10.04.2022 | 18:00

Эмтэммэт ыарыы суох, эмтэммэт киһи баар

Эмтэммэт ыарыы суох, эмтэммэт киһи баар
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Клавдия Максимова-Сайыына үөрэҕин салҕааччылар, утумнааччылар бүгүн даҕаны дьоҥҥо көмөлөһө, сүбэлии сылдьалларын истэн, бу кимнээҕин билсэ, кэпсэтэ тиийдим. Сыдьаайаны уонна Байдамы кытта сахалыы астаах сандалы тула олорон ирэ-хоро кэпсэттибит.

Сыдьаайа: Биһиги Чурапчыттан төрүттээхпит: мин – Хадаартан, кэргэним – Чакыртан. Оскуола кэнниттэн Байдам тута аармыйаҕа барбыта. Подводник буолан түөрт сыл сулууспалыахтаах этэ, ону биир сыла көҕүрээн, үс сылынан кэлбитэ. Онтон мин оскуола кэннэ биир сыл кыра учаастакка кулууп сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим.  Аармыйаттан кэлээт да, мин Свердловскайга үөрэнэ сырыттахпына, онно тиийэн юридическайга киирэр. 1972 сылга муус устар 6 күнүгэр саахсаламмыппыт, сүүстэн лаппа тахса киһилээх сахалар землячествобытыгар бастакы студенческай сыбаайбаны оҥорбуппут. Онон ыал буолан олорбуппут 50 сылын бэлиэтээри сылдьабыт.  Мин 35 сыл Опера уонна балет тыйаатырыгар үлэлээбитим. Байдам ИДьМ-ҥа үлэлээбитэ.

Биһиги уопсайа 56 сыл бииргэбит, оскуола эрдэхтэн доҕордоһон, кэтэсиһэн, күүтүһэн, ол тапталбытын бүөбэйдээн, иитиэхтээн ыал буолбуппут; үс уоллаахпыт, бары ыаллар, оҕолоохтор, үлэлээхтэр, дьиэлээхтэр-уоттаахтар.

Биһиги Сайыыналыын 90-с сылларга билсибиппит. Оччолорго тыйаатырбыттан тохтоон коммерциянан эҥин дьарыктанан ылбыппыт. Аҕабыт “Араҥаччы” диэн охраннай агентстволаах этэ, уруккута  “Гагарин” кулуубугар. Онно “Саргы” диэн ресторан, онтон “Туймаада” маҕаһыын аттыгар “Сахайаана” диэн кафе арыйан үлэлэтэ сылдьыбытым. 90-с сылларга дьон харчыта умайан, үлэтэ суох хаалан, эрэй-муҥ бөҕөнү көрө сылдьар кэмнэригэр Сайыынаны, Клавдия Ильинична Максимованы, көрсөбүт. Кини ол  рестораммытыгар саала арендалыы сылдьыбыта. Онно миэхэ кэлэн хайаан да үөрэниҥ диэн хаста да ыҥыран, кэпсээн, кини үөрэҕэр үөрэнэн, бары түһүмэхтэрин ааһан, доҕордоһон киирэн барбыппыт. Дьиҥэр, маннык дьарыктар оччолорго наһаа суохтар этэ, итэҕэл, сиэр-туом эҥин киирэ илигэ. Саамай көннөрү, боростуой, сирдээҕи дьоҥҥо, дьиэ эргиннээҕи эйгэҕэ саамай наадалаах үөрэх бу Сайыына үөрэҕэ эбит диэн билиҥҥээҥҥэ диэри билинэбит, онон кини үөрэҕин дьоҥҥо тиэрдэ сылдьар дьоллоохпут.

Сайыына үөһэттэн үөтүллэн, айыылартан айдарыллан, «дьонуҥ, дойдуҥ туһугар үлэлээ, кытаат, дойдугун сэргэхсит, дьон барахсаттар куттарын түгэҕэр кууран-хатан сытар ис кыахтарын, ис кэрэлэрин, дьоҕурдарын, талааннарын барытын маннык үөрэххинэн дьалкытан таһаар” диэбит курдук этитиинэн чочуйан, сүрдээх үчүгэйдик дьаныһан хаалларбыт үөрэҕэ буоллаҕа. Төһөлөөх элбэх буккулла-тэккиллэ сылдьар, муунтуйбут, хаатыйаламмыт киһини хараҕын аспыта, көхсүн кэҥэппитэ, бэйэтин суолун булларбыта буолуой? Онон бу олус наадалаах үөрэх.

