Елена КОПЫРИНА: “Дьоллоох оҕону дьоллоох төрөппүт иитэн таһаарар
Блогер буолар билигин “муодунай” буолла. Блогердары билигин 100-нэн тыһыынча киһи ааҕар, холобур оҥостор. Саха блогердара үксүн нууччалыы суруйа сатыыллар, төһө кыалларынан элбэх киһини хабаары. Онон сахалыы суруйар блогер тарбахха баттанар. Олортон биирдэстэрэ Елена Копырина – Дьокуускай куорат элбэх оҕолоох дьоһун ыалын ийэтэ, подкаст устар суруналыыс.
– Елена, бастаан эйигин ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэххэ.
– Мин Елена Копырина диэммин. 36 саастаахпын. Уус Алдан улууһун Байаҕантай нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Ийэлээх аҕабар Анна Николаевна уонна Петр Петрович Матвеевтарга үс уол кэннэ төрөөбүт күүтүүлээх кыыс оҕобун. Төрөппүттэрим иккиэн нэһилиэкпит бочуоттаах олохтоохторо, ийэм Саха сирин бочуоттаах бэтэрээнэ. Дьоммор миэхэ дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэригэр, билигин да сүбэлии-амалыы, өйүү-өйдүү сылдьалларыгар махтанабын. Кэргэмминээн, эмиэ Уус Алдантан төрүттээх Михаил Копыринныын, 4 оҕолоохпут. Дьокуускай куоракка олоробут.
– Тыл үөрэхтээҕэ эбиккин.
– Гуманитарнай чинчийии институтугар научнай үлэһиппин. 15 туомнаах «Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыгар» ааптар быһыытынан үлэлэспиппинэн киэн туттабын. «Тэтим» араадьыйаҕа «Тылдьыт» рубрикаҕа мин куоласпын истибит буолуоххутун сөп. Научнай тиэмэм – элбэх суолталаах туохтуурдар, көмүскэммитим, монографиялаахпын.
Оҕо эрдэхпиттэн тылга сыстаҕаспын. Суруксуттуурбун, ааҕарбын өссө устудьуоннуу сылдьан сөбүлээбитим. Институкка сөбүлүүр идэбинэн үлэм, ийэ тылбытынан саҥарар, уу сахалыы толкуйдаах учуонайдары кытта үлэ миэхэ элбэҕи биэрэр. Билиҥҥи дьарыгым барыта идэбин кытта быһаччы ситимнээх дии саныыбын. Научнай үлэм, алтыһар кэллиэгэлэрим олоҕум суолун, дьоҥҥо-сэргэҕэ, үлэбэр-хамнаспар, дьиэ кэргэммэр сыһыаммын, билиҥҥи дьарыгым хайысхатын буларбар, элбэхтэн талан ыларбар төһүү күүс буолаллар. Онон кэллиэгэлэрбэр, бу идэбэр, үлэбэр сирдээбит эдьиийдэрбэр Елена уонна Варвара Николаевна Сыроватскаяларга өрүү махтана саныыбын.
Подкаст диэн тугуй?
– Сахалыы подкаст устаҕын. Подкаст диэн туох уратылааҕый? Хайдах истэбит. Тугу туһанабыт?
– Тыл үөрэхтээҕэ буоларым быһыытынан, сахалыы эйгэни кэҥэтиигэ бэйэм кылааппын киллэрэ сатыыбын. Дьүөгэбин үс оҕолоох Тамара Никитинаны кытта «Истиҥ» диэн подкаст таһаарабыт. Подкаст диэн куйаар ситимигэр тарҕанар аныгылыы араадьыйа курдук. Билигин Саха сиригэр соччо-бачча биллибэт курдук гынан баран, мин сотору бу формат халҕаһалыы анньан кэлэригэр итэҕэйэбин. Аҕыйах сыллааҕыта ютуб, инстаграм, бассаап диэни билбэт этибит дии? Билигин онтукайа суох сатаммаппыт. Подкаст эмиэ оннук буолуоҕа.
