Элэгэнтэй Адамов: «Сиэрдээх өй-санаа төрүт дьарыкка эрэ баар»
– Үтүө күнүнэн, Элэгэнтэй! Хаһыат ааҕааччыларыгар хантан сылдьаргын, кимнээх сыдьааннара буоларгын билиһиннэр эрэ.
– Мин 1962 сыллаахха Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгэр төрөөбүтүм.
Ийэм Матрена Макаровна Амма Абаҕатыттан төрүттээх, аҕам Иннокентий Николаевич – Чакыр киһитэ. Иккиэн боростуой, тыа үлэһит дьоно этилэрэ. Бииргэ төрөөбүт алтабыт – икки кыыс, түөрт уол.
– Бүгүҥҥү кэпсэтиибит сүрүннээн тыа олоҕун уонна итэҕэл туһунан буолуоҕа. Быйыл оттооһун хайдаҕый? Үүккэ былааҥҥытын толордугут дуо?
– Мин төрөөбүт түөлбэбиттэн ырааппатах киһибин. Бүгүҥҥү тыа сиригэр турар ыарахаттар барыбытын долгуталлар. Бэйэм идэм суох, хотон эҥээрдээх киһибин. Быйыл 15 төбө кыстыкка киирдэ. Үс биэбит дьон үөрүгэр сылдьар. Куурусса, сибиинньэ тутабыт. Оҕолор, сиэннэр сахалыы төрүт аһы аһыылларыгар болҕомтобутун уура сатыыбыт.
Быйыл от олох мөлтөх, икки алаастан биирдии от уонна тирбэҕэлэһии көмөтүнэн оттоннубут. От кэмчититтэн сүөһүлэрбитин аччаттыбыт, атыылаһарга ороскуоттаах. Сыллата үүт туттарабыт.
Ынахтар быйыл хойут төрөөннөр уонна күһүн хонон-өрөөн кэлбэккэ, үүт былаана туолбата.
– Үүт туттаран, эт атыылаан киһи дохуот киллэрэр дуо?
– Биһиги курдук кыра хаһаайыстыбалаах дьон дохуот киллэрэбит диэхпин тылым тахсыбат. Эт-үүт сыаната кыра буолан, барыта араас нолуоктарга, төлөбүрдэргэ, ипотекаҕа курдары ааһар. Дохуоттанар туһугар кэҥиэххэ наада, үлэһит тутан эҥин. Аҥаардас тиэхиньикэ арыыта, сэлээркэтэ, сапчааһа...
Эт-үүт сыаната тоҕо үрдээбэтин өйдөөбөппүн. Кыһалыннахтарына син үрдүө эбитэ буолуо да... Судургутук маннык холобуру аҕалыым: биир устуука ботуруон 60 солк., лиитирэ аҥаара арыгы 350 солк., оттон биир лиитирэ үүт – 60 солк. Дьэ, дьиибэ. Билиҥҥи ыччат ааҕар-суоттуур, сөптөөх усулуобуйа тэриллэрэ буоллар, син хаһаайыстыбаланыа этилэр, дьиҥэр, үлэтэ суох ыччат элбэх. Оччотугар тыа сирэ син өрө тыыныа, дьон олохсуйуо этэ.
Үөрэх билиини эрэ биэрэр
– Тыа сирин олоҕун таһыма хайдаҕый, сайдар чинчилээх дуо?
