Егор Попов: «Аҕа күрэҕин» Арассыыйа таһымыгар таһаарар санаалаахпыт...»
– Егор Гаврильевич, быйыл Сайсары күөлгэ ыытыллыбыт куораттааҕы “Аҕа күрэҕэ” хаһааҥҥытааҕар да киэҥ далааһыннаахтык ааста.
– Оннук. Мин санаабар, Сайсары күөлгэ итиччэ элбэх киһи хаһан да мустубатаҕа буолуо. “Муус устар” бэстибээли кытта биир күн түбэһэн, үчүгэй күн-дьыл туран, үгүс киһи тоҕуоруста. Ас-үөл, атыы-кутуу даҕаны бэркэ тэрилиннэ. Быһа холоон 10-тан тахса тыһыынча киһи сырытта диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.
– Эһиилгиттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи “Аҕа күрэҕин” түмүк түһүмэҕэ Дьокуускайга ыытыллыаҕа. Сэрэйдэххэ, ити үгүс кэпсэтииттэн, сыралаах үлэттэн ситиһиллибит буолуохтаах.
– Итиэннэ элбэх тэрээһинтэн, дьон өйөбүлүнэн диэн эбэн этиэхпин баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ ханнык баҕарар бырайыагы аҥаардас тылгынан кэпсээн, кумааҕыга суруйан дьоҥҥо тиэрдибэккин. Эдэр урбаанньыттарга, араас Граҥҥа кыттааччыларга бырайыаккытын чахчы олоххо көрдөрөн, бастаан утаа бэйэ кыаҕынан оҥорон дакаастыахтааххыт диэн өрүү этэбин. Манна Егор Егорович Жерготов, Яков Тимофеевич Оконешников курдук энтузиаст дьонноох уонна Валентина Васильевна Софронеева курдук өйүүр салайааччылаах Саха гимназиятын Аҕаларын сүбэтин холобурдуохпун баҕарабын. Итинник дьонноох буоллахха, хайа баҕарар саҕалааһын, үлэ, тэрээһин кыаллар.
Бу иннинэ биэс сыл тухары куораттааҕы “Аҕа күрэҕин” спонсордар, өйүүр дьон көмөлөрүнэн ыытар этибит. Этэргэ дылы, ытыспытын тоһуйа сылдьан, бириистэрбитин буларбыт. Күрэхпитин эр киһи мэлдьи инники күөҥҥэ буолуохтаах диэн санаанан салайтаран, аҥаардас ис баҕабытынан тэрийэн кэлбиппит. Туох барыта кэмнээх-кэрдиистээх дииллэринии, бу саҕалааһын билиҥҥи ыарахан кэмҥэ ордук наадалааҕа билиннэ.
Манна даҕатан эттэххэ, Евгений Николаевич Григорьев Дьокуускай куорат аҕа баһылыгынан талыллан баран бастакы сылдьыбыт уопсастыбаннай тэрээһинэ Таалай күөлгэ ыытыллыбыт “Аҕа күрэҕэ” этэ. Кини күрэхтэһиини илэ хараҕынан көрөн-истэн, инникилээҕин, кэскиллээҕин, чахчы наадалааҕын, иитэр-үөрэтэр суолталааҕын өйдөөбүтэ, өйөөбүтэ. Онон куорат бүддьүөтүгэр киллэрэри бигэргэтэн, биһиэхэ улахан төһүү күүс буолла.
Тэрийэр үлэҕэ Дьокуускай куорат Аҕаларын сэбиэтин Президиумун чилиэннэрэ сүүрэллэр, күрэҕи ыыта үөрүйэхпит. Пандемиянан биир сыл күрэхпит көппүтэ, ону даҕаны барытын бэлэмнээбиппит кэннэ буолбатаҕа. Үгүс кыттааччылар куорат сүүмэрдиир түһүмэҕэ өрөспүүбүлүкэ күрэҕиттэн ордук, балыйсыыта, мөккүөрэ суох, чиэһинэйдик ааһар, бириистэрэ үчүгэй дииллэрэ үөрдэр.
Эһиилгиттэн “Аҕа күрэҕин” финала Дьокуускайга ыытыллар буолбутун дьон-сэргэ үөрэ иһиттэ. Киин куоракка Саха сирин нэһилиэнньэтин үс гыммыт биирэ олорор. Маннык тэрээһин биһиги тэрийэр кыахтаахпытын көрдөрөр, ону тэҥэ, эппиэтинэспитин үрдэтэр. Күрэх Дьокуускайга ыытыллар буолбута икки өрүттээх диэм этэ. “Палка о двух концах” диэн нууччалыы сомоҕо домох баар дии, эмиэ ол курдук. Бастаабыт хамаанда дойдутугар ыытыллара эмиэ үчүгэй этэ – кыайыылаахтар статустарын үрдэтэрэ. Иккиһинэн, наар биир дьон хотуохтарын, сыл аайы биир улууска буолан хаалыан эмиэ сөп. Холобур, “Аҕа күрэҕэ” Тааттаҕа ордук элбэхтик ыытыллыбыта. Аны туран, арай Анаабыр уола кыайдаҕына, оччо ыраах элбэх кыттааччы кыайан тиийиэ дуо? Ити баар.
