Дьылҕа хаан бэлэҕэ
Өлөксөй уһуктан баран, оронуттан турбакка, ону-маны саныы сытта. Бүгүҥҥү күнэ эмиэ туох да уларыйыыта суох ааһарын кини өтө сэрэйэр. Туран да тугу өрө тардаахтыай? Эмиэ күнү быһа салбыҥнаан, дьиэтин иһигэр, таһыгар хаамыталаабыта буолан, кураанах ууну иһэн баран хапсыйбыт иhин имэрийэ-имэрийэ сытаахтыа буоллаҕа. Саатар, тэлэбиисэрэ да, араадьыйата да суох. Дьиэ иһэ иһиллээбит курдук уу-чуумпу. Аттыгар турар кыракый чаһыта сүрэҕэлдьээбиттии айаннаабыта буолар. Хата, батареянан барбат буолан син өр сырытта. Өлөксөй эрэйдээх батарея ылар да харчыта суох. Бүгүн биэнсийэтэ кэлиэхтээх күнэ. Туран, сирэй-харах сууммута буолан, сэргэхсийиэххэ баар этэ диэн суорҕанын сыыһын киэр илгэн, куукунатын диэки бадьаалаабыта буолла.
Өлөксөй билигин бу киһи аҥаара буолаахтаатар, кини да оҕо буола сылдьыбыта, ийэлээх-аҕалаах, бииргэ төрөөбүттэрдээх этэ. Өссө таптыыр кыыстааҕа.
Ол сахха Өлөксөй уол оҕото, эр бэрдэ этэ. Оскуолатын бүтэрээт, аармыйаҕа барбыта, кэлэн тута үөрэххэ туттарсан киирбитэ. Учуутал буолар баҕа санаалааҕа. Үөрэххэ ылыллыбыт күнүн кини үйэ-саас тухары өйдүү сылдьар. Ип-итии сырылас күн буһан-хатан испииһэк көрө кэлбитэ. Уп-уһун испииһэккэ саамай бүтэһик кини аата суруллубутун көрөн, сири билбэт буола үөрбүтэ. Кимниин эрэ үөрүүтүн үллэстэн кэпсиэн-ипсиэн баҕарбыта. Арай аттыгар биир кыыс испииһэктэн аатын булбакка, кистии-саба ҳараҕын уутун сотто турара. Өлөксөй ол кыысчааны аһынан, бэйэтэ киирбититтэн буруйдаах курдук санаммыта. Хайдах эрэ кыысчааҥҥа чугаһаан, кинини уоскутуон, тугунан эрэ көмөлөһүөн баҕарбыта.
Аттыгар тиийэн баран тылыттан матан, туох да диэн булбакка турбута. Арай сиэбиттэн бэҕэһээ маҕаһыыҥҥа бытархай харчылара суох буолан болотуок биэрбиттэрин наада буолуо диэн ылбытын кыыс диэки ууммута. Кыыһа иһин түгэҕиттэн туох эрэ диэн баран уол болотуогун ылан хараҕын уутун соттубута.
– Дьоммор хайдах этэбин, үөрэххэ киирбэккэ эрэ кэлээйэххин диэбиттэрэ. Саатар туох эрэ кууруска туттарсыбыт киһи, аны олордор дьонум соҕуруу баран эрэллэр, ханна барарым буолла? – диэн Өлөксөй диэки уу-хаар баспыт харахтарынан, эн эрэ быһаардаххына быһаараҕын, көмөлөһөҕүн диэбиттии көрөн кэбиспитэ.
Өлөксөй бу кыыhы уруккуттан билэрдии, уруургуу көрбүтэ уонна хара маҥнайгыттан киниэхэ ис санаатын эппитин дьиибэргиэхтээҕэр, чугастык ылыммыта. Кини бу оскуоланы саҥа бүтэрбит, куоракка олорор да сирэ суох хаалаары гыммыт кыыһы чахчы ис сүрэҕиттэн аһыммыта, хайаан да көмөлөһөр санааламмыта.
–Эн, бастатан туран, хараҕыҥ уутун сотун, ытаан да туһа суох буолуо. Билигин тугу гынарбытын сүбэлэһиэхпит, – диэн убай киһилии сүрдээх истиҥник эппитэ уонна кыыһы сиэтэн таһырдьа таһаарбыта.
Ити курдук кинилэр бастакы билсиһиилэрэ саҕаламмыта. Оленька (кыыс итинник ааттааҕа) Өлөксөйгө хара маҥнайгыттан итэҕэйбитин, эрэммитин бэйэтэ да сөхпүтэ. Куоракка араас албын-көлдьүн, күлүгээн дьон бааллар диэн дьоно дэлби куттаабыттарын да умнан кэбиспитэ.