– Бары кирэдьииккэ, ипотекаҕа баттатан олордохпут дии, онно эбии араас төлөбүрдэр, нолуоктар. Киһи ааҕан сиппэт. Бүгүҥҥү саастаах көлүөнэ өлөн-өһөн бүтүөхпүтүгэр диэри төрүт дьарыкка сөптөөх болҕомто ууруллан кэҥээн, сайдан барбатаҕына, саха дьылҕата лаппа ыарыаҕа. Холобурга диэн оҥорон көрүөҕүҥ. Арай, хас дьиэ аайы гаас баар буоллун, суолбут оҥоһулуннун, сибээс, интэриниэт эҥкилэ суох үлэлээтин, массыына дэлэй буоллун уонна төрүт дьарыкпыт туруга быстар мөлтөөтүн, сүөһү-сылгы төбөтө аҕыйаатын, сайынын от оттообокко массыынанан күүлэйи батыһыаҕыҥ, сиэннэрбит ийэ тылларын умнан бардыннар, тыа үлэтиттэн тэйэн, айылҕаны харыстыыр өйдөрө-санаалара суох буоллун, кырдьаҕаска, өбүгэ олоҕор сыһыаннара тымныы, хаҕыс буоллун... Бу сайдыы дуо? Мин сайдыы буолбатах диибин. Өскөтө ити этиллэр олох сайдыытын урутаан төрүт дьарык кэҥиирэ, сайдара буоллар, онно оҕолорбут, сиэннэрбит үлэлээн, үлэнэн иитиллэн, айылҕалыын алтыһан, төрөөбүт дойдуларыгар сыстан, таптаан, тардыһар буолаллара буоллар, дьэ сайдыы диэм этэ. Тоҕо диэтэххэ сайдыыны сиэрдээх өй-санаа эрэ аҕалар, оттон ол сиэрдээх өй-санаа төрүт дьарыкка, өбүгэ ыллыгар, өтөҕөр эрэ баар. Үөрэх сайдыыны аҕалбат, үөрэх билиини эрэ биэрэр.
Эйгэлээх киһи олоҕу көрүүтэ атын
– Төрдүгэр уустар бааллар дуо? Уһанар киһи майгыта, олоҕу көрүүтэ атыттартан уратылаһар дуо?
– Уһаныы диэн мин эйгэм буоллаҕа, орто дойдуга анаммыт дьарыгым. Төрдүбэр баарын билбэппин, аҕам кэпсээбэт этэ. Аҕам тимиргэ да, маска да уһанара, саха сатыырын сатыыр этэ. Сайын окко сылдьан сыарҕа силис сыҥааҕын түөрэн бэлэмниир этибит. Ону кыһын тиэйэн ылан сыарҕа оҥороро. Дьоҥҥо ыҥырыыга сылдьан үгүстүк үлэлиирин өйдүүбүн.
Харчы туһугар уһаныы уонна өйү-санааны ууран, иэйиини түмэн, ону хайысхалаан үлэлээһин диэн олох атын буоллаҕа. Талаан уонна дьоҕур сирдээх халлаан курдук, икки аҥыы өйдөбүллэр. Талаан диэн сүрдээх дириҥ өйдөбүл уонна сэдэх көстүү. Билигин биһиги оҕо кыра туох эмэ дьоҕурдаах буолла да, талаан диэн арбааммыт оҕону кэҕиннэрэбит эбэтэр өйүн-санаатын булкуйан, майгытын-сигилитин уларытабыт. Онон итиннэ сүрдээх сэрэхтээх көрүү, сыһыан наада дии саныыбын. Бэйэбин дьоҕурдааҕынан эрэ ааҕынабын. Оттон эйгэлээх киһи олоҕу көрүүтэ атынын эппинэн-хааммынан билэбин, өйдүүбүн. Сүрдээх сабыылаах эйгэлээх киһибин, үгүс атас-доҕор суох, ол эрэн олох чуҥкуйбаппын. Үлэлии олорор эйгэбэр киирдим эрэ, орто дойду умнуллар, кимиэхэ да наадыйбат буолабын. Ол иэйии, ол турук күнү быһа миигин бигиир, уоскутар, өйбүн-санаабын сааһылыыр. Үксүн аҕам эппитэ-саҥарбыта миигин угуйар, толкуйдатар. Син сааһырдаҕым дии, мөлтүүр, бытаарар сахтарбар ийэм чугас буолар. Ийэм өйдөбүлэ арчылыыр, араҥаччылыыр.
