02.04.2022 | 10:00

Эбээ Балбаара остуоруйата

(худуоһунньук И. Корякин хартыынатынан)
Эбээ Балбаара остуоруйата
Ааптар: Хайа Тыала
Бөлөххө киир

Балбаара эмээхсин 85 сааһа. Кини элбэх остуоруйалаах, былыргы үһүйээннэри, номохтору да истибитэ үгүс. Ол иһин сайын куораттан кэлбит сиэннэрэ төһө да нууччалыы чобуордаллар, хата, дьонуҥ сахалыы остуоруйалары олус сэҥээрэн истэллэрэ. Сайыына диэн сиэнэ уруһуйдуура, онтон Мичил компьютерга сахалыы мультиктары оҥороро. Онон бу икки оҕоҕо тапталлаах эбэлэрэ, төһө да сааһырдар, төһүү күүс буолара. Балбаара эмээхсин кырдьаҕаспын диэбэт, сайынын торбостору аһатыһар, кымыс кымыстыыр, суорат, иэдьэгэй, хатарба лэппиэскэ буһаран, оҕолорун күннэтэ ас эгэлгэтинэн күндүлүүр, астыырга даҕаны үөрэтэр.

 

Ураа лаҥкыр муостаах,

Курбуулаах бииллээх

Үрүҥ Саадьаҕай оҕус икки

Суостаах Суодаллаах

Чымаан Чыгдаан тыыннаах

Үүт-тумарык туманынан

Оргуйа турар байҕаллаах

Тымныы оҕуһа икки

 

Арай биир киэһэ оҕолоругар Дьыл оҕуһун туһунан остуоруйалыырга сорунна.
– Эбээ, бүгүн ханнык остуоруйаны кэпсиигин? - Мичил уол ыйытар.
– Бүгүн саха дьоно бары да саллар, бары да куттанар, саха биир дьиктилээхэй итэҕэлин Тымныы оҕуһун туһунан сэһэргиэм.
Кини ыраах Хотугу муустаах байҕалтан алтынньы ыйтан айаннаан биһиэхэҕэ кэлиэхтээх. Кинини атыннык "Дьыл оҕуһа" диэн ааттыыбыт. Дьэ, оҕуспут кэлэн тымныы салгыны эҕирийтэлээн ыла-ыла, биһиги диэки таныытын быыһынан салгынын таһаардаҕына, уорааннаах тымныы түһэр. Билигин эһиги, аныгы оҕолор, ол туһунан саха бастыҥ уруһуйдьуттарын үлэлэриттэн билэҕит.
Оҕуспут тохсунньу 31 күнүгэр муоһун кылаана кыларыйар, онтон олунньу 12 күнүгэр аҥаар муоһа, ол кэннэ олунньу 24 күнүгэр иккис муоһа түһэр.

Мичил уол онуохаҕа соһуйан ыйытар:

– Эбээ, оттон ити муоһа ол тоҕо түһэр?

Ии, оҕом барахсан, олус сөпкө ыйыттыҥ. Билигин мин истэрбинэн наар тымныы оҕуһун муоһа тостор дииллэр. Дьиҥэр, оннук буолбатах, кини тостубат, тымныы оҕуһун муоһа син тайах,таба курдук ситэн түһэр, ону этэллэр ээ, дьиҥэр. Аан бастаан аҥаар муоһа туллан түһэр, онтон иккис муоһа туура ыстанар. Бу кэмтэн ыла, дьэ, халлааммыт улам сылыйарга барар, туллан хаалбыт муос кырамталара сайын буолуор, ыам ыйын 22 күнүгэр диэри, ууллан бүтэллэр.
Мичил саҥаны билбит киһи быһыытынан харыс үрдээтэ, санаатыгар наар Дьыл оҕуһа диэн хайдах буолуохтааҕын хараҕар ойуулуу сытта. Эдьиийинээн Сайыыналыын сайын ахсын кэлэн, өбүгэлэрэ былыр-былыргыттан оттуур ходуһаларыгар сайылыыллар, сайыҥҥы куйааска сөтүөлээн, астына-дуоһуйа сынньанан, төрүт буордарын кэрэ айылҕатын абылаҥар ылларан, сүмэһиннээх сүүмэҕин эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэн, күүс-уох хомунан бараллар. Бу сытан Мичил нуктаан барда, санаата дириҥ далай устун, күөх чээмэл салгыннаах халлаан устун айанныырга курдуга. Улам-улам түүл дуу, илэ дуу?
Арай түһээтэҕинэ оттуур сирдэрин аттыгар баар халыҥ ойуур быыһыгар тиийэн хаалбыт. Бу ойуурга уол соҕотох сылдьарын куттанар этэ. Бу сырыыга кини хайыыр да кыаҕа суох, соҕотох. Онон толлор диэни билбэтэ, көрдөҕүнэ, күн илин саҕахтан сыдьаайан саҥа тахсан эрэрэ. Былыргы айан ыллыга ыраахха диэри тыргылларын көрөн, уол ол ыллык устун сүүрүү-хаамыы быластаах баран истэ. Ыраах ойуур кэтэҕэр тураахтар дааҕырҕаһар саҥалара иһиллэн ааһар. Уол халыҥ ойуур устун баран истэ. Урут аҕата аарыма улахан, хаһан да көрбөтөх тиитин көрдөрбүтүн өйдүү биэрдэ, хайдах эрэ санаатыгар ол мас бэйэтэ ыҥырар курдук.
Мичил олоҥхоҕо кэпсэниллэр Аал Луук Мас курдук хойуу, модьу-таҕа лабаалардаах, халыҥ да халыҥ хатырыктаах, үс киһи кыайан кууспат тиитигэр кэтиллэ биэрдэ. Өйдөөн көрбүтэ, бу тиитэ кырдьыктыы Аал Луук Мас буолан үүнэн силигилээн турар эбит. Тула чыычаах ырыата дьырылыыр, моҕотой, тииҥ, бэл, саарбаҕа тиийэ бу мас тула олохсуйбут. Арай маһа кыыкыр-хаахыр тыаһаан барда, сир дьигиһийэргэ дылы гынна, хантан да кэлбитэ биллибэт сөрүүн тыал саба биэрдэ, онтон эмискэ халҕан курдук арыйа баттанна, аас маҥан баттахтаах кырдьаҕас эмээхсин тахсан кэллэ. Уол тоҕо эрэ куттаммат.

