Эдуард Тарабукин: «Баҕа санаам — Мандар Уус таһымыгар дьулуһуу»
Саха сирин ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээбит, саха киһитин сөҕүмэр кыаҕын, сатабылын аан дойдуга билиһиннэрбит бастакы норуодунай худуоһунньугунан Иван Васильевич Попов буолар. Олох сокуонунан удьуор утумнуур, дьоҕур көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр.
Иван Попов уола Иван Иванович – Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусствотын үтүөлээх деятелэ, ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоны дэгиттэр баһылаабыт худуоһунньук. Кини живописец, график, скульптор, муосчут, кинигэ иллюстратора этэ. Иван Иванович уолаттара Иван, Гаврил Поповтар искусство эйгэтигэр айа-тута сылдьаллар, оттон Иван Васильевич кыыһа Елена Ивановна уола Гавриил Петров — эһэтин үрдүк аатын бигэргэтэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай худуоһунньуга, И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педколледж преподавателинэн үлэлиир.
Саҥа кэрдиис кэмҥэ Поповтар ыччаттара тугу айа-тута сылдьалларын сырдатаары, тимир, хомус ууһа Эдуард Тарабукины кытта сэһэргэстим.
Бастакы норуодунай худуоһунньук хос сиэнэ
— Саха киһитин сиэринэн билсиэххэ. Кимтэн кииннээххиний, хантан хааннааххыный? Хас сааскыттан уһанаҕыный?
— 1981 сыллаахха ахсынньы 23 күнүгэр Ытык Күөлгэ төрөөбүтүм. Иван Васильевич Попов кыра кыыһа Капиталина Ивановна Афанасьева сиэнэбин. Капиталина Ивановна 10 оҕону төрөтөн, аҕатын удьуора биһигинэн ууһуур, тэнийэр. Ийэм Капиталина Никтополионовна – Ытык Күөл, аҕам Эдуард Герасимович – Чымынаайы. Олоҕум аргыһа Оксаналыын үс уол, биир кыыс оҕолоохпут. Улахан уол аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар, иккис уол художественнай училищеҕа 3 кууруска үөрэнэр, хомус чочуйарга, хаа оҥорорго көмөлөһөр.
Чымынаайыга 9 кылааска диэри үөрэммитим. Оҕо сылдьан куруһуокка уруһуйдуур, уһанар этим. Бастакы оҥоһукпун – шкатулканы оскуолаҕа сылдьан учууталым Арылахов Олег Иннокентьевич сүбэтинэн оҥорбутум.
— Уус идэтигэр ханна үөрэммиккиний?
— Оскуола кэнниттэн ювелирнай техникумҥа үөрэммитим. Аармыйаттан кэлэн баран көмүһүнэн уһанан барбытым. “Мисс Якутия” куонкурус коронатын кыһыл көмүһүнэн таастардаан оҥорбутум. Виктория Дайнекоҕа бриллианнаах колье оҥорон биэрбиппит. Тимиргэ гравировкалыырга Попов Степан Николаевич диэн Чурапчыттан сылдьар киһиэхэ үөрэммитим. Оҥорбут хомуспунан Альбина Дегтярева, Юлияна, Ольга Подлужная, Владимир Дормидонтов, Айтал Мырсанов уо.д.а. ылан оонньууллар. Улууспут баһылыга Михаил Михайлович Соров сакааһынан дойдубут Бэрэсидьиэнэ В.В. Путиҥҥа оҥорбутум.
— Төрүччүгүн төһө билэҕиний? Хос эһэҥ Иван Васильевич туһунан туох өйдөбүллээххин?
— Оҕо эрдэхпиттэн дьоммуттан, учууталларбыттан норуодунай худуоһунньук И.В. Попов хос сиэнэ буоларбын билэ улааппытым. Уруһуйдарын, оҥоһуктарын көрөн сөҕөбүн. Худуоһунньук да, уус да быһыытынан дэгиттэр. Маһынан, көмүһүнэн, тимиринэн уһанар эбит. Хайдах бачча ыраах, кыра сиртэн, ас-таҥас кырыымчык кэмигэр Санкт-Петербурга үөрэммитин сөҕөбүн. Кини сүдү дьоҕуругар сүгүрүйэбин. Дьоҕур хаанынан бэриллэрин таһынан, сүрэхтээх киһи ылсан уһаныан эмиэ сөп дии саныыбын. Аҕам өттүттэн Тарабукиннар музыканан дьарыктаналлар, эһэм Дьарааһын эмиэ уруһуйдуура, ыллыыра, хомустуура.
Өйү-санааны чэбдигирдэр
— Хомуска бэйэҥ оонньуугун дуо? Хомуһу оҥоро олорон туох санаалар киирэллэрий?
— Бэйэм оонньуубун. Сатаан оонньуур, музыканы истэр дьоҕурдаах буоллаххына, хомуһу оҥороҕун. Уһана олорон куһаҕаны олох саныа суохтааххын. Үлэҕин эрэ толкуйдуохтааххын, оччоҕо хомус бэйэтэ чочуллан, табыллан тахсар. Тыаһын эрдэттэн былааннаан оҥороҕун. Биир доҕорум Готовцев Роман Ильиһи кытта билиһиннэрбитэ. Куоракка киирэн киниэхэ үөрэммитим.
Уустар буолан куолаан Опера уонна балет театрыгар, Өксөкүлээх аатынан култуура киинигэр оонньообуппут.
— Хомус киһиэхэ тугу биэрэрий? Киһи туругар дьайар дуо?
