21.04.2022 | 10:53

Дууһаҕынан акушер буоллаххына…

Дууһаҕынан акушер буоллаххына…
Ааптар: Елена ЕЛЕНИНА
Бөлөххө киир

1991-2010 сылларга СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай акушер-гинеколога, РФ үтүөлээх бырааһа, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна Наталья Кирова үчүгэй быраас оҕо күүтэр дьахталлары сөбүлээбэт буолуон сатаммат диир.

Тута уонна үйэ саас тухары

Талбыт идэҕинэн хайдах олоҕуҥ тухары үлэлиэххэ сөбүй? Итиннэ төрүөтүнэн бэйэҥ дьыалаҕар таптал, идэҕин сөпкө талыы буолар диэн Наталья Кирова бигэ эрэллээх.

Кини улахан куонкуруһу ааһан (биир миэстэҕэ 12 киһи), 1967 сыллаахха СГУ медицинскэй факультетыгар киирбитэ. Бастаан идэбин сөпкө таллым дуо диэн саарбахтыах курдук буолан  баран, 4 кууруска «акушерство уонна гинекология» саҥа предмет киирбитигэр, идэтин сөпкө талбытын өйдөөбүт.

Олоҕум таҥнары эргийбит курдук буолбута! Устудьуоннар аан бастаан дьахтар төрүүрүгэр сылдьыбыппытыгар наһаа сөхпүтүм, саҥа киһи күн сирин көрбүт түгэнэ дууһабар иҥэн хаалбыта. Ити кэмтэн саҕалаан акушерствоны сөбүлээбитим… Идэбин сөпкө талбыппын диэн санаабын СГУ медицинскэй факультетын преподавателлэрин кытта алтыһыым бөҕөргөппүтэ. Ол саҕана факультеты Ангелина Евгеньевна Гурьева салайара. Учууталларбыт – Лидия Витальевна Подгаевская, Нина Ивановна Захарова, Екатерина Александровна Городова уо.д.а. идэлэрин наһаа таптыыр дьон этилэр.

Наталья Кирова үлэтин 1974 сыллаахха Дьокуускай куораттааҕы клиническэй балыыһа гинекологияҕа салаатын дьуһуурунай бырааһынан саҕалаабыта.

Ити салаа сэбиэдиссэйинэн уопуттаах, бэйэтэ наһаа үчүгэйдик эпэрээссийэлиир быраас Клавдия Максимовна Иноземцева үлэлиирэ, кини миигин элбэххэ үөрэппитэ. Ханнык эрэ кэмҥэ биһиги иккиэн эрэ үлэлии сылдьыбыппыт. Сарсыардаттан ыарыһахтары кэрийэн көрөрбүт, палаатабыт элбэх этэ. 11 чааска эпэрээссийэлиир саалаҕа киирдибит даҕаны, «конвейер» саҕаланара. Куттанарга соло да суоҕа. Бастакы бэйэм оҥорбут эпэрээссийэбин хаһан даҕаны умнубаппын. Хата, барыта этэҥҥэ ааспыта.

Бэйэтэ устудьуон сылдьан сөбүлээбит сиригэр – төрүүр дьиэҕэ үлэлиэн баҕарара. Ол иһин, түгэн тосхойбутугар, тута онно көспүтэ. Төрүүр дьиэҕэ Наталья Николаевна араас салааларга үлэлээбитэ: төрүүр блокка, төрөөн баран сытар салааҕа, патология салаатыгар. Кэнники кини патология салаатын сэбиэдиссэйэ буолбута.

Ол саҕана төрүүр дьиэни бэртээхэй тэрийээччи уонна уопуттаах быраас Маргарита Константиновна Фарафонова салайар этэ. Наһаа үчүгэй, аатырбыт быраастардаах кэлэктиип этэ – Алла Давлетовна Ревина, Екатерина Дмитриевна Иванова, Лидия Ивановна Басыгысова уо.д.а. Патология салаатын сэбиэдиссэйинэн Зоя Валентиновна Полицинская үлэлиирэ, киниэхэ устудьуон сылдьан быраактыкабын ааспытым. Радомир Иванович Александровтыын тапсан үлэлээбиппит, кини – уу кыһыл оҕолор салааларын, оттон мин патология салаатын сэбиэдиссэйдэрэ этибит. Бииргэ үлэлээбиппит түмүгэр саҥа төрөөбүт оҕо өлүүтэ аҕыйаабыта.

1991 сыллаахха Наталья Кированы өрөспүүбүлүкэтээҕи Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр үлэҕэ ыҥырбыттара.

 

Саҥа кыах кэмэ

Итиннэ үлэлии барыахпын олох баҕарбатаҕым. Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Борис Афанасьевич Егоровтан толкуйдуурбар бириэмэ биэрэллэрин курдук көрдөспүтүм даҕаны, табыллыбатаҕа. Итинник  Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай акушер-гинеколога буолбутум. Министиэристибэ кэлэктиибэ кыра буолан баран олус иллээх. Мэлдьи бэйэ-бэйэбитин өйүүргэ бэлэм этибит. Кылаабынай терапевт Галина Васильевна Сетынь, кылаабынай инфекционист Елизавета Яковлевна Гостхоржевич, каадырга салаа начаалынньыга Татьяна Ивановна Лубнина, хааччыйыы экэнэмииһэ Августина Иннокентьевна Яковлева уо.д.а.

1991 сыл – дойдуга уларыта тутуу кэннинээҕи уустук кэм. Ити доруобуйа харыстабылын эйгэтин эмиэ хаарыйбыта. Итиннэ эбии оҕо күүтэр дьахталлары ыксаллаах түбэлтэҕэ оройуоннартан аҕалар уустуга.

