Эдуард Садовников: «Суоппар идэтин өрө тутуохтаахпыт, статуһун үрдэтиэхтээхпит...»
Киһи барахсан үчүгэйгэ түргэнник үөрэнэр. Куорат олохтоохторо кэнники сылларга «Умный транспорт» сыһыарыынан бэркэ туһанабыт, сылаас тохтобулларбыт элбии тураллар, саҥа оптуобустар кэлэллэр. Уруккуну уонна билиҥҥини тэҥнээтэххэ, хамсааһын, сайдыы барар. Ол эрээри, кутуйах түүлэннэҕинэ “ычча” дииригэр дылы, сорохтор уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин “мөлтөхтөн” атыннык ааттаабаттар. Оптуобус дьиэбититтэн төһө кыалларынан чугас тохтуон, подъезпыт иннигэр, ааммыт айаҕар илдьэн биэриэн баҕарарбыт кэмнээх буолуо дуо?
Бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыта – «Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата» муниципальнай хааһына тэрилтэтин салайааччыта Эдуард Садовников.
Үлэни тэрийээччи уонна хонтуруоллааччы
– Эдуард Юрьевич, сорохтор чааһынай уонна муниципальнай тиэйээччилэри араарбаттар, «Союз Авто» уонна «ЯПАК» МУТ тус-туспа тэрилтэ буолалларын өйдөөбөттөр. Ону судургутук хайдах быһаарыаҥ этэй? Эн салайар тэрилтэҥ тугу дьаһайарый?
– Киин куоракка пассажирдары тиэйиинэн дьарыктанар икки сүрүн тэрилтэ баар. «ЯПАК» МУТ (тэрийээччи – Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата) куорат таһынааҕы маршруттары салайар, ону таһынан 100 №-дээх маршрута куорат иһигэр сылдьар. Олунньу 1 күнүттэн чааһынай тиэйээччилэргэ көмө быһыытынан 1-кы №-дээх оптуобус үлэтэ сөргүтүллүөҕэ. Маны сэргэ, «ЯПАК» МУТ куорат уонна улуустар икки ардыларынааҕы хайысхалары сүрүннүүр. Холобура, Чурапчыга, Намҥа, Покровскайга, Бэрдьигэстээххэ сылдьар оптуобустары.
Куорат иһинээҕи маршруттары «Союз Авто» чааһынай тиэйээччилэр тэрилтэлэрэ үлэлэтэр. Билиҥҥи туругунан куорат иһигэр 17 маршрут баар (дьиҥэр, 18, ол эрээри 8 №-дээх маршрут тохтоон турар). Бу чааһынай урбаанньыттар бэйэлэрэ тэрийбит сойуустара диэн өйдүөххэ наада. Кинилэр салайааччыларын бэйэлэрэ талаллар. Хас биирдии маршрут туспа дириэктэрдээх, тэрийээччилээх, ИП, ХЭТ (хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ) быһыытынан үлэлиир. Маршрут чилиэннэрэ дириэктэрдэрин куоластааһынынан талаллар. Сороҕор чааһынай тиэйээччи бэйэтэ урбаанньыт уонна суоппар буолуон сөп.
Олохтоох дьаһалта куонкурус түмүгүнэн хас биирдии маршрут дириэктэрин кытта муниципальнай хантараак түһэрсэр. Ол иитинэн дуогабардыы сыһыан олохтонор, онно туох баар ирдэбил чопчу суруллар – маршрут уһуна, хас оптуобус сылдьыахтааҕа, хайысхата, арыта (өрөбүл, бырааһынньык күннэрин барытын учуоттаан туран). Бу дуогабардыы сыһыан чэрчитинэн маршрут дириэктэрэ оптуобус сырыытын хааччыйыахтаах.
Биһиги тэрилтэбит бу иннинэ «Пассажирдары тиэйиини тэрийээччи» МХТ диэн этэ, былырыын сэтинньи ыйга «Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата» диэн ааппыт уларыйбыта, үлэбит хайысхата кэҥээбитэ. Тырааныспар эйгэтинэн эрэ муҥурдаммакка, аны суол хаһаайыстыбатыгар ылсан саҕалаатыбыт. Судургутук быһаардахха, тэрийээччи уонна хонтуруоллааччы оруолун толоробут. Бу иннинэ Олохтоох дьаһалтаҕа суол хаһаайыстыбатыгар туһааннаах хас да сулууспа баара, бары тус-туспа департаменнарга сыһыарыллан үлэлииллэрэ, барыларын атын-атын баһылык солбуйааччыта салайара. Ол биир тиһиктээх үлэ тэриллэригэр уустук соҕус этэ. Онон «Пассажирдары тиэйиини тэрийээччи» МХТ баазатыгар тырааныспар уонна суол эйгэтин ситимниир саҥа сулууспаны тэрийэр туһунан быһаарыныы ылыллыбыта.
