Эдэр учуонай, «Сырдат» подкаст ыытааччыта Ольга Павлова
— Ольга, «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар бэйэҕин билиһиннэр эрэ.
—Мин Муома улууһуттан төрүттээхпин, 2009 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үөрэххэ киирбитим. 2014 сылга салгыы магистратураҕа үөрэнэн, 2018 сыллаахха кандидатскай диссертациябын көмүскээбитим. Билигин Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун фольклор уонна култуура кафедратыгар уһуйааччы быһыытынан үлэлиибин. Ону таһынан “Сырдат” научнай-популярнай подкаст ыытааччытабын.
— Билим эйгэтигэр киирэр төһө уустугуй?
—Элбэх киһи билим эйгэтин, чинчийэр үлэни ыарырҕатар. Ол эрээри илиини араарбакка үлэлээтэххэ уонна интэриэһи сүтэрбэтэххэ, кимиэхэ барытыгар кыаллар. Холобура, мин кандидатскай диссертациям тиэмэтин устудьуоннуур сылларбыттан үөрэтэбин: бастаан курсовой үлэм этэ, онтон дипломнай, магистерскай уонна кандидатскай буолбута. 10 сыл устата кыралаан литератураны үөрэтэн, билимҥэ киирбитим. Онон билим эйгэтигэр киирии саамай сүрүн кэмэ — устудьуоннуур сыллар. Бу сылларга сэргиир тиэмэлээх, чинчийии үлэтин умсугуйан оҥорбут буоллаххына, салгыы билим туһунан толкуйданыаххын сөп. Элбэх эдэр чинчийээччи, учуонай курсовойтан эбэтэр оскуола НПК-тыттан саҕалаабыта.
Ол курдук, мин бастакы кууруска үөрэнэ сылдьан “Устное народное творчество” диэн лиэксийэ түмүгүнэн курсовойбар Муома олоҥхотун уонна олоҥхоһуттарын туһунан суруйбутум. Салайааччым Василий Васильевич Илларионов: “Хоту олоҥхото букатын ырытылла илик, кытаат, ылыстаххына, эн ылсыаҥ”,— диэбитин өйдөөн хаалбытым уонна «хайдах бу биһиги олоҥхобут ырытылла илигий?» диэн толкуйдуур буолбутум. Оннук патриоттуу санаанан салайтаран, тиэмэбин күүскэ ылсарга санаммытым. Бастаан биир олоҥхоһуту чинчийбитим, онтубун салгыы кандидатскай гына кэҥэтэн, хоту улуустар (Муома, Абый, Дьааҥы, Орто Халыма) олоҥхолорун үөрэтэн суруйбутум.
—Оттон билигин тугу үөрэтэҕин?
—Фольклор уонна култуура кафедратыгар үлэлиирим быһыытынан араас тиэмэлэргэ ыстатыйа суруйабын, ол эрээри син биир бэйэм тиэмэбин ордоробун. Билигин аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар эпостарын көрө сылдьабын: нимкан, нимнгакан, долганнар олоҥхолорун биирдиилээн тиэкистэрин. Хоту олоҥхолоро быдан былыргылар, сүрүн дьоруойдара уратылаах буолаллар, кээмэйинэн кылгас, остуоруйа матыыптара бааллар уонна толоруутунан атын. Холобура, Ийэ олоҥхоһут Дарья Андреевна Томская-Чайка толоруута илин эҥэрдэртэн, Бүлүү бөлөхтөртөн олох ураты.
—Гуманитарнай билим чинчийиилэрэ туох уратылааҕый?
— Хас да сыл буола-буола биһиги эдэр учуонайдарбыт көмүскэнэллэр, элбэх ыстатыйа, грант, бырайыак суруллар. Олоҥхо ыһыахтарыгар сылдьабыт, кэмпириэнсийэлэри тэрийэбит. Бэлиэтээн эттэххэ, аныгы дьон өйө-санаата уларыйда, төрүт култуураҕа, фольклорга чугаһаатылар. Онон биһиги чинчийиилэрбит ааҕааччыларын, интэриэһиргиир дьоннорун булаллар.
—Билигин саха тылын, култууратын чинчийээччилэргэ ханнык “тренд” баарый? Холобура, искусственнай интеллект өттүттэн?
—Тылларга билигин компьютерная лингвистика хайысхата сайдан эрэр, ол курдук аныгы техологиялары кытта үлэлээн, корпус языка оҥороллор. Оттон фольклористар чинчийэр үлэбитигэр информационнай технологиялары туттабыт. Ол курдук, видео устарбытыгар, экспедицияларбытыгар видео/аудио устан, цифровизациялыы сатыыбыт уонна кинигэ суруктарын сыыппараҕа көһөрөбүт. Онон билиҥҥи үлэбит — чинчийиилэрбитин киэҥ эйгэҕэ таһаарыы. Холобура, “Сырдат” подкаст, аһаҕас “Оpen” лиэксийэлэр, видео-лиэксийэлэр.
