10.04.2021 | 11:09

Эдэр ыаллар, болҕойуҥ! Бырагыраамаҕа кыттыҥ!

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Муус устар 5-28 күннэригэр Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департамена “Эдэр ыаллары дьиэнэн-уотунан хааччыйыы” бырагыраамаҕа нэһилиэнньэттэн сайаапкалары ылар. Сылга биирдэ буолар тоҕоостоох түгэни мүччү тутумаҥ, судаарыстыба көмөтүнэн туһаныҥ диэн ыҥырабыт.

Соторутааҕыта “Мои Документы” киин куорат олохтоохторугар олус наадалаах быһа эфири ыытта. Ааҕааччыларбыт көрбөтөхтөрө эбэтэр өйдөөн-дьүүллээн истибэтэхтэрэ буолуо диэн туһалаах информацияны хаһыакка бэчээттиибит.

“Эдэр ыаллары дьиэнэн-уотунан хааччыйыы” бырагыраамаҕа ким кыттыан сөбүй? Ханнык докумуоннар ирдэнэллэрий? Ханна, хайдах туттарабыт? Бу туһунан сиһилии ааҕыҥ.

 

Тугу, ханна, хаһан, хайдах?

Мария Валентиновна СТЕПАНОВА, Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменын тус сыаллаах бырагыраамалар салаатын сүрүн специалиһа:

Сыл аайы бу бырагыраамаҕа нэһилиэнньэттэн докумуоннары анал графигынан эрэ тутабыт. Быйыл муус устар 5-28 күннэригэр диэри ылабыт.

Бастаан эдэр ыаллар ханнык докумуоннар наада буолалларын djoyakutsk.ru сайтка киирэн билсэллэрэ ордук. Онно “Отдел целевых программ” диэн салааны булаҕыт.

Эһиэхэ туһааннаах докумуоннары эрэ хомуйаҕыт. Хас биирдии ыалга туспа буолар диэн тоһоҕолоон этэбин.  Барытын эрдэттэн сканердаан бэлэмнииргит ордук.

Докумуоннары тутуу сарсыарда 9 чаастан e-yakutia судаарыстыбаннай порталга саҕаланар. Сүрүн сирэйгэ “Обеспечение жильем молодых семей” диэн бэлиэни булаҕыт, оччоҕо сайаапка бланката аһыллар, ону толороҕут уонна докумуоннаргытын кытта ыытаҕыт. “Получить услугу” диэни баттыыгыт. Барыта судургутук өйдөнөр, киирэн көрөөрүҥ.

Биһиги үлэһиппит сайаапка кэлбит бириэмэтинэн уочаракка киллэрэр, ыҥырыы ыытар. Хаһан кэлэргитин эрийэн биллэрэр. Эһиэхэ СМС уонна судаарыстыбаннай порталга тус кабинеккытыгар иһитиннэрии кэлэр.   

  

Болдьоммут күҥҥэ, чааска Дзержинскэй уулусса, 21, уҥа диэки турар 13-с кабинекка тиийэҕит. Приемҥа туох баар докумуоннаргытын (оригиналларын, куоппуйаларын) барытын илдьэ кэлэҕит. Мааска кэтэргитин, тэйиччи туттуу быраабылаларын тутуһаргытын умнумаҥ.   

 

Сүрүн ирдэбиллэр

Эдэр ыалларга сүрүн ирдэбил – кинилэр иккиэн 35-гэр диэри саастаах буолуохтаахтар. Бырагыраамаҕа толору уонна толорута суох ыаллар кытталлар.

Иккиһинэн, Дьокуускайга эбэтэр киин куорат кытыы нэһилиэктэригэр (Хатас, Табаҕа, Кангалаас, о.д.а. ) бастайааннай прописка ирдэнэр.

Эдэр ыал төрөппүттэрин кытта бииргэ олорор буоллаҕына, кинилэр пааспардарын оригинала уонна куоппуйата эмиэ наада. Итиэннэ “Согласие о персональных данных”. Онто суох докумуоннар көрүллүбэттэр.

Сүрүн докумуоннар:

-пааспар

-оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэтэ

-эр-ойох буолбуттарын туһунан сибидиэтэлистибэ (толору ыалларга)

 

Быраабы олохтуур докумуоннар:

Бас билии быраабын судаарыстыбаннай регистрациятын туһунан сибидиэтэлистибэ.

Техническэй эбэтэр кадастровай пааспар. Онон хамыыһыйа бу ыал кырдьык дьиэҕэ наадыйарын көрөр (биир киһиэхэ 9 кв.миэтэрэттэн кыра)

ЕГРН-тан выписка.

Ипотеката суох ыаллар дохуоттарыгар ирдэбил баар. Манна биири бэлиэтиэхпин баҕарабын. Олохтоох дьаһалта эдэр ыал ипотеканан дьиэ ылынарыгар бастакы кэмҥэ төлөбүр быһыытынан туттарыгар эбэтэр ИЖС учаастактаах буоллаҕына, чааһынай дьиэ туттарыгар диэн субсидия биэрэр. Сорохтор ипотекаларын сабалларыгар эмиэ туһаныахтарын сөп.    

    

Хамыыһыйа сайаапкалары, докумуоннары биир ый устата көрөр. Ол кэнниттэн эдэр ыалга иһитиннэрии кэлэр. Онно “одобрение” эбэтэр “отказ” диэн (биричиинэтэ хайаан да ыйыллар) суруллар.

 

22-60-18 төл. эрийэн сиһилии ыйыталаһыаххытын сөп. Сарсыарда 9 чаастан киэһэ 18.00 чааска диэри үлэлиибит. 

