08.12.2022 | 11:00

Эн астаабаккын дуо?

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччим Катерина Лугинова килиэп атыыласпатаҕа сылтан ордубут. Түөрт оҕолоох ийэ бэйэтэ күн аайы “тыыннаах” килиэби астыыр. Кини бу дьарык ураты философиятын, ыал, норуот олоҕун уларытар күүһүн иэйэ-куойа кэпсээбитин сэргии ааҕыҥ.
Эн астаабаккын дуо?
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Туохтан саҕаламмытай?

– Дьиҥэр, промышленнай килиэп киһи доруобуйатыгар туох да үчүгэйи аҕалбатын үгүс киһи билэр. Бу диэн эттэххэ, оҕолорум сүрүн астара – килиэп. Ол иһин урут, килиэп сииллэрин көрө-көрө, этэргэ дылы, сүрэҕим ыалдьара.

Бу иннинэ аһытыынан оҥоһуллубут килиэп туһунан элбэхтик истэрим. Онлайн ааҕан, интэриниэтинэн үөрэнэр диэн атын. Киһи киһиттэн көрөн түргэнник өйдүүр, илииттэн илиигэ бэриллибит сатабылы ордук дэбигистик ылынар, ону салгыы сайыннарар эбит. Ол курдук мин дьүөгэм ийэтиттэн үөрэммитим. Капитолина Михайловна аһытыынан килиэп астыыр, оҕолорун, сиэннэрин аһатар. Бэйэтэ гастроэнтеролог быраас буолан, бу килиэп туһатын олус бэркэ билэр, ытыктыыр, дьон билиэн, норуокка киэҥник тарҕаныан баҕарар.

Киһи курдук хатыламмат

Аһытыынан астанар килиэп өр кэмҥэ туран көөнньүү (брожение) көмөтүнэн ферментацияланар. 6-8, 10 чааһы быһа бурдукка баар глютены алдьатар, ол иһин киһиэхэ куһаҕаннык дьайара кыччыыр, оһоҕоско мунньуллубат, эриллибэт. Маны таһынан, аһытыы бурдукка баар олус элбэх битэмиини, минералы арыйан биэрэр. Ол курдук аҥаардас килиэбинэн эрэ аһаан киһи доруобуйатыгар наадалаах битэмииннэри ылыан сөп. Ол иһин даҕаны былыр-былыргыттан “Хлеб – всему голова” диэн этии баар. Аны “тыыннаах” килиэпкэ фитиновай кислота хаалбатын кэриэтэ, ол иһин киһи доруобуйатыгар туһата элбэх. Киниэхэ промышленнай килиэп хайдах да тэҥнэспэт.

Италия биэкэрэ, учуонай элбэх киһиттэн аһытыыны хомуйан микробиологияларын чинчийэн көрбүт уонна аһытыы араас буоларын, киһи курдук хаһан да хатыламматын дакаастаабыт. Ол иһин хас биирдии биэкэр килиэбэ атын-атын буолар.

Дьиҥнээх килиэп аһытыынан оҥоһуллар

Үүт уонна үүт бородууксуйата, сыыр уонна сыыр бородууксуйата диэн тус-туһунан. Ол курдук биһиги килиэп уонна килиэп бородууксуйатын араара үөрэниэхтээхпит. Маҕаһыыҥҥа атыыланар – килиэп бородууксуйата. Дьиҥнээх килиэп аһытыынан оҥоһулларын дьон өйдүөхтээх.

Маҕаһыын килиэбэ туһата суоҕун ааһан, киһи доруобуйатыгар куһаҕаны эрэ аҕаларын өйдүүр кэммит кэллэ. Сайдыылаах үйэҕэ олорор дьон билиини, сатабылы, үтүө үөрүйэҕи хайдах баҕарар иҥэринэр, туһалаах информацияны хантан баҕарар сомсор кыахтаахпыт. Дьиҥэр, “хлеб на закваске” диэтэххэ, ютубка, интэриниэккэ информация толору, блогер да элбэх. Ол эрээри тоҕо эрэ киэҥник тарҕаммат.

Уоскутар, сааһылыыр

Аһытыынан оҥоһуллар килиэп туһата баһаам. Мин бастаан оҕолорбун туһалаах килиэбинэн аһатаары саҕалаабытым. Дьиҥэр, ис-иһигэр киирэн истэххэ, өйүҥ-санааҥ, иэйииҥ улам дириҥээн, кэҥээн барар эбит. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ, түргэн тэтимнээх олохпутугар бу дьарык киһини уоскутар, бытаардар күүстээх. Ийэ киһи тиэстэни мэһийэ туран күннээҕи кыһалҕаттан тэйэр, өйүн-санаатын сааһыланар. Биһиэхэ тас эйгэттэн олус элбэх информация киирэр, маннык кэмҥэ бу дьарык киһини ыраастыыр диэн эбэн этиэхпин баҕарабын. Аны туран, күн аайы буһан тахсар килиэп сырыы аайы саҥаттан саҥа үөрүүнү бэлэхтиир. Мин түҥ былыргыттан кэлбит аспыт – килиэппит иччилээх, дууһалаах, сырдык, ыраас, күүстээх энергиялаах буолар дии саныыбын. Ол дьиэни-уоту толорон кэбиһэр алыптаах. Бэл, сыта кытта киһи сүргэтин көтөҕөр. Уопсайынан, киһиэхэ дьайар күүһэ дьикти, ону аҕыйах тылынан кыайан тиэрдибэккин.

