27.12.2019 | 11:08

ЭДЬИИЙ ДОРА уонна НОРУОТ

ЭДЬИИЙ  ДОРА уонна НОРУОТ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа дьылга ЭДЬИИЙ ДОРА тэлгэһэтигэр хаарынан Тымныы Оҕонньору, Хаарчаананы, кыыллары оҥорторор үгэстээх. Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар -- дьиктини көрүү-истии кэмэ. Онно, дьыл атын да кэмигэр остуоруйатыҥы көрсүһүүлэр буолбуттарын кэпсиир тоҕоостоох.

Тугун дьиктитэй?

Ол ЭДЬИИЙ ДОРА ДОЙДУ СИРИГЭР кыһын да дэҥҥэ көстөр дьүкээбили сайыары күһүн дьиримнэтиитэ харахпар билигин да суоһалдьыйар. Ытыс таһынар хараҥаҕа “онон оннук баар”, “манан маннык баар” диэтэҕинэ, үрэхтэри кытыытынан хаамар курдугум. Ол күн эмиэ Бөрөлөөхтөн, итинник дьиктилэри көрдөрбүтүн кэннэ, массыынабыт  халтарыйан көрбөккө, Чэриктэйгэ өр гыммакка тиийбитэ. Үргүлдьү АЛЛАН АЙААНЫГАР киирэн ЭДЬИИЙ ЭБЭҔЭ сиэр-туом толорбута. Бөһүөлэккэ төннөн киириибитигэр түүн 1 ч буолбут этэ. Биир эрэ ыалга уот көстөрө. Ол кэмҥэ Чэриктэйгэ, буолаары буолан хаһыа да буолан, хонук дьиэни булар уустук. Ол иһин биһиги сиргэ, тыаҕа, үүтээҥҥэ барарбытын ордорооччубут. ЭДЬИИЙИ хайдах мээнэ хара тыаҕа илдьиэхпитий? Ону да сирбэтэ, хата, дойдум диэн үөрэрэ чахчы, ол эрээри норуот киһитин норуокка элбэхтэ илдьиэхтээх буоллахпыт да, сүрэ бэрт. Чэриктэйдэр халлааҥҥа хаста да барыыларыттан улахан дьиэлэрин, ол малларын-салларын, таҥастарын-саптарын куурдаллар. УУ уораана, ньиксийэр уу сыта сүгүн баран биэрбэт. Куурдубатахха, кыһын уорааннанар. Доруобуйаны айгыратар. Халаан оннук охсуулаах. Ордук биһиэхэ, кылгас сайыннаах, тыйыс кыһыннаах дойдуга ханнааҕар да ордук айгыратыылаах. Ол иһин харчы туруорсуу бааламмат. Радиацияттан итэҕэһэ суох иэдээн. Кыра дохуоттаах тыа дьонугар хоромньу бөҕө. Дьоҕус дьиэлэргэ сайылыыллар. Эдьиий: “Түүннэри дьону уһугуннаран аймаабаппыт. Ол уота кылаҥныыр дьиэҕэ барыаҕыҥ”,- диэн кэбистэ. Дьиэлээхтэр, ааны аһарбытын кытта (Эдьиий Дораны ким билбэт буолуой?- аапт.), илэ дуу, түүл дуу диэтэхтэрэ. Ах бардылар. Миигин иккиһинэн көрөөт, хаһыытыы түстүлэр. Тэлэбиисэринэн, хаһыатынан, кинигэлэрбинэн да билээччи элбэх эрээри, хайдах наһаа итинник буоллулар? ЭДЬИИЙ хоноро – чиэс. Өйдөөн көрбүтүм, Румянцевтар. Бу ыал урут ураты сырыыга арыалласпыттарынан биһиги сөҕө өйдөһөбүт. Айылҕа, көстүбэт күүстэр баалларын илэ биллэхпит. Кэпсиим. Тоҕо дьиибэтэй? Айылҕа айдарыылаахтара ситими булаллар да эбит. Ити Эдьиий Дора ыйыытынан чуо тиийиибит мин өйбүн-санаабын байыппыта, дириҥэппитэ, кэҥэппитэ. Хас хардыы мээнэ оҥоһуллубат. Сороҕун көрбөт-өйдөөбөт да инибит эрээри, бэйэм кыахпынан быһаара сатыым.   

