30.03.2023 | 18:00

Егор Жерготов: «Аҕа — уол оҕоҕо бастыҥ настаабынньык»

Егор Жерготов:  «Аҕа — уол оҕоҕо бастыҥ настаабынньык»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Кини – Дьокуускай куорат Аҕаларын сэбиэтин чилиэнэ, Киин уокурук уонна Саха гимназиятын Аҕаларын сүбэтин бэрэссэдээтэлэ. «Аҕа күрэҕин» хас да сыллааҕы түмүктэрин, туох баар боротокуолларын, хаартыскаларын ууруна, мунньа сылдьар. Ким хаһан кыайбытын, туохха сыыспытын эндэппэккэ билэр, туох итэҕэс-быһаҕас баарын ырытан суруйар, отчуот оҥостор. Ону барытын паапкаҕа кичэллээхтик тиһэн иһэр. Бу диэн эттэххэ, күрэх летопиһын, историятын, архыыбын хомуйар.  Дьэ, чахчы, фанат диэтэҕиҥ!

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччибит – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Егор Егорович Жерготов. Кини П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатыгар 25 сыл таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, онтон 2010 сылтан – Саха гимназиятын киэн туттар учуутала уонна уһуйааччыта.

«Аҕа күрэҕиттэн» саҕаламмыт икки аҥаар чаастаах кэпсэтиибит хаһыат биир балаһатыгар хайдах да баппат, ол иһин дьоруойбут өр сыллаах үлэтин сүрүн тосхоллоругар тохтуурга дьулустубут.

– Дьокуускай куорат Аҕаларын сэбиэтэ Егор Гаврильевич Попов сатабыллаах салайыытынан үлэлиир. Эһиилгиттэн «Аҕа күрэҕэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи түмүктүүр түһүмэҕэ Дьокуускайга ыытыллар буолбута үгүс үлэттэн ситиһилиннэ. Куорат күрэҕэ сыл аайы таһыма үрдээн иһэр. Баһылык Е.Н. Григорьев өйөбүлүнэн күрэх үбүлээһинэ олохтоох бүддьүөккэ бигэргэммитэ кэрэхсэбиллээх. Евгений Николаевичка махталбыт муҥура суох.

Тэрээһин хара үлэтэ сүрдээх элбэх. Аҥаардас баҕананы туруоруу баар ээ. Саамай хойутаабыта үс күн иннинэ астарыахха, хаарын тоҥоруохха, маһын суоран, устуруустаан туруоруохха наада. Аны бэрэбинэ маһын кэпсэтии баар, ону тиэйтэрэн аҕалыы-илдьии.

Куорат дьонугар сүгэ, күрдьэх ыал аайы баар буолбат. Эгэ анньыы кэлиэ дуо? Быйылгы күрэххэ 8 лиитирэлээх биэдэрэ көстүбэккэ, ол көрдөөһүнэ буоллубут. Ол иһин кыттааччылар 9-таах биэдэрэҕэ 8 лиитирэ ууну кутан чэйдэрин өрдүлэр. Манна даҕатан эттэххэ, бу сыллар тухары аҕаларбын кытта туттар тэрилбит элбээтэ, ону ыскылааппытыгар туруорабыт. Уолаттарым оскуоланы бүтэрэллэрин саҕана көрдөһүүм биир – бука, баһаалыста, туттар тэрилгитин хаалларыҥ диэн.