Билигин биһиги саамай улахан кыһалҕабыт диэн үлэлиир сирбит суох. Сааһырдыбыт, 73 саастаах дьоммут, эдэр эрдэҕинээҕибит курдук тилэри сүүрэ сылдьар кыахпыт суох. Үлэбит хайысхата сүрдээх киэҥ, араас трениннэри, бэсиэдэлэри, лекциялары ыытабыт: эдэр дьоҥҥо, эдэр ыалларга, эр дьоҥҥо. Онно үчүгэй, киэҥ-куоҥ дьиэ-уот наада. Билигин быыкаа саалаҕа үөрэхпитин ыытабыт. Бу икки хостоох дьиэни үлэлиир сир оҥостон,  куортамнаан олоробут. Биһиги үөрэхпит мээнэ кэпсээһин буолбатах, Байдам көрдөрөн, хамсатан-имсэтэн, практическай өттүнэн, ол быыһыгар мин дорҕоон таһааттаран, араас хамсаныылары оҥотторон тренинг ыытабын, хомус, хобо тыаһа, от-мас сытын-сымарын көмөтүнэн. Онон уопсай дьиэҕэ ыаллар сөбүлээбэттэрэ биллэр.

Сайыына бу үөрэх чахчы дьон ис эйгэтин, дьоҕурун арыйыан сөптөөх диэн дакаастаабыта.

Киһи бэйэтин дьылҕата бэйэтин илиитигэр баар. Билигин найыланыы, сэлээннээһин элбээтэ. Биһиги өбүгэлэрбит былыр сүүрдэхтэринэ-көттөхтөрүнэ, эр дьон барахсаттар бултаатахтарына-алтаатахтарына, барытын бэйэлэрэ сатыыр, токуйдуур, тобулар буоллахтарына олороллор этэ. Билигин барыта бэлэм.

Киһи бу орто туруу дойдуга олорор кэмигэр бэйэтин булунуохтаах. Бэйэтин туораттан көрө үөрэниэхтээх. Биһиги бу тирэх үөрэхпитигэр барытын кэпсээн, сааһылаан биэрэбит, ол кэнниттэн сыыһаларын булуналлар, билинэллэр, ол кэннэ ону көннөрүнэн табатык, сөптөөхтүк олорорго кыһаллаллар.

Киһи бу сиргэ киһи буолаары кэлэр. Төрөөтө да кини өссө киһи буола илик. Эдэр ыаллар эмиэ саахсаланнылар, уруу тэрийдилэр да, сонно тута ыал буолбаттар. Сүрдээх элбэх сыраны, түһүүнү-тахсыыны ааһан, ыал үрдүк аатын сүгэллэр. Ону сатаан ааһалларыгар сүбэ-ама буолабыт, үөрэхпит хайысхата итиннэ сытар. Быр-бааччы, иллээх-эйэлээх, өйдөһөр ыал буола олорортон ордук дьол суох. Ыччаттарбыт алаһа дьиэлэриттэн тыргыллан тахсар аартыктара төһө синньиирэ, кэҥиирэ, уһуура, үрдүүрэ, намтыыра төрөппүттэртэн уонна иитииттэн тутулуктаах. Дьиэ кэргэҥҥэ нус-бааччы олох баар, киһи кэтэх санаата суох үлэлиир-хамсыыр буоллаҕына, ситиһиитэ, табыллыыта бэйэтэ сиэттэрэн кэлэр.

Биһиги бу үөрэхпит итиннэ тирэх буолар. Мин дьиэ кэргэн сыһыаныгар, оҕо иитиитигэр, өй-санаа сааһыланыытыгар, салгын кут сайдыытыгар, итэҕэл, сиэр-туом, өбүгэ үгэһэ диэҥҥэ идэтийэбин.

Байдам: Үс кут үөрэхтэн миэнэ буор кут киэнэ. Ол аата киһи бэйэтин туругун, сиргэ туох аналлаах кэлбитин, туох миссиялааҕын, ону олоххо киллэрэбитин-суоҕун үөрэтэбин, сааһыланарыгар көмөлөһөбүн.

Биһиэхэ өбүгэлэрбит бу орто дойдуга кэлэрбитигэр барытын үчүгэй бэйэлээхтик  сааһылаан, уган, оҥорон ыыталлар. Ону сирдээҕи олохпутугар, бу будулҕаннаах олоххо ыһан кэбиһэбит, сабыллан хаалабыт. Алтыһарга диэн биһиэхэ ханааллары биэрэллэр, ону ойбоннор диэн ааттыыбыт. Онно сүрүн сэттэ ойбон баар. Ол биһиги тас эйгэни кытта алтыһарбытыгар, тастан иһитиннэрии ыларбытыгар бэйэбит тугу баҕарарбытын, билбэппитин-өйдөөбөппүтүн ыытарбытыгар, онно эппиэт ыларбытыгар наадалар. Мин үөрэҕим барыта итиннэ ананар. Ити ыйытыылары аттаран, хайа ойбон онно эппиэттиирин, тыыныы араас ньымаларынан хайдах туһанабыт, итини барытын көрдөрөн, сурунан, тэҥнээн биэрэр үөрэҕи ыытабын.