Биһиэхэ, сахаларга, бу формат сайдар чинчилээх. Сахалар араадьыйаны наһаа сөбүлүүбүт ээ. Подкаст онно майгынныыр. Биһиги «Истиҥ»-мит Саха сиригэр номнуо бэһис подкаст. Ол гынан баран иннинээҕилэр нууччалыы тахсаллар, онон биһиэнэ сахабыт тылынан маҥнайгы подкаст буолар. Эмиэ араадьыйаҕа курдук аудиобиэриилэри устан, бэлэмнээн, төлөпүөҥҥэ баар анал сыһыарыылар нөҥүө тарҕанар гына оҥоробут.
2019 сыл балаҕан ыйыттан саҕалаабыппыт. Сахабыт сирин кэрэхсэнэр дьонун кытта истиҥ кэпсэтиилэрбитин хас биирдии саха ыала истиэн, сэргиэн олус баҕарабыт. Ыалдьыттарбытын кытта оҕону сахалыы иитии, дьиэ кэргэн, олох-дьаһах, үлэ-хамнас туһунан кэпсэтэбит. Иккиэ буолан, үлэбит хорутуулаах, номнуо 36 биэриини таһаардыбыт.
Биирдии биэриини аччаабыта 400 киһи истэр, сорох биэриилэрбитин 1000 тахса киһи истибит, өссө 2500 тиийэ истээччилээх биэриилээхпит. Подкаст араадьыйаттан атына – кини интэриниэтинэн тарҕанар буолан, үйэлээх, хаһан баҕарар холбоон истиэххэ сөп. Өссө иннигэр-кэннигэр эрийтэрэҕин, бытаардаҕын, түргэтэҕин. Хаһан баҕарар тохтотон баран, кэлин салгыы истэҕин. Өссө эрдэ хачайдаан баран, интэриниэт суох сиригэр холбонон истиэххэ сөп. Аудио-кинигэ курдук тугу баҕарар гына сылдьан истэҕин. Иһит, муоста, таҥас сууйа сылдьан, өтүүктүү туран. Өссө айаҥҥа үчүгэй.
Подкаст социальнай ситимҥэ эмиэ маарынныыр. Эмиэ “подписаться” диэн кнопка баар. Сөбүлээбиккэр подпискаланаҕын. Оччоҕо саҥа биэриилэр таҕыстахтарына, эйиэхэ биллэрии кэлэр. Подкастары андроидка подкаст-плеер нөҥүө истэҕин, онно Castbox диэн анал сыһыарыыны Play Market-тан хачайдыыгын. Оттон айфоннарга «төрүөхтэриттэн» (встроеннай) араадьыйа курдук Apple Podcasts диэн анал сыһыарыы баар. Араас тылынан мөлүйүөнүнэн ааҕыллар подкаст баар. Тиэмэлэрэ эмиэ арааһынай. Apple кэскилэ, инникитэ суоҕу киллэрбэтэх буолуохтаах.
ИСТИҤ подкаст ыалдьыттара: Сандаара Кулаковская, Василина Попова, Василена уонна Марфа Шариналар, Надежда Уарова, Татьяна Легантьева, Нарыйа Платонова, Мария Пронтеева, Кучу Туйаара, Надежда Идэлги, Николь Егорова, Александр Артемьев-Кулан, Туйаара Алаас, Далаана, Виктор Дабайаан уо.д.а.
Сахалыы күннүктэр
– Сахалыы тус эйгэни кэҥэтиигэ бэйэм эмиэ бырайыактардаахпын. Дьиҥ саха өйө-санаата, суруга-бичигэ эмиэ сахалыы буолуохтаах дии саныыбын. Ол иһин сахалыы күннүктэри оҥоробун. «Мин күннүгүм» кэрэ аҥаар баҕа санааларыттан, ситиһиилэриттэн саҕалаан, олоҕун былааннана, сааһылана үөрэнэригэр аналлаах таһаарыы. «Маанылаах сандалым кинигэбин дьиэтээҕи бырааһынньыктарын сатабыллаахтык тэрийэргэ, былааннанарга, сөбүлээн астыыр эбэтэр саҥа ырысыаптары биир сиргэ түмэргэ анаан оҥорбутум. Чугас киһиэхэ олус күндү бэлэх буолаллар. Дьахтар аймахха аналлаах онлайн-марафоннары ыытабын, инстаграммар сахалыы тылынан рубрикалары таһаарабын.
