11.12.2020 | 13:12

“Дыгын оонньууларын” кыайыылааҕа Леонид ФИЛИППОВ: “Төрөппүттэрим ситиспэтэхтэрин ситиһэбин”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл сайын Туймаада Ыһыаҕын саамай күүтүүлээх тэрээһинэ, өрө көтөҕүллүүлээх кэрэ көстүүтэ буолар “Дыгын оонньуулара” коронавирус дьаҥа мэһэйдээн буолбатахтара. Инньэ гынан, дьон-сэргэ кэтэспит-күүппүт күүстээх-быһый уоланнар күөн-күрэс былдьаһар “Дыгын оонньуулара” ахсынньы 5-6 күннэригэр Дьокуускайга “Триумф” спорка бэлэмнэнии киинигэр ыытылына.

Оонньууларга, 2019 сыллаахха абсолютнай чөмпүйүөн үрдүк аатын үһүс төгүлүн ылбыт Хаҥаластан Егор Филиппов уонна сыл саҕаланыыта национальнай многоборьеҕа ыытыллыбыт чемпионат кыайыылаахтара Ньурбаттан хапсаҕай уонна атах оонньуутун маастара Владимир Федоров уонна Кэбээйиттэн “тутум эргиир” рекордсмена Алексей Уваровскай эрдэ путевка хааччыммыттара. Кинилэри кытта  “Дыгын оонньууларыгар” абсолютнай чөмпүйүөннүү  сылдьыбыт уонна хаста да миэстэлэспит Чурапчы чулуу уола Петр Старостин; куруутун үрдүк көрдөрүүлэрдээх, кыайыылаахтары наар тилэх баттаһан иһэр Нам ыччата Артем Варданян; Горнай күүстээҕэ, ыарахан ыйааһыннаах сымара тааһы ыраахха көтөҕөн илдьии рекордсмена Дьулустаан Ноговицын; Өлөөнтөн хапсаҕай, мас тардыһыы маастара Айсен Семёнов; Амматтан спезназка сулуупсалаабыт, Росгвардия краповай береттээх байыаһа, кус быһый Леонид Филиппов; Таатта Манчаарыта Николай Матаннанов; кыайыыга дьулуурдаах туруу уоланнар Чурапчыттан Павел Друзьянов, Мэҥэ Хаҥаластан Егор Свинобоев, Томпоттон Алексей Протодьяконов уонна “Дыгын оонньууларыгар” аан бастаан кыттар быраабы ылбыт Уус Алдантан Никита Новгородов күөн көрүстүлэр.

Ахсынньы 5-6 күннэригэр Дьокуускайга “Триумф” спорткомплекска буолар «Дыгын оонньуулара» көрөөччүлэрэ суох ааста. Күрэхтэһиини «Саха» НКИХ ханаала быһа эфиргэ көрдөрөн сүргэбитин көтөхтө. Икки күн дьиэни, үлэни хаалларан туран тыҥааһыннаах киирсиилэри үөрэ-көтө кэтээтибит. Киһиэхэ кыра да наада. Билиҥҥи ыгым кэмҥэ маннык сэргэхситэр тэрээһин саха дьонун чахчы дьоллоото.

Бэрди бэрт баһыйар. Күүстээҕи күүстээх кыайар. Бастыҥтан бастыҥ баар буолар. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2020 сыл “Дыгын оонньууларын” абсолютнай чөмпүйүөнэ Леонид Филиппов.

ДЬОНУМ СПОРДУ ӨРӨ ТУТАР ЭТИЛЭР

– Леонид, бастатан туран улахан кыайыыгынан эҕэрдэлиибит. Туймаада Хочотун Ыһыаҕар буолуохтаах “Дыгын оонньуулара” болдьоҕо көһөрүллэн-көһөрүллэн, дьэ сыл бүтэрин саҕана буолан, саха спорду сэҥээрээччилэрин сэргэхситтэ. Эн кыайыыҥ өссө үрдүк үөрүүнү бэлэхтээтэ. Эйигин дьиэ кэргэнинэн спортсменнар, эт-сиин өттүнэн удьуор кыахтаах уол диэтилэр. Дьонуҥ тустарынан кэпсээ эрэ.