Тукаам, эн миигиттэн куттаныма. Мин бу дойду иччитэ буолабын, эн тускунан барытын билэбин, бу дойду олоҕун тускулааччы буолабын, - диэтэ уонна оргууй уолга хааман кэллэ уонна эттэ:

Эн олус үтүө санаалаах, дьоһун мааны киһи тахсан эрэр эбиккин. Дьэ онон күндү оҕобун, эйигин, төрөөбүт кырдалыҥ, олохтоох тоҕойдоруҥ, киэҥ нэлэмэн сыһыыларыҥ устун дьиктилээх айан суолугар ыҥырабын. Саханы саха оҥорбут, ураа лаҥкыр муостаах, модьу таҕа көстүүлээх, ханныктаах да айантан толлубакка айанныыр Үрүҥ Саадьаҕай оҕуһум ханнаҕын?

Иһиттим-истибэтим диэбиттии, хантан да кэлбитэ биллибэт Ураа лаҥкыр муостаах, курбуулаах бииллээх Үрүҥ Саадьаҕай оҕус кинилэр аттыларыгар бу баар буола түстэ.

Дьэ оҕобор эйиэхэ кыайыы-хотуу үктэллээх эргиллэн кэлэриҥ туһугар өлбөт мэҥэ уутун биэрэбин. Бу маны дьоҥҥор-сэргэҕэр эргиллэр кэм кэллэ диэтэххинэ биир тыынынан иһэн кэбиһээр. Эн билигин бэйэҥ ытыскын мин ытыспар таҕай, оччоҕуна ити оҕуска сөптөөх киһи буолуоҥ, - диэтэ.

Уол ытыһынан Аан Алахчын Хотун илиитин таҕайбыта, бэйэтиттэн сэттэ төгүл бөдөҥ киһи буолан тахсар. Ол кэннэ аарыма кырдьаҕас эмээхсин субу курдук саҥалаах буолла: "Тус хоту бардаххына, Хотугу муустаах муораҕа Суостаах Суодаллаах Чымаан Чыгдаан тыыннаах Үүт тумарык Туманынан оргуйа турар байҕаллаах Тымныы оҕуһа баар. Биһиги оҕуспут ону кытта туруулаһан тулуһарга сөптөөх кыахтанна, онон хайаан да күөн көрсөн, күрэс былдьаһан кэлиэх тустаах", - диэтэ.