– Блогинг эн олоххор суолтата. Ситиһиилээх киһи буоларга блогер буолуу туох оруоллааҕый? Хайаан да элбэх сурутааччылаах киһи буоллаҕына, ситиһиилээх дии саныыр татым буолбатах дуо?
– Мин хайаан да элбэх сурутааччылаах киһи ситиһиилээх дии санаабаппын. Ыалдьыттарым да холобурдара ону туоһулуур. Олохторугар суолларын-иистэрин булуммут, олоххо ураты көрүүлээх дьон олох да интэриниэккэ блогтара да, саайтара да суох буолуон сөп. Бэйэлэрин сирдээҕи аналларын интэриниэтэ суох олус үчүгэйдик толоро сылдьыахтарын сөп. Киһи суола араас буоллаҕа. Ким эрэ блогер буолуон баҕарар, буолар даҕаны, ким эрэ онно олох да наадыйыа суоҕа. Ол гынан баран, бу эмиэ аныгы олох биир көстүүтэ буоллаҕа. Аныгы дьон барыта интэриниэккэ баар кэмигэр бэйэтин өйүн-санаатын, олоххо көрүүтүн, билиитин киэҥ араҥаҕа тиэрдиэн, бэйэтэ өссө сайдыан баҕарар киһи блогтааҕа, элбэх сурутааччылааҕа үчүгэй буоллаҕа дии. Холобур, алгысчыт Александр Артемьев-Кулан инстаграмнаах, ютуб-каналлаах. Кини аан дойдуну биир гына сылдьар буолан, манна куоракка тутарыҥ да ахсааннаах, онон өйүн-санаатын сахатын дьонун кытта ютуб-канал нөҥүө үллэстэрэ наһаа үчүгэй дии. Ити дьоҥҥо кыһамньылаах буолуу биир бэлиэтэ диэн көрөбүн. Элбэх сурутааччылаах блогер эппиэтинэһэ эмиэ улахан дии саныыбын. Блогерство киһини эмиэ олус күүскэ сайыннарар. Ыллыҥ да, блогер буолбаккын.
– Саха тылынан блогердааһын төһө инникилээх дии саныыгын?
– Дьэ, итини бэйэбит талабыт, оҥоробут дии саныыбыт. Сахалыы саҥарар, сахалыы толкуйдуур киһи барыта сахатын дьонугар анаан сахалыы суруйан, сахалыы видео устан киирэн бардаҕына, сахалыы блогерство сайдар бөҕө буоллаҕа. Хас биирдии киһиттэн тутулуктаах. Бу эмиэ сахалыы эйгэни, чуолаан куйаар ситимигэр кэҥэтии буолар.
Кэнники сахалыы суруйар, видео оҥорор блогер элбээн иһэр. Эдэр ыччат сөбүлүүр ырыаһыта Китжа @kit_jah, психолог, мотиватор Надежда Уарова @nadya_tu999, тыл күүһүнэн дьону эмтиир Василина Попова @vasilina_popova, юрист-медиатор Сандаара Кулаковская @sandaara_yurist, оратор Власий Вырдылин @sanarar_bylaas, мотиватор Татыйык Егорова @tatyiyk_egorova, уопсастыбанньык Сардаана Сыромятникова @sardaanasyr, видеограф @xannykere, артыыска Татьяна Легантьева @legantieva_tulluk о.д.а. тыһыынчанан ааҕыллар сурутааччылаах сахалыы блогтаахтар.
Кинигэнэн бизнес эйгэтигэр киирии
– Бизнес эйгэтигэр хардыыларыҥ туһунан кэпсээ.
