16.09.2023 | 12:00

Елизавета Далбараева: «Артыыс — уопсастыба киһитэ»

Кинини интэриниэт ситимигэр дьээбэлээх-хооболоох тэттик вайннарга үгүстүк көрөр буолуохтааххыт. Куруук үөрэ-көтө сылдьар, дьоҥҥо аламаҕай сыһыаннаах, көрсүө-сэмэй майгылаах Елизавета Далбараева – Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын биир саамай чаҕылхай уонна кэскиллээх артыыһа.
Елизавета Далбараева:  «Артыыс — уопсастыба киһитэ»
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

— Елизавета, бэйэҥ тускунан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэр эрэ.

— Мин дьоһун-мааны үлэһит дьоннордоох, кыраһыабай уһун суһуохтаах кыргыттардаах, хорсун-хоодуот уолаттардаах, кырылас кумахтаах Өлүөнэ эбэ ортотугар турар Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах Арыы нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Роза Егоровна уонна Алексей Николаевич Далбараевтар дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтүм. Бииргэ төрөөбүт иккиэбит, биир сыл аҕа Радислав диэн убайдаахпын.

2013 с. Кыыллаах Арыы орто оскуолатын бүтэрэн баран, Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтугар артыыс идэтигэр үөрэнэ киирбитим. 2017 с. бүтэрэн баран, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар артыыһынан анаммытым, билиҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы, “сулууспалыы” сылдьабын.

— Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар хайдах үлэлии кэлбиккиний?

— Ол бэйэтэ остуоруйалаах диэххэ сөп.  Этэргэ дылы, тыйаатырга даҕаны, үөрэххэ даҕаны боростуойдук киирбэтэҕим (күлэр). Уопсайынан, артыыс киһи туох баар ирдэбилгэ барытыгар эппиэттиэхтээх – кыраһыабай көрүҥнээх, уһун уҥуохтаах, тугу барытын сатыыр, космонавтан туох даҕаны итэҕэһэ суох доруобуйалаах буолуохтаах. Ону, хомойуох иһин, онтон сороҕор эрэ эппиэттиибин...

Үөрэххэ туттарсарбытыгар сорох оҕолору тута сөбүлүү көрөн ылбыттара, миэнэ ончу оннук буолбатаҕа. Туох баар хара күүспүн мунньан туран, тугу ирдииллэрин барытын көрдөрбүтүм. Сорох оҕолор сатаан ыллаабаттар этэ, ол оннугар хоһоон аахпыттара. Миэхэ “ырыа” диэтэхтэринэ – ырыа, “үгэ” диэтэхтэринэ – үгэ, үҥкүү буоллаҕына –  үҥкүү. Хас биирдии нүөмэрбэр ох курдук оҥостон, туттан-хаптан киирбитим,  шпагат кытта түһэн көрдөрбүтүм. Сатыырбын-сатаабаппын барытын оҥорбутум. Ол гынан баран... уҥуохпуттан иҥнибиттэрэ. Билигин кыччаабатах да, үрдээбэтэх да буоллахпына, 147 см сылдьабын быһыылаах. Артыыс сыанаттан үчүгэйдик, үрдүктүк көстүөхтээх. Оттон мин уҥуоҕум намыһаҕыттан сылтаан хамыыһыйа дьоно боппуруос бөҕө буолбуттара. Дьонум төһө үрдүктэрин-кыраларын ыйыталаспыттара. Аны син эттээх этим. «Ырыа дуу, ырымыа дуу?», «Оҕолонноҕуна хайдах буолар?»  Ити курдук, тииспэр тиийэ туохпун барытын ырытан көрбүттэрэ. «Судаарыстыбаннай улахан тыйаатырга барсыбаккын», ол оннугар «куукула тыйаатырыгар барсыыһыккын» диэн буолла. Бачча киирэн баран, сөбүлэстэҕим дии. Ханна да буоллун, тыйаатыр эрэ буоллун дии санаабытым. Ити гынан, кырам бэрт буолан эбитэ дуу, саатар өссө уойан дуу (күлэр), устудьуоннуу сылдьан сүрүн оруолга хаһан даҕаны тиксибэтэҕим.

