06.04.2023 | 10:00

Егор Кирсанов-Дойдулаах: «Дьокуускай куорат мээнэҕэ «дьоллоох Дьокуускай» дэммэт»

«Киин куорат» хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта – элбэх дьиктилээх, киһи этин-сиинин, ис туругун чөлүгэр түһэрэргэ, тупсарарга, бөҕөргөтөргө аналлаах “Чыпчаал” тренажер аҕалаатар аҕата уонна духуобунай туристааһын хайысхатыгар үлэлэһэр Егор Кирсанов.
Егор Кирсанов-Дойдулаах:  «Дьокуускай куорат мээнэҕэ «дьоллоох Дьокуускай» дэммэт»
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

– Егор Егорович, Дьокуускайга «Чыпчаал» тренажер туһунан элбэх киһиттэн истэр буоллубут. “Киин куорат» хаһыакка кэллиэгэбит, спортивнай суруналыыс Баһылай Посельскай ааспыт сайын эһиги тренажергутугар 11-тэн 75-гэр диэри саастаах сүүһүнэн киһи дьарыктанан ааспытын туһунан суруйан турар. Ол туһунан өссө төгүл кэпсэтиэх эрэ.

«Чыпчаал» тренажеру сахам дьонугар туох эмэ туһалааҕы оҥорор сыалтан таҥмытым диэххэ сөп. Киһиэхэ хаһан да үлэлээбэтэх былчыҥнарын, иҥиирдэрин, силгэлэрин хамсатар, көннөрөр аналлаах тренажер тымырдаргыттан саҕалаан былчыҥ, сүһүөх, ньиэрбэ барыта сөптөөхтүк үлэлииллэрин сааһылыыр. Ол иһин биһиги судургутук «көннөрөр, сааһылыыр аппараат” диэн ааттыыбыт. Аппарааппытын иккиэ буоламмыт биэс ый устата оҥорбуппут. Биһиги оҥорорбут саҕана маннык ханна да суох этэ. Билигин, истиһэн, элбэх исписэлиис интэриэһиргиир, ыйыталаһар. Арассыыйа куораттарыттан тиийэ кэлэн, дьарыктанан барар дьон кытта баар буолла. Толкуйдаан, ону олоххо киллэрэн, тутан-хабан оҥорон, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалааҕын көрөр-истэр буоламмын, бу үлэбититтэн дуоһуйабын. Уонна элбэх киһиэхэ туһалыа да турдаҕа диэн санаа баар. Бу хас биирдии киһиэхэ сааһыттан тутулуга, доруобуйатыттан хааччаҕа суох туһуланар. Хас биирдии киһи уратытын учуоттуур туспа методикалаахпыт. Онон биирдии киһиэхэ анаан аналлаах дьарык барар. Тренажер киһи этин-сиинин эрэ көннөрөр диэн тутах, ис туруктаах буоларыгар көмөтө улахан. Өй-санаа, ис турук барыта тупсарыгар көмөтө улахан. Чэгиэн-чэбдик туругу ылынан, ийэ кута бөҕөргөөн, бэйэтин ис көҥүлүн билинэн, олоҕор сырдык сүүрээни киллэрэр аналлаах дии саныыбын. Бу тыйыс усулуобуйалаах Ийэ сирбитигэр төрөөбүт киһи бэйэтин атын сир дьонунааҕар уратытык салайыннаҕына эрэ туруулаһар, ситиһиилэнэр кыаҕа күүһүрэр.

– Оннук да быһыылаах. Эйигин билэр дьон ''бу Дьөгүөр Кирсанов бэйэтин дьиҥ Саха Эр киһитин уобраһынан сайыннарыммыт» диэн холобур тутар.

– Дьиҥэр, хас биирдии уол оҕо, хас биирдии эр киһи бэйэтин иитинэрэ, олоххо икки атаҕар чиҥник турар суолу тутуһара буоллар, саха норуота бүгүн букатын атын сайдыылаах, атын таһымнаах буолуо этэ.

– Киһи майгыта, ис кыаҕа төрөөбүт сириттэн тутулуктаах дииллэрин туох дии санаагын?