Бу мээнэ улахан тыллар, тыл өҥө-дьүһүнэ буолбатах, бу мин билбит, өйдөөбүт уонна ылыммыт туругум.
Ханнык баҕарар киһи орто дойдуга оҕо буолан төрөөн, ача күөх ньаассын отугар үктэнэригэр анаммыт дьоҕурдаах, эйгэлээх буолан кэлэр дии саныыбын. Ону ким таба тайаммыт дьоло буоллаҕа. Орто дойду кустук дьэрэкээн өҥөр, дьүкээбил суһумун кэрэ эйгэтигэр таалалыыр, тарайар үөрүүтүн билэн эрдэҕэ. Ол иһин былыргы үөрэҕэ суох олоҥхоһут ытык кырдьаҕастар тыллара-өстөрө баай, көрүүлэрэ дириҥ буолара.
Бэйэ сатыырын соҥнооһун...
– Уһаныы үөрүйэхтэригэр оҕолору, ыччаттары уһуйаҕын дуо?
– Кими да үөрэппэппин. Куоракка олорон 14 №-дээх ГПТУ-га устудьуоннары биир кыһын дьарыктыы сылдьыбытым да, ылымматаҕым. Үөрэтэр дьоҕур суоҕун өйдөөбүтүм. Оҕо, киһи бэйэтэ дьоҕурунан, баҕатынан уһаныахтаах, оччоҕо туһунан буочарданыан, үлэтэ тыыннаныан сөп. Маны маннык оҥор, кыс, итинник буолбат, маннык буолар диэн үөрэх буолбатах. Бэйэ сатыырын соҥнооһун дии саныыбын.
Уһанар мастарыскыайдаахпын, маспын атыылаһабын. Сакааска үлэлиибин, араас сахалыы оһуордаах-ойуулаах остуол, олоппос, ыскаап, панно, мэтириэт кыһабын. Урут быыстапкаларга кыттар этим, кыттыбатаҕым 20-чэ сыл буолан эрдэҕэ. Уһаныы миигин бэйэбин бүтүннүү ылар, эппитим курдук, эйгэтигэр бүтүннүү киирэбин. Сылайабын, илистэбин, эрэйдэнэбин уонна син биир баҕарабын. Дьикти...
– Үйэтитии курдук улахан суолталаах үлэнэн дьарыктанаҕын. Ол туһунан ааҕааччыларга сырдат эрэ.
– Өбүгэбин кэриэстээн, үйэтитэн, Эбэ диэн кырыы учаастакка улахан убайдарым уһаайбатыгар өйдөбүнньүк, кырдьаҕастар көтөхпүт таастарын уонна абаҕам илиинэн 2,68 гааны охсубутун, Кэтириис диэн дьахтар сиэрпэнэн 0, 72 гаа бурдук сирин быһан түүтэхтээһинин сквер оҥорон үйэтиппитим. Аны сааскыттан балаҕан саҕалыыр былаан баар, үлэм түмүгэ буолуо этэ. Остуолун, олоппоһун, ыскааптарын сахалыы оҥорон оҕолорго хаалларыам этэ. Сайын төрөөбүт өтөхпөр ийэбэр өйдөбүнньүк туруоруом.
Икки атахтаах топпот, туолбат...
– Айылҕа киһиэхэ дьайыыта, сабыдыала хайдаҕый?
– Айылҕа, Сир Ийэ диэн олорор дьиэбит-уоппут, аһыыр-сиир ампаарбыт буоллаҕа. Төһөнөн истиҥник, харыстабыллаахтык сыһыаннаһабыт да, айылҕа барахсан махтанан илгэтин эрэ биэрэр. Ол бүгүҥҥү күҥҥэ суоҕа хомолтолоох. Аҥаардастыы айбардааһын, алдьатыы, уматыы, сүһүрдүү эрэ дии... үөрэхтэммит, "сайдыбыт" икки атахтаах өттүттэн. Суруйуулары көрдөххө, ханан даҕаны алдьатыы, сүһүрдүү сөҕүмэр. Биири сатаан өйдөөбөппүн – икки атахтаах топпотун, туолбатын уонна олорор мутугун кэрдинэр кэрэгэй өйүн-санаатын. Былыр үөрэҕэ суох дьон ону өйдүүллэрэ, сиргэ, айылҕаҕа сыһыаннара олох атына.
