ЭМИЭ “ЯКУТСКЭКОСЕТИ” ТУЛА АЙДААН
“Якутскэкосети” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ “Жилкомсервис” муниципальнай тэрилтэҕэ иэһэ-күүһэ элбээн, 100 мөлүйүөнү номнуо куоһарбыт.
“Жилкомсервис” Дьокуускайга бөҕү харайар полигону, а.э. сыбаалканы үлэлэтэр. Оттон “Якутскэкосети” - бөҕү тиэйиигэ регионнааҕы соҕотох оператор.
ОЛОХТООХТОРГО ДЬАЙБАТА БУОЛЛАР...
“Жилкомсервис” МУТ Бүлүү трагын 9 км баар сыбаалка полигонун салайан үлэлэтэр. Бу Дьокуускай соҕотох улахан полигона. “Якутскэкосети” манна бөҕү тиэйэн аҕалан кутарын иһин “Жилкомсервиска” төлүөхтээх харчыта иэс буолан сыһыллан-соһуллан бачча улахан суумаҕа тиийбит.
Роман Сорокин – Дьокуускай куорат баһылыгын ОДьКХ боппуруостарыгар солбуйааччыта:
– Алтынньы 12 күнүнээҕи туругунан, “Якутскэкосети” ХЭТ кытаанах бөҕү харайыыга дуогабардарын боппуруостарын быһаара илик. “Жилкомсервис” муниципальнай тэрилтэҕэ 100 мөлүйүөнтэн тахса иэстээхтэр. Ол иһигэр 13 мөл. солкуобайы 2019 сыллаахха Дьокуускай уокуругар үлэни тэрийэргэ куораттан иэс ылбыттара.
Алтынньы 13 күнүттэн “Якутскэкосети” полигоҥҥа бөҕү аҕалан кутарыгар, атыттар курдук толуон атыылаһыахтаах буолла. Саамай сүрүнэ, бу үөскээбит соччото суох быһыы-майгы Дьокуускай олохтоохторун олоҕор-дьаһаҕар куһаҕанынан дьайыа суохтаах. Регионнааҕы оператор, бэйэтэ эрдэ ылбыт эбээһинэстэрин толорон, туох баар бары санитарнай нуормаларга олоҕуран, күн аайы бөҕү тиэйиэхтээх. Онон билигин быстах кэмҥэ кытаанах тобохтору харайар сир булунуохтаах.
“Жилкомсервис” МУТ үп өттүгэр күчүмэҕэйдэри көрсөр буолан, полигону бары ирдэбиллэргэ олоҕуран үлэлэтэрэ кыаллыбатах. Инньэ гынан региональнай оператортан бөҕү төлөөтөҕүнэ эрэ тутарын туһунан иһитиннэрдэ.
КИМ КЫРДЬЫГЫ ЭТЭРИЙ?
Оттон “Якутскэкосети” тэрилтэ “Жилкомсервиһи” кытта өйдөспөт буолуу, кинилэр бөҕү ыйааһыннаабакка туталларын сүрүн биричиинэ быһыытынан ойуулаан пресс-релиз тарҕатта. Онно сурулларынан: “Сокуон ирдэбилинэн, кытаанах бөҕү-сыыһы кытта үлэлиир “Жилкомсервис” МУТ, Дьокуускай полигонугар кытаанах бөҕү ыйааһынныыр тэрили үлэлэтиэхтээх эбээһинэһин толорбот”.
Маргарита Банщикова, “Жилкомсервис” МУТ юридическай салаатын салайааччыта:
– Полигон 70-с сылларга тэриллибитэ. Ол саҕана бу полигону 10-ча эрэ сылга туттарга былааннаан оҥорбуттар эбит. 70-с сылларга полигоҥҥа бөҕү ыйааһынныыр ньыманы тэрийии хара майнайгыттан учуоттамматах. Оннук ирдэбиллэр да суохтара.
Ол эрэн биһиги тэрилтэбит инникитин ыйааһын туруорар былааннаах. Онуоха үп-харчы наадата биллэр. Оттон регионнааҕы оператортан харчы ситэ киирбэт.
“Якутскэкосети” регионнааҕы оператор РФ Бырабыыталыстыбата олохтообут быраабылаларын билинэр санаата суох. Ол иһин кинилэртэн бөҕү уопсай бэрээдэгинэн, толуону атыылаһан ыллахтарына эрэ тутар бырааптаахпыт.
Билигин Дьокуускай сыбаалката РФ Бырабыыталыстыбатын 03.06.2016 с. 505 №-дээх уурааҕар олоҕуран үлэлиир. Онно бөҕү ыйааһынныыр усулуобуйа суох буоллаҕына, үлэ хайдах быһыылаахтык барыахтааҕа барыта быраабыла быһыытынан сурулла сылдьар. Ол курдук, бөх тиэллэн кэлбит массыынатын кузовын кыамтатын аҥаара суоттанар. Маныаха бөх дьапталҕаланар коэффициена хайаан да учуоттанар. Бөх тиэллэн кэлбит кузовын кээмэйин аҥаара эрэ учуоттанара быраабылаларга сурулла сылдьар. Ол эрэн “Якутскэкосети” олохтоммут быраабылалары билиммэтин биллэрэр...
