Егор Попов: «Күүс эрэ өттүнэн буолбакка, өй-санаа өттүнэн эмиэ сайдыахтаахпыт»
Куорат уокуругун «Аҕа түмсүүтэ» уопсастыбаннай тэрилтэтэ 2019 сыл от ыйын 14 күнүттэн үлэлиир. 2021 сылга түмсүү бэрэссэдээтэлинэн Тулагы-Киллэм нэһилиэгин баһылыга Егор Гаврильевич Попов талыллыбыта.
Билиҥҥи туругунан, Дьокуускай куорат 58 оскуолатыгар Аҕа сүбэлэрэ арыллан үлэлииллэр. Түмсүү уокуруктарга, оскуолаларга, тэрилтэлэргэ, нэһилиэктэргэ төһүү күүс буолар.
Егор Гаврильевич Попов, «Аҕа түмсүүтэ» уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ, «Тулагы Киллэм нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыга:
— Уопсастыбаннай тэрилтэлэр – ыччат, дьахталлар, бэтэрээннэр, аҕалар түмсүүлэрэ биһиэхэ, нэһилиэк баһылыктарын үлэбитигэр, улахан көмө, өйөбүл буолаллар. Аҕалар түмсүүлэригэр олус көхтөөх, инникигэ үчүгэй көрүүлэрдээх дьон бааллара үөрдэр.
Аҕа түмсүүтүн сыала-соруга – дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин, итиэннэ аҕа оруолун үрдэтии. Биһиги уопсастыбанньыктарбыт туох баар ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар, кинилэрэ суох биир да тэрээһин барбат. Итинтэн сиэттэрэн уопсастыбаҕа аҕа оруола улам үрдээн иһэр.
Бэйэм туспунан кэпсиир буоллахха, үс оҕолоох ыал аҕатабын. Улахан уолум Ганя номнуо ыал, кэргэнэ Феклалыын быйыл Лаурик диэн кырачаан сиэн кыыһы бэлэхтээн, күммүт-ыйбыт киниттэн тахсар. Уолум бэйэтэ физкультурнай үөрэхтээх, боксаҕа спорт маастара. Бэйэтэ бокса оскуолатын тэринэн тренердиир. Кэргэнэ Фекла циркаҕа туруорааччы режиссер. Туйаара диэн соҕотох кыыстаахпыт, кини Шанхайга экономическай институту бүтэрэн баран, пандемия буолбутугар кэлбитэ, манна Арассыыйаҕа үлэлии сылдьар. Кыра уолбут Ньургун Айыы Кыһатыгар 9-с кылааска ситиһиилээхтик үөрэнэр, волейболунан, баскетболунан дьарыктанар. Кэргэним Софья Трофимовна «Чороон 21-с үйэ» тэрилтэ дириэктэрэ. Төрөппүттэрим Чурапчыттан төрүттээхтэр, аҕам Гаврил Егорович Попов Дириҥҥэ уонна улууска биллэр мас ууһа этэ. Орто уонна аҕам саастаах дьон кинини үчүгэйдик өйдүүллэр. Дьиэ малын бүтүннүүтүн бэйэтин илиитинэн оҥороро, билигин даҕаны оҥоһуктара ыалларга турарын көрөн үөрэбин. Итиннэ эбии аҕам Дириҥнээҕи норуодунай тыйаатырга артыыһынан үлэлээбитэ. Инньэ гынан дьон билигин даҕаны кинини үтүө тылларынан ахталлар. Ийэм – Мария Григорьевна Попова-Лазарева, үйэтин тухары балыыһаҕа сиэстэрэнэн үлэлээбитэ, дьон улахан ытыктабылынан туһанара. Кини эмиэ дэгиттэр талааннаах, эдэр сылдьан үҥкүүһүт этэ. Бэйэбит биэс бииргэ төрөөбүппүт, үс эдьиийдээхпин уонна балтылаахпын. Кинилэр учууталлар, улахан эдьиийим социальнай үлэһит, балтым – ИДьМ бэтэрээнэ.