Бастаан 2016 сыллаахха «Отец и сын – покорители вершин» куорат күрэҕэр Иннокентий Мирович уонна Мир Егоровтары кытыннарбытым. Ол саҕана тэрээһин саала иһигэр ыытыллара. Бэйэни билиһиннэрии, уһаныы, балаакканы туруоруу, аптамааты хомуйуу уо.д.а. көрүҥнэр бааллара. Уопсай түмүгүнэн биһиги хамаандабыт бастаабыта. Онон Таатта Чымынаайытыгар ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттар чиэскэ тиксибиппит. Айаннаары сырыттахпытына, Афанасий Семенович Владимиров (ол кэмҥэ ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын миниистирэ – Аапт.) эрийэн: «Куорат күрэҕиттэн чыҥха атын, балаһыанньатын ыытыам. Кыттар инигит?» – диэтэ. Арай көрбүтүм, туох да туттар тэрилэ суох баран иһэр эбиппит. Биһиги аптамааты хомуйуу, маамыкта быраҕыы курдук көрүҥнэр бааллара буолуо дии санаатахпыт. Хайыахпытый, оччо туруммут дьон кытта барабыт диэбиппит. Тааттаҕа дьоммор төлөпүөннээн, анньыы, күрдьэх, ол-бу тэрил уларсар курдук кэпсэппитим. Баҕанаҕа ыттыыга Мир Егоров бастаабыта, аҕата Иннокентий Мирович ойбон алларыытыгар төрдүс буолбута. Уонна атыҥҥа мэлийбиппит (күлэр). Дьэ, ол курдук күрэхтэһэн турабыт. «Хайа, куораттар, анньыынан сатаан туттар эбиккит дуу?» диэн эҕэлиир курдук эппиттэриттэн кыһыйбытым аҕай. Ол сырыыбыт кэнниттэн Саха сирин нэһилиэнньэтин үс гыммыттан биирэ олорор Дьокуускай куоратын хамаандата хайаан да төннүөҕэ, бэйэтин көрдөрүөҕэ диэн андаҕайан кэлбитим.

2017 сыллаахха гимназиябыт иһигэр бастакы «Аҕа күрэҕин» тэрийбиппит. Онно Вячеслав, Айуол Слепцовтар кыайбыттара. Маннык тэрээһин оскуолаҕа кыаллар буоллаҕына, уокурук да ыытыан сөп диэн этиилээх оччотооҕу салайааччы Михаил Гасанбалаевка киирэ сылдьыбытым. Ол курдук, дьаһалта өйөбүлүнэн Чочур Мырааҥҥа Арбугаевтар сирдэригэр улахан тэрээһиннэри ыыппыппыт. 2017 сыллаахха Тааттаҕа буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ Христофоровтар кыттыбыттара. 2017-2019 сылларга куоракка Губинскай уокуруктан Константин Романович Птицын уола Сашалыын бастаабыттара, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Аҕа күрэҕэр” суолу аспыт дьоммут – кинилэр. Вячеслав, Саша Слепцовтар үс сыл куорат күрэҕэр иккис миэстэни ылбыттара. Онтон Вячеслав иккис уолун Айуолу уһуйан, 2021 сыллаахха “Аҕа күрэҕэр” чөмпүйүөннээбиттэрэ. Манна даҕатан эттэххэ, күрэҕи бэйэлэрин эттэринэн-хааннарынан билбит дьон билигин судьуйа буола үүннүлэр, үгүстэр Дьокуускай куорат Аҕаларын сэбиэтин президиумугар бааллар.

Ханнык баҕарар тэрээһин салалта өйөбүлэ суох кыаллыбат. Ол курдук, Киин уокурук саҥа салайааччыта Ю.Р. Семенов сүрүн боппуруостарбытын тута быһааран, быйылгы күрэхпит үрдүк таһымнаахтык ааста. Судьуйанан үлэлээбит А.И. Алексеевка, көмөлөһөөччүтэ И.И. Петровка махтанабыт. Биһигиттэн 7 дьиэ кэргэн, 2-с оскуолаттан Захаровтар үс бириистээх миэстэҕэ тигистилэр. Кинилэр Аҕаларын сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Л.Н. Михайлов саха быһаҕын супер бириис туруоран, ону тутан үөрэн-көтөн тарҕастылар. Бу бачыымы өйөөн, эһиил атын оскуолалар кыттыахтара диэн эрэнэбит. Сыл ахсын биһигини өйөөн, биир да сыл көтүппэккэ ботуччу сыаналаах бирииһи туруорар дьиҥнээх норуот дьокутааттара Н.Н. Васильевы, А.Н. Атласованы, Т.Д. Егорованы бэлиэтиирбит тоҕоостоох.

