18.11.2022 | 17:00

Эмиэ эт... Эмиэ бас быстар сыаната

Саха дьоно эт сиэбэккэ күммүт ааспат. Маны биһиги эппит-сииммит, сүрэхпит-быарбыт ирдиир, былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит хааммытыгар иҥэрэн, этэргэ дылы, этинэн эмсэхтэнэн баччаҕа кэллэхпит.
Эмиэ эт... Эмиэ бас быстар сыаната
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Син биир былдьаһык

Быйылгы дьылбыт арыый уһаан, халлааммыт тымныйан биэрбэккэ, дьон идэһэлэрин хойут өлөрдүлэр.  Чугас улуустар эттэрэ хайыы-үйэ кэлэн ырыынакка атыыланан эрэр. Бу өрөбүллэргэ Чурапчы этэ атыылана турар диэн социальнай ситимҥэ видео иһитиннэрии кэлбитэ. Онно этэллэринэн, көрдөрөллөрүнэн, ынах сүөһү кэлин өттө сыаната 620 солкуобай, илин өттө, о.э. холо – 580 солкуобай. Оттон былырыын эрэ ынах этин киилэтэ миэстэнэн атыылаһарга 450 солкуобай этэ эбээт.

Уопсайынан, олох олорорбут тухары хаһан да даҕаны, ханна даҕаны, ас буоллун, мал-сал, дьиэ-уот буоллун сыана түспэт үйэтэ кэллэ быһыылаах. Эмиэ даҕаны сөп ээ, Сахабыт сиригэр сэлээркэ биир лиитирэтэ 75 солкуобай буолла! Бу сэлээркэнэн саамай туттааччылар тыа сирин олохтоохторо. Хайа киһи куоракка тыраахтарынан сүүрдэ сылдьарын көрбүккүтүй? Отчуттар, масчыттар сүрүн көлөлөрө тыраахтар сэлээркэнэн эрэ барар. Аны саппаас барыта ыараабыт дииллэр, аҥаардас “Бөлөрүүс” тыраахтар шината 50-60 тыһыынча буолбут! Күн бэҕэһээ биир билэр тыа сирин олохтоох дьахтара сүөһүбүтүн эстибит, кыралыын, улаханныын, сэлээркэбит аһара ыараата, сайын аайы ол айдаана буолсу диэтэ. Онон сүөһүлэрин барытын сүүскэ биэрэн атыыга ыыппыттар.

Эт былдьаһык, төһө да сыаналаннын син биир атыылаһабыт. Ким да, туох да сыананы төһүүлээбэт. Бары талбыттарынан сыананы быһаллар, аны Бааһынай ырыынагар аҕалан туттардахтарына үрдэтэллэрэ биллэр.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ суруйарынан, Саха сиригэр чааһынай пиэримэлэр уонна сорох кэтэх хаһаайыстыбалар эти соҕотуопкалыыр былааны толорууга үлэлэрин саҕалаатылар.

Былаан быһыытынан өрөспүүбүлүкэ 1088 туонна эти, онтон 815,5 туонна хороҕор муостаах, ол эбэтэр ынах этин, оттон 272,5 туонна – сыспай сиэллээх, сылгы, убаһа этин бэлэмниэхтээх.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 448 туонна ынах этэ (былаантан 55% кэриҥэ) уонна 30 туонна сылгы этэ (былаантан 11%) соҕотуопкаламмыт. Ити сэтинньи 10 күнүнээҕи туругунан.

Аны манна наһаа үчүгэй үөрүүлээх сонуну суруйаллар. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 1 киилэ ынах этигэр аччаабыта – 400 солкуобайы, сылгы этигэр – 315, убаһаҕа – 370 солкуобайы быһарга этэр. Маннык сыана баар этэ дуо диэхпитигэр дылы. Ити, арааһа, толкуйдаан көрдөххө, кинилэр быһа холоон итинник сыанаттан саҕаланар диэн этии киллэрэллэр, ону хаһаайын бэйэтэ билэн сыана быһан эрдэҕэ, этэргэ дылы, “хозяин – барин”.

