02.06.2022 | 14:00

Элимиэҥҥэ иэстээхтэргэ сокуон өссө кытаатта

Элимиэҥҥэ иэстээхтэргэ сокуон өссө кытаатта
Ааптар: Лия АЛЕКСЕЕВА
Бөлөххө киир

Суут бириистэптэрин федеральнай сулууспалара Оҕо көмүскэлин күнүнэн “Суут бириистэптэрэ – оҕолорго” информационнай аахсыйаны ыыталлар. Сүрүн сыала – сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор бырааптарын араҥаччылааһын.

Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор интэриэстэригэр суут быһаарыытын олоххо киллэрии туох уустуктардааҕын, ханнык биллибэт өрүттэрдээҕин туһунан Суут бириистэптэрин федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи салаатын кылаабынай бириистэбэ, ис дьыала подполковнига Наталья Николаевна Григорьеваны кытта кэпсэттибит.

 

– Наталья Николаевна, үтүө күнүнэн! Бүгүн биһиги оҕолор тустарыгар элимиэннэри ирдэһии хайдах барарын туһунан кэпсэтиэххэ.

– Элимиэн төлөбүрүн ирдэһии – суут бириистэптэрин үлэлэрин биир сүрүн хайысхата.

РФ Дьиэ кэргэн кодексатын 80-с ыстатыйата төрөппүттэри оҕолорун 18 саастарын туолуохтарыгар диэри иитэргэ эбээһинэстиир. Элимиэни ирдэһии бэрээдэгэ төрөппүт көнөтүнэн төлүүрүттэн дуу эбэтэр оҕо быраабын суутунан туруорсартан дуу тутулуктаах.

Элимиэн төлөбүрүн сөбүлэҥэ суругунан түһэрсиллэр уонна нотариуска бигэргэтиллэр. Оттон урут кэргэннии буола сылдьыбыт уонна арахсыбыт дьон биир санааҕа кэлбэт түгэннэригэр, суутунан быһаарыллар. Суут быһаарыыта баар буолла да, элимиэн төлөнөн барар диэн буолбатах, олох көрдөрөрүнэн, үгүстэр төлөөбөккө куотунар түгэннэрэ элбэх. Оччоҕо истец биһиги сулууспабытыгар кэлэригэр тиийэр.

Дьокуускай олохтоохторун элимиэни ирдэһэр дьыалалара барыта Саха сиринээҕи оройуоннар икки ардыларынааҕы салааҕа көрүллэр. 

 

"Бу сыл бастакы 4 ыйын түмүгүнэн, биһиги сулууспабытыгар уопсайа 7 тыһыынчаттан тахса элимиэни ирдэһии докумуона сытар, олортон  2 тыһыынчатыгар ирдэһии исполнительнай производствота саҕаламмыта. 
Оҕолор интэриэстэригэр элимиэни ирдэһии араас миэрэлэрин түмүгэр иэстээхтэртэн уопсайа 75 мөл. солк. тутулунна." 

 

Иэһи төлүүргэ күһэйэр миэрэлэр

Элимиэҥҥэ иэстээхтэргэ ханнык күһэлэҥ миэрэлэрэ ылыллалларый?

– Иэстээхтэри кытта үлэ сокуоҥҥа олоҕуран ыытыллар. Иэстэрин төлөөтүннэр диэн, маннык миэрэлэр ылыллыахтарын сөп:

— Иэстээх киһи Арассыыйа кыраныыссатын туоруура бобуллар;

— Бас билэр баайа-дуола тутуллар (арест);

— Суоппар бырааба быһыллыан сөп;

— Бааҥҥа баар счета тутуллар;

— Хамсаабат баайы-дуолу уонна тырааныспары атыылыырыгар сатаан регистрациялаабат буолар.

Элбэх иэстээхтэри административнай эппиэтинэскэ тардабыт, холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыахтарын сөбүн туһунан сэрэтии туттарабыт.

 

Бу миэрэлэртэн хайалара ордук көдьүүстээҕий?

– Олох көрдөрөрүнэн, ордук суоппар быраабын быһыы үлэлиир. Бу быстах болдьоххо туһаныллар миэрэ, иэһин төлүөр диэри уруулга олорор бырааба суох буолар.

Өссө биир көдьүүстээх миэрэ – Арассыыйаттан тас дойдуга таһаарбат буолуу. Командировкаҕа, сынньалаҥҥа омук сиригэр сатаан барбат буоллахтарына, иэстээх дьон күн аайы аһыахтаах-таҥныахтаах оҕолордоохторун түргэнник санаан кэлэллэр.

Элимиэҥҥэ иэстээх киһи административнай эппиэтинэскэ тардылларыгар туох нааданый?