Ийэлээх аҕам иккиэн спорду таптыыр дьон этилэр. Амма Болугуругар олорбуппут. Аҕам Алексей Дмитриевич Филиппов, ийэм Елена Павловна Филиппова диэн этилэр, билигин биһиги кэккэбитигэр суохтар. Иккиэн волейбол, баскетбол оонньууллар этэ. Аҕам мас тардыһар уонна сүүрэр этэ, ыһыахтарга ситиһиилээхтик күрэхтэһэр буолара. Ийэм волейбол оонньуура уонна эмиэ сүүрүүнэн дьарыктанара. Бииргэ төрөөбүт убайым волейболист этэ. Бэйэтин кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ хаста да бастаабыт, аатыра сылдьыбыт спортсмен,  “Мистер СахаВА” буола сылдьыбыт киһи. Билигин тохтообутун иһин, эмиэ спорт таҥаралаах киһи.

Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Икки эдьиийдээхпин уонна убайдаахпын, мин саамай кыраларбын.

– “Дыгын оонньууларыгар” бу хаһыс кыттыыҥ буолла?

Бу быйыл үһүс кыттыым. Бастаан 2017 сыллаахха кыттан бэһис миэстэ буолбутум. Былырыын 2019 с. үһүстээбитим. Биир сылы көтүтэн баран кыттыбытым.

2018 сыллаахха эчэйиилээх буоламмын киирсибэтэҕим. Уйбаан Белолюбскай “Чемпионнар кубоктара” диэн күрэхтэһиитигэр, Егор Филипповтыын хапсаҕайдыы сылдьан илиибин тоһуппутум. Ол иһин биир сыл тохтоон ылбытым.

– Бу сырыыга кыайыыга чахчы эрэллээх этиҥ дуу?

Кыайыыбын наһаа соһуччу кэллэ диэбэппин. Син биир бэлэмнэнэр, ох курдук оҥостор киһи кыайыыга эрэллээх буолар.

Быйыл күрэхтэһиилэр суох буоланнар бэйэм кыахпын үчүгэйдик билбэт этим, көрдөрүүлэрбин сэрэйбэт буоллаҕым...

Бэйэбэр эрэлим күүстээх этэ.

– Саамай ыарырҕатарыҥ ханнык көрүҥүй?

Мас тардыһыы уонна таас көтөҕүүтэ буолуо.

– Оттон кыайар өттүҥ ханныгый?

Оҕунан ытыы. Кыайар диэн буолуо да, үчүгэйдик баһылаабыт көрүҥүм диэххэ дуу...

КҮРЭХТЭҺИИ КӨҺӨ СЫЛДЬЫБЫТА СПОРТСМЕННАРГА ОХСУУЛААХ БУОЛЛА

– Сайын ыһыахха буолуохтаах тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнэр буоллаххыт дии. Ыһыах саҕана эт-хаан, өй-санаа өттүнэн өттүнэн муҥутуур чыпчаалгытыгар тиийиэхтээххит. Ону бу ыарыынан көһөрөн иһэллэр. Хайдах туруккун ыһыктыбакка тиийдиҥ?

Кулун тутарга күрэхтэһии сайын буолбата чуолкай биллибитэ. Ол эрэн дьарыккытын быһымаҥ, быйыл син биир буолуоҕа диэбиттэрэ. Дьарыкпын бырахпакка сырыттаҕым дии. Арыый намтатаҕын, бытааран биэрэҕин.

Бастакы күрэхтэһии атырдьах ыйыгар буолуо диэбиттэрэ. Онно дьарыккын күүһүрдэн, эбэн биэрэҕин. Күрэхтэһиигэ муҥутуур кыаххар тиийээри. Күрэх буолара нэдиэлэ хаалбытын кэннэ эмиэ көһөрөн кэбиспиттэрэ. Дьарыкпын эмиэ намтатан биэрбитим.

Онтон балаҕан ыйыгар, алтынньыга буолар дии-дии ый аайы көһөрөн испиттэрэ. Форманы сүтэрбэт гына дьарыккын салҕыыр буоллаҕыҥ дии. Көннөрү түһэрэбин, таһаарабын, төттөрү-таары оннук эбэ, көҕүрэтэ сылдьыбытым. Оннук гынан ахсынньыга диэри бэлэмнэнэн кэлбитим.

– Бэйэҥ бэлэмнэнэҕин? Тренердээххин дуу?

Сүрүн бэлэмнэниини бэйэм. Многоборьеҕа диэн анал тренерим суох. Мас тардыһыыбар, холобур, Егор Петрович Кудрин диэн тренергэ дьарыктанабын, сүүрүүбүн Василий Афанасьевич Спиридоновка, ыарахан атлетика өттүгэр Юрий Кириллович Гаврильев сүбэтинэн-аматынан дьарыктанабын. Бэлэмнэниим бырагырааматын барытын бэйэм былаанныыбын, оҥостобун.

КЫАХПЫН ТОЛОРУ КӨРДӨРБӨТҮМ

– Бу сырыыга саамай тугу ыарырҕаттыҥ?

