04.08.2022 | 16:00

Эмтээх от туһата

Эмтээх от туһата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

• Куртах, ис-оһоҕос ыарыытыгар баҕа батаһын төрдүн оргутан иһиҥ.

• Бүөр, хабах ыарыыларыгар, хабахха таас үөскээтэҕинэ, уҥуохтаах отон угун оргутан иһиҥ.

• Куртах, оһоҕос, ис, сүрэх, быар, бүөр, күөмэй, сэллик, тирии о.д.а. ыарыыларга «оҕонньор отун» (вероника седая) оргутан эмтэниҥ.

• Быар, бүөр ыарыыларыгар, үөс туолуутугар алтан от төрдүн буһаран иһиҥ.

• Ис кымаахтаан, анньан ыалдьыытыгар тимэх отуттан биир сибэккитин, биир туорааҕын ылан, тылгыт анныгар уктан эмтэххэ, ыарыы арыый да ааһар, уоскуйар («ношпаны» солбуйар).

• Суор куорсунун уматан, күлүн ууллубут арыыга булкуйан умайыыга, экземаҕа, үлүйүүгэ соттон эмтэниҥ.

• Сөтөл хоҥнорорго ыаммытынан үүккэ кыа отун, онно холбуу от сыатын оргутан, суорҕанынан бүрүнэн сылаастыы сыпсырыйан иһиҥ.

• Эһэ, бөрө үөһэ эгэлгэ ыарыыларга туһалааҕа биллэр. Атыыра дьахтарга, тыһыта эр киһиэхэ туттуллар. Хаппыт үөс атыырын-тыһытын быһаарар ньыма: а) үөһү ууга эбэтэр водкаҕа кутуҥ; б) тыһы киэнэ тута суураллан ньэлбэччи тэнийэр; в) атыыр киэнэ бөлөхсөн тимирэр. Дьүһүнэ эмиэ быһаарар: хараҥата – атыыра, сырдыга – тыһыта.

• Куртах, оһоҕос, ис ыарыытыгар кыа отун, биэс тымырдаах сэбирдэҕи, ньээм-ньээми, кучуну, иэдьэгэй отун үүккэ оргутан иһэ сылдьыҥ.

• Хатыыс куутун, сыалыһар саҥырыатын, тириитин буһаран, куртах, оһоҕос ыарыытын, гастриты эмтэниҥ.

• Бүөр ыарыыта, тааһа тымныйыыттан, ангинаттан, ыгылыйыыттан, кутталтан үөскүүллэр. Кутталы оҥорумаҥ, кутталга кииримэҥ.

• Ичигэстик таҥна сылдьыҥ. Салгын охсуутугар олорумаҥ.

• Ньургуһун көөнньөһүгүнэн (водката суох) баанньыкка, саунаҕа, тиритиннэрэн сото-сото, паралиһы эмтиэххэ сөп.

• Үөһү тимэх от, ньээм-ньээм сибэккитин, силиһин уутун иһэри таһынан, сылгы бүөрүн миинин батыһыннара оргуйбут үүтү иһэн таһаарыллар.

• Искэн ыарыы – куһаҕан тыын (абааһы салгына) буордаммыта, биллэр-көстөр буолбута, буор куту буортулаабыта. Эрдэттэн хара салгынын ыраастана, харатын таалырда, алҕана сылдьыҥ! Кэнники, бүтэр бүппүтүн, ааһар ааспытын, буолар буолбутун, ыарыы кута куоппутун, араах үөнэ сиэн бүтэрбитин кэннэ кэлэн көрдөспөккө. Эмчиккэ да, айылҕаҕа да, бэйэҕитигэр да элбэх эрэйэ суох эрдэҕинэ эмтэнэн иһэр буолуҥ.

• Убаҕас хаайтардаҕына, уҥуохтаах отон угун оргутан иһиҥ.

• Былчархайдьыт ыарыытыгар моонньоҕон сэбирдэҕин оргутан иһиҥ, сэбирдэҕин баанан эмтэниҥ.

• Хабахха таас үөскээһинигэр уулаах отон угун кытары унньууланы оргутан кыра-кыратык иһиҥ.

• Бааска биэс тымырдаах сэбирдэҕи сыһыарыҥ, тураах тэллэйин бурҕаҥнаһын кутан эмтэниҥ.

• Куртах, оһоҕос баастарыгар биэс тымырдаах сэбирдэҕи салаат курдук оҥорон аһааҥ, оргутан иһиҥ.

• Ымынахха, көрөргө, бааска тиит мас эмэҕин, алҕаан баран, сымаланан саба баайан эмтэниҥ.

• Саһарар ыарыытыгар ыалдьыбыт киһини субу өлөрүллүбүт сылгы тириитигэр (кыһын тоҥ ынах тириитин ириэрэн) сылаастыы суулааҥ, ол кэнниттэн тымныйыа суохтаах. Тыыннаах (кыһын – тоҥ) сордоҥу ортотунан хайытан, иһин ылан баран быарга сыһыары баайыҥ. Араҕас сибэккилээх оттору ууга оргутан иһэрдиҥ, от уутунан ыарыһах этин сууйуҥ. Иһи массаастыырга, илиигитин күн эргииринэн эргитэн эрийиҥ.

• Туоһунан эмиэ эмтэниллэр. Туоһу убахтаан, имэрийэн, аалан-сотон, хаан баттааһынын түһэриниҥ.

• Туос уоскутар, сылаанньытар, утутуон да сөп.

• Алгыһынан эмтээһин киһи мөлтөх туругун көннөрөр, мөлтөөбүт м-частицаларын уһугуннарар (квантовая медицина), киһи хаҕын (ауратын) халыҥатар, эт-сиин таһаарар күүһүн (биоэнергияны коррекциялыыр) тэҥниир, сүрэх үлэтин тэтимин түмэр, чиҥэтэр. Оннооҕор кэлии омук дьонугар саха алгыһа олус туһалаах, киһи сөҕүөн курдук түргэнник үтүөрэллэр эбит.

 

(«Эмтээх оттор ньымалара» бөлөхтөн)

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...