Урукку айдарыылаахтар тургуппут айаннара

Хаһаайын Василий таптыыр убайым Коля доҕоро. Урут Чэриктэйгэ кэргэнин кытта олус да бэркэ көрсүбүттэрэ. Коля Бааскалыын (бэйэ-бэйэлэрин итинник истиҥник ыҥырсаллара) күнү быһа икки мотуору өрөмүөннээбиттэрэ. Илим-муҥха бэлэмнээбиттэрэ. Убайым кыыһа Варяны, эдьиийим уола Гошаны, мин Саргыбын илдьэ биһигини мантан Аллан уҥуор эсэһит Хочо Маайаҕа барарга эппитигэр үөрбүттэрэ аҕай. Кинилэр Маайаҕа аһын хааччыйа олорооччулар эбит. Эдьиий дьүөгэтэ Чэриктэй Биэрэтин туһунан суруйарга сорунан эрэрбин эттэхпитинэ, куттанан сөбүлэһиэхтэрэ суоҕа диэн биллэрбэтибит. Оннук улахан дьыалаҕа өрүһү туоруур ыарахан. БИЭРЭ сөбүлээбэтэҕинэ көнө муостанан, хонуунан да хаамтарбат ини. Өссө Аллан курдук улахан долгуннаах, күүстээх сүүрүктээх Эбэни. Бу киэҥ далайга арай аалларбытын түҥ-таҥ бырахтын? Айака. Чэ, мин эдэрбин, оттон оҕолор –олоҕу саҥа көрөр аанньаллар. Оо... Аны Маайа төрүттэрэ бары УЛУУ УДАҔАТТАР. Өрүһү хааман туорууллара үһү. Кинилэри эмиэ ыйытыахтаахпын. Мин ботугураан, ийэм дойдутун иччититтэн Биэрэттэн, Эдьиийдэртэн, манан бултаан аатырбыт аҕабыттан көрдөс да көрдөс.  Улуулар ситимҥэ тута киирбэттэр. Икки мотуоркаҕа оҕолору олордон бардыбыт. Өрүс ортотугар, дьиибэтэ – мотуоркалар иккиэн тэҥҥэ алдьаннылар. Урут манна долгун парому арыыга оттуу бараары сылгыларын, малларын, өр аһыыр өйүөлэрин тиэммит дьоннору баҕастары тиэрэ быраҕан, кутурҕан бөҕөнү оҥорбут сирэ. Мин убайым маһы хаамтарар, тимири сүүрдэр талаан. Доҕоро да оннук. Бу сырыыга иккиэн биирдии устар аалы хаппытааннаан испиттэрэ. Тус-туспа оҥочоҕо олорон, мотуордарыгар умса түһэн букунайа олордулар. Мин куттанным, ити улуу маастардар оҥороллорун ол улуу Эдьиийдэр билиниэхтэрэ дуу? Оччолорго Эдьиий Дора алаадьынан алгыстыырын истэ илик кэмим. Эбэ, кытыллар ИЧЧИлэриттэн, Эдьиийдэртэн көрдөһөн, манньыаттары ууга бырах да бырах. Арай, өйдөөн көрбүтүм. Кэннибитинэн устабыт. Сөп. Утарыбытыттан хотуттан сүүрүктээх. Дьэ, онтон өссө ынырык буолбута. Мотуордар собуоттанан арыыны уҥуор эргийэн өрүс сүүрүгэ кэннибититтэн анньар үөһүгэр эмиэ алдьанныбыт. Оо, бу сырыыга чахчы куйахам күүрдэ. Аалларбытын иҥнэҥнэтэ-иҥнэҥнэтэ, сүүрүгү утары кэннилэринэн ким эрэ соһор тыына иһиллэргэ дылы. Хотуттан сүүрүк анньар эрээри, биһиги олорор оҥочолорбут ол диэки кэннилэринэн усталлар. Мин ботугураа да ботугураа. Манньыатым бүттэ. Тоҕо эрэ мэник оҕолор эмиэ тугу эрэ билбиттии чуумпурдулар. Били сүүрбэ эрэ мүнүүтэнэн тиийиэхпит диэбит кытылбытыгар чугаһаан да  биэрбэппитиэн. Мин долгуйбуппун убайбар биллэрдим да, төннүө суох. Тыалырда, долгун түстэ. Сор бөҕөнү көрөн, киэһэ биирдэ тиийдибит. Онно, оо, Маайа Чэриктэй Биэрэтин туһунан кэпсэтээри кэлбиппин этэ иликпитинэ, кини дьүөгэтэ, улуу удаҕаттар сыдьаанньара буолан, сэрэйдэҕэ. Румянцевтар биэдирэлэргэ, куулларга бурдук, саахар, килиэп, чэй-ас бөҕө аҕалбыттарын үөрэ-чаҕаара ылла.