Уол аймахтарын даачатыгар соҕотоҕун харабыл буолан олоpopo. Онно Оленьканы көһөрөн илдьибитэ уонна иккиэн күн аайы араас үөрэх тэрилтэлэрин кэрийбитинэн барбыттара. Кэмниэ-кэнэҕэс биир СПТУ-га атыыһыттар куурустара баарыгар докумуоннарын илдьэн туттаран, Оленька онно киирэр буолбута.
Өлөксөйдөөх Оленька иккиэн убайдыы балыс курдук сылдьаллара, хайдах эрэ уруккуттан билсэр дьон сүтэрсэн баран булсубут курдуктара. Уол кыыһы тарбаҕын төбөтүнэн да таарыйбата, куруук сүбэлии-амалыы сылдьара, кыратык да хойутаатаҕына долгуйара, күүтэрэ. Ол эрэн кинилэр икки ардыларыгар туох эрэ сылаас, истиҥ сыһыан баарын иккиэн сэрэйэллэрэ уонна ону үргүппэт, сойутан кэбиспэт туһугар хайа-хайалара да кыыһырбата, өйдөспөт буолууга тиэрдибэт буола сатыыллара. Кинилэр үксүн доҕотторун, дойдуларын туһунан кэпсэтэллэрэ, сороҕор кыыс иннин биэрбэккэ мундуйдуура, ону Өлөксөй күлэн-салан аралдьытан кэбиһэрэ. Ити курдук “ыал буолан оонньуур” курдук икки нэдиэлэ олорбуттара, онтон арахсар түгэннэрэ тирээн кэлбитэ. Уол үөрэҕинэн практикалана барыахтааҕа, кыыс эмиэ дойдутугар айанныахтааҕа.
Ол киэhэ иккиэн ырыынакка баран ас атыылаһан астаммыттара, иккиэн да асчыт бэрдэ этилэр. Оленька алаадьы буһаран сырдьыгынаппыта, Өлөксөй соркуой, салаат оҥорбута уонна суолтатыгар диэн биир кыһыл арыгы ылбыттара. Хайдах эрэ иккиэн саҥаларыттан матан, хайалара да кэпсэтиини аспакка олорбуттара. Сарсын арахсалларын, аны хаһан көрсөллөрүн туһунан саныыллара, Өлөксөй кыыска бэлэмнээбит тапталга билиниэхтээх истиҥ тылларын сатаан саҕалаабакка мух-мах буола олорбута. Саҥата суох аhаан, хайалара да арыгыларын айахтарын диэки чугаһаппатахтара. Онтон эр ылан Өлөксөй кыһылын арыйан, охсуһуннаран, бэйэтэ эрэ иhэ олорбута. Айаҕа дьэ аһыллан, эмиэ көрү-көрүдьүөһү кэпсэтэн барбыттара. Өлөксөй арыгыта төбөтүгэр тахсан, эр санаатын киллэрэн, Оленькаҕа таптыырын туһунан этэн-тыынан, практикаттан кэллэҕинэ хайаан да көрсөн салгыы доҕордоһуохха диэн тыл көтөхпүтэ. Оленька дэлби кыбыстан, тугу да диэн билбэккэ олорбута.
– Өлөксөй, мин эйигин эмиэ сөбүлээтим, ол эрэн хайдах эрэ убайым курдук саныыбын. Эйиэхэ үөрэнэн хааллым, эн үтүө санааҕар, көмөҕөр хайдах махтаныахпын билбэппин, – диэн уолу уун-утары тэрбэччи көрөн олорбута. Итиччэни истэн баран Өлөксөй көтүөн кыната эрэ суох буолбута, уола хаанын киллэрэн кыыска чугаһаан кууспалаан, сыллаан-уураан барбыта. Оленьката да киниэхэ эппиэттээн, уолу кууһан, сыллаан барбыта, ити курдук кинилэр таптал итии кутаатыгар куустаран орону булбуттарын билбэккэ да хаалбыттара. Сарсыныгар иккиэн буруйдаах дьон курдук бэйэ-бэйэлэриттэн кыбыстан, тылларыттан матан арахсыбыттара. Өлөксей Оленькатын атааран баран дьиэтин-уотун хомуйан, аанын хатаан, үөрэҕэр тиийэн практикалана барбыта.