Өрүс нөҥүө олорооччулар ол тухары суолбут арылларын кэтиибит-маныыбыт. Биһиги эт сиэхпит билигин да ыраах. Массыына сырыттаҕына эрэ сакаастаабыт идэһэбит кэлэр кыахтаах.

Ырыынак сыаната

Куорат олохтоохторо бары сөбүлээн сылдьар Бааһынай ырыынакпытыгар сыана ытыра-ытыра таппыт курдук балачча. Ол курдук, ынах этэ киилэтэ — 650-1000 солкуобай. Уҥуохтаах, мииҥҥэ барар эти ыларга 650 солкуобайы ууран биэрэҕин, оттон тииһэ-уоһа мөлтөх саастаах киһи, эбэтэр соркуойга, эрийэн ас астыырга диэн куҥ эти ыларга 1000 солкуобайыҥ көтө-көтө барар. Бу, биллэн турар, былырыыҥҥы сыанаттан таһыччы элбэх. Манна даҕатан эттэххэ, балаҕан ыйыгар сыана өссө ыарахан этэ, ол быыһыгар суол аһылыннаҕына сыана арыый түһүө диэн эрэниэҕи баҕарыллар.

Убаһа хаана хаһан баҕарар деликатес ахсааныгар киирэр этэ, онон сыанатыттан киһи соһуйбат – киилэтэ 1200 солкуобай. Ынах эриллибит этэ 500-650 солкуобайга тэҥнэһэр.
Аны сибиинньэ этин ылар буоллахха киилэтэ 480 солк., шейка өттө – 600 солкуобай. Шашлык оҥосторго маринуйдаммыт бэлэм эт 480-600 солкуобайга турар.

Сибиэһэйдии (парная) атыыланар сибиинньэ этэ киилэтэ 432 солкуобайтан 546 солкуобайга диэри хамсыыр.

Ахтылҕаннаах убаһа этин сиэххин баҕардаххына, 1500 солкуобайы төлүөххүн наада. Биллэн турар, бу муҥутуур сыаната, аччаабыта 1000 солкуобайтан саҕаланар.

Быйыл хас да ыал, сылгыны тутар хаһаайыстыбалар бэйэбит сиирбитигэр да убаһабыт суох диэн муҥатыйаллар. Сылгы көрүүтэ, иитиитэ, кырдьык да, улахан эрэйи, сыраны-сылбаны ылар. Аны сылыттан эмиэ улахан тутулуктаах. Саха сылгыта барахсан хаһан аһыыра табыллыбатаҕына бу тымныыга төрөөн оҕото кулуннаан кэбиһэр түбэлтэтэ элбэх. Онон, ааспыт сыл уонна сыл саҕаланыыта ыарахаттардаах, уустук буолан элбэх биэ кулуннаатаҕа. Онтон сылтаан сыана эбиллэн иһэр. Этэргэ дылы, ханна дэписсиит, онно сыана өрө барар.

Онон татым харчылаах киһи хоргуннаах миини иһэрэ, убаһа халыҥ сыалаах ойоҕоһун сиирэ сылтан сыл аайы аҕыйаан иһэр.

Христина Егоровна:

– Мин кыыспыныын иккиэйэхпит. Дойдум – Чурапчы, куоракка көһөн киирбиппит ыраатта. Биһиги да урукку сылларга сүөһүлээх-астаах, ньир-бааччы олохтоох ыал этибит. Онтон кэргэним өлөн, оттуур-мастыыр кыаллыбат буолан, сүөһүбүтүн олоччу эһэн, куоракка кэлбиппит 7 сыл буолла. Билигин дойдубутугар чугас аймахпыт-уруубут да суох, онон сайынын тахсыбаппыт даҕаны. Саатар дьиэбитин-уоппутун атыылаан кэбиспиппит, биллэн турар, билигин онтон олус кэмсинэбит. Тыа олохтоохторугар төрөөбүт дьиэҕитин, төрөппүттэргит туппут, оҕо сааскыт ааспыт дьиэтин атыылаабаккатыгар сүбэлиэм этэ.