– Оҕо көрөн олорор кэммэр, бириэмэлэнэн, кинигэҕэ умса түспүтүм. Онно Мари Кондо «Магическая уборка» диэн кинигэтин олус сөбүлээбитим. Киһи өйүн-санаатын сайыннарар литература баарын саҥа билэн, сэргээн, умсугуйан туран ааҕар буолбутум. Эр киһиэхэ уонна дьахтарга аналлаах кинигэлэр уратылаахтарын бэлиэтии көрбүтүм. Эр дьон кинигэтигэр үксүн тас эйгэҕэ сыһыаннааҕы суруйар. Дьахтар аймахха ол барсыбат. Биһиги ураты айылҕабыт «усулуобуйаларын» учуоттуур кинигэ санааны көтөҕөр, өйөбүл-тирэх буолар ис хоһоонноох. Ол иһин ийэлэргэ, кыргыттарга көмө буолаарай, туһалаарай диэн, дьахталларга аналлаах кинигэлэри атыылаан көрөргө санаммытым. Бэйэм аахпыт, сөбүлээбит, сэргээбит кинигэлэрбин атыыга таһаарар этим. Билигин бу үлэбин тохтоттум. Кэҥээтэххэ, улааттахха, барыстааҕа буолуо. Миэхэ көннөрү хобби курдук этэ. Билигин ким ханнык кинигэни сакаастыан баҕарарынан булабын, сүбэлиибин.
– Ханнык кинигэлэри сүбэлиэҥ этэй? Билиҥҥи ыччат мотивационнай кинигэлэри эккирэтэ сылдьан ааҕар, саха классикатын аахпыт ыччат ахсааннаах буолла... Ону туох дии саныыгын?
– Мотивационнай да кинигэлэри ааҕар киһи ааҕар, бары эккирэтэ сылдьан аахпаттар. Эмиэ муода, тренд курдук кэллэ эрээри, хайа да кинигэни ааҕар баҕалаах киһи ааҕар. Мин эйгэбэр үксэ кинигэни ааҕар, куруук билиигэ-көрүүгэ тардыһар дьон баар. Сахалыы кинигэни, олоҥхону умсугуйан ааҕар дьону эмиэ билэбин. Онон ити киһититтэн тутулуктаах. Уонна ыччакка төрөппүт, аҕа көлүөнэ, бэйэтин үөлэннээхтэрин холобура оруоллаах. Мин төрөппүттэрим кинигэни, хаһыаты, сурунаалы олус сөбүлүүр дьон. Ыал буолуохтарыттан хаһыат, сурунаал бөҕө суруттаран, кинигэ атыылаһан, дьиэ саамай көстүүлээх сиригэр кинигэ ыскааба оҥорон, кинигэҕэ, үөрэххэ тапталы кинилэр сыһыарбыттар дии саныыбын. Кинигэ, хаһыат, сурунаал мээнэ киэргэл буолан турбат этэ, саҕаланыаҕыттан бүтүөр дылы ааҕаллара. Билигин эмиэ хаһыата, кинигэтэ суох табыллыбаттар.
Ыччакка бэйэҕит интэриэскитинэн сөбүлүүр кинигэлэргитин ааҕан саҕалааҥ диэм этэ, онтон бардар баран, атын өссө үчүгэй кинигэлэр көстөн иһиэхтэрэ, сайдан, билэргит-көрөргүт элбиэҕэ, олоххут да тупсуоҕа. Оттон эдэр төрөппүттэргэ Анатолий Некрасов «Материнская любовь» диэн кинигэтин ис сүрэхпиттэн сүбэлиибин. Бу кинигэни мин олохпор инструкция курдук көрөбүн. Киһи бэйэтигэр, оҕолоругар, кэргэнигэр, төрөппүттэригэр сыһыанын туһунан. Киһи олоҕун төрдүттэн сааһылыыр, хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ остуол кинигэтэ буолар тустаах кинигэ.
Дьоллоох төрөппүт дьоллоох оҕону иитэн таһаарар
– Оҕону ааҕыыга угуйар ньымалардааххын дуо?