Биһиги сирбит диэн куйаар эйгэтигэр сымыыт эрэ саҕа буоллаҕа дии. Ол сүһүрэн, сытыйан, алдьанан бардаҕына, ханнык эрэ кэминэн барыта урусхалланан, сытыйан, туһаттан тахсыа буолбатах дуо? Сүһүрбүт өрүстэр, үрэхтэр туран эрэ хайдах ырааһыран кэлиэхтэрэй, алдьаммыт сир хайдах чөлүгэр түһүөҕэй? Оччоҕо сиэннэрбит, хос сиэннэрбит олохторо, дойдулара 100, 200... сылынан хайдах буолуой? Бүгүҥҥү курдук алдьата олороммут айылҕаттан, Ийэ сиртэн туох үчүгэй дьайыытын кэтэһиэхпитин сөбүй? Биир бэйэм сөбүгэр соҕус кыпчыйыан, сутатыан, кыһалҕа диэни биллэриэн баҕарабын. Наһаа баары баһынан бардыбыт, бу туох да үчүгэйгэ тиэрдибэт. Кыһалҕалаах кыһыл атахтаах диэн өбүгэ бэргэн этиитэ баар, кыһалҕаны билбит, кыайбыт киһи олоҕу сыаналыан, Сир Ийэҕэ махтаныан, өбүгэни өйдүөн сөп.
Бизнес, шоу, албан аат туһугар
– Итэҕэл диэни ким хаһан айбыта биллибэт Ытык үөрэх, өйдөбүл. Итэҕэл анала диэн иҥсэтин кыаммакка ииҥҥэ түһүөн сөптөөх ириҥэ мэйиилээх икки атахтаах харамайы уодьуганныыр, сиэрдээх ии иһинэн олоҕун тэринэригэр үүннүүр-көнтөстүүр. Киһи хайаан да куттаныахтаах, көҥүл барбыт икки атахтаах аана суох алдьархайы, иитэ суох иэдээни иҥнэри үктүүр айылгылаах буоллаҕа. Ол бүгүҥҥү олоххо арылхайдык көстөр дии саныыбын.
Аны киһи бэйэтин төрөппүт хаанын эрэ туһугар куттанар-куойар сидьиҥ, бэйэмсэх майгылаах. Баай-талым, харчы, үчүгэй олох туһугар өлбүт өбүгэ, ийэ, аҕа ыраас аатын-суолун нөҥүө хардыылыан сөптөөх ымсыы санаалаах. Бу кини айыллыбыт айылгыта. Бу майгыттан кинини Итэҕэл Ытык өйдөбүллэрэ эрэ өрүһүйэр кыахтаахтар. Ол аньыы-хара, сэт-сэлээн, иэстэбил, кырыыс диэн өйдөбүллэр. Киһи орто дойду олоҕун сиэрдээх олоҕуттан туораан, киһи кэмэлдьитин сүтэрэн аньыыны-хараны оҥорор түгэнигэр, бу оҥоһуллубут аньыы-хара сэтэ-сэлээнэ, иэстэбилэ барыта хаан урууларыттан, оҕолоруттан, сиэннэриттэн буоларын толору өйдөөн, онтон куттанар, тардынар эрэ буоллаҕына, сиэрдээх өй-санаа ыллыгын батан, сайдыы киэҥ аартыгар үктэниэн сөп. Онтон ити Ытык өйдөбүллэртэн куттаммакка, күннээҕи көлдьүн олох көрүн өрө туттаҕына, кэскилин сарбыйара саарбаҕа суох, ол биһиги тулабытыгар, бүгүҥҥү олохпутугар толору көстөр.