Тырааныспар салаата пассажирдары тиэйиини, сылаас тохтобуллар үлэлэрин хонтуруоллуур. Дьиҥэр, манан чааһынай тиэйээччилэр бэйэлэрэ дьарыктаныахтаахтар, биһиги сакаасчыт быһыытынан дуогабардыы сыһыан толорулларын ирдиэхтээхпит. Ол эрээри билиҥҥи уустук кэмҥэ кыаллыбат курдук (тырааныспар салаатын үлэтин салгыы сиһилии кэпсиэҕэ – Аапт.).
Итини сэргэ, суол хаһаайыстыбатынан дьарыктанабыт: суолу-ииһи ыраастааһын, тутуу үлэтин; светофордары бэрээдэктиибит; араас бырайыактары сүрүннүүбүт. Билигин куоракка ИТС (интеллектуально-транспортная система) киллэрэн эрэбит, светофордар үлэлэрин илиинэн буолбакка, көмпүүтэр көмөтүнэн сааһылыыр буолуохпут. Биһиги исписэлиистэрбит улахан уйуктаах анал тиэхиньикэҕэ көҥүл биэрэллэр, статистика араас дааннайдарын бэлэмниибит. Ону таһынан бытархай үлэбит үгүс.
– Сарсыардааҥҥы бэрэбиэркэлэри ыытаҕын. Соҕотоҕун сылдьаҕын дуу, элбэххит дуу?
– Мин бу тэрилтэҕэ былырыын кулун тутар ыйга ананан кэлбитим. Дьиҥнээх хартыынаны билэр курдук, ыам ыйыгар кистэлэҥ бэрэбиэркэлэри ыытыахха диэн бирикээс таһаартарбытым. Дьиҥэр, итиннэ маршрут дириэктэрдэрэ, биригэдьиирдэр сылдьыахтаахтар. Биһиги сыыппаралары эрэ көрөн хонтуруоллуохтаахпыт. Хайа баҕарар оптуобуска киирэбит уонна тиһэх тохтобулга диэри айанныыбыт. Тугу көрбүппүтүн бэлиэтэнэбит, онтон тиийэн баран аакталыыбыт. Кэһиилэр бааллар, суох буолбатахтар. Ону туоратар үлэ ыытыллар. Сорохтору линияттан уһулабыт. Саамай кытаанах миэрэ – маршрут каартатын былдьааһын. Үчүгэй үлэлээх оптуобус да элбэх. Дьиҥэр, бастаан видеолары, хаартыскалары таһаарбат этибит. Бэрэбиэркэ күн аайы ыытыллар, көстүбэт үлэ үгүс буоллаҕа, ону барытын тарҕатар табыллыбат дии саныырбыт. Онтон телеграмҥа бөлөх тэриллибитэ, киксэрээччилэр көстүбүттэрэ. Онон үлэ норуокка көстүөхтээх эбит диэн санааттан бэрэбиэркэ түмүгүн социальнай ситимҥэ таһаарар буолбуппут. Бэйэм Тулагыттан оптуобуһунан сылдьабын, онон ыарырҕаппаппын, бириэмэ көһүннэ эрэ, бара-кэлэ сатыыбын. Сулууспа үлэһиттэрэ эмиэ бэрэбиэркэлииллэр.