Эт-ас чааһынан этэр буоллахха, миэстэнэн, атаҕынан эти атыыласпаппыт. Мин биэнсийэҕэ олоробун, биирдэ эмит быстах-остох үлэлээбитэ буолабын, кыыһым маҕаһыыҥҥа атыыһыттыыр. Онон харчыбыт тиийбэт, дьиэ-уот төлөбүрэ, интэриниэт, төлөпүөн, уот-күөс. Кэлии эти сиэн олорбуппут ыраатта. Сибиинньэ этэ олох чэпчэки, 200 солкуобайтан эрэ тахса, ынах этин 400 солкуобайга булуохха сөп. Оттон дойдум этин, сыалаах, хоргуннаах миини иһиэхпин баҕаран, ырыынакка бардахпына санаам түһэн кэлэр. Ити ырыынакка сылдьыбатаҕым күтүр өр буолла. Таах силгин быһа ыйыстан, барытыгар ымсыыран, этэргэ дылы, куртаҕыҥ курулаан кэлэр. Онон олох сылдьыбаппын. Биирдэ эмит биир дойдулаахтарбар күүлэйдии бардахпына, миигин этэ-аһа суохпун билэр буоланнар эмис эттэриттэн буһарбыттарын сиэн ахтылҕаммын таһааран кэлэбин. Дьэ ити курдук сылга биирдэ эмэ дойдум ахтылҕаннаах аһын, этин сиэн астынан, дуоһуйан сылбын туоруубун.

Хаартыскаҕытын мээнэ ыытымаҥ!

“Дорооболоруҥ, муҥхаһыттар! Күөллэр тоҥон эмиэ муҥха бөҕө буола турар. Бассаапка, ютубка сотору-сотору ким төһө балыгы баспытын, куоталаһа-куоталаһа ыыт да ыыт. Тоҕо итинник ыытаргыт буолла?! Муҥханы бопторуоххутун баҕараҕыт дуу, хайдах дуу? Ютуб ханаалга комментарийдары аахтахха, оннукка тириэрдииһилэр. “Якутское национальное браконьерство” дииллэр эбит. Киһиргэнэн бүтүҥ. Ыыталаан иһиҥ группаларынан”.

“Сир аһа, кус буоллун барытын хаартыска түһэрэн ыыталлар, ол иһин бары нуорма оҥороллор. Кырдьык, ити киһиргээһин эрэ, онтон тугу туһаналлар, манньата – ыстараап”.

Маннык ис хоһоонноох суруктар бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн тарҕаннылар. Биир өттүнэн ыллахха, норуот муҥхата диэн ыытыллан нэһилиэк дьонугар, кырдьаҕастарга-кыамматтарга, мобилизацияламмыт дьон дьиэ кэргэнигэр түҥэтэн, бэрсэн үтүө дьыала оҥоһуллар. Билигин бэйэҕит билэҕит, хас хардыыбыт, хамсаныыбыт барыта хаартыскаҕа түһэриллэн, биир кнопканы баттыаҥ эрэ кэрэх – аан дойдуну тилийэ сүүрэр. Оттон биир өттүнэн ыллахха, сахалар булду төһө да баһан ыллаллар, кистии-саба, Баай Байанайы, Күөх Боллоҕу өһүргэппэккэ аргыый наллаан, сибигинэйэ былаастаан кэпсэтэн күлүктэригэр имнэнэллэрэ, махтаналлара, сүгүрүйэллэрэ.

Онон аһара барбакка, киэптээбэккэ, киһиргээбэккэ айылҕабыт күндүлээбитин испитигэр тутан, бэйэ икки ардыгар эрэ түһэрэн ыытан, аан дойдуну аймаабакка саха сиэринэн сэмэйдик сылдьыахха диэн ыҥырабын.

Оттон, ааҕааччылар, маны туох дии саныыгытый?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...