Саха гимназиятыгар уол оҕону иитиигэ, сайыннарыыга үгүс үлэ ыытыллар, ол дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы С.О. Ноев сатабыллаах салайыытынан тэриллэр. Эр дьон учууталлар элбээн иһэбит, көхтөөх аҕалар, уолаттар кэккэлэрэ кэҥиир. Манна даҕатан эттэххэ, тьютор уонна настаабынньык буолуу – гимназия үлэтин биир сүрүн хайысхата.

Аҕаҕа уонна уолга сыһыаннаах тэрээһиннэрбит Кыайыы 70 сылыгар туруорбут стелабытыттан саҕаланаллар. Салалта өйөбүлүнэн, Айхал Иванович, Дамир Габышевтар, Анатолий Викторович, Толя Платоновтар бырайыактарынан оҥоһуллубута. Быйыл гимназиябытыгар Аҕа сылын биллэрбиппит. Салалта өйүүр буолан, Аҕа сүбэтин үлэтэ таһаарыылаах. Дириэктэрбит Валентина Васильевна Софронеева күрэхтэһии күнүгэр бэйэтинэн ас астыы барар, тэҥҥэ сылдьыһар, профком, буфет кытталларын хааччыйар.  Оннук дириэктэр, баар да буоллаҕына, аҕыйах ини.

Гимназия аҕаларынан киэн туттар. Үчүгэй төрөппүт көмүскэ тэҥнээх. Аҕа – уол оҕоҕо бастыҥ настаабынньык. Тэрээһиҥҥэ барытыгар саамай сүүрэр-көтөр, аҕалары түмэр киһибит – Я.Т. Оконешников. Ону сэргэ, А.А. Семенов,  Л.Н. Спиридонов, А.И. Габышев, А.А. Арьянов, В.Е. Куприянов, В.П. Петров курдук бэриниилээх аҕалары кытта үлэлиир олус үчүгэй. Биир көхтөөх аҕабыт П.П. Черкашин Арассыыйа оҕолор бырааптарын көмүскүүр боломуочунайа А.Ю. Кузнецова Дьокуускайга кэлэ сырыттаҕына: “Арассыыйаҕа тоҕо Аҕа күнэ диэн суоҕуй?” – диэн ыйытан турардаах. Ол сылтан дойдуга Аҕа күнүн бэлиэтиир буолбуппут, онно гимназия бэйэтин кылаатын киллэрбитэ диэн киэн туттабыт.

Соҕотох киһи кыайбат үлэтигэр оскуола салалтата, кылаас салайааччылара, учууталлар, төрөппүттэр төһүү күүс буолаллар. Биһигини бары өттүнэн өйүүр дьоммутугар махталбыт муҥура суох.

Куйуур, муҥха курдук төрүт дьарыктарбытын сөргүтүөхпүтүн, оҕолорго, ыччакка киэҥник тарҕатыахпытын Дьокуускайга чугас эргин балыктаах сир суоҕа хомолтолоох. Бэрэссэдээтэлбит Егор Гаврильевич кэпсэтэн, инникитин Тулагы эргин күөл анатан, балык ыыттарар былааннаахпыт. Манна даҕатан эттэххэ, кэлэр ыйга Уол оҕо күнүгэр оскуола оҕолорун кытта Кымыс Байбал сиригэр куйуурдуу бараары олоробут. Былырыыҥҥы күрэхпит кини уһаайбатыгар буолбута. Түгэнинэн туһанан, махталбытын тиэрдэбит.