Уларыйыыны ыараханнык ылынар, ол эрээри түргэнник үөрэнэр
– Чааһынай тиэйээччилэр үлэлэригэр пандемия хааччахтара улаханнык охсубута кистэл буолбатах. Үгүс урбаанньыт бу эйгэттэн барарга күһэллибитэ, тас дойдуттан кэлэн үлэлии сылдьыбыт сорох суоппардар дойдуларыгар төннүбүттэрэ. Ким эрэ олох да моҥкурууттаабыта. Пандемия иннинэ күн аайы 300-400 тырааныспар линияҕа тахсар этэ. Хааччахтааһын барыта уһуллубутун кэннэ туох баар ноҕурууска хаалбыт суоппардарга сүктэриллибитэ. Ону тулуйбакка барбыттар эмиэ бааллар. Аны туран, куораппыт күн-түүн кэҥии, нэһилиэнньэтэ улаата турар, ол аайы пассажир ахсаана элбээн иһэр. Кэнники биэс сылга киин куорат нэһилиэнньэтэ 47 тыһыынча кэриҥэ киһинэн эбиллибит. Саҥа дьоҕус түөлбэлэр, оройуоннар тутуллаллар – “Прометей”, “Сатал”, “Севернай”, “Тускул”, “Звезднай”. Холобур, аҥаардас “Сатал” дьоҕус оройуонугар быһа холоон 10 тыһыынча киһи сайылыыр. Биһиги анал хамыыһыйабыт кэтээн көрбүтүнэн, нэһилиэнньэ талаһар сирдэрэ уларыйа тураллар. Ити кэнники сылларга саҥа оскуолалар, уһуйааннар, атыы-эргиэн кииннэрэ тутуллан үлэҕэ киирбиттэрин кытта ситимнээх. Аны суол өрөмүөнэ киэҥ далааһыннаахтык ыытыллар, онон сибээстээн уопсастыбаннай тырааныспар үлэтигэр кэккэ уларыйыылар киирэллэр. Холобур, Ленин проспегар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар кэмигэр оптуобустар Ярославскай, Орджоникидзе, Поярков уулуссаларынан сылдьыбыттара. Биллэн турар, бастаан утаа дьон-сэргэ уларыйыыны ыараханнык ылынар, ол эрээри онно бэрт түргэнник үөрэнэр.
Бырайыас сыаната хаһан үрдүөй?
– Хаһан үрдүүрэ чопчу биллибэт, ол эрээри сылыйдаҕына диэн бигэ этэбин. Саас дуу, сайын дуу буолуо. Олохтоох дьаһалта манна үгүс үлэни ыытар. Билигин араас таһымҥа дьүүллэһиилэр, кэпсэтиилэр буола тураллар. 2023 сыл түмүгүнэн улахан ырытар үлэ оҥоһуллубута. Холобур, былырыыҥҥы транзакцияны көрдөххө, пассажир уопсай ахсааныттан быһа холоон 18-20 бырыһыана эрэ уу харчынан төлөбүрү туһаммыт. Ити олус аҕыйах.
Биһиэхэ бырайыас сыаната былырыыҥҥыттан уларыйбакка турар. Билиҥҥи туругунан уу харчынан төлөбүр – 40 солк. Чааһынай тиэйээччилэр хамнастара тарыыптан быһаччы тутулуктааҕын өйдүөх тустаахпыт. Урбаанньыт уматык, сапчаас атыылаһыан, гараж булуон, суоппарын хамнастыан, аны лизинг төлүөн наада. Биллэн турар, чааһынай тиэйээччилэргэ өйөбүл көрүллэр. Олохтоох дьаһалта иһинэн пуонда үлэлиир. Маны таһынан СӨ тырааныспарга министиэристибэтэ чааһынай тиэйээччилэр оптуобус ылалларыгар 3 мөлүйүөннүү солкуобайдаах субсидия биэрбитэ. Быйыл кээмэйин 6 мөл.солк. диэри улаатыннарар туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын кытта дуогабардастыбыт.
Уматык сыаната үрдүү турар, табаар уонна өҥө логистиката онтон быһаччы тутулуктаах. Онно саппаас чаас сыанатын эбэн кэбис. Улахан тиэхиньикэ сапчааһа маҕаһыын аайы атыыламмат, анаан-минээн сакаастыахха наада. Аны санкциянан сибээстээн оҥорон таһаарааччылар, тиэхиньикэнэн хааччыйааччылар (поставщиктар) уларыйбыттарын, сыаналара үрдээбитин бэлиэтиир оруннаах. Холобур, билигин орто кылаастаах оптуобус сыаната – 15 мөл.солк. кэриҥэ. Улахан кылаастаах оптуобус – 19 мөл.солк. курдук.
Сыана туохха барытыгар үрдүү турар, оттон нэһилиэнньэ дохуота ону кытта тэҥҥэ үрдээбэтэ биллэр. Ол эрээри чааһынай тиэйээччилэри эмиэ өйдүөх тустаахпыт. Билигин суоппар ахсаанын элбэтэр туһугар онно эппиэттиир хамнас, сөптөөх усулуобуйа көрүллүөхтээх.