Аны үөрэххэ киирэрбэр хас тыйаатырдаахпытын, ханнык-ханнык тыйаатырдар үлэлииллэрин, артыыстары да улаханнык билбэт этим. Дьэ, онтон бастакы кууруска “амтаһыйан” баран, ханна кэлбиппин син өйдөөбүтүм. Иккис кууруска ханнык тыйаатырга үлэлии барыахтаахпын быһаарыммытым. Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра, аатыгар да баарыныы, оҕоҕо, ыччакка кэрэни, сырдыгы, үйэлээҕи саҕар соруктаах. Бастатан туран, кини соҕотох. Иккиһинэн, «универсальнай». Устудьуоннуу сылдьан испэктээктэрин көрөн, кыра-кыралаан бэйэбин бэлэмнээн барбытым. Үөрэхпитин бүтэрэр сылбытыгар тыйаатыр тутаах дьоно саҥа бүтэрэр оҕолору сыаналыы кэлбиттэрэ. Мин хаһан даҕаны долгуйбатахпын долгуйбутум. Ол курдук кинилэргэ үлэлии барыахтаахпын диэн бэлэмнээбит сыанабын оонньообутум. Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра икки эрэ киһини үлэҕэ ылар диэтилэр, ол эбэтэр кыыс уонна уол наада диэн буолла. Аны мин бииргэ үөрэммит кыыһым кинилэргэ быраактыкатын ааспыта, кинини номнуо ылбыттар диэтилэр. Мин ордон хааллым. Ону истээт, ытаа да ытаа, кафедраҕа ытыы олорорум харахпар билигин да баар. Инньэ гынан, Ньурба тыйаатырыгар сайабылыанньа суруйдум. Ол эрээри испэр Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар барарбын ыраланарым, харахпар ойуулаан да ыларым.  Онтон, уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, тыйаатыр салайааччыларыгар суруйдум.  «Мин эһиэхэ барардыы олох бэлэммин, эһигини билэбин, итиннэ баҕалаахпын» диэн бэйэм хара күүспүнэн кэлбитим. Онтон ыла сэттис сылбын Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар үлэлиибин.

— Артыыстар хастыы даҕаны испэктээккэ оонньуугут, ардыгар киинэҕэ уһуллаҕыт. Тылгын хайдах үөрэтэҕин?

— Хас биирдии киһиэхэ артыыс талаана айылҕаттан бэриллэр дии саныыбын. Ону киһи бэйэтэ сатаан сөпкө тутта уонна туһана үөрэниэхтээх. Бу талаан баар буолан, киһи олох олорор, олоҕу чэпчэкитик ылынар. Биһиги, артыыстар, бүтүн үөрэх кууруһун барар буоллахпыт дии, сайыннарабыт, улаатыннарабыт. Ол иһин артыыс үөрэҕэ диэн баар. Хас биирдии артыыс бэйэтэ ньымалаах буолар. Киинэ үксүн сайын уһуллар, испэктээк, баҕар, биир, баҕар, икки буолуо, ону син биир эрдэттэн ааҕаҕын, бэлэмнэнэҕин. Сорохтор: «Тыйаатырга күнү быһа тугу гынаҕыт?» – дииллэр.  Дьон боростуой баҕайытык өйдүүллэр. Репетиция – көрөөччүгэ “буһаран” таһаарар улахан үлэбит. Миэхэ тиэкис сыанаҕа эрэ таҕыстахпына биирдэ өйбөр киирэр, сыанаҕа хаама сылдьан үөрэтэбин.

— Көрөөччү иннигэр тахсаргыттан төһө долгуйаҕын?

— Уопсайынан, туохтан барытыттан долгуйабын. Оннооҕор балыыһаҕа тииспин тууртарартан. Дьиҥэр, тыйаатырга сэттис сезонум, син уопутурдум, син добуочча оруолланным. Ол тухары долгуйарым өссө күүһүрэн иһэр. Түөрт строкалаах кылгас хоһоону этэрбэр сыанаҕа саҥа тахсар киһи курдук долгуйабын. “Умнан кэбиһиэм”, аны “сыыһа хамсаныам” диэн бэйэтэ туспа долгуйуу.

— Ханнык оруолгун ордук ыарырҕаппыккыный?