“Ыал – ийэтинэн” диэн этии баар. Дьиэ кэргэн олоҕо киниттэн быһаччы тутулуктаах. Кини туругуттан, санаатыттан бүтүн ыал дьылҕата уларыйар кыахтаах. Дьахтар килиэп астыыра – бэйэтэ туспа философия. Ол иһин маны идеология оҥорон, кэрэ аҥаардарга тарҕатыахпын баҕарабын.

        

Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр билии

Урут биһиги эбэлэрбит килиэп астыылларыгар тиэстэни мэһийэн баран иһит түгэҕэр хайаан да хааллараллара. Ол аһытыы эбит (закваска). Ону ыалтан ыалга ылсар-бэрсэр буолаллара. Ити билиибит сэбиэскэй кэмҥэ промышленнай доруоһа кэлиэҕиттэн, норуот онно көһүөҕүттэн эстибит. Сайдыылаах дойдулар, холобур, Италия, Франция диэки килиэптэрин билиҥҥэ диэри аһытыынан астыыллар. Амтаны араарар омук буолан дуу, сүрүн астара бурдук буолан дуу, бу былыргы аһытыы туһунан билиилэрин сүтэрбэтэхтэр эбит.

Киргизияҕа, Таджикистаҥҥа билэр дьонноохпун. Онно үгүс дэриэбинэ олохтоохторо килиэптэрин, лэппиэскэлэрин, тандыырга астыыр лаваштарын кытта аһытыынан оҥорон олороллор. Ол иһин ити омуктар доруобайдар, күүстээхтэр, ахсааннара элбэх дии саныыбын. Экономика өттүнэн сайдыбатах дойдулар эмиэ былыргы билиилэрин тутан хаалбыттар эбит.   

«Тыыннаах килиэп» кулууп

Мин ыал ийэлэрин үөрэтиэхпин баҕарабын. Билиҥҥитэ сүүсчэкэ кэрэ аҥаары үөрэттим. Онтон аҥаара илиитин араарбакка астыыр. Сорохтор маастар-кылааска улаатан эрэр оҕолорун ыыталлар. Оҕо биирдэ-иккитэ оҥорон баран быраҕан кэбиһэр. Оттон ийэ киһи өйүнэн-санаатынан ылынан дьарыктанара ордук туһалаах уонна көдьүүстээх дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ аһытыынан оҥоһуллар килиэп син биир көрүүнү-истиини эрэйэр.

Үөрэппит кыргыттарбын мунньан, “Тыыннаах килиэп” (“Живой хлеб”) диэн кулууп тэрийбитим. Социальнай бырайыак оҥорон, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиэхпитин, билиибитин үллэстиэхпитин баҕарабыт.

Сатаабат киһиэхэ бастаан эрэ ыарахан курдук. Биллэн турар, бу дьарык тулууру эрэйэр. Онтон илииҥ бара үөрэннэҕинэ, этэргэ дылы, билэр ырыаҕын ыллыы-ыллыы астыыр буолаҕын.

Бэйэм t.me/hlebnazakvaske_c_katielu телеграм ханаалбар аһытыынан килиэп хайдах оҥоһулларын буор босхо кэпсиибин, көрдөрөбүн. Боруобалааҥ, килиэп астыырга холонуҥ. Уу уонна бурдук эрэ наада. Аһытыы хайдах үлэлиирин, көөнньөрүү төһө өр барарын, тиэстэ тахсарын, температуратын кэтээн көрүллэр. Ол туһунан төлөбүрдээх маастар-кылааска сиһилии кэпсиибин, сүбэ-ама биэрэбин.

Олохпут, дьылҕабыт тупсуо

Хас биирдии ыал ийэтэ аһытыынан килиэп астыыра күннээҕи көстүү буолуон баҕарабын. “Эн астаабаккын дуо?” – диэн соһуйуохтаахпыт. Ол курдук бэйэ-бэйэбититтэн аһытыы ылан, ийэттэн оҕоҕо бэриллэр, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тарҕанар билиигэ кубулуйуохтаах.

Мин кыргыттарга килиэп оҥорон оҕолоргут инники олохторун, дьылҕаларын уларытаҕыт диибин. Тоҕо диэтэххэ маннык килиэби сиир оҕо оһоҕоһо ыраастанар, иммунитета бөҕөргүүр, ыалдьыбат буолар. Доруобай киһи сэниэлээх, ситиһиилээх. Ийэ барыта аһытыынан килиэп астыыра буоллар, бүтүн норуот олоҕо тупсуо, кэлэр көлүөнэ атын дьылҕаланыа этэ.

Сиэмэни буорга бырахтахха, кэмэ кэллэҕинэ үүнэрин кэриэтэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ өй уктахха, хараҕын арыйдахха, ону син биир хаһан эрэ туһаныа диэн эрэнэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...