Бүгүҥҥү Итэҕэли тарҕатааччылар куруук хаһыс халлааҥҥа ханнык Айыылар олороллорун эрэ ыатараллар, араас кинигэ строкаларынан эрэ кэпсииллэр курдук, анаарыы, көрүү суох дии саныыбын. Итэҕэл курдук Ытык өйдөбүлү бизнес, шоу, албан аат туһугар туһанар хайысха оҥордубут. Дүҥүрдээх, бытырыыстаах, былаайахтаах элбэх да, олох түктэри, сидьиҥ дьуоҕатыгар төннүбэттии тимирэн иһэр курдукпут. Биир түгэни быһаарыым – эйгэлээх уонна айылҕалаах диэн өйдөбүллэр икки аҥыылар. Айылҕалаах киһи таһыма үрдүк, эйгэлээх диэн биир эрэ хайысха. Харчыга, баайга-дуолга, албан аакка сүгүрүйүү, талаһыы инники күөҥҥэ буолан, дьон өйүн-санаатын иирдэрин тухары олох көнүө суоҕа, өссө тимирэн иһиэхпит.
Утарылаһарбыт, быыһыырбыт биир эрэ
– Сиэрдээх буолууну хайдах өйдүүгүн? Итэҕэлгэ хайдах сыһыаннаһаҕын?
– Сиэр диэн олоҕу тутар, кэскили оҥорор, дьолу-үөрүүнү эрэ аҕалар майгы, өйдөбүл буолар. Өбүгэлэрбит барахсаттар сиэрдээх буолан, оччотооҕу ыарахан кэми тулуйан, олоҕу тутан, икки сэриини, суту-курааны кыайан, биһиэхэ, “үөрэхтээх” ааттаах көлүөнэҕэ, олох көмүс күлүүһүн туттарбыттара. Хара үлэни харыларын күүһүнэн кыайаннар, сырдык кэскил иһин сылайалларын умнан олорбуттара. Ону үөрэхтээх, "сайдыылаах" көлүөнэ хайдах "сайыннардыбытый"? Бүгүҥҥү олоххо арылхайдык көстөр. Ити сиэрдээх майгы суоҕун, чычаас өй-санаа туругун түмүгэ.
Мөккүөрдэргэ куруук мэтээл икки өрүттээх диэн куотунабыт, сөпсөһөбүн – икки өрүттээх. Холобур, бүгүҥҥү сибээһи ылыаҕыҥ. Интэриниэт, сибээс, кырдьык, сайдыы буоллаҕа, аан дойду күн талбыт үчүгэйэ да, куһаҕана да – барыта баар. Дьыссаат оҕотуттан оҕонньоругар диэри бары көрөрбүтүгэр көҥүл. Бу “сайдыыга” тугу да утары туруорбакка, “сайынныбыт” дэнэн сырыттахпытына, сотору кэминэн тылбытын сүтэриэхпит дии, тыла суох – норуот суох. Норуоппут, омукпут атын да уратылара барыта умнуллан барыахтара дии, сиэрбит-туоммут, өбүгэ төрүт үгэстэрэ, айылҕаттан тэйии. Бу барыта мэтээл биир, күлүк өттө. Биһиги төлүүр, атыылаһар харчыбытынан итини тэрийбит хампаанньа сайдар. Онон итиннэ тугу эрэ бэйэбит өттүбүтүттэн утары туруордахпытына эрэ омук быһыытынан ордон хаалыахпытын сөп. Итиннэ бэйэм кэрэгэй санаабынан төрүт дьарыкпыт эрэ утарылаһыах курдук. Тоҕо диэтэххэ төрүт дьарыкпытыгар барыта баар, өбүгэ өркөн өйө, Итэҕэлбит, тылбыт, сиэрбит-туоммут, айылҕалыын алтыһыыбыт, үппүт-аспыт, буортута суох ыраас аһыыр аспыт – барыта. Ол иһин хайдах да сүрэҕэлдьээбиппит, сиргэммиппит иһин, быыһаатаҕына ити быыһыаҕа, саханы оскуола, үөрэх быыһаабат. Промышленнас сайынна, көмүс, алмаас бөҕө хостонор, араас баай барыта баар, араас хайысхаҕа күүстээх үлэ барар, сир-уот алдьанар, өрүстэр, үрэхтэр сүһүрэллэриттэн саха олоҕо төһө тубустай? Бу мэтээл биир эрэ өттө, ол эрэ сайдар. Оттон биир өттө сайдыбат. Тоҕо? Сиэрдээх өй-санаа суох, норуот туһугар, кэскил туһа диэн хайысха суох.