Биһиги наһаа дьикти, ураты, аан дойду үрдүгэр кэрэ – сир сүрэҕэ дойдуга олоробут. Үөрэхтээхтэр, учуонайдар этэллэринэн, эмтээх отторбут кырата биэс төгүл күүстээхтэр. Үс ый устата тоҥ буору тоҕо анньан тахсан күүһүн-кыаҕын биэрэн, онтон тоҥ буор иһигэр сытан күүһүн мунньунан, кыһыҥҥыга бэлэмнэнэр. 90-с сылларга сүрдээх чаҕылхай саха уолаттара бааллара, итини өйдөөннөр, фармацевтическай собуотта аһыахха диэн буолбута. Мин оччолорго юрист этим, бизнес-былаан оҥорон, бырабыыталыстыба элбэх аанын тоҥсуйбуппут да, “һуу-һаа” буолан баран, аан сабылынна да, умнуллан хаалара. Саха сирэ эмтээх отторун кыайан дьаһайбакка олорор, ким таптаабыт хомуйар. Алаастарга сахалардааҕар кытай элбэх. Куул соһо сылдьан хомуйаллар. Ону дойдуларыгар ыыталлар, Кытайга эмтэнэ диэн баран бэйэбит оппутунан эмтэнэн кэлэбит, манна ыыталлар, атыылаһан иһэбит.

Бүгүҥҥү күҥҥэ эмтэммэт  ыарыы диэн суох диэн түмүккэ кэлэн олоробут. Эмтэммэт киһи баар. Саамай улахан эмчит диэн киһи бэйэтэ.

Бэйэм медицинаҕа, медиктарга сүгүрүйэбин, кинилэр баар буолан тыыннаах сылдьабын. Сүрэхпэр хас да эпэрээссийэлээх киһибин, анараа дойдуну үстэ өҥөйбүтүм, Сайыына миигин онтон иккитэ таһаарбыта. Ити барыта киһи ананан кэлбитин итэҕэйбэккэ, кыайан ылыммакка өсөһүүтүттэн буолар.

Эмчит ис эйгэтэ олох ыраас буолуохтаах, бары буолбатах, биирдиилээн эмэ кирдээх, хараҥа өттө баһыйбыт эмчиттэр да суох буолбатахтар. Куйаар сокуонунан барыта дьүөрэлии сылдьар, үрүҥ-хара хаһан да быстыспат. Мантан олох саҕыллар, үүнүү-сайдыы, чэчирээһин барар. Киһи бу олоххо үтүөтэ-мөкүтэ барыта суруллан кэлэр. Биһиги үөрэхпититтэн тирэх ыланнар, олох ханнык баҕарар хайысхатыттан көҥүл туһанар буолаллар. Ыллыҥ даҕаны киһини эмтээн барбаккын. Хайдах харыстанары  эмиэ билиэххэ наада. Эмтиир киһигиттэн туох баар харата, абааһыта, эниэргийэтэ тахсар, ол эн нөҥүө ааһар, онтукаҕын бэйэҕэр тохтоппокко эрэ курдат турбанан барар курдук ыыта туруохтааххын. Ону сатаабакка бэйэлэрин кыахтарынан, хара  күүстэринэн үлэлээн баран, эстэн хаалаллар. Ити харысхал диэн тугун, хайдах туттары  билбэттэриттэн буолар. Ону барытын манна үөрэтэбит, көрдөрөбүт, ону таһынан босуобуйа көмө матырыйаал биэрэбит.

Үһүс сылбын “Арыллыы” диэн ааттаан үлэлии, үөрэх ыыта сылдьабын. Ити сүрдээх киэҥ хайысхалаах үөрэх, эмчиттэр эрэ буолбатах, уус, иистэнньэҥ да буоллун, ким баҕалаах сылдьар. Чараас эйгэ диэн тугун билэргэ, күүһэ тугуй, чараас эйгэни билгэлии үөрэнэргэ, олору кытта хайдах алтыһарга, ол кинилэр күүстэрин хайдах бэйэҥ олоххор туттарга үөрэтэбин.

Сыдьаайа: Биһиги саамай улахан дьолбут диэн – иккиэн биир эйгэҕэ сүрдээх үчүгэйдик, холкутук, туох да мөккүөрэ суох киирэн хааллыбыт. Эр киһи уонна дьахтар ньэҥирэ (эниэргийэтэ), икки эйгэ, икки утарыта ньэҥир биир санаанан үлэлиириттэн ордук күүс суох.

Махтанабыт үөһэлэрбитигэр, айылҕабытыгар, тулалыыр эйгэбитигэр – иккиэн биир эйгэҕэ, бииргэ, биир санаанан үлэлии сылдьарбытыгар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...