Сөбүлэһэбин. Киһи ханна төрөөбүтүттэн майгыта-сигилитэ улахан тутулуктаах. Алаас сиргэ, өрүс үрдүгэр дуу, хайалаах сиргэ дуу төрөөбүт дьон уратылаахтар. Уу, салгын, хайа, айылҕа бэйэлэрэ туһунан тыыннаахтар. Ханнык эйгэҕэ үөскээбитэ киһиэхэ улахан сабыдыалы, күүһү-уоҕу биэрэр дии саныыбын. Оттоох-мастаах, хара тыа айылҕалаах сир дьоно атын буолар, тиит, хатыҥ, бэс, тэтиҥ, харыйа, сэппэрээк, кытыан баһылаан үүнэр ойуура эмиэ туһунан эйгэни үөскэтэр, туһунан күүһү иҥэрэр. Мин Аллан эбэ биэрэгэр, хайалаах сиргэ үөскээбит, улааппыт киһибин. Ити эмиэ туһунан айдарыы.

– Егор Егорович, бэйэҥ төрөөбүт дойдуҥ туһунан кэпсээ эрэ.

– Кииним түспүт сирэ – Чурапчы. Аҕам Егор Николаевич Кирсанов Мэҥэ Хаҥалас Бырамата. Ийэм Варвара Григорьевна Томпо Мэҥэ Алдана. Ыал буолан олохторун олорбут сирдэрэ Томпо Кириэс Халдьаайыта (Үһүс Байаҕантай нэһилиэгэ). Мин манна оҕо буолан улааппытым, оскуоланы бүтэрбитим, онон дойдубунан Кириэс Халдьаайыны ааттыыбын. Билигин Дьокуускай куорат олохтооҕо эрэ буоллаҕым.

– Ол аата күүс-сэниэ ылар дойдуҥ Кириэс Халдьаайы буоллаҕа?

Судургутук оннук диэххэ сөп. Күүһүм, сэниэм мөлтөөрү гыннаҕына, дойдубар анаан бараммын сүр ылан кэлэбин. Былыр тоҕус Моҕол Ураһалаах 3-с Байаҕантайдар Хотугу Илини барытын харабыллаан, хаххалаан олорбуттар. Боотурдар уонна ойууннар үмүөрүспүт сирдэрэ. Иистэрин-уустарын Тааттаҕа, ол эбэтэр Баайаҕаҕа, Уолбаҕа, Уус Тааттаҕа, Хара Алдаҥҥа хааллараллар. Боотурдарынан, быһыйдарынан, охчуттарынан аатыраллар. Ол сыдьааннара билигин даҕаны баалларын биллэрэллэр. Бу соҕотох Кириэс Халдьаайы дэриэбинэттэн Дыгын оонньууларын киирсиитин сүүмэрдиир түһүмэҕэр үс-түөрт киһиэхэ тиийэ туруораллар. Аҕыйах хонуктааҕыта мас тардыһыытыгар биир уолбут Арассыыйа чөмпүйүөнэ буолла, биирбит иккис миэстэни ылла. Бу даҕаны туоһулуур чахчы да күүстээх, кыанар дьон олорон ааспытын. Ити курдук, кэпсээн бардахха, баай историята баһаам. Холобура, Уруу уустар ойууннааһыны сатаан тохтоппокколор, ыксаан, икки Таҥара дьиэтэ туппут сирдэрэ – эмиэ Кириэс Халдьаайы. Бу икки дьиэ билигин бааллар. Биирдэрэ музей буолан турар. Дьэ оннук, историяны кылгастык сэгэттэххэ.

– Дойдугар төһө чаастатык сылдьаҕын?

– Үөһэ эппитим курдук, күүһүм-уоҕум мөлтөөрү гыннаҕына, анаан баран сүр ылан кэлэбин. Айылҕабынан сылдьабын, өбүгэлэр тыыннарынан кинилэр сүбэлэрин-амаларын ылынабын. Дойдубар анаан сылдьар тиит мастаахпын. Бу аҕыйах хонуктааҕыта эмиэ дойдум салгынынан тыынан, иэйии тэтимин иҥэринэн, куйаар ситимин хабан, күүс-уох иҥэринэн кэллим. Тиит маһым, арааһа, үс улахан киһи сатаан кууспат суон буолуо. Биир табаарыһым бу тиити көрөөт даҕаны: "Дьэ биллим, эн тоҕо итинниккин, бу тиит баар буолан итинник эбиккин", - диэн турардаах.