— Ханнык баҕарар оруолга үөрүүнэн сөбүлэһэбин, тугу да чорботор кыаҕым суох. Артыыска оруол диэн кини килиэбэ. Оруол баар буоллаҕына, үлэ баар буолар. Биһиги, ыччаты, үүнэр көлүөнэни кытта үлэлэһэр дьон, үлэбит ыарахан уонна олус эппиэтинэстээх. Тоҕо диэтэххэ биһиги оонньоон көрдөрбүппүт оҕо, ыччат олоҕор улаханнык дьайыан сөп.

— Хайа баҕарар артыыс ыра санаа оҥостор оруоллаах буолар. Эн бэйэҕин ханнык оруолга көрөҕүн?

— Чиэһинэйдик эттэхпинэ, драмаҕа оруолум элбэҕэ суох. Бу өттүгэр өссө күүскэ үлэлиэхпин баҕарабын. Баҕарар оруолуҥ, баҕар, кэлимиэн сөп. Биллэн турар, хас биирдии оруол атын-атын  буолар, артыыс киһи, көстүүм кэтэр курдук, боруобалаан эрэ көрөр. Мин киинэ иһигэр сэттэтэ уларыйар киһини оонньоон көрүөхпүн баҕарабын. Саҕаланыытыгар атын, бүтэһигэр көрөөччү: “Хайа, бу хайдах буолла, олох атын киһи эбит буолбат дуо?” диэн соһуйарын курдук оруолу.

— Кириитикэҕэ хайдах сыһыаннаһаҕын?

— Артыыс – уопсастыба киһитэ. Кини бэйэтин эрэ билиммэт, олох уларыйыытыгар, сайдыытыгар эмиэ улахан оруолу ылар. Төһөлөөх элбэх киһи санаата – мөкү да буоллун, үтүө да буоллун – биһиэхэ этиллэрэ буолуой... Мин дьон быдьар тылын, куһаҕан санаатын соччо-бачча аахайбат, чугастык ылыммат, олохтон тостубат уонна толлубат буола сатыыбын. Биллэн турар, киһи бу олоххо бэйэтин эрэ туһугар  олорор, биһиги ким эрэ олоҕун олороору кэлбэппит. Дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕара сылдьыахха наада. Киһи олоҕун тухары элбэххэ үөрэнэр.

— Эйигин элбэх ааҕааччы «Леха&Зина» вайннарыттан билэр. Кэлин тоҕо көстүбэт буоллугут?

— «Леха&Зина» көрдөөх олох бөлөҕө эрдэттэн баар этэ, мин манна кэнники киирбитим. Биһиги киинэ тахсыбытын кэннэ тэттик вайннары устан саҕалаабыппыт. Маны сорох дьон билбэт буолуон сөп. Билигин саҥа дьыллааҕы тыыннаах номнуо иккис киинэбит уһуллан бүттэ, ахсынньы ыйга тахсара күүтүллэр.

Вайн туһунан этэр буоллахха, бары үлэлээх-хамнастаах, дьиэлээх-уоттаах, оҕолоох-уруулаах дьоммут. Сороҕор бириэмэ да көстүбэт курдук. Бу сайын олох аҕыйахта көрүстүбүт, бары атын-атын киинэлэргэ үлэлээтибит. Ардыгар көрөөччүлэрбит сүтэрбиттэрэ буолуо, бөлөҕү тилиннэриэххэ наада диэн саныыбыт ээ. Ааспыт нэдиэлэҕэ көрсө сылдьбыппыт. Өссө даҕаны уһуллуохпут диэн кэтэһэн олорор көрөөччүлэрбитигэр тиэрдэбин.

— Тыйаатыр саҥа сезона саҕаланара чугаһаата. Сайыҥҥын хайдах атаардыҥ?

— Күн сарсын үлэ саҥа бастакы күнэ буолар, онно тахсаары, сирэй-харах оҥостон, долгуйа сылдьабын. Сайын иһигэр үс улахан бырайыакка үлэлээтим. Михаил Лукачевскай Д.П. Коркин туһунан уус-уран киинэтигэр Чурапчы улууһугар эпизодка уһулуннум. «Саха» НКИХ саҥа сериалыгар эмиэ оруоллаахпын. Сайын устата Валентин Макаров «Мин аатым Таптал» киинэтигэр эмиэ кырата суох оруолга уһулуннум. Онон кылгас сайыным бэрт таһаарыылаахтык ааста диэххэ сөп.

— Елизавета, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтанабын! Үлэҕэр-хамнаскар ситиһиилэри, табыллыыны баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....