Кууруһунан улуус биир уһук дэриэбинэтигэр хортуоппуй хостооһунугар үлэлии тиийбиттэрэ. Аармыйа кэнниттэн үөрэххэ киирбит хас да уол баара. Өлөксөйү салайааччы быһыытынан талбыттара, ону биир Никииппэр диэн уол миигин оҥорботугут диэн куруук туорайдаһара, сороҕор утуйан хаалан үлэтигэр тахсыбата. Көрдөөх-нардаах устудьуон олоҕо ити курдук саҕаламмыта. Киэһэтин кулуһун тула гитаранан ырыа, күнүһүн үлэ-хамнас күөстүү оргуйбута. Биир субуота күн бөһүөлэккэ биэчэрдии барар буолбуттара. Кулуупка тиийбиттэрэ – үнкүү-битии оройуттан ылыллыбыт этэ. Өлөксөй салайааччы быһыытынан оҕолорун көрө сылдьыахтааҕа.
Арай үнкүү ортотун саҕана олохтоохтору кытта устудьуоннар охсуһан эрэллэр диэн бары таһырдьа харбыаластылар. Өлөксөй ойон тахсыбыта, Никииппэр биир уоллуун уолуктаһан эрэллэр эбит. Өлөксөй икки ардыларыгар түһэн араартыы сатаабыта, анарааҥылара туох иһин арахсыбаттар, тэбиэлэһэн, охсуһан сурдурҕаһыы бөҕөлөрө. Өлөксөй араартыы сатаан баран аны бэйэтэ охсуһан барда. Хайалара да иннин биэрбэт, төгүрүччү киһи бөҕө мустубут, айдаан-куйдаан, ыһыы-хаһыы. Онно мучумааннаһыы, манна уолуктаһыы.
Кулууптан хас да уол ойон тахсан эмиэ устудьуоннары куолаабытынан бардылар. Өлөксөй Никииппэрин тутаары, анараа уолун тардыалаһа сылдьан охтон түспүтүгэр кинини тэбиэлээн бардылар. Нэһиилэ ойон туран биир уолу маҕыйа түһэн баран сирэйгэ сутуругунан сырбатта, онтон аттыгар сытар дүлүҥүнэн оройго биэрдэ. Кэрээниттэн тахсан, мээнэ хаһыытыы-хаһыытыы харса суох ол сытар уолун тэбиэлээбитинэн барда.
Охсуhуу хайдах түмүктэммитин билбэт, арай биирдэ өйдөммүтэ – Сэбиэт хонтуоратыгар охсуспут уолаттары тутан хаайталаабыттар эбит. Ол түүн оройуон кииниттэн милииссийэлэр кэлэн доппуруос бөҕөтүн түһэрдилэр, саамай буруйдаахтара Өлөксөй курдук буолан таҕыста. Били көмүскэспит Никииппэрэ кинини ыйан биэрдэ, кырбаммыт уолу балыыһаҕа илдьэн эпэрээссийэлээбиттэр. Өлөксөй суут уурааҕынан үс сылга хаайыыга түбэспитэ. Итинтэн ыла кини олоҕо огдолуйан киһи аатыттан ааһан барбыта. Сымыйаҕа, балыырга хаайыыга олороруттан кыһыйдар, абардар да көмүскэһэр киһи суоҕа. Аны Оленькатын хантан булуоҕун, ханна суруйуоҕун аадырыһын билбэтэ. Хаайыыга сытарыттан кыбыстан, көрдүү да сатаабатаҕа. Киһи табыллыбатаҕына, хара сурааһын куруук эккирэтэ сылдьар дииллэр. Өлөксөй хаайыыттан тахсан, биир ый буолаат, атастарын кытта арыгылаан охсуһан эмиэ түөрт сылы эбиммитэ. Хаайыы дьардаах салгыныгар аанньа буолуо дуо, ыарыы бөҕөтүн ыалдьан, сэллик буолан тахсыбыта, дьоно, төрөппүттэрэ бары киэр хайыспыттара, саа да тэбиитигэр чугаһаппатахтара.
Иккистээн сытыытыгар биир киһини доҕор оҥостон, онто эрдэ босхолонон, биир хос дуомнаах буолан онно ыҥырбыта. Хата, пропискалаан үлэ булан биэрбитэ, онтон Өлөксөй дэлби ыалдьар буолан инбэлииккэ тахсан бу олордоҕо. Ол доҕоро былырыын хоту үлэлии барбыта да, сураҕа суох сүттэ. Санаатыгар киһитин кэтэһэр да, мэлигир. Ыйдааҕы биэнсийэтигэр син олороохтуур. Арыгыны испэт, табах тардыбат буолан ыаллара аһыналлар, сороҕор ас бэрсэллэр. Ол оннугар Өлөксөй дьиэ таһын, подьезд иhин куруук хомуйа сылдьар, ылы-чып олороохтуур.