Онон, чахчы даҕаны, киһи  дойдутун кытта сибээһэ сөҕүмэр буолар. Санааны сааһылыыр, сайдар, көрүүтэ, ыыра кэҥиир, күүскэр күүс эбэр. Онно итэҕэли, эрэли уонна тапталы эбэн, бэйэҥ туруккунан утары хардыылыаххын эрэ наада дии саныыбын.

– Ол да иһин эйигин билэр дьон «Дойдулаах” диэн ааттыылларын иһиттим ээ...

Эппитим курдук, айылҕа миэхэ олус чугас. Бэйэм айылҕабар сыһыаным эмиэ оннук. Элбэхтик хайаларбар сылдьан сааһыланар, чөллөнөр үгэстээхпин. Биирдэ оннук сырыыбар утуйа сытабын. Арай кимнээх эрэ кэпсэтэллэр дии саныыбын. Ол сиргэ чугаһынан киһи суоҕун билэбин. Оннук дьэ өбүгэлэрим барахсаттар кэлэн, "уолбут кэлбит", "оҕобут сылдьар", "манта эчэйбит», "маны эмтиэххэ", "маны биэриэххэ" диэн кэпсэтэллэрин истэбин. Ити доруобуйам чахчы да чөллөнүүгэ наадыйар кэмэ этэ. Аны туран, түүлбэр ким эрэ эргитэ сылдьан имэрийэр курдуга. Сарсыарда олох атын ис туруктаах киһи туран кэлбитим. Онно өйдөөбүтүм, миэхэ Дойдулаах эбиппин диэн. Урукку өттүгэр үөскээбит, улааппыт Кириэс Халдьаайыбын эрэ дойдум диир эбит буоллахпына, онтон ыла мин дойдум хайа эбит диэн санааҕа кэлбитим. Хайаҕа хас биирдии сырыым дойдубар тиийиим эбит. Онтон ыла Дойдулаах диэн ааты ылыммытым. Омук туристарын да, маннааҕы саха да дьонун хайаҕа, ол эбэтэр дойдубар илдьэр сирдьиппин. Илдьэ сылдьар дьонум хайаҕа сыһыаннарыгар, бөх-сыыс да хаалларыыга, ытык сиргэ сыыһа-халты сыһыаннарыгар тиийэ, Дойдулаах киһи буоларым быһыытынан, тутатына көннөрөн, үөрэтэн-такайан иһэр соруктаахпын. Дьэ онон айылҕам барахсан, өбүгэлэрим нөҥүө бу ааты сүгэммин, дьоммор-норуоппар үтүө дьыаланы оҥорорбуттан дуоһуйууну ылабын. Киһиэхэ аата киэргэл буолбатах, бу эмиэ, ис-иһигэр киирдэххэ, элбэҕи эбээһинэстиир, араҥаччылыыр, харыстыыр уонна киһи ис туругун бөҕөргөтөр.

– Егор Егорович, саҥа күнүҥ туохтан саҕаланарый?

Саҥа күнүм махтаныыттан саҕаланар. Сарсыарда дьиэ кэргэммин чэй оргутан, күөрчэх ытыйан көрсөбүн. Бу сиргэ олорортон, тыынартан ордук дьол суох. Ол баҕа санааларбын, алгыһын, махталын ытыйар күөрчэхпэр, итии чэйбэр иҥэрэн, күндү дьоммун күндүлүүбүн, саҥа күммүн саҕалыыбын. Элбэх эчэйиигэ, оһолго түбэһэ сылдьыбыт киһи буоларым да быһыытынан сүһүөхпэр уйуттан хаама сылдьарбыттан, аһыырбыттан күннэтэ үөрэбин, махтанабын.

– Киһиэхэ оҕо саас оруола туохханый? Бу иитии, иитиллии эбэтэр генетика?

Саха быһаҕын хатарыллыыта диэн баар дии. Кини туох тимиртэн оҥоһуллубута, төһө күүстээх уокка хатарыллыбыта, угугар тиийэ элбэҕи быһаарар. Удьурҕай хайдах мастан ылыллыбыта, хайдах быһыылаахтык оҥоһуллубута барыта оруоллаах. Киһи олоххо бэлэм буолара эмиэ оҕо сааһыттан тутулуктаах эрээри, генетика оруола күүстээх дии саныыбын. Ону сөпкө иитэн, чочуйан, хатаран таһаарар төрөппүттэн тутулуктаах. Хайдах иитэн таһаарбыттарыттан. Мин төрөппүттэрим ураты билиилээх, айылҕаттан муударай дьон этилэр. Дьиэ кэргэнинэн элбэх кинигэни ааҕар буоламмыт, оҕо сылдьан, ыалга киирдэхпинэ, бу ыал библиотекатын көрөр, интэриэһиргиир үгэстээх этим. Кинигэ киһини иитиитэ туһунан кэпсээн.