—“Сырдат” подкаст туһунан сиһилии кэпсиэҥ дуо?
—“Сырдаты” 2020 сыллаахха тэрийбиппит. Пандемия кэмигэр киһи барыта куйаар ситимин нөҥүө үөрэнэр, үлэлиир, аралдьыйар буолан, “подкаст” диэн өйдөбүл тарҕаммыт кэмин туһана сатаабыппыт. ХИФУ пресс-киинин кытта таһаарбыт аудио-подкаспыт биир сезон үлэлээн, 10-чака лиэксийэни устубуппут. Бастакы биэриилэргэ алгыс, тыл, литература тиэмэлэрин таарыйбыппыт. Онтон дьон интэриэһиргиирин өйдөөммүт, видео формакка көспүппүт. Ол кэмҥэ ХИФУ Медиакиинэ арыллан, онно уһуллар буолбуппут.
“Сырдат” сүрүн сыала — учуонайдар, биллэр-көстөр айар дьоҕурдаах дьон үлэлэрин киэҥ араҥаҕа таһаарыы. Бары билэрбит курдук, билим эйгэтэ кыараҕас. Чинчийиилэрбитин кэмпириэнсийэҕэ бэйэ-бэйэбититигэр кэпсиибит, устудьуоннартан ураты атын истээччи суоҕун кэриэтэ. Научнай сурунааллары эмиэ элбэх киһи аахпат. Ол иһин чинчийиилэрбитин, арыйыыларбытын киэҥ эйгэҕэ таһаарарга санаммыппыт. Онтон ыла бэһис сезоммутун үлэлии сылдьабыт, 30-чака биэрии таҕыста уонна биэриибит ааспыт күһүнтэн “Саха” НКИХ ханаалыгар тахсар. Биһигини кэтиир, көрөр киһи аҕыйах, сүрүннээн устудьуоннар, атын дойдуларга олорор сахалар, чинчийээччилэр, айар куттаах дьон көрөллөр.
—Подкаска эйигиттэн ураты кимнээх үлэлииллэрий?
—Бүтүн хамаанда үлэлиир. Бастакы ыытааччыбыт устудьуоммут Игорь Данилов этэ. Тута ылсан, бастакы ыалдьыты кытта олох чэпчэкитик кэпсэтэн барбыта. Онон, хата, Игорь баар буолан “Сырдат” подкаспыт оҥоһуллан, төрөөн таҕыстаҕа. Ону таһынан ХИФУ пресс-киинэ, Медиакиинэ туох баар техническэй үлэни оҥороллор, оттон биһиги контент бэлэмниибит. Билигин бэйэм ыытааччы быһыытынан тиэмэни толкуйдуубун, ыалдьыттары көрдүүбүн, ыйытыктары бэлэмниибин, кэпсэтэбин.
—Көрөөччүлэргитин кытта төттөрү сибээһи тутаҕыт дуо?
—Биэриибит университет эйгэтигэр биллэр. Онон, саҥа биэрии таҕыста даҕаны: “Үчүгэй тиэмэни таарыйдыгыт, сайыннаран, төгүрүк остуол тэрийиэххэ наада эбит”,—диэн санааларын үллэстээччилэр. Онон аҕыйах да буоллар дьон көрөрүттэн, сэҥээрэриттэн үөрэбит. Уонна куйаар ситимигэр олордохпуна билэр-билбэт дьонум: “Хаһан саҥа подкаст тахсар? Үөрүүнү кытта көрүөм этэ!”—диэн суруйаллар.
—“Сырдаты” салгыы хайдах сайыннарар былааннааххыт?
—Подкаспытын салгыы Арассыыйа таһымыгар таһаарыахпытын баҕарабыт. Билигин Арассыыйа култууратын министиэристибэтин Ыччат сэбиэтин кытта үлэлэһэ сылдьабыт. Кинилэр “Сырдат” туһунан дойду иһинэн иһитиннэрэн, биһиги сырдатар, кэпсиир үлэбитин кэҥэтиэхпит. Ону таһынан граннарга кыттан, Хоту улуустарга барыахпытын баҕарабыт. Долганнары, юкагирдары, эбээннэри, эбэҥкилэри кытта кэпсэтэн, кинилэр тустарынан анал биэриини устуохха сөп. Дьэ онно элбэх араас маастар, фольклору илдьэ сылдьааччы баар буолуохтаах.
—Оччоҕуна биэриилэргит нууччалыы тахсыахтара дуо?
—Арассыыйа таһымыгар тахсарга аҕыйах биэриини нууччалыы бэлэмниэхпит.
—Ыччат төрүт култуураны сэҥээрэр дуо, эн санааҕар, чопчу тугу интэриэһиргиирий?