Суоппар тиийбэтэ – сытыы кыһалҕа
– Сөптөөх дохуот, хамнас суох буоллаҕына, биллэн турар, үлэһити булар уустук, саҥа оптуобуһу атыылаһар кыах суох. Кыһалҕа төрдө итиннэ сытар. Билигин суоппардар үчүгэй хамнаһы ылар туһугар икки симиэнэ үлэлииргэ күһэллэллэр. Санаан көрүҥ, ити ыйга 300-400 чаас. Күн аайы сарсыарда 5 чааска тураҕын, симиэнэҥ кэнниттэн заправкаҕа уочаракка чааһы-чааһынан олороҕун, эбиитин дьонтон үөҕүллэҕин. Чахчы, киһи эрэ тулуйбат ыарахан үлэтэ. Дьиҥэр, уопсастыбаннай тырааныспар суоппара – куорат олоҕор тыын суолталаах идэ. Эппиэтинэһэ үрдүк, ирдэбилэ элбэх. Биһиги курдук тыйыс айылҕалаах дойдуга кыһыҥҥы томороон тымныыга, ыыс-быдаан тумаҥҥа, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска, күһүҥҥү, сааскы халтарааҥҥа үлэлиир ыарахан.
Аны туран, “Д” категориялаах суоппары булуохтааҕар, солбуйар да уустук. Холобур, ким эрэ ыарыйдаҕына, тиэхиньикэ алдьаннаҕына. Олоххо араас буолар. Чааһынай тиэйээччилэр суоппардара оптуобустарын бэйэлэрэ көрүнэллэр, өрөмүөннэнэллэр. Линияҕа тахсан баран аара суолга алдьанар түгэннэрэ да үгүс. Холобур, бу кыһын биир суоппар оһоҕо алдьанан моһуогурбут, ол эрээри тиэйэн испит дьонун тиһэх тохтобулга диэри илдьибит. Ону “Оһоҕун арааран кэбистэ” диэн үҥсүү киирбитэ. Бачча тымныыга хайа суоппар оһоҕун араарыай? Биһиги кыһыммытын, бэл, тиэхиньикэ тулуйбат, уйбат, үгүстэр эргэрдилэр даҕаны. 2010, 2011, 2012 сыллаах оптуобустар бааллар. Дьиҥэр, дуогабардыы сыһыанынан тиэхиньикэ 11 сылтан уһуннук үлэлиэ суохтаах. Маныаха тырааныспары саҥардыыга былааннаммыт үлэ ыытыллар. 2022 сылга Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн 100 оптуобус ылыллыбыта: 65 – улахан кылаастаах, 35 – орто кылаастаах. Былырыын 50 саҥа оптуобус атыылаһыллыбыта.
Босхо үөрэх, санаторийга путевка, уопсай дьиэ...
Чааһынай тиэйээччилэр социальнай мэктиэлэрэ суох. Билигин итиннэ үгүс үлэ ыытылла турар. Былырыын “дорожнай каартата” оҥоһуллубута, куорат баһылыгар этиилэрбитин киллэрбиппит, боротокуолга тиһиллэн, барыта хонтуруолга ылыллыбыта. Ол курдук, социальнай мэктиэ нуорма-быраап аакталара оҥоһуллаллар, ситэриллэн-хоторуллан бэриллиэхтээхтэр. Онно, бастатан туран, санаторийга, курорка эмтэнии киирэр – суоппардарга босхо путевкалары биэрэр санаалаахпыт. Маны таһынан “Д” категорияҕа суоппардары босхо үөрэтии баар. Билигин ити хайысхаҕа Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин кытта үлэ ыытыллар, инникитин Олохтоох дьаһалта бэйэтэ ылсыахтаах. Суоппардары дьыл кэмиттэн көрөн, биир кэлим пуорманан хааччыйыахпыт. Үлэлиир кэмнэригэр ипотекаларын ыйдааҕы төлөбүрүгэр көмө буолар субсидия көрүллүөхтээх. Чааһынай уһуйааннарга оҕолоругар босхо миэстэ бэриллиэхтээх. Маны таһынан, дьиэ-уот кыһалҕатын быһаарар суоллары тобула сатыыбыт. Ол эбэтэр улуустан, атын сирдэртэн үлэлии кэлэр суоппардары быстах кэмҥэ уопсай дьиэнэн, хоһунан хааччыйыахтаахпыт. Билигин Маяковскай уулуссатыгар турар дьиэҕэ 10 хос өрөмүөннэнэр. Онно эбии ити сыалга Покровскай тракка 27 кыбартыыра бэриллиэхтээх. Быйыл эмиэ өрөмүөн ыытыллыахтаах.