– Быйылгы күрэххэ кимнээх соһуттулар? Түмүк санааҕын үллэстиэҥ дуо?
– Мин кыттааччыларга: “Манна кэлэн турар дьон бары кыайыылаахтаргыт”, – диэн куруук этэбин. Кими да чорботуохпун баҕарбаппын, ол эрээри Александр, Алтан Лебедевтэри бэлиэтиибин. Уола сэттис эрэ кылааска үөрэнэр. Бастакы сырыыларыттан үһүс миэстэҕэ тиксэн, барыбытын да үөртүлэр, инникилээхтэрин көрдөрдүлэр. Сивцевтэр уонна Винокуровтар быйылгынан бүтэллэр, уолаттара – 11 кылаастар. Саҥаттан саҥа дьон кэлэн кытталларыттан үөрэбит эрэ. Кытаанах киирсиигэ, күөн күрэстэһиигэ күүстээхтэн күүстээхтэр тахсаллара, өрөспүүбүлүкэҕэ Дьокуускай куораты чиэстээхтик көмүскүүр кыахтаах хамаанда кыайара олус үчүгэй.
Уопуттаах, чиэһинэй судьуйаттан күрэх хаамыыта хайдах барара тутулуктаах. Ол курдук, сүрүн судьуйабытын – Арассыыйа үтүөлээх учуутала, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Арассыыйа үлэтин бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Юрий Иванович Ощепковы бэлиэтиирбит тоҕоостоох. Кини Тааттаҕа ыытыллар быйылгы өрөспүүбүлүкэтээҕи “Аҕа күрэҕэр” сүрүн судьуйанан талыллыбыта – эмиэ улахан ситиһии.
Түһүмэх аайы туспа түмүк таһааран испиппит күрэҕи киэргэттэ, кыттааччылары үөртэ. Анал бириистэр олохтонон, бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах барбыттара олус үчүгэй. Ону сэргэ, сүүрбүт-көппүт, тэрийбит дьоммутугар Ил Түмэн сис кэмитиэтиттэн, куорат Дууматыттан, Олохтоох дьаһалтаттан грамоталары, махтал суруктары туттардыбыт. Бу диэн эттэххэ, энтузиастарбытын, хамнаһа суох үлэлиир дьоммутун, уопсастыбанньыктарбытын итинник эрэ көҕүлүүр кыахтаахпыт.
Дьокуускай куорат Аҕаларын сэбиэтин Президиумугар, кырдьык, ис сүрэхтэриттэн үлэлиир дьон баар. Көҕүрээбэппит, эбиллэ турабыт.
Биһиги тэрээһин кэнниттэн хайаан да түмүктэри таһаарар үгэстээхпит. Онно наар үчүгэйи эрэ көрбөппүт, итэҕэстэри ырытабыт, ону туоратарга дьулуһабыт, инникитин хайдах дьаһанарбытын сүбэлэһэбит. Ол түмүгүнэн кураторбытыгар – куорат баһылыгын солбуйааччы Наталья Романовна Степановаҕа мунньахтыыбыт, отчуоттуубут.
– Урут өрөспүүбүлүкэҕэ аты көлүйүү курдук ыарахан көрүҥ баар буола сылдьыбыта. Билигин да бииртэн биир илистиилээх, сылаалаах түһүмэхтэр бааллар. Аны сорох көрүҥ олус элбэх бириэмэни эрэйэр, холобур, чэйи өрүү уһун-киэҥ буолар эбит. Бэйэни билиһиннэрии видеонан ыытылларын ким эрэ хайҕаата, сорохтор кимнээх кытта сылдьалларын үчүгэйдик билбэтибит диэтилэр. Эн санааҕар, “Аҕа күрэҕэр” тугу уларытыахха сөбүй?
– Күрэх биир сиргэ турбат, олоҕу, кэми кытта уларыйар. Дьон болҕомтотун тардар, көрөөччүнү көҕүлүүр курдук уларытыахпытын сөп бөҕө буоллаҕа. Ааспыт сылларга булт биатлонун киллэрэ сылдьыбыппыт. Хамаандалар хайыһардаан кэлэн баран сыал ыталлар этэ. Быйыл өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиитигэр барарга сыал-сорук туруорунан, онно баар көрүҥнэргэ бэлэмниирдии ыыттыбыт. Инникитин төрүт ох саанан ытыыны киллэриэхпитин баҕарабыт. Ити эмиэ бэрт интэриэһинэй көрүҥ буолуо этэ.