Ыстаныыбар соччо үчүгэйдик барбатым дии санаатым.

Мас тардыһыытыгар итинтэн үчүгэйдик кыттыам дии санаабытым. Көрдөрүүм лаппа үчүгэй буолуохтаах этэ.

Куулу көтөҕүүгэ киһи эрдэ былааннаан, барар сирин суоттанан, сыал туруорунан баран түһүнэр – манна мин кыахпын толору туһамматым дии санаатым.

– Ити куулу уонна тааһы көтөҕүү олох атын-атын буолуо дии. Хайдах эбитий?

Оннук, олох атын-атын. 2017 сылтан тааһы көтөҕөн күрэхтэһэн кэллэҕим дии. Быйыл куулу атыҥыраатым. Дьикти баҕайы. Тааһа ордук дии санаатым. Ыйааһыннара син биир дьиҥэ.

– “Дыгын оонньууларыттан” ураты түһүлгэлэргэ кыттааччыгын дуу?

Кыра күрэхтэһиилэргэ киирээччибин.

– Урут бириискэ массыына биэрэр буолаллара, быйыл харчынан буолла дии. Бириискин туттардылар дуо? Хайдах туттар былааннааххын?

Туттаран, күрэхтэһии сарсыныгар илиибэр 1 мөлүйүөнү барытын туттардылар. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата буоларым быһыытынан, ханна туттарым биллэр дьыала буоллаҕа (күлэр). Дьиэ кэргэммэр, оҕолорбор туттуом.

ТИРЭҔИМ – ДЬИЭ КЭРГЭНИМ

– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ. Кэргэниҥ туох үлэһитий?

Үс оҕолоохпут, бары кыракый дьон. Кэргэним быраас. Сүрүн күүһүм, тирэҕим –  дьиэ кэргэним. Барыта кинилэр тустарыгар оҥоһуллар – үлэ, олох, тулалыыр эйгэ. Табаарыстарым, чугас дьонум бары миигинэн киэн туттуохтарын баҕарабын. Дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө холобур буоларга дьулуһабын.

РОСГВАРДИЯ БАЙЫАҺА БУОЛАРБЫНАН КИЭН ТУТТАБЫН

– Аны үлэҥ туһунан кэпсэтиэххэ. Росгвардия байыаһа эбиккин дии...

Аармыйаҕа 2011-2015 сылларга сулууспалаабытым. Хантырааҕынан салҕыы сулууспалыы хаалбытым. Владивосток куоракка, морской спецназка сулууспалаабытым.

– Өссө “Краповай береттээх” диэбиттэрэ...

Краповай береты ылбытым. Ону ыларга улахан тургутууну ааһаҕын. Мин оҕо эрдэхпиттэн, оскуола саҕаттан байыаннай-патриотическай дьарыктарга таптаан сылдьар этим. Онтон саҕалаан байыаннай дьыаланы сөбүлээбитим. Үрдүк үөрэхпэр Физкультура уонна спорт институтугар үөрэнэ сылдьан, үөрэхпин бүтэрбэккэ да ыксаан аармыйаҕа сулуспалыы  баран хаалбытым. Онно сөбүлээн контрактник буоллаҕым дии.

Хантырааҕынан устунан хаалыахпын, ити “Дыгын оонньууларын” интэриэһиргиир буоламмын, күрэхтэһиэхпин баҕаран, дойдубар кэлэн хаалбытым. 2015 сыллаахха кэлэн баран, 2016 сыллаахха “Дыгыҥҥа” холонон көрбүтүм. Сүүмэрдээһиҥҥэ кыайан путевка ылбатаҕым. Онтон эһиилигэр кыттыбытым.

Краповай берет туһунан кэпсиир буоллахха, 2018 сыллаахха, Росгвардияҕа үлэлии сылдьан эксээмэммин туттарбытым. Манна уолаттары кытта бэйэбит дьарыктанан, Хабаровскай куоракка тиийэммит байыаннай чааска туттарабыт. Онно икки нэдиэлэ буолбуппут. Биир нэдиэлэ көрдөрөллөр, хайдах буоларын кэпсииллэр. Тургутууну 4 күнү быһа туттараҕын.

Бастакы түһүмэх теоретическай буолар. Теорияны туттараҕын, билиигин бэрэбиэркэлииллэр. Ону аастаххына уопсай физическэй бэлэми туттараҕын – сүүрүү, тардыныы, охсуһуу о.д.а. барыта киирэр. Үһүс күнүгэр контрольнай точкаларынан практическай дьарыкка зачет туттараҕын, эмиэ өй үлэтин эрэйэр түһүмэх.