Уол үрүҥ саадьаҕай оҕуска көрүөх бэтэрээ өттүгэр ыстанан тахсар да, тус хоту айанната турар. Бу сылдьан олоҥхо бухатыырыныы сананар, Дьааҥы Таас хайаларын оройдорунан, киэҥ нэлэмэн туундара устун айаннатан, үлтүрүтэ баран өрө ытылла турар байҕаллаах, тыһыынчанан күөллэрдээх, Хотугу Муустаах байҕалга тиийэ тэбиннэрдэ. Санаатыгар, сыала-соруга диэн, бу оҕуһун илдьэн Суостаах Суодаллаах Чымаан Чыгдаан тыыннаах үүт тумарык туманынан оргуйа турар байҕаллаах Тымныы оҕуһун кытта күөн көрсүһүннэрэр.
Үс күннээх-түүн утуйбакка-олорбокко айаннаан, тиийиэхтээх сиригэр тиийдэ. Арай тиийбиттэрэ ханан да, туох да баара биллибэт, далай долгуна эмиэ намыраабыкка дылы. Оҕуһун мэччитэ ыытта, бэйэтэ уот оттон туундара куобаҕын буһаран, аһаан ньалҕарыта олордо. Аһаан-сиэн, тотон-ханан баран утуйан хаалбыт.
Эмискэ муус тосторута ыстанар тыаһыттан уһукта биэрэр. Күн арҕаа саҕахха түһэн эрэрэ, тымныы өксүөн тыал суптурута үрбүт, уол тииһэ ыпсыбат буола тоҥмут. Кэлиитигэр кус-хаас аймалҕана байҕал кытылын толорор этэ, ол да ньип-ньимиликээн. Киэһэ уһукта биэрэн куска тиргэлиир санаалааҕа ханна да суох буолбут, бэл диэтэр хопто да хаһыытаабат. Тугун дьиктитэй? Уол олус соһуйда. Хоту диэки одуулаабыта, ыраах-ыраах аан тумарык быыһынан оҕус айаатыыр саҥата иһилиннэ. Ол дуорааныттан тоҥон турбут байҕал мууһа үлтүрүтэ баран, долгунун бааллара өрө үтүллэ олордо. Дьэ онтон, доҕоор, сүүнэ улахан атыыр оҕус, айаатыы-айаатыы, муус арыыга устан уйдаран, байҕал түгэҕин диэкиттэн дьалкыһытан иһэр эбит. Ол арыыта ханныктаах да муус кыаһааннартан иҥнибэккэ, барытын тоҕута солоон устан доллоһутар эбит.
Биһиги киһибит оҕуһун ыҥырда. Ханныктаах да айантан толлубакка айанныыр  Үрүҥ Саадьаҕай оҕуһум ханнаҕын? Иһиттим-истибэтим диэбиттии, хантан да кэлбитэ биллибэт Ураа Лаҥкыр муостаах, курбуулаах бииллээх Үрүҥ Саадьаҕай оҕус баар буола түһээт, хоту диэки сыт ыла-ыла сиксириннэ, кыа хааннааҕынан сири суптурута көрө-көрө, хатан хаалбыт сир буорун ылан, муоһунан кэйэ-кэйэ, илин атаҕынан сири хаһа-хаһа өрүтэ ыскайдаата, үс төгүл сүр улаханнык орулаата. Били үрүҥ оҕуспут ханна да суох, хааннааҕынан көрбүт хара оҕус буола түстэ. Уол санаатыгар өссө улааппыкка дылы буолан көһүннэ.
Устан иһэр алчахха майгынныыр арыы сир кытылыгар кэлэн охсулунна, тохсунньу ыйы санатар тымныы туман холоруктанан кэлэн, сири маҥан хаар кыырпахтарынан тэлгээтэ, самаан сайын ортото кыһын кэлиэх аньыылаах көстүүтэ буола түстэ. Суостаах Суодаллаах Чымаан Чыгдаан тыыннаах үүт тумарык Туманынан оргуйа турар байҕаллаах Тымныы оҕуһа айаатаабытынан биһиги оҕуспут муоһугар муос муоска кэтиллэ түстэ. Лыс-лас! Муос-муоска! Иһийэн турбут чуумпу тоҕута айманна. Хантан да кэлбитэ биллибэккэ хараҥа былыт халыйда, чаҕылҕан чаҕылыйда, этиҥ эттэ. Икки сүүнэ улахан оҕус үс күннээх түүн сылайан да көрбөккө, тохтоон күөлэһийэн да ылбакка, утуйар ууларын, аһыыр астарын умнан, хапсыһыы түһүлгэтин олохтоотулар.
Дьэ онтон эмискэ Ураа лаҥкыр муостаах, курбуулаах бииллээх Үрүҥ Саадьаҕай оҕус, өй булан, өлөр хаалар күнэ үүнэн, уоттаах суодаллаах хараҕынан Суостаах Суодаллаах Чымаан Чыгдаан тыыннаах үүт тумарык туманынан оргуйа турар байҕаллаах Тымныы оҕуһун суптурута көрөн кэбиспит хараҕын уотуттан харахтара саатта, муостара кыларыйда. Субу курдук утарыта көрсөн, турда турбутунан ууллан хаалыаҕын санаталаан, кэннинэн чугуруйда, иккитэ-үстэ ойуолаат, айаатыы-айаатыы, ханныктаах да муус кыаһааннартан иҥнибэккэ, барытын тоҕута солоон устан доллоһутар арыытыгар баар буола түстэ да, Муус Байҕал түгэҕин диэки, хайдах кэлбитэ да, ол курдук айанната турда.
Биһи киһибит кыа хаан буолбут Ураа лаҥкыр муостаах, курбуулаах бииллээх Үрүҥ Саадьаҕай оҕуһугар ыстана биэрдэ да, кэлбит сирин диэки ойуолата турда. Үс күннээх түүн айаннаан, төрөөбүт дойдутугар, оттуур ходуһатын Аал Луук Маһыгар баар буола түстэ. Өлөр-хаалар күнүгэр өрөһүлтэ буолар өлбөт мэҥэ уутун биир тыынынан ыймахтаабыта, улам-улам салгыҥҥа сайҕанан өйүттэн сүтэн хаалла. Уһукта биэрбитэ, дэлби тириппит, бэйэлээх бэйэтин дьиэтигэр утуйан нухарыйбыт эбит. Ити дьикти түгэнэ түүл буолан хаалла. Эбэтэ Балбаара остуоруйатын кэпсээбитин курдук кэпсии олороро.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...