Киһи буолан уһаарыллан тахсыыга иккис сүрүн миэстэни оҕо сылдьан үлэҕэ эриллии, буһуу-хатыы, айылҕаҕа сылдьа үөрүйэх ылар. Онно миэхэ барытыгар төрөппүттэрим оруоллара сүҥкэн бөҕө буоллаҕа дии. Ити саха быһаҕын холобурун курдук.

Уол оҕоҕо аҕа оруола сүдү. Аҕам хайдах киһи буола улаатыахтааҕы "киһи киһитэ", "киһилии киһи", "киһилээх киһи" диэн олус судургу өйдөбүллэринэн, биир тылынан быһааран кэбиһэрэ. Бу дириҥ ис суолталаах этиитинэн миигин бэрт элбэххэ сирдээбитэ, элбэх саҥата суох үөрэппитэ. Ол да буоллар син биир генетикэҕэ төннөн кэлэммин, "баардаах баара син биир өтөр" диэн өйдөбүлбүн тутуһабын.

– Билигин киһи аймах олоҕор эппиэттээх быыһык кэм кэлбитин бары өйдөөн олоробут. Эн санааҕар, манна бэлэммит дуо?

Биһиги көлүөнэ дьон, ол иһигэр тус бэйэм, сэбиэскэй кэмҥэ олорбуппутунан киэн туттабын. Уларыта тутуу, этэр 90-с сылларын ааһаммыт, олоххо кытаанах буһууну-хатыыны ааспыппыт. Бу барыта билиҥҥи быыһык кэмҥэ бэлэмнэнии эбит. Ыарахан, быыһык кэмнэргэ күүстээх санаалаах, ураты толкуйдаах, мындыр өйдөөх дьон төрүүллэр дии  саныыбын.

Бу кэмнэргэ киһи бэйэтин сүрүнүн булунара, уйулҕатын, ис туругун салайына үөрэнэрэ, чэгиэн-чэбдик туругу ылынара – кэм ирдэбилэ.

– Егор Егорович, эйигин кырдьаҕаска, кыаммакка, мөлтөххө сырдык суолу солоноругар, көнө суолга үктэнэригэр үгүс көмөнү оҥорор диэн көрөбүн. Инники ханна, тугу үлэлээбиккиний?

Өр сылларга Дьокуускай куоракка Инбэлииттэр реабилитационнай кииннэригэр үлэлээбитим. Бу Киин иһинэн сылга балтараа тыһыынча кэриҥэ илиитэ-атаҕа суох дьоҥҥо, ДЦП-лаах оҕолорго көмө оҥорор этибит. Илии, атах протеһын кэтэн, туттар, хаамар буолан тахсаллара биһиги үлэбит үрдүк  ситиһиитэ этэ. Онно түөрт уон сааспар диэри үлэлээн баран, омукпар, дьоммор өссө туох эмэ туһалааҕы оҥорбут киһи диэн санааттан, олох атын эйгэҕэ кэлбитим.

– Билигин туризм эйгэтигэр сыстан эрэҕин.

Биһиги омукка дойдубутугар, сирбитигэр-уоппутугар духуобунай туристааһын ордук  барсар эбит диэн толкуйга кэлбитим. Онон туризмынан дьарыктаммытым ахсыс сылыгар барда. Хайалаах сиргэ үөскээбит буоламмын, дьоҥҥо хайалаах дойдуну көрдөрөр баҕалаахпын. Киһиэхэ барытыгар хайаҕа сылдьар, тахсар, көрөр үөрүйэх суох. Хайа бэйэтэ туһунан тыыннаах. Хайа иччитэ диэн иччилэртэн биир күүстээхтэрэ. Ылынар-ылыммат киһилээх эмиэ буолаллар. Киһиэхэ күүс, сэниэ биэрэр, өй-санаа иҥэрэр, эмтээн-томтоон ыытар ураты айылгылаах сир. Туристарбын сиэри-туому тутуһаммын илдьэ сылдьабын. Дойдум диэки барар буоллахпына, бастаан Тохтобул алааһыгар тохтоон, сир-уот иччититтэн көҥүл ылан, алгыс оҥоробут. Ытык сирдэргэ сылдьан, хайалары дабайан, дьон кут-сүр өттүнэн бөҕөргөөн, ис туруктаах буолан кэлэллэрин бэлиэтии көрөбүн. Ол кэнниттэн олоххо көрүүлэрэ уларыйан, саха норуотун култууратын, сиэрин-туомун үөрэтэн, сайдыы сырдык суолун тутуһаллар. Онон духуобунай туристааһын киһи киһи быһыытынан туруктаах, ис эйгэтэ ыраас, сырдык буоларыгар туһата элбэх. Туристарым төттөрү кэлиилэригэр көрөрдүүн-истэрдиин, өйдүүн-санаалыын уларыйбыт буолалларыттан испэр сэмээр үөрэбин.