Сэбиэскэй кэмҥэ байыаннай-патриотическай иитии чыпчаал кэмнэрэ этэ. 1984 сылтан байыаннай-патриотическай кулуубу тэрийэбин. Кэми кытта дьүөрэлээн, аатын эрэ уларытабын. Бастаан “Юнармеец” диэн этэ, онтон национальнай концепция киириэҕиттэн – “Үрүҥ Уолан”, кэлин “Вега” диэн буолбута. Дьиҥэр, тыа оскуолатыгар “Үрүҥ Уолан” олус үчүгэй этэ. Чөркөөххө кылааһым оҕолорун кытта булка, балыкка элбэхтик сылдьыбыппыт.

Гимназиябытыгар “АЙСБЕРГ” байыаннай-патриотическай кулууп үлэлиир. Патриотизм сылын түмүгүнэн куоракка бастаан, Москваҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы I  Юнармия харыйатыгар босхо путевканан наҕараадаламмыппыт. Оҕолор саҥа дьыллаан, сынньанан кэлбиттэрэ.

ОБЖ олимпиадата саамай уустук дии саныыбын. Бары өттүнэн дэгиттэр, элбэх көрүҥү баһылаабыт оҕо эрэ үрдүк чыпчаалга тахсар. Үөрэнээччим Диана Чашкина хаста да миэстэлэһэн, бэһис сылыгар 100 баалы ылан бастаабыта. Итиэннэ оннук көрдөрүүнү Айтал Яковлев эрэ ситиспитэ. Билигин иккиэн устудьуоннар, тэрээһиннэрбитигэр кэлэн көмөлөһөн абырыыллар. Настаабынньык быһыытынан салайан эрэ биэрэбин.

Төрдүбүтүгэр Ельпидифор Егасов диэн үөрэхтээх киһи баар. Оччолорго үөрэх сэбиэдиссэйэ буолан, улуустары кэрийэ сылдьан дьоҕурдаах оҕолору куоракка аҕалан үөрэттэрбит. Былатыан Ойуунускай Ельпидифор Михайлович тэлиэгэлээх атынан көһөрөн киллэрэн, дьиэтигэр олордон үөрэттэрбитэ диэн ахтыытыгар суруйбута баар.

Бииргэ төрөөбүттэр 12-бит. Тоҕус уол, үс кыыс. Ийэбит Татьяна Семеновна асчыт идэлээҕэ, аҕабыт Егор Павлович байыаннай, бойобуой офицер, юрист этэ. Үйэтин тухары биригэдьиир, уопсастыбанньык этэ. Аҕыс уола бары сулууспалаан, Ийэ дойдубутугар ытык иэспитин төлөөн кэлбиппит.

Байыаннай аҕалаах буолан, бэрээдэк боппуруоһа хаһан да турбатаҕа. Дьиэҕэ ким тугу гыныахтааҕа чуолкай биллэрэ, аармыйа систиэмэтин курдуга. Оччолорго көмпүүтэр, тэлэбиисэр да суоҕа. Бары спорду өрө тутан, сүүрэн-көтөн улааппыппыт. Бэйэм 40-ча сыл сүүрүүнэн дьарыктаммытым, чэпчэки атлетикаҕа спорт маастара буолары ситиспитим.

Биһиги дьиэ кэргэммит – педагогическай династия. Кэргэним Надежда Павловна – учуутал. Түөрт оҕолоохпут. Бары үлэһиттэр. Вера – СӨ аныгы технологияларын институтугар дириэктэри солбуйааччы, педагогическай наука кандидата, СӨ үөрэҕин систиэмэтин туйгуна. Любовь – экономист, бизнес-аналитик. Константин – менеджер, Александр – юрист.  

Оҕону үлэҕэ иитиигэ бэйэ хаһаайыстыбалаах буолар ордук. Биһиги куоракка көһөн киириэхпитигэр диэри 20-чэ сүөһүлээх этибит. Хороҕор муостааҕы билиҥҥэ диэри тутабыт. Чөркөөххө быраатым көрөн олорор. Сайын аайы дойдубутугар оттуу тахсабыт. Сиэннэрбит барсаллар, ынах ыаһан, торбос көрөн көмөлөһөллөр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...