16.11.2024 | 12:00

Эмиэ кыһын... Эмиэ түннүк айдаана

Эмиэ кыһын...  Эмиэ түннүк айдаана
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Кыһын аайы бу кэмҥэ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторун бассаап бөлөхтөрө оргуйа түһэр – «түннүкпүт эрэйдээтэ» диэн буолар. Көлөһүннүрэр, кырыарар (өссө ол туран кэлин түүнүгүрэн тахсар кутталлаах), аны туран күүскэ үрэр, дьиэбит тымныы диэн муҥатыйыы элбиир. “Буруй эрэ Моттойоҕо” диэбиккэ дылы, сорохтор дьиэни туппут тэрилтэни санаан кэлэ-кэлэ мөҕүттэллэр, ол быыһыгар: «Сэбиэскэй саҕана даҕаны маннык буолбат этэ, урукку түннүктэр ордук этилэр, аныгылар дьаабылар», – диэн ис хоһоонноох кэпсэтиилэр күөдьүйэллэр. Салгыы ирбэт тоҥҥо олорорбут, онтон сылтаан сирбит, дьиэбит кыра-кыралаан хамсыы турара кытта ахтыллар. Ол кэннэ бары эйэ-дэмнээхтик түннүк өрөмүөннээччилэр биллэриилэрин көрдүүр аакка түһэбит... Кыһын аайы биир кыһалҕа – түннүк айдаана...

Түннүк тоҕо көлөһүннүрэрий?

Бу кыһалҕаны хайдах быһаарабыт?

Ханан үрэрий? Тоҕо?

Идэтийбит маастардар тугу сүбэлииллэрий?

 

Бастатан туран, сиик ханна мустарын сыныйан көрүөхтээхпит.  Ис өттүнээҕи өстүөкүлэтэ көлөһүннүрэр буоллаҕына, ол аата сыыһа таҥыллыбыт эбэтэр туох эрэ дьиэктээх түннүк түбэспит буолуон сөп. Маннык түгэҥҥэ түннүгү туруорбут тэрилтэни кытта сибээстэһэр ордук.

Өскөтүн сиик таммахтара түннүк тас өттүгэр үөскүүр буоллахтарына, кыһалҕа төрдө араас буолуон сөп. Ону быһаарарга исписэлиистэр хас да суол ньыманы сүбэлииллэр. 

 

Кыбартыыра иһэ сиэри таһынан сииктээх...

Холобур, өрөбүлгэ дьиэлээхтэр бары муста түһэн, күнү быһа ас астаннаххытына. Чаанньык оргуйа, билиитэ оһоххо күөс буһан бидилийэ турдаҕына, сууллубут таҥаскытын ыйаан тэйгэттэххитинэ, күнү быһа уочаратынан ваннаҕа сууннаххытына, биллэн турар, сиик таһыма үрдүүрэ чуолкай.

Аны түннүккэ турар сибэккилэргэ ууну дэлэйдик куттахха, хос иһигэр аквариум баар буоллаҕына кытта сиик үөскүүрэ күүһүрэр эбит. Онон “сииги оҥорон таһаарааччылары”, сүрүн буруйдаахтары биир сиргэ мунньубат ордук. Холобур, сууллубут таҥаһы куукунаҕа ыйаамаҥ, саалаҕа эбэтэр аан хоско туруоруҥ. Эбэтэр аквариуму түннүгэ суох хоско көһөрүөххэ сөп. 

 

Дьиэни салгылаппат буоллахха...

Түннүк көҥдөйө, сирэйэ эмиэ көлөһүннүрэр. Вентиляция систиэмэтэ быылынан бүрүллэн, киртийэн турдаҕына, биллэн турар, салгылатыы көдьүүһэ суох буоларыгар тиийэр.   

Түннүк сыттыга (подоконник) олус кэтит эбэтэр көҥдөйө сыыһа киирбит буоллаҕына, сиик мустуон сөп. Судургутук быһаардахха, түннүк үчүгэйдик сылыйбат. 

 

Түннүккүт сабыытын уларытыҥ

Кыһын батарыайаны бүөлүүр хас эмэ хос түүлү, сабыыны сайбаччы ыйыыртан аккаастаныҥ. Ол оннугар халыҥ матырыйаалтан уонна кылгас сабыыны талар ордук. Биллэн турар, бу балаһыанньаны улаханнык уларытыа суоҕун сөп, ол эрээри исписэлиистэр бу ньыманы эмиэ боруобалаан көрөргүтүгэр сүбэлииллэр.   

 

Салгылатыы, вентиляция...

Кыһын “ычча” диэн баран түннүгү барытын ыга саптан олорор эмиэ табыллыбат. Улахан да тымныыга хос аанын сабан баран, түннүгү аҕыйах мүнүүтэ аһан салгылатыы – сииги утары биир көдьүүстээх уонна биир да солкуобайы эрэйбэт босхо ньыма. Чуолаан куукунаны уонна утуйар хостору салгылатыҥ.