– РФ КоАП 5.35 ыст. 1 ч. олоҕуран, оҕотун иннигэр иэстээх киһини, икки ыйтан уһуннук элимиэнин төлөөбөт буоллаҕына, административнай эппиэтинэскэ тардыахха сөп.

 

Оттон холуобунай эппиэтинэскэ?

– РФ ХК 157 ыст. 1 ч. олоҕуран, иэстээх киһи урут административнай эппиэтинэскэ тардылла сылдьыбыт уонна иэһин син биир төлөөбөт буоллаҕына, холуобунай эппиэтинэскэ тардыахха сөп. Ол аата бастаан административнай, онтон холуобунай эппиэтинэскэ тардыллаллар.

Урут элимиэни толору төлөөһүн ирдэммэт этэ. Холобур, элимиэҥҥэ иэстээх киһи ый аайы 10 тыһыынча солк. төлүөхтээҕин оннугар ыйга 1-2 тыһыынча солк. ыыта олордоҕуна, административнай да, холуобунай да эппиэтинэскэ тардыллыбат этэ.

Быйылгыттан, сокуоҥҥа кэккэ уларыйыылар киирэннэр, элимиэннэрин толору төлөөбөт буоллулар да, эппиэтинэскэ тардыллаллар. Ол аата элимиэнин суут уураахтаабыт сууматын толору төлөөбөт төрөппүт булгуччу административнай эбэтэр холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыахтаах.

 

Үлэлээбэт киһи эмиэ төлүөхтээх

Оттон үлэлээбэт киһиттэн элимиэни хайдах туталларый?

– Ханнык баҕарар төрөппүт ытык соруга – төрөппүт оҕотун иитии, доруобуйатын, эт-хаан уонна уйулҕа өттүнэн чөл туруктаах буолуутун хааччыйыы, сайдыытын салайыы. Сокуоннай саастарын ситиэхтэригэр диэри оҕону иитии төрөппүккэ сүктэриллэр. Олох хайдах да уларыйбытын иһин, төрөппүт оҕотун иитэр эбээһинэһэ тулхадыйбат. Ол иһин ийэ, аҕа үлэлээбэт да буоллахтарына, элимиэни төлүүр эбээһинэстэрэ баар.

Иэстээх төрөппүт оҕотун иитэрин туһугар суут бириистэбэ бу киһиэхэ Дьарыктаах буолуу киинигэр утаарар суругу туттарар.

Иэстээх киһи үлэтэ суохтар учуоттарыгар турдаҕына, киниэхэ анаммыт босуобуйатын тутан ылан, оҕотугар ыытыахха сөп.

Иэстээх киһи үлэлээх буоллаҕына, бириистэп хамнаһыттан элимиэни тутар туһунан ирдэбили тэрилтэтигэр ыытар.

Иэһин төлөөбөккө куота сылдьар дьону суут бириистэптэр тугу гынар кыахтаахтарый?

 – «Об исполнительном производстве» сокуон 65 ыст. олоҕуран, суут бириистэп иэстээх киһини көрдөөн булбатаҕына, кинини ирдэһии саҕаланар, ол аата “розыск” биллэриллэр. 

 

"2022 сыл 4 бастакы ыйын көрдөрүүтүнэн, 862 киһи элимиэнин төлөөбөккө ирдэбилгэ сылдьар, олортон 140 бу сыл саҥатыгар ирдэбилгэ биллэриллибит, 
132 иэстээх киһи көстүбүт."  

 

Куота сылдьар киһини суох буолбутунан ааҕыахха сөп

Арай ирдэһэн да булбатахтарына, туох буоларый?

– 1 сыл устата иэстээх киһини көрдөөн булбатахтарына, элимиэни ирдэһэр киһиэхэ ыспыраапка бэриллэр. Бу ыспыраапка иэстээх киһи сүппүтүн туһунан суукка үҥсэргэ быраап биэрэр.

Суут билиннэҕинэ, оҕоҕо иитэр киһитэ суох диэн босуобуйа оҥоһуллар (потеря кормильца).

Олоххо баары холобурдуохха. Холобур, гражданка В. Дьокуускай куораттааҕы суукка урукку кэргэнэ 8 саастаах кыыстарын ииппэтин, элимиэнин төлөөбөтүн, ханна баара биллибэтин туһунан сайабылыанньа биэрэр. Суут матырыйааллары үөрэтэн баран, бу оҕо аҕатын “ханна баара биллибэт” диэн билиннэ.

Суукка маннык сайабылыанньаны биэрэр быраабынан оҕону иитэр төрөппүт эрэ туһанар кыахтаах. Бириистэп бэйэтэ иэстээх киһини суох буолбутунан ааҕар кыаҕа суох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...