Былырыын ахсынньы ыйга Евгений Николаевич СӨ Бырабыыталыстыбатын кытта көрсүһүүгэ Дом.РФ бырагырааманан уопсай дьиэ тутарга этии киллэрбитэ, ол боротокуолга киирбитэ. Оччоҕуна “Д” категориялаах уопсастыбаннай тырааныспар суоппардара онно чэпчэки сыанаҕа дьиэ куортамнаан олоруохтарын сөп. Ити боппуруос, сөптөөх өйөбүл көрүлүннэҕинэ, тиһэҕэр тиэрдиллиэхтээх.
Тас дойдулартан үлэлиир гражданнарга көмө оҥоһулларыгар этии киллэрбиппит. Урут Узбекистантан, Таджикистантан кэлбит дьон суоппар дастабырыанньаларынан Арассыыйа үрдүнэн үлэлиир кыахтаахтара. Билигин манна үлэлиэхтэрин баҕарар буоллахтарына, саҥаттан үөрэниэхтэрин, суоппар быраабын ылыахтарын наада. Дьиҥэр, оптуобуһу сатаан ыыталлар, ол эрээри тылы билбэттэриттэн эксээмэн туттаралларыгар ыарахаттары көрсүөхтэрин сөп.
Нэһилиэнньэ санаатын, ирдэбилин учуоттаан туран, кэнники сылларга сорох маршруттар уларытыллыбыттара – ханна эрэ уһатан биэрэн эбэтэр ханна эрэ киирэн тахсар гына. Холобур, 25 №-дээх оптуобус “Три сосны” таарыйан ааһар буолбута. Ол эрээри оптуобус ахсаана эбиллибэтэҕин бэлиэтиир тоҕоостоох. Дьиҥэр, маршрут 4-5 км уһуур буоллаҕына, икки-үс массыына эбиллиэхтээх. Ол аата суоппар ахсаана элбиэхтээх, өрүүр күннэрэ суоттаныахтаах-учуоттаныахтаах.
Билиҥҥи туругунан реестргэ 539 кэриҥэ оптуобус баарыттан күҥҥэ линияҕа – 240 чааһынай тиэйээччи, “ЯПАК” тэрилтэттэн 33 оптуобус тахсар. Ол эбэтэр тырааныспар аҥаара таах турар – суоппар тиийбэт. “ЯПАК” тэрилтэҕэ – 60-65, чааһынай тиэйээччилэргэ 200-250 үлэһит наада. Дьиҥэр, муниципальнай да, чааһынай да тиэйээччилэргэ үлэ икки симиэнэнэн ыытыллыахтаах. “ЯПАК” тэрилтэҕэ ол кыаллар, оттон чааһынайдарга кыаллыбат.
«Күүстээх» уонна «мөлтөх» маршруттар
(8-с оптуобус дьылҕата быһаарылынна дуо?)
– Бары өттүнэн барыстаах – үчүгэй дохуоттаах, элбэх пассажирдаах маршруттар бааллар. Холобур, 17 №-дээх оптуобус сылга 3-4 мөл. киһини тиэйэр. Оттон сорохтор аҕыйах харчыны киллэрэллэр – 300-400 тыһ.киһини тиэйэллэр. Ол эрээри километражтара улаханнык уратыласпат, ороскуоттара биир оччо. Итини барытын биирдэ тэҥниир ыарахан.
Урут бииртэн биир маршрукка көһүү баар эбит. Санаан да көрдөххө, кураанахха ким сүүрүөн баҕарыай? Оптуобус, суоппар тиийбэтиттэн, барыс киирбэтиттэн сорох маршруттар сырыылара мөлтүүр. Холобур, 8-с оптуобуһу ылан көрүөххэ. Икки кэнники сылга пассажир ахсаана аҕыйаан испит, ол аайы суоппардара атын маршруттарга көһөн, сорохтор атыылаан барбыттар. Ол түмүгэр баара-суоҕа 4 оптуобус хаалбыт, сылдьар арыттара 1-1,5 чаас буолбут. Эбиитин маршрут атыттары кытта хас да сиргэ силбэһэр буолан, пассажирдарын элбэхтик сылдьар оптуобустар “хомуйан” ылаллар. -50 кыраадыс тымныыга оптуобуһу кэтэһэн турар доруобуйаҕа кутталлаах, онон итинник сытыы быһыы-майгы үөскээбитигэр, ыксаан, маршруту тохтоторго уонна ити хайысхаҕа 16-с оптуобуһу ыытарга быһаарыммыппыт. Билигин Лонгинов уулуссатыгар таарыйан ааһар. Бастаан утаа киһи элбэҕиттэн оптуобустар олус туолаллар этэ, сылдьар арыттарын кыччаппыппытыгар боппуруос этэҥҥэ быһаарыллыбыт курдук буолла. Билиҥҥитэ 8-с маршрут сөргүтүллэр кыаҕа суох – оптуобус, суоппар тиийбэт.
