21.07.2022 | 14:00

Эдэр-сэнэх буолуу кистэлэҥнэрэ

Үөрэх этэринэн, киһи 120 сыл олоруохтаах эбит. Норуоттар икки ардыларынааҕы быраастар уонна психологтар бөлөхтөрө олоҕу уһатар уонна кырдьыыны кыйдыыр уон пуунтан турар бэлиэтээһиннэри оҥорбут:
Эдэр-сэнэх буолуу кистэлэҥнэрэ
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

1. Элбэҕи аһаамаҥ. Сорох күн куртаххытын сынньатан, аскытын олох кыччатыҥ, оччотугар эккит-хааҥҥыт чэбдигириэ.

2. Аһыыр ас сааскытыгар сөп түбэһиэхтээх:

30 саас кэннэ элбэхтик эриэхэни, быары сиэҥ.

40 саас кэннэ бетакаротиннаах оҕуруот аһын аһааҥ, холобур, моркуоп. Эр дьон бу саастарыгар сыыры уонна бүөрү сиэхтэрин наада, селен диэн эттик олох охсууларын уйарга көмөлөһөр.

50 саас кэннэ уҥуоҕу бөҕөргөтөр аһы сиэҥ. Бу кэмҥэ элбэх балык наада, бу сүрэх, тымыр ыарыыларыттан көмүскүүр.

3. Бэйэҕит сөбүлүүр идэҕитинэн үлэлээҥ, оччотугар бэйэҕит сааскытыттан быдан эдэр буолан көстүөххүт.

4. Хайаан да иккиэ буолуҥ! Таптал уонна бэйэ-бэйэҕэ сылаас сыһыан – саамай үчүгэй эмп. Күүстээх таптал киһиэхэ дьолтон атыны аҕалбат. Бэйэтин дьоллоохтук сананар киһи доруобуйата бөҕөргүүр, үйэтэ уһуур.

5. Сүүрүк хоту устар киһитээҕэр бэйэтин санаатын сайа этэр, үлэтигэр туһанар киһи үлэтэ да тахсыылаах, үйэтэ да уһун буолар.

6. Сүүрүҥ-көтүҥ, элбэхтэ хамсаныҥ! Күҥҥэ 8 мүнүүтэ устата спордунан дьарыктанар киһи олоҕун биллэрдик уһатар.

7. Сөрүүн хоско утуйуҥ! Сөрүүн хоско утуйар киһи итии хоско утуйар киһитээҕэр эдэрчи көрүҥнээх буолар.

8. Сотору-сотору сөбүлүүр аскытын-таҥаскытын атыылаһан бэйэҕитин маанылааҥ, манньыйыҥ.

9. Кыыһырбыккытын искитигэр тутумаҥ, хайаан да таскытыгар таһаарыҥ! Этиҥ-тыыныҥ, тыаһааҥ-ууһааҥ. Хомолто санааны искэ тута сылдьыы ыарахан ыарыыга тиэрдэр. Санаа баттала – ыарыы төрдө.

10. Төбөҕүтүн үлэлэтиҥ! Сотору-сотору кроссворда таайыҥ, элбэх киһилээх оонньууларга кыттыҥ, омук тылын үөрэтиҥ, ахсаанна суоттааҥ. Ахсааны туох да тэрилэ суох өйгө суоттааҥ. Төбөҕүтүн быыстала суох үлэлэтэр буоллаххытына, хара өлүөххүтүгэр диэри түөһэйиэххит суоҕа.

Эдэр-сэнэх, чэгиэн буолуҥ!

 

«Доруобуйа – дьол” кинигэттэн.

Хаартыскалары интэриниэт аһаҕас ситимнэриттэн туһанныбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...