Биһиги тэрилтэбитигэр президиум диэннээхпит, онно сүрдээх көхтөөх дьон бааллар. Олору кытта мэлдьи өссө тугу гыныахха сөбүй, туох кыһалҕа баарый, куорат олоҕор биһиги, эр дьон, тугу гыныахпытын сөбүй диэн сүбэлэһэммит, аахсыйаларынан, тэрээһиннэринэн эрэ муҥурдаммакка, кыаммат, уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөбүт. Сыллааҕы былааны оҥостоммут, куорат кытыытыгар Табаҕаттан саҕалаан Кангалааска тиийэ аҕалар түмсүүлэрин салайааччыларын кытта үлэлээн, буолар тэрээһиннэргэ аҕалар инники күөҥҥэ сылдьалларын ситиһэ сатыыбыт.
Элбэх дьону хабар, түмэр, киэҥ далааһыннаах, үтүө үгэскэ кубулуйбут уонна дьон сэҥээриитин ылбыт тэрээһининэн «Аҕа күрэҕэ» буолар. Быйыл ити күрэх алтыс төгүлүн ыытыллар. Тэрээһини Олохтоох дьаһалта Ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр управлениетын бүддьүөтүгэр киллэрэн, үрдүк таһымнаахтык ыытарга бэлэмнэнэллэр.
Егор Гаврильевич Попов, «Аҕа түмсүүтэ» уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ, «Тулагы Киллэм нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыга:
— Былырыыҥҥы Аҕа күрэҕэр куорат баһылыга Евгений Николаевич Григорьев кэлэн көрөн, биһирээн, маннык интэриэһинэй уонна туһалаах тэрээһини хайаан даҕаны эһиил бүддьүөккэ киллэрэн ыытыахпыт диэбитэ. Онон быйыл далааһыннаах тэрээһин буолаары турар. Кыайыылаах хамаанда бирииһэ – 50 тыһыынча солкуобай, иккис миэстэҕэ – 35 тыһыынча солкуобай, үһүс миэстэҕэ – 20 тыһыынча солкуобай уонна өссө биһирэбил бириистэр баар буолуохтара. Күрэхтэһиибит сүүмэрдиир бастакы түһүмэҕэ кулун тутар 27 күнүгэр буолара былааннанар. Манна бастаабыт уонна иккис миэстэ буолбут хамаандалар Чурапчыга өрөспүүбүлүкэтээҕи Аҕа күрэҕэр баран Дьокуускай куорат чиэһин көмүскүөхтэрэ. Онон тыҥааһыннаах уонна эппиэтинэстээх күрэх буолаары турар. Куорат уокуруктарыттан уонна нэһилиэктэриттэн хамаандалары хомуйаммыт, ити эппитим курдук, кулун тутар 27 күнүгэр Сайсары күөлгэ улахан күрэхтэһии буолуоҕа. Итиннэ балаһыанньа быһыытынан аҕатын кытта 14-тэн 17-гэр диэри саастаах уола кыттар, дьиэ кэргэнин чиэһин көмүскүүргэ аҕатыгар көмөлөһөр. Кинилэргэ бэриллэр сорудах – мас бэлэмнээһинэ, хайытыыта, суоруута. Өссө биир сонун көрүҥ – ойбон алларан, онтон уу баһан баран, бириэмэҕэ оргутуохтаахтар. Биллэн турар, бэйэни билиһиннэрии (презентация) баар буолуохтаах. Ыал аҕата уолун кытта атын дьиэ кэргэн хамаандаларын кытта куоталаһара көрөргө сүрдээх долгутуулаах. Түмүккэ хотторбут диэн суох диэххэ наада, бары биһирэбил бириистэргэ тиксэн, илии тутуурдаах, өттүк харалаах бараллар. Өссө көрөөччүлэр бириистэрэ диэн эмиэ баар.