Арба, бэҕэһээ утары кыбартыыраҕа саҥа ыал көһөн кэллэ. Кыыстаах дьахтар. Ким кэлэрин-барарын Өлөксөй барытын билэ сылдьар, онон аралдьыйар. Санаатыгар ол саҥа дьону көрүөн, хантан сылдьалларын кэпсэтэн билсиэн баҕарар.
Куукунатыгар киирэн чэйин оргутан истэ, бэҕэһээҥҥи лапсатын сылытан сиэн истэҕинэ, арай аанын тоҥсуйдулар. Биэнсийэм кэллэҕэ диэн ойон туран ыйыппакка да аанын арыйбыта, били бэҕэһээ көһөн кэлбит дьахтара киниттэн өтүйэ көрдүү киирбит.
– Ыаллары тоҥсуйдум да, ким да аанын аспата, тоһоҕо саайыахпын өтүйэм суох эбит, – диэн баран Өлөксөйү тонолуппакка көрөн турда.
– Оленька, ээ, Ольгаҕын дуо? – диэн Өлөксөй хайдах эрэ кыбыстыбыт курдук, тобуктанан хаалбыт ыстаанын кистиирдии, аан кэннигэр саhа сатаата.
– Өлөксөй, эн дуо? Хайдах бу... – диэн иhэн сүрэҕин туттубутунан аттыгар турар олоппоско олоро түстэ.
– Мин, Өлөксөйбүн, оо, Дьылҕа хаан көрүһүннэрэр күннээх эбит дии, мин бу буола сылдьаахтыыбын, киһи кэпсэппэт, ынах маҥыраабат киһитэбин, эйигин көрөн баран өлөр күннээх эбиппин, – диэн хараҕын уутун туора-маары сотунна.
Бу сырыыга аны Оленьката сиэбиттэн муус маҥан болотуок биэрдэ... бэйэтэ ытаан сыҥсыйбытынан барда.
– Мин эйигин сүүрбэччэ сылы быһа кэтэспитим, ол күһүнү быһа көрдөөбүтүм. Ама, албыннаабыта буолуо дуо диэн ытыырым-соҥуурум, үөрэххэр баран ыйыталаһа сылдьыбытым. Ким да, тугу да билбэтэ, этиэн баҕарбата. Кэлин барытын истэн билбитим. Санаабар көрдүүрүм, эн миэхэ оҥорбут үтүөҕүн төлүөхпүн, тугунан эмит көмөлөһүөхпүн баҕарарым.
– Оленька, оттон мин бу айылаах буолан олоробун. Эн иннигэр оҥорбут буруйум, ол бастакы уонна бүтэһик түүммүт иһин дьылҕам иэстэстэ дуу дии саныырым, эйигин көрдүөхтээҕэр буолуох, билбэтэр ханнык дии саныырым.
– Өлөксөй, баһаалыста, бэйэҕин буруйданыма дуу. Ол түүн эн миигин күүскүнэн ылбатаҕын, иккиэн сөбүлэһэн, таптаһан арахсыбыппыт буолбаат. Хата, кыыскын кытары билсиһиэххин баҕараҕын дуо? Эн биһи оҕолоохпут эбээт. Айталыына диэн кыыстаахпыт. Кини быйыл эн киирбит үөрэххэр туттарыста, учуутал буолуон наһаа баҕарар. Оҕобун батыһан быйыл куоракка киирдим, ити утары кыбартыыраны куортамнаһан олоpop буоллубут, – диэн Оленька кэпсээн-ипсээн барда.
Өлөксөй бу түүл дуу, илэ дуу диэн мэй-тэй олордо, санаатыгар хаһан уһуктарын кэтэстэ, онтон аттыгар кини үйэтин тухары таптаабыт, кэтэспит киһитэ уун-утары олорорун көрөн, бөтө бэрдэрэн, Оленькатын иннигэр тобуктаан олорон уйа-хайа суох ытаабытынан бараахтаата...
Бу кэмҥэ: “Хайа, ийээ, ханна сүттүҥ?”, – диэбитинэн, үүт-үкчү Өлөксөй ийэтин курдук кыыс киирэн кэлэн, билбэт киһитэ ийэтин иннигэр тобуктаан ытыы олорорун көрөн соһуйан, мах бэрдэрэн, тугу да диэн билбэккэ тэпсэҥнии турда.