Ону барытын ааспытын эрэ кэннэ төрдүс күҥҥэр марш-бросок бараҕын. Толору экипировкалаах 12 км сүүрүү. Ол кэнниттэн “Высотная подготовка”, “Огневая подготовка” уонна 12 мүнүүтэ “спарринг” (“двенадцатиминутка” диэн ааттанар) ааһаҕын. Спарринг диэн дэлби сылайан баран охсуһаҕын. Эйигин кырбыыллар, ону эн бэйэҕин хайаан да көмүскэниэхтээххин уонна бэриниэ суохтааххын. Маны барытын үчүгэйдик аастаххына краповай берет туттараллар.

Краповай берет диэн спорстменнарга Арассыыйа маастарын нуорматын толорбуттарыгар тэҥнэһэр. Байыаннай структураҕа олус үрдүктүк сыаналанар ситиһии. Аармыйаттан кэлэн баран үөрэхпин кэтэхтэн көһөрөн бүтэрбитим.

ДОРУОБУЙАБЫН КИЧЭЛЛЭЭХТИК КӨРҮНЭБИН

– Спордунан маннык улахан түһүлгэҕэ кыайар сыаллаах дьарыктанар киһи, нэдиэлэҕэ хас күн спортзалга сылдьаҕын?

Күн аайы кэриэтэ спортзалга сылдьабын. Нэдиэлэҕэ 5-6 күн дьарыктанабын. Биир күн хайаан да сынньалаҥ баар буолуохтаах.

Бу дьарыгым көннөрү хобби буолбатах, миэхэ иккис үлэм кэриэтэ буолла.

 Спорт ханнык да көрүҥэ эт-сиин өттүгэр улахан ноҕурууска буолуохтаах. Доруобуйаҕын хайдах көрүнэҕин?

Үлэбитинэн сыл аайы медицинскэй чинчийиини ааһабыт. Ол түмүгүнэн, ханна тугум мөлтөөрү гыммытын, эмтээн, бөҕөргөтөн биэрэбин. Уонна наар анаалыс эҥин туттаран туох тиийбэтин, ханнык битэмиин наадатын билэ сылдьабын.

–  Эһиил “Дыгын оонньууларыгар” кыттар былааннааххын дуу?

 Кыттыбаппын диэхпин баҕарбаппын. Дьарыктана сылдьыам. Этэҥҥэ буоллаҕына, кыттарым буолуо.

–  Спортсменнар бэйэ-бэйэҕитин көрсөр, үөрэтэр буолуохтааххыт. Ким ордук туохха күүстээҕин бэлиэтии көрөөччүгүн дуу?

 Бу киһи күүстээх, бэркэ эппит диэн син биир бэлиэтии көрөҕүн. Күрэхтэһии буолуон иннинэ 2-3 күрэххэ кыттар спортсмен син биир бииргэ дьарыктанабыт. Онно киһи хайдах туттарыттан-хаптарыттан барыллаан, бу киһи ханнык формаҕа сылдьарын билэҕин.

САХАЛЫЫ ИТЭҔЭЛЛЭЭХ БУОЛУҤ!

–  Алгыс ыла турарыҥ видеота тарҕаммыт этэ дии. Кыайыыҥ кэнниттэн алгыстанныҥ дуо?

 Ити бирииспин ыла тиийбиппэр тэрийбиттэр этэ. Мин хайдах эрэ, боростуой соҕустук санааммын тиийбит эбиппин. Арай тиийбитим алгысчыты ыҥырбыттар, аал уот оттубуттар, ырыаһыттары ыллаттылар, чиэстээтилэр, дьоро тэрээһин оҥорон харчыбын туттардылар. Олус үчүгэйдик тэрийбиттэр. Үөрдүм.

 Олоххор кими холобур оҥостоҕун?

 Төрөппүттэрбин уонна бииргэ төрөөбүт убайбын холобур оҥостон улааппытым. Дьонум наһаа эрдэ суох буолбуттара, ол иһин кинилэр сиппэтэх санааларын биһиги, оҕолоро, ситиһэбит, кинилэр ситэ дьолломмотох олохторун салҕыы олоруохтаахпыт дии саныыбын.

Саха сирин олохтоохторун, “Киин куорат” хаһыат ааҕааччыларын бука барыгытын, кэлэн иһэр саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин. Этэҥҥэ сылдьыҥ, иллээхтик-эйэлээхтик олоруҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Итэҕэллээх буолуҥ. Мин сахалыы итэҕэллээхпин, Айыыларга, иччилэргэ сүгүрүйэбин.

Чөл олоҕу тутуһуҥ, бэйэ-бэйэҕитин харыстаһыҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...