– Оҕолорум бэйэм курдук кинигэни эккирэтэн туран аахпыттара суох. Көннөрү оскуолаҕа бэриллибити ааҕаллар. Мин эмиэ оҕо сылдьан наһаа үлүһүйэн аахпат этим. Улаатан баран элбэҕи ааҕар буолбутум. Билигин кинигэтэ суох сатаммаппын. Онон барыта кэмнээх-кэрдиилээх быһыылаах, онон оҕолорум да мин холобурбун батыһан, кинигэҕэ сыстыахтара дии саныыбын. Ааҕыҥ дии-дии мөхпөппүн. Оҕо мөҕүллэн үөрэммэт, оҕо үтүктэр. Кинигэни ааҕар киһи киэҥ билиилээх буолар диэн куруук кэпсиибин, дьиэбитигэр кинигэ толору. Онон ааҕа үөрэниэхтэрэ дии саныыбын.
– Элбэх оҕолоох ийэ быһыытынан ыччаты иитиигэ туох-ханнык көрүүлээххиний?
– Ити эппитим курдук, оҕо төрөппүт холобурунан иитиллэр диэни тутуһа сатыыбын. Бэйэбин да ылан көрдөхпүнэ, наар төрөппүттэрбин үтүктэ сылдьар курдукпун. Кинилэр дьоҥҥо, үлэҕэ-хамнаска, дьиэлэригэр-уоттарыгар, биһиэхэ – оҕолоругар, бэйэ-бэйэлэригэр, аймахтарыгар сыһыаннарын бэйэм олохпор куруук бэлиэтии көрөбүн. Уонна ити «ИСТИҤ» биэриим ыалдьыттарын холобурдарыгар төрөппүт, эбэ-эһэ иитиитэ-үөрэтиитэ наһаа суолталаах эбит диэн көрөбүн. Онон кэнчээри ыччаппыт хайдах дьон буолуохтарын баҕарабыт да, бэйэбит оннук буоларга кыһаллыахха. Күн аайы. Дьоллоох төрөппүт дьоллоох оҕону төрөтөр, иитэр. Киһи бу орто дойдуга үүнэ-сайда, сирдээҕи дьолу билэ, дьоҥҥо ол туругуттан бэрсэ, үллэстэ, таптал, дьол эйгэтин оҥоро, тэнитэ кэлэр дии саныыбын.
– Бириэмэни сатаан аттарыы туһунан тугу этиэххин сөбүй?
– Олохпор олус элбэҕи ситиһиэхпин баҕарабын. Ол иһин эрдэ утуйа, тура сатыыбын, тугу да гыммакка сыппытым диэн суох. Эдэр ийэҕэ, эбиитин өссө элбэх оҕолоох буоллаҕына, күн устата бириэмэтэ олох тиийбэт буолааччы. Миэхэ эмиэ сиппэккэ, кыайбакка сылдьарым, биллэн турар, элбэх. Ол гынан баран, онтон наһаа хомойбоппун. Тугу оҥоруохтаахпар болҕомтобун уурабын. Бу олоххо элбэҕи ситиһэргэ, чаҕылхайдык олорорго, элбэҕи билэ-көрө, сатыы үөрэнэргэ, эт-сиин, өй-санаа өттүнэн чэгиэн буоларга саамай туһалаах үөрүйэх эрдэ туруу дии саныыбын. Уу чуумпуга, дьонуҥ бары утуйа сытар кэмнэригэр, бэйэҥ сэниэлээх, өйүҥ-санааҥ ыраас эрдэҕинэ, киһи кинигэ ааҕыан, үөрэниэн, үлэлиэн да сөп. Ким тугу гынара көҥүлэ.
– Оҕолоргун хайдах иитэҕин? Гаджеттары төһө хааччахтыыгын? Сахалыы холкутук саҥаралларын хайдах ситиһэҕин?
– Оҕолорбутун сахалыы иитэ сатыыбыт. Киһиэхэ бэйэтин туспа, ураты омук быһыытынан сананара, төрөөбүт тылынан холкутук саҥарара-иҥэрэрэ олоҕор саамай сүрүн тирэҕэ буолар дии саныыбын. Тылбыт баайын, мындырын, кэрэтин, минньигэһин оҕолорбор бэлэх гынан уунуохпун баҕарабын. Кинилэр бу сүдү күүстэн, дьиктиттэн мин буруйбунан, мин ону ситэ өйдөөбөппүнэн матан хаалыахтарын баҕарбаппын. Бэйэм төрөөбүт тылым күүһүн, саха сахатынан кэрэтин өйдүүр буоламмын, ону тиэрдэ сатыыбын. Оҕолорбут төрдүөн сахалыы ааттаахтар. Сахалыы иитии сахалыы ааттан саҕаланара буолуо. Сахалыы саҥаралларын туһугар наар сахалыы кэпсэтэбит, билбэт тылларын быһаарабын. Оҕону сахалыы эмиэ бэйэҥ холобургунан эрэ саҥардаҕын.