– Егор Егорович, Алтайтан кэлэн баран ыыппыт тэрээһиҥҥэр сырыттым дии.

Алтай омуктара – уруулуу норуоппут. Айылҕа күүстэригэр, иччилэргэ сыһыаннарынан, дьүһүннүүн кытта майгыннаһабыт. Биһиэхэ сүтэрбиппит кинилэргэ баар, кинилэр сүтэрбиттэрэ – биһиэхэ. Сирдэриттэн барытыттан ытыс соттон, хайалар быыстарыгар кып-кыра сиргэ-уокка симиллэн олороллорун көрөн, киһи санаата түһэр, сонньуйар, толкуйдатар.

– Оттон бу аҕыйах хонуктааҕыта, сааскы күн уонна түүн тэҥнэһиитин күнүгэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр ыытыллыбыт «Билиибин-көрүүбүн бар дьоммор» тэрээһини элбэх киһи интэриэһиргиир.

Ээ, оннук. Чахчы да, барыта ис сүрэхтэн тахсыбыт бырайыак буолан, олус истиҥник, иһирэхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик буолан ааспыта. Биһиги, тэрийээччилэр, сүрүн сыалбыт диэн – Алтайга сырыыттан сиэттэрэн, сахабыт дьонун уһуктуутугар, дойдубутун, сирбитин-уоппутун көмүскүүр ис туруктаах буоларбытыгар анаан араас хайысханан билиини тиэрдии этэ. Ону таһынан, ордук болҕомтону эдэр дьоҥҥо туһаайбыппыт. Тэрээһиҥҥэ ыччаттар ылсыһыылара сыалбыт ситэригэр төһүү күүс буолбута саарбаҕа суох. Тэрээһин Кулан Хаан, Алгыс Уйбаан алгыстарынан саҕаламмыта. Оттон уопсай тэрээһини «Чыпчаал» эти-хааны чэбдигирдэр кииҥҥэ дьарыктанар дьон бары бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн, биир өйдөөх-санаалаах ыыппыппыт. Түгэнинэн туһанан улахан махталбытын Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Антонида Николаевна Корякинаҕа тириэрдэбит. Туох да төлөбүрэ суох бу улахан уораҕайы туран биэрбитигэр махталбыт муҥура суох. Ол да иһин ыччат даҕаны, аҕам да саастаах дьон 500 миэстэлээх сааланы лыык курдук толору мустан, норуот уһуктуутун, сырдыкка талаһыытын, духуобунаска тардыһыытын чаҕылхай көстүүтэ буолбута.

– «Киин куорат” хаһыат  ыалдьытыттан, үгэс курдук, Дьокуускай куорат туһунан ыйытыылаахпыт...

Дьокуускай куорат мээнэҕэ «дьоллоох Дьокуускай” диэн этиллибэт. Саха  дьонун дьолун түстүүр аныгы тыыннаах, сайдыылаах куорат буоллаҕа дии. Мин манна 1991 сылтан олоробун, үлэлиибин. Икки улахан уоллаахпын, кыракый кыыстаахпын. Кэргэним бэйэтэ эмиэ тус дьыалалаах. Чэ оннук Дьоллоох Дьокуускай куорат олохтоохторо буоларбытынан киэн туттабыт. Куоратым дьонугар чэгиэн-чэбдик, чөл олохтоох буолалларыгар, сахаларын тылын суолталаан, бэйэлэриттэн саҕалаан оҕолоругар, сиэннэригэр тиэрдэллэригэр баҕарыам этэ.

– Егор Егорович, кэпсээниҥ, үтүө баҕа санааҥ иһин махтал

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...