--Бу бүгүн үргээбитим, -- диэн  дьэдьэннээх, хаптаҕастаах, сугуннаах дьэрэкээн ойуулаах ыаҕыйаларын улахан сандалытыгар уурда. Иһитэ барыта чорооннор, кытыйалар. Ол 1989 с. оччолорго сахалыы концепция бырайыага норуокка оччо биллэ илигэ. Хара тыа ортотугар үүтээҥҥэ ол өрөспүүбүлүкэ салалтата омуктары аҕалан сырытыннарар буолан бэлэхтээтэхтэрэ.

--Тукаам, тахсыах, -- диэбитэ миигин. Хараҥаҕа хаар маҥан таҥаһы кэтэн, кыталык курдук кылбаҥныы хаампыта. 87 саастааҕа, ол эрээри туттара-хаптара үҥкүүлүү сылдьар кыыс курдуга. Саҥата чаҕааран, эмиэ олус эрчимнээҕэ. Балайда чугас тиийбиппит.

-- Бу булууһум. Соторутааҕыта, ыалым кэлэн аспын уораары, кирилиэспин барытын алдьаппыт.

-- Ыалламмытыҥ дуо?

--Ыалым элбэх. Эһэ, бөрө диэннэр. Бу аттыбар мэлдьи хаама сылдьаллар.

Мин дьик гынан, сэрэммиттии тулабын көрөн мэлэҥнээтим. Эмээхсин мүчүк гынна.

- Куттаныма, тукаам, саам чугас. Улары, тииҥи сүүс хаамыттан харахха түһэрээччибин. Эһэ сүрэҕэ балайда улахан ини. Ону сыыспатым буолуо. Итинник кыыллар бэйэлэрэ да мээнэ тыытыспаттар.

- Үнүр икки оҕолоох эһэ кэлэн дьаабылаабыта. Ытыалыам этэ да, билигин көтөхтөр. Кыһыҥҥы хаһаастарым. Сир аһыгар уойан бөскөйбүттэрин кэннэ тымныы түстэҕинэ дьаһайталааччыбын. Хоспохтоох идэһэлэрим буоллахтара. «Барыҥ” диэтэхпинэ, өссө “Ээ” дииллэр. Чэ, баартан сиэтиннэр, Байанай бэрсибитэ элбэх. Дьон да кэһии аҕала турар.  Ити кыһыл лиэнтэни тарт – эһэ этэ.

-- Ээ, ол адьырҕаны тыатааҕы, бойбурдаах, кырдьаҕас эҥин диэччилэр. Эн эһэ диир эбиккин дуу?

-- Эһэни эһэ диэбэккэ. Ол от күөҕүн тарт — тайах этэ. Хатыыс бүттэ. Өспөххө барыахпыт – онно элбэх. Оҕобор сиэтиэм.

Дьэ чахчы далбар хотун. Эчи астыыра түргэнин. Кэпсээнэ кэрэтин. Айаҕа хам буолбат. Барыларын дэлэй-далай аһатан баран, миигин соҕотох хааларбар дьаһайан, “Чэриктэйдээҥ” диэн  аттарбыта. Дьэ ол ону илэ көрбүт Румянцевтарбын хаттаан булан мин эмиэ олус да үөрдүм. Ол БИЭРЭ барахсан, МААЙАҕа ыалдьыттаппыта, БУ ДОРА барахсан Румянцевтары хаттаан көрүһүннэрдэ.

(Салгыыта тахсыаҕа)

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...