Урукку өттүгэр бириистэрбитин бэйэбит спонсордар, энтузиастар нөҥүө булан күрэҕи тэрийээччибит. Онно сүүрүүгэ-көтүүгэ биһиги аҕа табаарыспыт, убайбыт диэн ааттыыр киһибит, Киин уокурук аҕаларын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ, Саха гимназияҕа үлэлиир Егор Егорович Жерготов улахан өйөбүл буолара. Кининэн киэн туттабыт, урукку күрэхтэһиилэри иилээн-саҕалаан ыытар этэ. Быйылгы күрэхтэһиибитин Олохтоох дьаһалта бүддьүөтүгэр киллэрэннэр, сүргэбит көтөҕүллэн сылдьабыт.
Биһиги үлэбитигэр-хамнаспытыгар улахан көмөнү дьон-сэргэ ытыктыыр киһитэ Эдьиий Дора оҥорор. Кини саха эр киһитэ чиҥ, бигэ туруктаах, атаҕар эрэллээхтик турар буоллаҕына, кэлии, таһыттан куһаҕан салгын, дьаллык киириэ суохтаах диэн этэр. Кэлии омукка киһи хайдаҕа дьаһанан олороруттан, күрүөтүттэн-хаһаатыттан, туттар тэрилиттэн, таҥнар таҥаһыттан, көрөрүттэн-истэриттэн, этин-сиинин туругуттан көстөр. Онон биһиги тастан омук кэлэригэр бэлэм буолуохтаахпыт. Билигин 21-с үйэ, кэлии-барыы элбэх. Итиннэ бэлэм буолуу, уолаттарбытын бэлэмнээһин, дьиэ кэргэммитин харыстааһын – Аҕа түмсүүтүн сүрүн сыала-соруга. Күүс эрэ өттүнэн буолбакка, өй-санаа өттүнэн эмиэ сайдан бэлэм буолуохтаахпыт.
Бу аан дойдуга буола турар быһылааннарынан сибээстээн дойдубутугар улахан тургутуулар, ону таһынан тыҥааһыннаах күннэр-дьыллар сабаҕаланаллар. Онно Эр киһи дьиэ кэргэн эркинэ, дойду көмүскээччитэ, туллаҥнаабат тутаах, дурда-хахха буолара саарбаҕа суох. Ол иһин биһиги киин куораппыт салайааччытын Евгений Николаевич, өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханын Айсен Сергеевич тула биир киһи курдук түмсэн-сомоҕолоһон, бүтүн Арассыыйа таһымыгар дойдубутун көмүскүүр хамсааһыннары, иитэр-үөрэтэр үлэни ыытыахтаахпыт уонна ону ыыта да сылдьабыт. Эр киһи баар буоллаҕына, дьиэ кэргэн чиҥ туруктаах, бөҕө санаалаах, инникигэ эрэллээх буолар.
Быйылгы алтыс төгүлүн ыытыллар «Аҕа күрэҕэ-2022» Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 390, Саха АССР 100 сылларыгар уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ сылыгар ананар. Күрэхтэһии балаһыанньатыттан кылгастык билиһиннэрдэххэ, бастакы сүүмэрдиир түһүмэх кулун тутар 27 күнүгэр Сайсары күөлгэ ыытыллар. Иккис түһүмэх – өрөспүүбүлүкэ таһымнаах, муус устар 2-3 күннэригэр Чурапчы улууһун Сылаҥ сэлиэнньэтигэр буолар. Күрэххэ аҕа 14-тэн 17-гэр диэри саастаах уолун кытта кыттар. Балаһыанньа быһыытынан иккиэн спортивнай пуормалаах буолаллара ирдэнэр.
Кыттыан баҕалаахтар анкетаны, докумуоннары уонна хаартыскалары кулун тутар 21 күнүгэр диэри umisp.ykt@mail.ru электроннай почтаҕа ыыталлар. Билсэр төлөпүөн: 8 (4112) 40-88-46.