1-кы №-дээх маршрут эмиэ улахан кыһалҕалары көрсүбүтэ. ДСК-тан ГРЭС-кэ диэри уһун айан. Ону кылгатан, Өрүс пордугар ыытан көрбүппүт алта эрэ оптуобустаах хаалбыт маршрукка ыарахан эбит. Маннык балаһыанньаҕа 1-кы №-дээх оптуобус уһуннук үлэлиир кыаҕа суох диэн санааттан бу маршрут “ЯПАК” тэрилтэҕэ бэрилиннэ. Ити биир күннээх быһаарыныы буолбатах, бэлэмнэнии сэтинньи ыйтан барбыта. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин нөҥүө “Д” категориялаах суоппарга үөрэммит дьонтон үлэҕэ ыллыбыт. Олунньу 1 күнүттэн линияҕа тахсыахтара.
Билиҥҥи туругунан 25-с, 2-с, 15-с №-дээх маршруттары күүһүрдүөххэ наада. 25-с маршрут балаһыанньата уустук. Баара-суоҕа 12 оптуобустаах, сырыыта уһун, эбиитин эргиир. Пассажира аҕыйах.
Туох уларыйыай?
– 90-с сылларга олохтоммут уопсастыбаннай тырааныспар ситимэ эргэрдэ, куорат кэҥээн иһэр. Маршруттары биирдиилээн уларытар кыаллыбат, ситим бүтүннүү хос көрүллэн, хайаан да саҥардыллыан наада. Онно бэлэмнэнии барбыта ыраатта. Өссө төһө саҥа тырааныспар ылыллыахтааҕа, эбии хас сылаас тохтобул оҥоһуллуохтааҕа ааҕыллыбыта, саҥа тохтобуллар ханна баар буолуохтаахтара учуоттаммыта. “Соҕуруу” (аэропорт оройуонугар) уонна “Хотугу” (Медкиин түөлбэтигэр) автовокзаллар, ТПУ-лар (транспортно-пересадочный узел) үлэлэрин тэрийии улахан болҕомтоҕо ылыллыбыта. Аны туран, суолга араас харгыстар (холобур, “пробка”, өрөмүөн үлэтэ) эмиэ учуоттаммыттара. Барыта суоттанан, научнай чинчийиигэ олоҕуран олоххо киириэҕэ. Манна нэһилиэнньэттэн 5000-тан тахса этии киирбитэ. Дьону оптуобустан атын оптуобуска көһүү (пересадка) улаханнык долгутар. Холобур, бэйэм Тулагыттан Автовокзалга кэлэн түһэрим үчүгэй, миэхэ уопсастыбаннай тырааныспар билиҥҥи ситимэ быдан табыгастаах. Ол эрээри “ЯПАК” МУТ суоппардарыгар олус ночооттоох, холобур, Кангалаастан кэлэр бастакы рейси оҥороору, сарсыарда аайы онно кураанах айанныыллар, 20-чэ килэмиэтири халтайга сүүрэллэр. Саҥа ситим олоххо киирдэҕинэ, ити диэки айаннааччыларга “Соҕуруу” автовокзал баар буолуоҕа. Инникитин ТПУ-ларга улахан ангаардар тутуллуохтара, оччоҕуна ити хайысхаҕа сылдьар оптуобустарга ордук табыгастаах буолуоҕа. Халтай сырыылар тохтуохтара, ночоотуруу аҕыйыаҕа. Маршруттар уһуннара, бириэмэлэрэ кылгыаҕа, ноҕуруускалара да кыччыаҕа. Ол суотугар элбэхтик уонна түргэнник сылдьар кыахтаныахтара.