Иитии буолбатах, иирдии. Сайдыы буолбатах, сатарыйыы...
– Олоҥхо саха уус-уран тылын муҥутуур чыпчаала. Олоҥхо тула үлэ күүскэ уонна сөптөөхтүк барар. Ол эрээри бу соторутааҕыта “Олоҥхо-баттл” диэн күрэс ыытылынна, бирииһэ – 500 тыһыынча солкуобай. Бу олоҥхону сайыннарыы дэниэн сөп дуо? Мин суох диибин. Ити үлүгэр харчы эдэр дьон олоххо сыһыанын, көрүүтүн уларытара биллэр. Инникитин итинник балысхан харчы амтанын билбит ыччат 30-50 тыһ. харчы диэхтэрэ дуо, кыттыахтара дуо? Тоҕо барыта харчынан кэмнэнэр буолла? Ити иитии дэниэн сөп дуо? Иитии буолбатах, иирдии дэниэн сөп. Ити үлүгэр харчыны тыа үлэһитэ төһөлөөх сыранан аахсыаҕай, оттон ыччаппыт оонньуу-күлүү курдук аахсар. Бу дуо сайдыыбыт, өбүгэбит төрүт дьарыгын, идэтин, дьоҕурун сайыннарыыбыт? Маннык хайысха сайыннарбат, сатарытар, ыһар эрэ. Туһата суох.
Бэйэлэрин боростуой тыа сирин ыччаттарыгар, көлүөнэлэригэр сыһыаннара хайдах буолуоҕай? Мин хайаан да мөлтүүр диэн бигэргэппэппин, ол эрэн кэтэх санаа хайа да түгэҥҥэ үөскүүрэ чуолкай.
Холобур, “Олоҥхо-баттлга” эрэ итинник көстүү буолбатах, соторутааҕыта оҕолорго хоһоон күрэҕэр эмиэ харчынан далбаатааһын этэ. Итинник көстүү сайдыы буолбатах, сатарыйыы.
Дьикти, алыптаах кэм
– Кэпсэтииттэн тэйэн, бэйэҥ дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсэтиэххэ. Кэргэниҥ тугу үлэлиирий? Хас оҕолооххутуй?
– Кэргэним Ульяна Васильевна идэтинэн финансист, бухгалтер, кэлин кулууп дириэктэринэн үлэлээбитэ. Билигин олорор, сиэн көрөр. Эмиэ төрүт Чакыр. Иллэҥ кэмигэр иистэнэрин сөбүлүүр, сахалыы таҥаһы, иис бары көрүҥүн барытын тигэр. Уоллаах кыыс оҕолоохпут, үлэһиттэр. Үс мааны кыра сиэннээхпит.
– Дьыл ханнык кэмин сөбүлүүгүн?
– Кырыа хаарынан бүрүммүт, аам-даам тымныылаах кыһыҥҥы кэми сөбүлүүбүн. Тулаҥ барыта сырдык, ыраас, туолбут ый батыһа элэктиирэ, тыын бурҕайара, эргиччи кырыа оһуорунан күлүмнүүрэ, тыаҕа кыраһа ойуута кыылы-сүөлү кэпсии турара барыта дьикти, алыптаах буолар. Аҕабыныын сылдьан хандааҕа ыйаммыт куобах ыраахтан көстөрө, чаархаан, хапкаан эстэн бурҕайбыта, ат тыына бурҕайан, иһэҕэ сирэйгэ ыһыллан күлүмэх айана харахпар көстөн ааһар. Тоҕо эрэ кыһыны ордорооччу аҕыйах.