— Бэйэм хомус тыаһаттахпына чэпчиибин, ис турукпар үлэлэһэбин, табатык тыына үөрэнэбин. Чөл туругу үөскэтэр, ол иһин куһаҕан санаа олох киирбэт. Кулан, Албан Быргыйа алгыстарыгар сылдьан күүс ылабын, олоҕу көрүүм уларыйда. Хомустарбын итэҕэлгэ чугаһатан, сыһыаран, ис хоһоонноон оҥорор буоллум.
Хомуc үрдүк тыаһа киһини күүркэтэр, онтон намыһах тыаһа киһини уоскутар. Өйүн-санаатын чэбдигирдэрин, бөҕөргөтөрүн иһин хомусотерапиялары ыытар буоллулар. Кэлиҥҥи кэмҥэ айылҕалаах дьоҥҥо үлэҕинэн оҥоробун. Ис туруктарыгар үлэлэһэр дьон эмиэ сакаастыыллар. Хомус тыаһынан турукка киирэллэр.
Өймөкөөҥҥө барааччылар атыылаһан ааһаллар. Хайа үрдүгэр тахсан хомустууллар. Булчуттар эмиэ ылар буоллулар. Хомус тыаһын нөҥүө айылҕалыын алтыһыылара күүһүрэр, айылҕалыын силбэһиннэрэр. “Турук” диэн ааттаах хомус оҥорбуппун тута ылбыттара. Дьон бэйэлэригэр сөптөөх хомуска наадыйар эбит.
Уустары идэбит түмэр
— Хомус уустарын кытта алтыһаҕын дуо? Оҥорор ньымаларгыт майгыннаһаллар дуо?
— Билсэбин. Хас биирдии уус бэйэтэ туспа ньымалардаах. Онон хомуһа атын-атын буолар, тас көстүүлэрэ биир эрээри, хатарыылара, тыастара-уустара, хахтара син биир уратылаһар. Үөрэммит ньымабынан үлэлии олоробун, арай кыра уларытыылары киллэрдим. Түргэтиилэри, тыаһын уларытыыга тупсарыы киллэрбитим.
— Уустары туох түмэрий?
— Идэбит түмэр. Улахан түмүүнү Саха сирин уустарын ассоциацията оҥорор. Быыстапкаҕа мустан үлэлэрбитин киэҥ эйгэҕэ көрдөрөбүт, үлэ-хамнас туһунан кэпсэтэбит, албастарбытын үллэстэбит. Холобура, монгуоллар хомустарын сүтэрэн кэбиспиттэр, ойууттар эрэ оонньууллар эбит. Симэлийэн хаалан, ким да оҥорбот буолбут. Аан дойдутааҕы хомус киинин урукку кэмнэргэ салайбыт Николай Шишигин монгуоллар хомустарын үтүгүннэрэн оҥорторбута. Николай Спиридонович хомус сайдыытыгар уустары түмэн үлэ бөҕөнү ыыппыта. Мусуой пуондатыгар оҥорбут хомустарым үйэлэргэ хараллан сыталлар.
— 2019 сыллаахха казахтар бэстибээллэригэр баран кэлбитиҥ. Казах омук тэрээһинин, хайдах-туох олороллорун сырдат эрэ.
— Азия ремесленниктэрин бэстибээлигэр Ытык Күөлтэн Эдуард Вырдылины-Бырдыка ууһу кытта бара сылдьыбыппыт. Намтан эмиэ бааллара. Сүрдээх үчүгэйдик, кыахтаахтык олороллор эбит. Гаастарын, бэнсииннэрин сыаната чэпчэки. Казахтар кырдьаҕас куораттарыгар Туркестаҥҥа солко суолунан Азия киинин оҥороору үлэ ыыта сылдьаллар. Тараз, Шымкент куораттарга, сибэтиэй сирдэринэн сылдьыбыппыт. Туркестан куоракка холуодьаска биэдэрэ быраҕан билгэлииллэр эбит, уулаах таҕыстаҕына үчүгэйгэ диэн буолар, мин бырахпыппар, биэдэрэм уулаах кэлбитэ. Биһиги курдук хомус, быһах оҥорботтор. Бары кэриэтэ музыкальнай инструменнары, таастан, оҕуруоттан сувенирдары, киэргэллэри оҥороллор. Бэстибээлгэ Нурсултан Назарбаев ыалдьыттаабыта.
— Инники былааныҥ?
— Былырыын дьонум, доҕотторум көмөлөһөн саҥа мастарыскыай туттубутум. Сыыйа үлэ миэстэтин таһаарарга үлэлэһиэм. Саха быһаҕар ылсан үлэлиэхтээхпин, оҕолорбун, ыччаттары үөрэтиэм. Баҕа санаам диэн Мандар Уус таһымыгар тиийэр гына дьулуһуу. Үөрэнэрим иннибэр, өссө да сайда иликпин. Сиэри-туому үөрэтэбин. Киһи биир таһымҥа турбакка, бэйэтин сайыннаран иһиэхтээх. Уус киһи эттиин-сиинниин кыахтаах буолуохтаах, өйүн-санаатын сааһылыы сылдьыахтаах. Кини бэйэтигэр үлэлээбэт, дьоҥҥо анаан оҥорор. Уус идэтин айылгыта оннук.
Бу курдук саха төрүт музыкальнай инструменын норуокка тарҕатар биир дойдулаахпыт Эдуард Тарабукин үлэлии-хамсыы, уһана-айа олорор.
Дьоҕус эрээри, этигэн хомуһу ыллата, сүрэҕиҥ, илииҥ сылааһынан чочуйа, үйэтитэ, төрөөбүт дойдугун ааттата тур!