Ыйыт – хоруйдуубут

Куоракка пропискалаах буоллахпына эрэ бу бырагыраамаҕа кыттабын дуо?

Оннук. Дьокуускай куорат уокуругар пропискалаах дьон кыттар.

Кэргэнниилэр хайаан да биир аадырыска пропискалаах буолуохтаахтар дуу, тус-туспа сиргэ буолуон сөп дуу?

Оннук түгэҥҥэ икки аадырыстан быраабы олохтуур докумуоннары аҕалаҕыт.

Бэйэм дьиэм суох. Төрөппүттэрбэр олоробун. Сайаапка биэриэхпин сөп дуо?

Сөп. Маннык түгэҥҥэ быраабы олохтуур докумуоннары ыытаҕыт, пааспаргыт куоппуйа барыгыт киэнэ наада. Төрөппүттэргит дьиэлэрин иэнэ ааҕыллар.

Олорор дьиэбит хаарбах туруктаах. Уопсай уочаракка турабыт дуо?

Оннук.

Субсидия суумата төһө буоларый?

Үбүлээһинтэн тутулуктаах. Итиэннэ дьиэ кэргэн хас киһилээҕэ болҕомтоҕо ууруллар.

Уочараппытын хантан билиэхпитин сөбүй?

Бэнидиэнньиккэ, оптуорунньукка, сэрэдэҕэ сарсыарда 9 чаастан күнүс 12 ч. 15 мүн. диэри Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменыгар приемҥа кэлиэххитин сөп.  Пааспаргытын умнумаҥ.

Бас билэр сирдээх, массыыналаах буоллахпына бырагыраамаҕа кыттыахпын сөп дуо?

Тырааныспар оруолу оонньообот. Субсидиянан дьиэ туттар санаалаах дьон учаастактаах буолаллара үчүгэй.

Ипотекалаах буоллахпына, субсидия ылыахпытын сөп дуо?

Ипотека ылбыт кэмҥитигэр куоракка пропискалаах буоллаххытына, кыттаҕыт. Хамыыһыйа көрүөҕэ.

Хайаан да сокуонунан эр-ойох буолуохтаахпыт дуо?  

Суох. Ийэ оҕотун (оҕолорун) кытта хапсыан сөп. Маннык түгэҥҥэ дьахтар бырагыраамаҕа толорута суох дьиэ кэргэн быһыытынан кыттар. 

Официальнай дохуотум суох буоллаҕына, хапсыбаппын дуо?

2 НДФЛ ыспыраапката эрэ ирдэммэт. Ыйдааҕы босуобуйа, истипиэндьийэ, элимиэн ыларгыт туһунан ыспыраапка эмиэ туттарыаххытын сөп. Бааҥҥа уурунуулаах буоллаххытына, ол туһунан выписка ылаҕыт. Ийэ хапытаалын куоппуйата, пенсионнай пуондаттан төһө ордубутун туһунан ыспыраапка эмиэ наада.

Билигин 31 уонна 34 саастаахпыт. Арай уочараппыт 40 сааспытыгар кэллэҕинэ, субсидияҕа тиксибэппит дуо?

Хомойуох иһин, суох. Кэргэнниилэртэн биирэ эмит 36 сааһын туоллаҕына, бырагыраамаҕа хапсыбаттар. 

Прописка күнүн-дьылын көрөҕүт дуо? 

Суох.

Үлэ ыстааһа ааҕыллар дуо? Хайаан даҕаны биир сиргэ үс сыл үлэлээбит буолуохтаахпын дуо?

Бу бырагыраамаҕа үлэ ыстааһа, биир тэрилтэҕэ төһө уһуннук үлэлээбиккит учуоттаммат.

Куорат таһыгар олорор буоллахпытына, төрөппүттэрбит докумуоннарын хайаан да нотариуһунан бигэргэттэрэбит дуо?

Докумуон оригиналын уонна куоппуйатын аҕалар буоллаххытына, наадата суох.

Кэргэним куоракка пропискалаах. Ол эрээри дэриэбинэҕэ үлэлиир. Сайаапка биэриэхпитин сөп дуо?

Сөп.

Өскөтүн “положительнай” эппиэт кэллэҕинэ, субсидиябытын төһө түргэнник ылыахпытый?

Элбэх оҕолоох ыалларга уочарат түргэнник хамсыыр. Ол эрээри барыта үбүлээһинтэн тутулуктаах. Онон чуолкай эппиэти этэр кыахпыт суох.

Мин элбэх оҕолоох соҕотох ийэбин. Бырагыраамаҕа кыттыахпын сөп дуо?

Сөп.

Оҕолоох эрэ ыал кыттар дуо?

Суох. Сокуонунан эр-ойох буолбут эдэр ыал сайаапка биэриэн сөп. 

Улахан оҕом бастакы кэргэммиттэн буоллаҕына, эбии докумуон наада дуо?

Суох. Оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ эрэ наада.

Аҕыс сыллааҕыта Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменын бырагырааматынан дьиэ ылбыт буоллахпытына, быйыл кыттыахпытын сөп дуо?

Ол аата эһиги судаарыстыба көмөтүнэн туһаммыккыт. Иккистээн кыттыбаккыт. Хамыыһыйа аккаастыыр.

Аймахтарым аадырыстарыгар пропискалаах буоллахпына, кинилэр дьиэлэрин иэнэ эмиэ учуоттанар дуо?

Суох, аймахтар аахсыллыбаттар. Төрөппүттэргитин кытта биир сиргэ пропискалаах буолуохтааххыт.

Ийэ хапытаалын толору туһаммыт буоллахпына, ол туһунан ыспыраапка ирдэнэр дуо?

Суох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....