03.11.2022 | 16:00

Эдэр учууталга айымньылаах үлэ көдьүүстээх көрүҥэ

Аныгы кэмҥэ үөрэх тиһигин сайыннарыы уонна модернизациялааһын усулуобуйатыгар квалификациялаах, эдэр уонна уопуттаах каадырдар наадалар. Онуоха сөптөөх усулуобуйаны олохтоон, учуутал статуһун үрдүктүк сыаналааһын ирдэнэр.
Эдэр учууталга айымньылаах үлэ көдьүүстээх көрүҥэ
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат 34 №-дээх анал (коррекционнай) уопсай үөрэхтээһин оскуола-интэринээтигэр 290 оҕо үөрэнэр, олортон 98 оҕо доруобуйатыгар хааччахтаах. Педагогическай кэлэктиипкэ 66 педагог баар, олортон 7-тэ саҥа кэлбит эдэр учуутал.

Интэринээт-оскуола сайдыытын бырагырааматын биир тутаах хайысхатынан профессиональнай компетентноһы үрдэтиигэ дьоҕурдаах эдэр учууталлары сайыннарыы буолар.

Быйылгы үөрэх дьылыттан эдэр уонна саҥа үлэлии кэлбит учууталлары өйүүр, көмө-тирэх буолар сыалтан кинилэргэ коррекционнай оскуола уһуйааччытын биир кэлим тиһигэ олохтонно. Ону тэҥэ коррекционнай үөрэхтээһин эйгэтигэр учууталлар идэҕэ уһуйалларыгар тустаах усулуобуйа тэриллэр.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2023 сылы дойду үрдүнэн Педагог уонна настаабынньык сылынан биллэрбитэ.

«Бу үөрэх уопсастыбатын туһугар бэлиэ түгэн. Учууталлары өйүүр саҥа бырайыактары олоххо киллэрэргэ көмөлөһүө диэн эрэнэбин”, – диэн үөрэҕирии миниистэрэ Сергей Кравцов бэлиэтиир.

Уопуттаах учуутал билиитин-көрүүтүн, дьоҕурун биэрии биир көдьүүстээх көрүҥүнэн “Творческая мастерская педагога” диэн буолар.

Ольга Васильевна Астанова салалталаах интэринээт-оскуолаҕа “Творческая мастерская педагога-наставника” бырайыак оҥоһулунна, онно коррекционнай үөрэхтээһин эйгэтигэр өр сыллаах педагогическай уонна административнай уопуттаах 9 учуутал киирдэ. Бу бырайыак быйыл балаҕан ыйыттан интэринээт-оскуола методическай, инновационнай үлэтин чэрчитинэн олоххо киллэриллэр.

Бырайыак сыала-соруга:

Интэринээт-оскуола эдэр учууталларын профессиональнай компетентностарын үрдэтии, айымньылаах үлэни тэрийии.

Коррекционнай үөрэхтээһин эйгэтигэр кинилэр инновационнай уопуттарын түмэр уонна тарҕатар туһуттан педагогтары өйүүр көдьүүстээх систиэмэни тэрийии.

Сүрүн хайысхалара:

Кэлим методическай, консультативнай көмө, эдэр уонна саҥа кэлбит учууталларга психологическай уонна педагогическай өйөбүллэр.

Уопуттаах учууталлар билиилэрин тарҕатыы, түмүү уонна үөрэтии.

Атын оскуолалары, коррекционнай үөрэх тэрилтэлэрин, уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытта уопут атастаһыы, тарҕатыы.

Алтынньы 29 күнүгэр айар мастарыскыай үлэтин чэрчитинэн учуутал-иитээччи Раиса Афанасьевна Иванова эдэр кэллиэгэлэригэр бырайыактыыр маастар-кылааһы тэрийэн ыытта.

Кини доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор уонна төрөппүттэр кыттыылаах  бырайыагы олоххо киллэриигэ өр сыллаах сыралаах үлэтин уопутун үллэһиннэ. Төрөппүттэри коллективнай кылаас-комплектнай бырайыактарыгар, оскуола уонна дьиэ кэргэн икки ардыларыгар хардарыта көмөлөсүһүүгэ, сайдыыга уонна оскуола олоҕор төрөппүт көхтөөхтүк кыттыахтааҕын эттэ. Холобур, Раиса Афанасьевна үөрэнээччилэрин уонна кинилэр төрөппүттэрин кытта маннык бырайыактары тэрийэр: үөрэтэр-чинчийэр хайысхалаах – «Человек славен трудом», «История самого северного цирка», «Зеленый островок», патриотическай  тыыҥҥа иитэр – «Мы – правнуки твои, Победа!»,  тылы уонна саҥарар саҥаны эрчийиигэ – «Кукольный театр Теремок» уо.д.а.

Кини үөрэнээччилэри, төрөппүттэри кытта бырайыактыыр үлэни хайдах тэрийэн ыытарга, педагогтарга методическай сүбэлэрин биэрдэ, оҕо бырайыактыыр үлэтигэр практическай холобурдары көрдөрдө.

Манна даҕатан эттэххэ, киин куорат 34 №-дээх анал (коррекционнай) уопсай үөрэхтээһин оскуолата бырайыак чэрчитинэн атын үөрэх тэрилтэлэрин кытта хардарыта бииргэ үлэлиир. Быйыл күһүн оскуола уопуттаах учууталлара Табаҕа орто оскуолатын алын кылааһын учууталларыгар бэйэлэрин үлэлиир бырагыраамаларын, анал ньымаларын билиһиннэрэн аһаҕас уруоктары ыыппыттар.

Төгүрүк остуол кэмигэр Табаҕа алын кылаас учууталларыгар коррекционнай оскуола ньымаларын туһаныыга методическай рекомендациялары уонна  практическай сүбэлэри биэрбиттэр.

«Творческая мастерская педагога-наставника» бырайыак стратегияны олоххо киллэрии сүрүн түһүмэхтэринэн оҥоһуллубут, хас биирдии түһүмэҕи толоруу болдьоҕор тиийэ ыйыллыбыт. Маны сэргэ оскуола бэйэтин сайтыгар педагог-настаабынньык методическай кабинета тэриллэр, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору кытта үлэҕэ уопуттаах педагогтар бастыҥ практикаларын тарҕатыыга дьаһаллар ыытыллыахтара диэн оскуола салалтата кэпсиир.

Саҥа инновационнай бырайыак олоххо киирэн үлэлээтэҕинэ эдэр учууталга, чахчы, таһаарыылаах үлэ эйгэтэ тэриллэр кыахтаах. Уопуттаах педагогтары кытта хардарыта сыһыаҥҥа олоҕуран, эдэр педагог инновационнай, коррекционнай-педагогическай уопуту тарҕатыыга көмөлөһүө диэн эрэнэ хаалабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....