– Элэгэнтэй, сүрдээх үчүгэй, киэҥ анаарыылаах кэпсэтиигэр махтанабын. Өбүгэттэн бэриллибит дьоҕургун өссө да өрө тута сырыт, дьиэ кэргэҥҥэр доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабын.
* * *
Сирдээҕи олоҕум симэхтэрэ,
Сааһырыы сааһын сибэккилэрэ,
Сүрэҕим бигэнэр биһиктэрэ,
Сиэннэрим – муннум бүөлэрэ.
Сылайан-элэйэн, аһааҕыран,
Сыттыкпар тимирэн сыттахпына
Сыллыыр сымнаҕас, сылаас мурун
Санаа дьуоҕатыттан оруу тарда.
Быыкаайык илии-атах, тарбах...
Быыкаайык көҕүс, икки ытыс...
Куобах буутун саҕа икки буут.
Көһөҥө көмүс буолар бу, биир буут.
Дьиэм иһин киирэр-тахсар күннэрэ,
Дьол, иэйии, имэҥ ыйдаҥалара...
Тэлгэһэм үрүмэччи лыахтара,
Төлкөм түстээбит бэлэхтэрэ.
Сиэннэрим барахсаттары сыллыыбын,
Сыттарыттан туймаара таалабын.
Туохха тэҥнэһэр минньигэс сытай?...
Туох кэрэ, дьикти абылыыр күүһэй?...
Бу сыт – оҕо сааһым ахтылҕана.
Бу сыт – Ийэм сырдык өйдөбүлэ.
Бу сыт – төрөөбүт дойдум кэскилэ.
Бу сыт – сааһырыы сэмэй илдьитэ.
Омсолоох орто дойду олоҕун
Очурун-бочурун, оҥхойдорун
Сиэн оҕоҕо үөрэтэн-өйдөтөн,
Сиэрдээх өй-санаа үүнүн-көнтөһүн,
Тоҕотун-токкоотун тобулан,
Туомтуу тардан туттардын диэннэр
Сиэмминэн ыыппыттар Айыылар
Сүдү, ытык ЭҺЭ диэн ааты.
* * *
Сахалыы саҥабыт тутайда.
"Сайдыы" дэһэр кэммит аҕырта.
Сахам тылын өҥө-дьүһүнэ
Сибиньиэс өҥүнүү
өлбөөрдө.
Тоҕо маннык буоллай
дьылҕабыт?
Тоҕо тэҥҥэ сайдыбатыбыт?
Туохха биһиги
сыыстардыбыт?
Тугу төттөрү дьаһанныбыт?
Тыллаахпыт тухары
тыыннаахпыт.
Тыллаахпыт тухары сахабыт.
Тылбыт – биһиги уратыбыт.
Төрөөбүт тылбыт – сүдү
баайбыт.
Тылбыт модун силиһэ хантан
Тыллан-хайдан, кэҥээн
тэнийдэй?
Кустук дьэрэкээн араас өҥүн
Ким талан, таҥан, наардаан
биэрдэй?
Ийэ тыл, кут-сүр, сиэр-туом
уонна тыын...
Иитиллэр эйгэтэ, биһигэ
биир.
Ол төрүт дьарык уонна
Итэҕэл,
Ону өйдөөбөт бу – итэҕэс.
Тылбыт уонна төрүт
дьарыкпыт
Тиэргэннэрэ, түөлбэлэрэ
биир...
Сылгы-сүөһү эстиэ – саха
эстиэ,
Сылгы-сүөһү сайдыа – саха
сайдыа...
Элэгэнтэй Адаамап