Өрөспүүбүлүкэ күрэҕэ эмиэ биир сиргэ турбат, сайдар. Аты көлүйүү чахчы сэрэхтээх, доруобуйаҕа кутталлаах этэ. Биир кэмҥэ билиини-көрүүнү тургутар викториналар киирэ сылдьыбыттара. Иллэрээ сыл өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ визитка түһүмэҕэр кыттааччыларга барыларыгар тэҥ очукуону биэриэххэ диэн этиибитин судьуйалар өйөөбүттэрэ. Ити сүрдээх мөккүөрдээх түһүмэх. Киһи барыта видеону үчүгэйдик оҥорбот эбэтэр кыттааччы барыта дьон иннигэр тахсан саҥарары сатаабат. Чэйи өрүү туһунан эттэххэ, уоту тоҕо кураанах маһынан отуннарбаккытый диир киһи элбэх. Онон, үөһэ эппитим курдук, күрэхтэһии балаһыанньата, көрүҥнэрэ уларыйыахтарын син.
– Дыгын оонньууларын Саха сиригэр эрэ буолбакка, дойду араас муннуктарыгар сэргээн көрөллөр. “Аҕа күрэҕин” да биһириэхтэрэ этэ. Туох дии саныыгын?
– Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин улахан уонна дьоҕус куораттарга олохтоох бэйэни салайыныы бастыҥ көҕүлээһиннэрин өйүөххэ диэн Анал туһаайыытыгар этэн турардаах. Биһиги “Аҕа күрэҕин” Арассыыйа таһымыгар таһаарар санаалаахпыт. Дойду үрдүнэн маннык тэрээһин суох. Айхал Габышев салайааччылаах СӨ Аҕаларын лигатын кытта барыллаан кэпсэппиппит. Салгыы көстөн иһиэҕэ. Сэҥээриэхтэрэ диэн эрэллээхпит. “Аҕа күрэҕин” Дыгын оонньууларын кытта тэҥниир сыаллаахпыт.
– Билиҥҥи уустук кэмҥэ эр киһи, аҕа суолтата хаһааҥҥытааҕар да үрдээтэ, уол оҕону иитиигэ болҕомто ууруллар. Инники былааҥҥытын сырдата түһүөҥ дуо?
– Арассыыйа СМИ-лэрэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар Саха сирин уолаттара барыны сатыылларын, суохтан баар оҥорор тобуллаҕас толкуйдарын, ыарахаттартан чаҕыйбаттарын, тулуурдаахтарын үгүстүк суруйаллар, көрдөрөллөр, холобур туталлар. Ити пропаганда эрэ буолбатах, олоххо баар чахчы. Биһиги уолаттарбыт булка, сиргэ-уокка сылдьа үөрүйэхтэрэ, үлэҕэ сыстаҕастара, төрүт дьарыкпыт ханна баҕарар туһалыыра чуолкай. Көмпүүтэри, IT-эйгэни баһылааһын, биллэн турар, үчүгэй, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыахтаахпыт. Ол эрээри айылҕаны кытта ситиммитин быспакка, оттооһун, балыктааһын, булт туһатын умнубаппыт буоллар диэн санаалаахпын. Итиннэ урукку “Зарница” курдук хонууга ыытыллар күрэхтэһиилэрбитин сөргүтэрбит буоллар диэн этиилээхпит. Чахчы, оҕолору кытта үлэҕэ хааччах, ирдэбил да элбэх. Ол эрээри үүт-хайаҕас булан, сайыҥҥы өттүгэр биир күннээх тэрээһиннэри ыытар былааннаахпыт.
Соторутааҕыта Дьокуускай куорат Аҕаларын бастакы сүлүөтэ буолан ааста. Грант кыайбыппыт, ол харчытынан ыыттыбыт. Ол түмүгүнэн 58 үөрэх тэрилтэтигэр Аҕа сүбэтэ тэрилиннэ, хамсааһын син тахсан эрэр.
“Аҕа күрэҕэ” күүһү-уоҕу, сыыдам, сымса буолууну эрэйэр. Итини таһынан, спорт эрэ өттүнэн буолбакка, аҕа уолун кытта өркөн өйдөрүн сайыннарар тэрээһиннэри ыытыахпытын баҕарабыт. Холобур, күһүн саахымат күрэҕин, викториналары, араас куонкурустары, оскуола бырагырааматыгар сөп түбэһэр олимпиадалартан тэхиньиичэскэй көрүҥнэри ылан ыытыахпыт.
– Уопсастыбаннай үлэ өйөбүлэ суох сатаммат. Эһигини ким өйүүрүй?
– Түгэнинэн туһанан, куорат баһылыга Евгений Григорьевка, Олохтоох дьаһалта Ыччат политикатыгар управлениетын үлэһиттэригэр, чуолаан салайааччыны солбуйан олорбут Ирина Атласоваҕа, сыл аайы күрэхпитин өйөөбүт спонсордарбытыгар, булт маҕаһыыннарыгар махталбытын тиэрдэбит. Бэрэссэдээтэл барытын соҕотоҕун кыайбат. Бу – элбэх киһи үлэтэ. Онон хамаандабар махталым муҥура суох.
– Егор Гаврильевич, быыс булан кэпсэппиккэр махтанабын. Үлэҕитигэр ситиһиилэри, саҥа саҕахтары, кэскиллээх бырайыактары баҕарабын.