хаалбыта. Онно ыксаан, аатырбыт Куома Чааскын уола Мэхээлэ Чааскыҥҥа бара сылдьыбыппыт. Кини: “Эн эмиҥ аттыгар үүнэр, хатыҥ сэбирдэҕиттэн атын туох да наадата суох”, – диэбитэ. Дойдубутугар кэлэн, кини сүбэтин туһаммыппыт. Ол маннык: кумахтаах сиргэ тиийэн, дьаама хаһаҕыт (эмтэнэр киһи сыттаҕына үрдүгүн, туоратын учуоттаан) уонна кутаа оттон сылытаҕыт. Онно хатыҥ сыстаҥнас сэбирдэхтэрин тэлгээн, тэллэх оҥороҕут. Син балайда элбэх сэбирдэх наада. Дьэ, онно ыарыһаҕы сытыаран баран, киһини бастаан сэбирдэҕинэн, онтон туох да быкпат гына баата суорҕанынан сабаҕыт уонна үрдүн кумаҕынан бүрүйэҕит. Сүрэҕэ тулуйар буоллаҕына, оннук 10-15 мүн. сытыараҕыт. Хатыҥ сэбирдэҕэ эккин-сииҥҥин угуттаан, ис-искиттэн сылытар, сыта-сымара да олус үчүгэй. Балтым уҥуоҕа испитэ, дарбайбыта ханна да суох буолбута, хатыҥ сэбирдэҕэ ыарыытын тардан, оборон ылбыта. Итинник аҕыйахта сытаҕын, элбэхтэ хатылаабаккын.
Уопсайынан, хатыҥ, сэбирдэҕиттэн саҕалаан, күлүгэр тиийэ эргиччи туһалаах. Эбэм ыас оҥорорун өйдүүбүн. Сыыҥка ыарыытыгар (цинга), айах бааһырдаҕына, тииһи бөҕөргөтөргө үчүгэй диирэ. Хатыҥ ытарҕаларын сэрэнэн ылҕаан ылан, ыраас кумааҕыга тута сылдьан кыра-кыралаан сиэххэ сөп. Бороһуок курдук бэйэтэ бытарыйар, элбэх ыарыыга туһалыыр.
Айылҕа «аспирина»
Бэс, харыйа мастар туһалаахтарын бары да билэр инигит. Эдьигээҥҥэ олорор кэммэр болбукта туорааҕын сөбүлээн хомуйар этим, билигин оҕолорум аҕалаллар. Үөрэ отун кэлэ-бара ыстыы сылдьыҥ диэн сүбэлиибин. Хамсык кэмигэр дьону улаханнык абыраата.
Оҕонньор ото (Вероника седая) искэ-үөскэ олус туһалаах. Биһиэхэ хойуутук үүммэт, кураан дьылга букатын да кэмчи буолар.
Тимэх оту сөбүлээн хомуйабын. Тыһылаах уонна атыырдаах, ону араарарга үөрэниҥ. Тыһыта хайаҕастаах, ол эр дьоҥҥо барар. Атыыра бүлтэгэр буолар, ол – дьахталларга.
Гастрикка хортуоппуй уутуттан ордук абыраллаах суох. Күһүн сибиэһэй, хаҕа чараас эрдэҕинэ, сууйан-сотон баран, бэйэтинэн мясорубкаҕа эрийтэрдэххэ, сога ыгыллан тахсар. Ону аһыах иннинэ ыстакаан үс гыммыт биирин иһиллэр. Туруккуттан көрөн, баҕар, күҥҥэ биирдэ эбэтэр иккитэ.
Уҥуохтаах отон угун саас эбэтэр күһүөрү хомуйабын. Бүөр, хабах ыарыйдаҕына, оргутан иһиллэр. Олус өр оргуппаппын, начаас тэптэрэн ылабын.
Хааннарын баттааһына үрдүк, дабылыанньалаах дьоҥҥо дөлүһүөн абыраллаах. Ийэлээх эбэм ньирэйдэр, борооскулар истэрэ тоҕо бардаҕына эмиэ биэрэллэрэ. Бэйэм утах оҥостон сөбүлээн иһэбин, отун, сыыһын кытта туһаҕа таһааран, чэйбэр куттабын. Сиэмэтин ыраастаан, сироп, барыанньа оҥорон, оҕолорго биэрэбин.
Кытыан биһиэхэ дэлэйдик үүммэт, онон олус күндү. Сымнаҕас лабаалааҕын талан хомуйар ордук. Сүмэһинин ылан, мас арыытыгар булкуйан, маас оҥостобун. Уулаах иһиккэ иһит ууран (водяная баня) оргутуллар. Онтубун олус харыһыйан, атаҕым ыарыыта бэргээтэҕинэ, тулуйарбыттан аастахпына биирдэ соттобун.
Тиэргэммэр икки тэтиҥ үүнэр. Ол субатын хатаран, кырбаан, ыалдьар сирбэр тутабын, олус туһалыыр. Үөт субата – айылҕа айбыт “аспирина”.
Кучу отунан чэй оҥостобун, долохоно уҥуоҕун ылҕаабакка, бэйэтинэн барыанньалыыбын. Сибэккитэ сүрэххэ үчүгэй.
Ньээм оту хомуйан, тоҥоробун. Дьиҥэр, саамай туһалааҕа – силиһэ. Кэлин, сиһим ыалдьар буолан, сатаан хомуйбаппын. Мин биэс устуука сибэккитин чааскыга уган, үрдүгэр 70-80 кыраадыс сылаас ууну кутабын уонна туруора түһэбин. Күҥҥэ биирдэ иһэбин. Иммунитеты бөҕөргөтөргө туох да ааттаах үчүгэй.
Сугун абаҕата сөтөлгө абыраллаах. Хоту дьиэни ыраастыырга тутталлар, түүлээх таҥас ыскаабыгар уурар үчүгэй, моль чугаһаабат дииллэр.
Оҕо эрдэхпиттэн сир аһын сөбүлээн хомуйабын. Ханнык баҕарар отону сибиэһэйдии тоҥорон баран, саахара суох кыра-кыра сии сылдьар ордук дии саныыбын. Урут дьоммут айахпыт бааһырдаҕына күөх луугу сиэтэллэрэ, ол ньыманы билигин сиэннэрбэр туһанабын. Аны олус үчүгэй тума буолан, киһи аһыыр баҕатын күүһүрдэр, айылҕа биэрэр клетчатката диэн ааттыыбын. Тиит хатырыгын көөнньөрөн, чэйбэр куттан иһэбин, хааны бэркэ убатар.
Эмтээх оту хомуйарга сиэри-туому умнубаппыт, сирбитин-дойдубутун аһатабыт, көрдөһөбүт. Аны туран, хас биирдии киһи организма уратытын умнумаҥ. Баҕар, ити эппитим эһиэхэ барсыа суоҕун сөп. Сорохтор эттэрэ кыһыйар, ымынах тахсар, туймарыйаллар. Онон бэйэҕитин кэтэнэн көрөн баран эмтэниҥ диэн сүбэлиибин.
***
PS. Светлана Ивановна кэрэхсэбиллээх кэпсээнин истэ олорон, арыылаах алаадьытын амсайдым, хатырыктан көөнньөрүллүбүт чэйинэн, эмис собонон, тоҥ күөрчэҕинэн, сугунунан күндүлэнним.