Тыаттан силистээх-мутуктаах эбэ-эһэ оруола олус улахан дии саныыбын. Кинилэр тыл баайын, сүмэтин, омукпут мындырын илдьэ сырыттахтара, онон кинилэр сиэннэрин кытта сахалыы кэпсэтэллэрэ булгуччулаах дии саныыбын. Сиэммит сахалыы саҥарбат, өйдөөбөт дии-дии нууччалыы кэпсэтэ сырыттахха, оҕо өрүһүлтэтэ суох нуучча буолар, кэнники бэйэбитин миигин сахалыы үөрэппэтэхтэрэ диэн буруйдуон сөп. Сахалыы лоп-бааччы саҥарар оҕолору иһиттэхпинэ наһаа манньыйабын, төрөппүттэригэр махтана саныыбын. Билиҥҥи усулуобуйабытыгар бу улахан үлэттэн тахсарын өйдүүбүн.
Цифровой эйгэ буортулаах дьайыытын билэр буолан, гаджеттары хааччахтыыбыт, үлэ, үөрэх күнүгэр биэрбэт буола сатыыбыт. Уолбут 10-наах, кыргыттар 9, 4, 2 саастаахтар. Икки кыраны олох сыһыара иликпит. Оскуолаҕа киирдэхтэринэ биирдэ төлөпүөннүөхпүт. Гаджет суох буоллаҕына, бэйэлэрэ ону-маны толкуйдаан оонньууллар, аралдьыйаллар. Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн быһааран, хааччахтааһыны, быраабылалары киллэрдэххэ, улаатан да баран өйдүүр, ылынар буолар дии саныыбын. Улааппыт оҕону уларыта сатыыр уустук.
Дьиэҕэ олоруу кэмигэр элбэхтик кэпсэтиэххэ
– Бэйэ изоляциятын кэмин хайдах атаараҕыт?
– Эбиэт иннинэ күүстээх үөрэх. Күнүс оонньууллар, мультик, ютуб көрөллөр. Оҕо-оҕо курдук мэниктииллэрин сөбүлүүллэр. Кыралар уруһуйдууллар, пазл, лего хомуйаллар, куукулалаах оонньууллар. Уолбут леголыыр, улахан кыыспыт үҥкүүлүүр, слайм оҥорор, ас астыырга, дьиэ хомуйарга көмөлөһөллөр. Киэһэ аҕабыт кэллэҕинэ, эттэрин-сииннэрин эрчийэр, дэлби мэниктэтэр, хамнатар. Улахан кыыс дьиэҕэ олорон бэйэтэ сымыыт ыһаарылыырга үөрэнэн, сарсыарда аайы бутерброд оҥорон күндүлүүр. Күннэтэ сонун ас астыы сатыыбыт, бары уойдубут быһыылаах.
Дьиэ кэргэнинэн остуол оонньууларын сөбүлүүбүт, үчүгэй киинэлэри көрөбүт. Төһө бириэмэлээхпинэн эбии дьарыктыы сатыыбын. Элбэхтик кэпсэтэбит, оҕолор эбэлээх эһэлэрин кытта алтыһаллар. Эрэсииммитин тутуһабыт. Аҕабыт үлэлиир, мин дьиэбиттэн олорон интэриниэтинэн үөрэнэбин, подкаспар үлэлэһэбин, блогпар сүбэлэрдээх сахалыы видеолары устабын, атын онлайн үлэлиир ийэлэри кытта быһа эфирдэри оҥоробун. Бэйэ изоляцията биһиги дьиэ кэргэҥҥэ олус сэргэхтик ааһан эрэр. Бэйэм мүнүүтэҕэ да чуҥкуйбаппын, чуҥкуйар соло да, баҕа да суох курдук.