 

Вентиляция систиэмэтэ хайдах үлэлиирий? Ону чараас кумааҕы көмөтүнэн судургутук быһаарыахха сөп. Дьиэ эркинигэр үөһэ ыйанан турар эрэһээҥкигэ чугаһатан көрүҥ. Кумааҕыны тардан ыллаҕына, ол аата үчүгэйдик үлэлиир эбит. Оттон кумааҕы тута түһэн эбэтэр иҥнэри бардаҕына, вентиляция шахтатын ыраастыыр уолдьаспыт. Онон дьиэни салайар хампаанньа дьарыктанар, кинилэргэ сайаапка түһэриэххитин наада. 

Вентиляция эрэһээҥкитин устан ылан сууйар ордук. Кыбартыыраҕа киирэр вентиляция ханаалын тирээпкэнэн эбэтэр пылесоһунан ыраастыахха сөп. Ол кэннэ эрэһээҥкитин төттөрү ыйааҥ.

 

Аныгы дьиэлэргэ радиатордары түннүк анныгар туруораллара мээнэҕэ буолбатах. Сылаас салгын тахсан түннүк көҥдөйүн сылыттын, онтон хоско тарҕаннын диэн санааттан эбит.

Сорох дьиэлэргэ кыһалҕа төрдө маннык: түннүктэрин сэҥийэтэ (подоконник) олус кэтит буолан, хоско турар батарыайаны бүөлүүр, сылаас салгын сылдьарыгар харгыс буолуон сөп. Бэйэҕит киэнин өйдөөн көрөөрүҥ эрэ. Итинник түгэҥҥэ түннүккүт сэҥийэтин уларытан, кыччатан биэриэххитин эбэтэр ньууругар вентиляция эрэһээҥкилэрин үүттээн туруоруоххутун сөп.

 

Хайыыр да кыах суох...

Ыксал буоллаҕына, түннүккүтүн уларытаргытыгар тиийэҕит. Биллэн турар, ол дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр охсуулаах. Биир арыый судургу ньыма – клапан туруортарыы. Ити көмөтүнэн салгын эргиирин хонтуруоллуур кыах үрдүүр.

Үрэр буоллаҕына...

Бастаан кыһалҕа төрүөтүн, тымныы салгын хантан кэлэрин быһаарыҥ. Онуоха эмиэ бэрт судургу ньыманы туһаныҥ: түннүккэ чугаһаан туран чүмэчини эбэтэр зажигалканы уматан көрүҥ. Төлөнө хамсыыр уонна умуллар буоллаҕына, чахчы, үрэр эбит.

 

Түннүк кыһыҥҥы эрэсиимҥэ көһөрүллүбэтэх... Створката арааматыгар күүскэ сыстыбакка турар, ол иһин үрэр диэн өйдүөхтээхпит.

Тугу гынабыт: фурнитуратыгар баар прижими хамсатан биэриҥ. Бу туһунан интернеккэ иһитиннэрии элбэх. 

Түннүк сэҥийэтин (подоконник) анныттан үрэр

Төрүөтэ: сыыһа туруоруллубут, үчүгэйдик бүөлээбэтэхтэр. Аннын анал монтажнай пенанан ыстарыллыахтаах, сиигэ штукатуркаланыахтаах.

Тугу гынабыт: көннөрөн туруоруохха эбэтэр герметик көмөтүнэн бүөлүөххэ наада.

 

Откоһунан үрэр

Төрүөтэ: монтажнай пената хайа баран, түннүк арааматын уонна өстүөкүлэ икки ардыларынан салгын сылдьар. Ити үксүн түннүк туруоруллубута 5-10 сылынан буолар.

Тугу гынабыт: түннүк сирэйдэрин өһүлэн ылан, арааматын өссө биирдэ пеналыахха наада. Ол кэннэ хос туруоруллар.

 

Импост уонна араама ыпсыыларынан үрэр

Төрүөтэ: оҥоһуута дьиэктээх түбэспит. Үчүгэй хаачыстыбалаах түннүк туга барыта бэйэ-бэйэтиттэн биир кэм кытаанахтык тутуһа сылдьар. Ханан да быыһа-хайаҕаһа суох буолуохтаах. Импост сөпкө иҥнэриллибэтэх түгэнигэр, онон быыһылаан үрэр буолуон сөп. 

Тугу гынабыт: таһынааҕы хайаҕаһын тымныыны тулуйар герметигинэн самааскалыахха сөп.

 

Уплотнителинэн үрэр

Төрүөтэ: уплотнителэ хатан хаалбыт. Ол иһин салгын таптаабыт сиринэн сылдьар.

Тугу гынабыт: створка прижимин хамсатан көрбүккүт туһалаабатаҕына, уплотнителин уларытарга уолдьаспыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....