Билиҥҥи туругунан Медкииҥҥэ 12 маршрут сылдьар. Ленин проспега эмиэ туспа ТПУ курдук, онно таарыйар 15 маршрут бары силбэһэллэр. Инникитин “Соҕуруу” уонна “Хотугу” автовокзаллартан атын оптуобуска көһөөччүлэр чаас иһигэр босхо айанныыр кыахтаныахтара. Билигин хайдаҕый? Тулагыттан киирэр киһи, Автовокзалга диэри кэлбэт буоллаҕына, “Белое озеро” тохтобулга тахсар уонна атын маршрукка олорсоругар харчы төлүүр. Саҥа ситим үлэҕэ киирдэҕинэ, бу айанньыт аэропорка “Соҕуруу” автовокзалга түһэн баран, атын оптуобуска көһөр, биир чаас иһигэр тиийиэхтээх сиригэр босхо айанныыр.
Саҥа бырайыагынан маршрутнай оптуобустар түөрт бөлөххө арахсыахтара: магистральнай – киин уулуссаларынан, сүрүн суолларынан көнөтүк (онон-манан эргийбэккэ) айаннааччылар; оройуоннар, уокуруктар икки ардыларынааҕы маршруттар; элбэх киһитэ суох “спальнай” оройуоннарга сылдьар кылгас машруттар (онтон атын табыгастаах маршрукка көһөн олоруохха сөп); куорат таһыгар айаннааччылар.
«Куоталаһыы» тохтуохтаах
– Билигин хайдаҕый? Барыта биир чөмөх курдук. Үгүс маршрут элбэх сиргэ силбэһэр, ол иһин оптуобустар пассажир былдьаһыытыгар буолан “куоталаһаллара” үгүс. Ким бастакы кэлбит – ол элбэх киһини “хомуйан” ылар курдук. Аны туран, билиҥҥи үгүс маршруттар куораты биир гына эргийэллэр, хас да сиргэ таарыйан ааһаллар. Ити тохтуон, уларыйыан наада. Маршрут төһө кыалларынан көнө буолуохтаах.
Син биир “баай” уонна “дьадаҥы” маршруттар диэн баар буолуохтара. Барыларын хайдах да тэҥниир кыахпыт суох. Ол эмиэ учуоттаммыта. Онон инникитин “брутто-хантараак” систиэмэтэ киириэхтээх: чааһынай тиэйээччилэр хамнастара төһө килэмиэтири барбыттарынан, бириэмэлэрин төһө тутуспуттарынан ааҕыллыаҕа. Хас киһини тиэйбиттэринэн буолбатах, оччоҕуна били “куоталаһыы”, пассажиры былдьаһыы боппуруоһа быһаарыллыаҕа.
Маны таһынан, сыл аайы 10-нуу сылаас тохтобул үлэҕэ киириэхтээх. Евгений Николаевич баһылыгынан талылларыгар 100-кэ тиэрдэр сыал-сорук туруорбута. Кыра хаалла, аҕыйах сылынан өссө куоһарар да кыах баар. Нэһилиэнньэ бу бырайыагы сөбүлээтэ, ирдиирэ элбээтэ. Ол кэм-кэрдии хаамыытынан сөп дии саныыбын.
Уопсастыбаннай тырааныспар ситимин уларытар бырайыак олоххо киирэрэ үрдүкү салалтабыт өйөбүлүттэн, үбүлээһинтэн тутулуктаах. Биһиги үс сылга былааннаабыппыт. Бастакы түһүмэҕэ – маршрутнай ситими саҥардыы быйыл саҕаланыахтаах. Маныаха үгүс мунньах, кэпсэтии, дьүүллэһии ыытыллар. Нэһилиэнньэ санаата хайаан да учуоттанар. Эһиилги түһүмэххэ саҥа автовокзаллары оҥоруу, тиэхиньикэни саҥардыы киирэр. Чопчу былаан баар, онон баран иһиэхтээхпит.
Соҕотох киһи быһаарбат
– Оптуобустар сырыыларын, хайысхаларын уларытыы биир күннээх үлэ буолбатах. Сэрэйдэххэ, элбэх кэпсэтии, дьүүллэһии түмүгэр ылыллар быһаарыныы. Манна куорат уонна куорат таһынааҕы маршруттар үлэлэрин чинчийэр анал хамыыһыйа үлэтин билиһиннэрэриҥ буоллар.