—Билиҥҥи ыччат, кырдьык, ураты: истэрэ, интэриэһиргиирэ, толкуйдуура -барыта. Куйаар ситиминэн «сылдьан», холобура, Англия, Германия норуоттарын мифологияларын сэргээтэҕинэ, бэйэтин норуотун култууратыгар эмиэ оннугу көрдүүр. Холобура, Мулан туһунан үһүйээҥҥэ олоҕуран кытайдар бэйэлэрин култуураларын көрдөрөр киинэ уһуллулар. Итинник аныгы киинэлэри, сериаллары көрөннөр, ыччаттарбыт бэйэлэрин норуоттарын номохторун көрдүүллэр. Онон араас научнай-популярнай лиэксийэлэри ыыттахпытына, элбэх эдэр ыччат кэлэн, ураты боппуруостары ыйыталлар.
—Сүрүн үлэҕиттэн ураты оскуола оҕолорун НПК-ҕа бэлэмниигин. Тоҕо уонна оҕолор туохха ордук сыыһалларый?
—Чинчийээччи уонна уһуйааччы буоларым быһыытынан элбэх научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ дьүүллүр сүбэ быһыытынан үлэлиибин. Ол түмүгүнэн, биллэн турар, сыллата хатыланар алҕастары бэлиэтиигин.
Холобура, оҕолор уонна салайааччылар үксүн “научный аппарат” диэни ыарырҕаталлар - үлэ сыала, соруктара, тоҕоостооҕо, түмүгэ. Наһаа үчүгэй чинчийиилэри оҥорон баран, нууччалыы эттэххэ, “упаковкатын” кыайбаттара эмиэ баар. Дакылаат аатыгар болҕомто ууруллуон наада. Холобура, “Хомус алыптаах эйгэтэ” диэн аат научнай үлэ ирдэбилигэр сөп түбэспэт, уус-уран хабааннаах, хоһоон, хаһыат ыстатыйатын аатыгар барсар. Научнай үлэ аатыгар хомуска тугу үөрэппиккин чопчу ыйан таһаарыллыахтаах. Аны туран, үлэ сыалын-соругун сыыһа туруордуҥ да, атын суолунан барарыҥ чуолкай. Дакылаат барыта сыалтан тахсар: аата, соруктара, түмүгэ. Ону өйдөөтөххө, ханнык баҕар үлэ чэпчэкитик бэриллиэҕэ.
—Быйылгы “Инникигэ хардыы” НПК хайдах ааста?
—Бу сылга оҕолор олус үчүгэй тиэмэлэри талбыттар уонна кэллиэгэлэрбин кытта куруутун: “Тиэмэ бүппэт эбит!”—диэн кэпсэтэбит. Бииртэн биир саҥа тиэмэни, үлэни таһаараллар. Онон былыр үйэҕэ барыта үөрэтиллэн, чинчийиллэн бүппүтэ диир сыыһа.
Быйылгы үлэлэртэн археологическай хаһыылар түмүктэринэн оҥоһуллубут чинчийиилэргэ тохтуохха сөп, оҕолор былыргы малы-салы үөрэппиттэр. Ону таһынан сайыннарар остуол, квест-оонньуулар бааллар. Манна оҕолор төрүт фольклору бэйэлэрин харахтарынан көрөн, саастыылаахтарыгар кэпсээн, быдан өйдөнүмтүө методиканы айаллар.
—Оскуола оҕото, устудьуон, учуонайдар билиминэн дьарыктаналлара туох уратылааҕый?
— Биһиги устудьуоннартан улахан арыйыылары күүппэппит: кинилэр интэриэһиргиир тиэмэлэрин үөрэтэн, бэйэлэригэр туох эрэ арыйыы оҥоруохтаахтар, саҥаны билиэхтээхтэр. Уопсайынан, оҕо да, устудьуон да, учуонай да буол, эн үлэҕэр интэриэс баар буолуохтаах, тиэмэҕин сөбүлээбэт буоллаххына, син биир туох да туһалаах тахсыбат.
—Билим эйгэтигэр киириэн баҕарар оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Билим аана киһиэхэ барытыгар аһаҕас. Элбэҕи билиҥ-көрүҥ, элбэх кинигэтэ ааҕыҥ, куйаар ситимигэр лиэксийэлэри көрүҥ уонна бэйэҕит кэрэхсиир тиэмэҕитин, эйгэҕитин булуҥ. Биир сөбүлүүр, үлүһүйэн туран дьарыктанар тиэмэлээх буоллаххытына — бастакы хардыыгыт ити буолар. Тиэмэ булар, биллэн турар, уустук, элбэх киһи ыарырҕатар. Билигин хантан баҕарар информацияны булан, үөрэтэн: “Мин билим эйгэтигэр кыахтаах эбиппин, тугу эмит оҥоруохпун баҕарабын”,— диэн магистратураҕа, аспирантураҕа киирэн, чинчийиилэри оҥоруоххутун сөп.
—Ольга, кэпсэтииҥ иһин барҕа махтал! Үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.