“Жилкомсервис” МУТ-ҕэ иһитиннэрбиттэринэн, тэрилтэ үбэ бараммыт, салгыы полигоҥҥа иэс бөҕү харайар, ол аата дьапталҕалаан баран көмөр кыахтара суох. Ыксаллаах быһыыны-майгыны туоратыы уонна баһаартан сэрэхтээх буолуу хамыыһыйатын быһаарыытынан, сыбаалка полигона аһара туолбутуттан, “Жилкомсервис” МУТ бөҕү сатаан харайбат буоллаҕына туппат буолар толору бырааптаах.
ИЭҺИН СОРОҔУН ЭРЭ БИЛИНЭР
“Якутскэкосети” регионнааҕы оператор “Жилкомсервиска” иэһэ 100 мөл. солк. куоһарбыт. Ол эрэн “Якутскэкосети” иэспитин төлөөбүппүт диэн эппиэти биэрэ олорбут эбит буоллаҕына, ОДьКХ министиэристибэтин мунньаҕар 35 мөл. солк. иэстээҕин билиннэ.
Олег Строев – Дьокуускайдааҕы сыбаалка полигонун начаалынньыга:
– Иэстэрин толору төлөөбүттэрэ эбитэ буоллар, бөҕү толуонунан эрэ тутуу боппуруоһа күөрэйиэ да суох этэ. Биһиги кытаанах бөҕү-сыыһы сокуоҥҥа олоҕурбут кээмэйдээһининэн эрэ тутабыт.
“Якутсэкосети” төлөбүрдэри киллэрбэтиттэн тэрилтэбитигэр уустук балаһыанньаны үөскэтэр. Маны полигон үлэһиттэрэ бэйэбит эппитинэн-хааммытынан биллибит. Билигин коронавирус дьаҥын утары охсуһуу кэмигэр, биһиэхэ уматыкпытыгар харчыбыт наар тиийбэт, тиэхиньикэбитин саҥардар кыахпыт суох. Бэл, тиэхиньикэбит арыытын, фильтрдэрин уларытар кыахпыт суох. Саппаас чааһын атыылаһыы, өрөмүөн туһунан этэ да барыллыбат...
ДЬОН ТУОХ ДА БУРУЙА СУОХ
Ис-иһигэр киирдэххэ, бу икки тэрилтэ иэстэрин төлөспөккө уопсай тылы булбакка иирсибиттэрэ буолбатах. Дьиҥэ, кытаанах бөҕү-сыыһы харайыы иһин төлөбүр хас биирдии киһи ыйдааҕы коммунальнай төлөбүрүгэр киирэ сылдьар.
Ол аата олохтоохтор “Якутскэкосети” регионнааҕы операторга бөхтөрүн тиэйтэрэллэрин иһин төлөбүрдэрин ыыта олороллор. Ол харчы сыбаалканы көрөр-истэр, үлэлэтэр “Жилкомсервиска” тиийбэккэ, “Якутскэкосети” иһигэр иҥэр-сүтэр буолан тахсар.
Регионнааҕы операторы сыбаалкаҕа киллэрбэт буолуу туһунан дьыалалары сууттар хаста да көрөн тураллар. Хас да суукка полигоҥҥа киирии иэстэрин төлөөбөттөрүттэн бобуллара сөптөөҕүнэн ааҕыллыбыта.
Былырыыҥҥыттан кытаанах бөҕү тиэйии, харайыы туһунан, эмиэ регионнары ситэ бэлэмнээбэккэ олоххо киирбит, федеральнай таһымнаах сокуон үлэлиэҕиттэн, “Якутскэкосети” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ Дьокуускай уокуругар бөҕү барытын тиэйэр эбээһинэһи ылбыта. Онтон ыла үлэтин кыайбакка, ыраас суобастаахтык толорбокко, бастатан туран, Дьокуускай олохтоохторун олоҕор-дьаһаҕар кыһалҕалары үөскэтэрэ элбээбитэ. Региональнай оператор талыллыаҕыттан бөх-сыыс санитарнай туочукалартан тиэллэрэ бытаарбытын, сорох сиргэ бөх хастыы эмэ хонук, нэдиэлэ устата тиэллибэккэ ымыйарын, сытыйарын туһунан олохтоохтор Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспаҕа, Дьокуускайдааҕы эконадзор кэмитиэтигэр киллэрэр үҥсүүлэрэ туоһулуур. Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын департамена “Якутскэкосети” үлэтин эмиэ соччото суоҕунан ааҕар.