– Хамыыһыйаҕа Уопсастыбаннай палаата чилиэннэрэ, ГИБДД, прокуратураттан, Олохтоох дьаһалта туһааннаах тэрилтэлэриттэн бэрэстэбиитэллэр, чааһынай уонна муниципальнай тиэйээччилэр дириэктэрдэрэ бааллар. Манна сытыы боппуруостар, гражданнар этиилэрэ, үҥсүүлэрэ көрүллэллэр. Хамыыһыйа мунньаҕын иннинэ хайаан да чинчийии, ырытыы ыытыллар, дааннай хомуллар. Холобур, 101 №-дээх оптуобус Птицевод уулуссатыгар таарыйан ааһар буолла, маршрут сырыыта үөрэтии түмүгэр биирдэ уларыйда. Хамыыһыйа элбэх киһи санаатын көрөр. Холобур, нэһилиэнньэттэн, тэрилтэ үлэһиттэриттэн, дьокутааттартан, Уопсастыбаннай палаататтан этии киирэр. Биир боппуруос тула этии үгүс буолар – ол түргэнник көрүллэр. Мин соҕотоҕун быһаарбаппын, хайаан да куоластааһын ыытыллар. Ити барыта боротокуолланар.
101 №-дээх оптуобуспутугар төннүөххэ. Бу сарсыарда 4 ч. туран, Тулагыттан айаннаан кэлэн, бастакы рейс үлэтин көрдүм, дьону кытта кэпсэттим. Нэдиэлэни быһа кэтээн көрүөхпүт. Биллэн турар, табаҕалар сөбүлээбэтилэр, ол эрээри үөрэнэн барыахтара дии саныыбын. Дьиҥэр, 3-с поликлиникаҕа, Медкииҥҥэ быһа тиийэр кыахтаннылар. Птицевод уул. олохтоохторо эрэ буолбакка, АГАТУ, ХИФУ устудьуоннара, Речевой оскуола үөрэнээччилэрэ абыраныахтара.
Өйөбүл баар
– Муниципальнай дворниктар, СВО кыттыылаахтара, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ босхо айанныыр кыахтаахтар.
Мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан дворниктаабытым. Хас да дьиэ тиэргэнин сиппийэрим, КПД-лар техэтээстэрин ыраастыырым. Онон ыарахан үлэ буоларын эппинэн-хааммынан билбитим. Кыһын – хаар, күһүн – сэбирдэх, саас, сайын – кир-хох, бөх-сыыс, оҕо балаһааккаларын көрүү-истии. Дворник үлэтэ олбуор хомуйуутунан эрэ муҥурдаммат. Ыксаллаах быһыыга-майгыга көмөлөһөөччү – кини. Хамнас быыкаа, ити кэлин эрэ үрдээтэ. Сарсыарда эрдэ кэлиэхтэрин наада. Ону өйдөөн, куорат баһылыга Евгений Григорьев сорудаҕынан нуорма-быраап аактата оҥоһуллан, муниципальнай дворниктарга “Саха сирин олохтооҕо” каарта бэриллэр, субсидия көрүллэн, босхо айанныыр буоллулар. Билиҥҥи туругунан 170 кэриҥэ киһи ылла, ити сыыппара халбаҥныыр.
Киин куорат Олохтоох дьаһалтата биир бастакынан 2022 сылга нуорма-быраап аактатын таһааран, СВО кыттыылаахтарын оҕолоро оптуобуһунан босхо сылдьар кыахтаммыттара. Онтон өйөбүл миэрэтэ ылыллан, байыаннай сулууспалаахтарга “Саха сирин олохтооҕо” каарта бэриллэр, Олохтоох дьаһалта суотугар субсидия көрүллэр буолбута.
Дьон сыһыана уларыйыан наада
– Суоппар үлэтэ сыаналаммата хомолтолоох. Киһи эрэ санаата түһүөх, кириитикэ, үөҕүү элбэх. Хомойуох иһин, өйдүүр, өйүүр, хайҕыыр, махтанар киһи аҕыйах. Дьиҥэр, күн аайы дьон докумуонун, харчытын, каартатын оптуобуска хаалларар, оҕо сыыһа оптуобуска олорсон, мунар түгэннэрэ тахсаллар. Тута биһиэхэ эрийэллэр. Итинник элбэх боппуруос быһаарыллар, ол эрээри ханна да суруллубат.
Дьон сыһыана уларыйыан наада. Суоппары кытта айдаарсыы, кыыһырсыы, үрдүгэр түһүү олоххо баар. Бу тутаах дьоммутуттан нэһилиэнньэ, куорат олоҕо быһаччы тутулуктааҕын өйдүөх тустаахпыт. Санаан көрүҥ, кыһын уопсастыбаннай тырааныспар өҥөтүнэн күннэтэ 100-түү тыһыынча киһи туһанар. Ити олус улахан ноҕурууска. Онон суоппар идэтин өрө тутуохтаахпыт, статуһун үрдэтиэхтээхпит.