Бастакы уочарат ханнык кыһалҕаны быһаарыахтаахпытын билсээри, тута оройуоннарынан баран, медиктэр хайдах усулуобуйаҕа үлэлииллэрин, дьахталлар төрүүр сирдэрин көрбүтүм. Олус ыарахан өйдөбүл хаалбыта, ханна да буолтун иһин материальнай-техническэй бааза олус мөлтөҕө.

Итинэн сиэттэрэн миниистиргэ улуустары кытта үлэлиир төрүүр дьиэ наадатын эттим. Кини областной балыыһа территориятыгар биир дьиэни оҥоруохха диэтэ. Мин сөбүлэспэтим, тугу эрэ атыны быһаарыахха диэтим. Кэнники, толкуйдаан баран, миниистир перинатальнай киин тутар туһунан эттэ. Ити быһаарыы 1993 сылга ылыныллыбыта.

Ити олох революционнай быһаарыы этэ, дойду үрдүнэн итинник эбийиэктэр ол саҕана суохтара. 

Киин баар буолуоҕуттан уустук балаһыанньалаах дьахталлары кэмигэр балыыһаҕа киллэрэр кыахтаммыппыт. Өрөспүүбүлүкэ төрүүр дьиэлэрин историятыгар аан бастакы саҥа төрөөбүт оҕолору реанимациялыыр салаа баар буолбута, ити кыра ыйааһыннаах күн сирин көрбүттэри көрөргө-харайарга төһүү күүс буолбута, кырачааннар өлүүлэрэ аҕыйыырыгар көмөлөспүтэ.  Итини сэргэ сатаан оҕоломмот буолуу кыһалҕатын ЭКО ньыматынан быһааран саҕалаабыппыт, итиннэ олус ситиһиилээхтик Роза Дмитриевна Филиппова уонна Елизавета Яновна Яковлева дьарыктаммыттара.

 

Барыта – дьыала туһатыгар

Улахан болҕомтону оройуон балыыһалара эрэйэллэрэ. Итиннэ каадыр боппуруоһа сытыытык турбута. Наталья Николаевна ханнык оройуоҥҥа ханнык исписэлиистэр үлэлииллэрин, олохтоох участковай быраастар уонна акушеркалар төһө уопуттаахтарын чопчу билэрэ.

Уларыта тутуу кэмигэр быраастар тиийбэт кыһалҕалара сытыытык турбута, ордук хотугу оройуоннарга. Ити төрүөтүнэн 90-с сыллар саҕаланыыларыгар элбэх исписэлиис өрөспүүбүлүкэттэн атын регионнарга көһөн барыыта эбэтэр бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыыта буолбута. Оройуоннарга анаан наһаа элбэх УЗИ-аппарааттары атыыласпыппыт, итиннэ үлэлиэхтээх быраастары киин клиникаларга үөрэттэрбиппит. Саха сирин акушер-гинекологтарын быраактыкаларыгар аан бастакы биирдиитэ туттуллар үнүстүрүмүөннэр киирбиттэрэ, биһиэхэ барыта сонун этэ. Оройуон быраастарыттан хас «сэрэхтээх» ыарыһах баарын, Медицинскэй кииҥҥэ былаан быһыытынан киллэрии хайдах баран иһэрин уонна да атын тыын суолталаах кыһалҕалары ыйыталаһарым. Доруобуйаларыгар уустуктардаах оҕо күүтэр дьахталлары төһө түргэнник Киин балыыһаларга, онтон Дьокуускайга ыыталларын хонтуруоллуур буолбутум. Биһиги үлэбитигэр уһатар-кэҥэтэр табыллыбат, барыта кэмигэр оҥоһуллуохтаах. Хонтуруол наһаа кытаанах этэ, сороҕор быраастар категорияларын намтатыыга кытта тиийэрбит. Ити көмөлөспүтэ, 2-3 сылынан балаһыанньа көнөн, тупсан барбыта.

Исписэлиистэр квалификацияларын үрдэтэр үлэ күүскэ ыытыллара. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр уонна улуустарга семинардар буолаллара, лектордар федеральнай клиникалартан кытта кэлэллэрэ.

Ити кэмҥэ салаа бүддьүөтүгэр үбүлээһини эбэр араас бырагыраамалар киирэн эрэллэрэ. Туспа кыһалҕанан аборт элбээһинэ турара. Ол иһин Арассыыйатааҕы дьиэ кэргэни былаанныыр бырагыраамаҕа киирбиппит. Биһиэхэ үбүлээһини көрөннөр, контрацептивтары атыылаһарбыт уонна дьахтар консультацияларыгар босхо түҥэтэллэрин курдук ыытааччыбыт.  Итини сэргэ, дьиэ кэргэни былаанныыр кэбиниэттэр арыллыбыттара, кинилэр нэһилиэнньэ уонна ыччат ортотугар сырдатар үлэни ыыталлара. Түһүмэҕинэн үлэлээн аборт ахсаана аҕыйаабыта. 1998 сылтан «Безопасное материнство» уонна «Здоровый ребёнок» федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамалар олоххо киирбиттэрэ.  1998-2000 сылларга «Улучшение репродуктивного здоровья женщин РС» бырайыагынан Орто Халымаҕа, Өлүөхүмэҕэ уонна Дьааҥы улуустарыгар координаторынан үлэлээбитим.

Наталья Кирова 19 сыл өрөспүүбүлүкэ кылаабынай акушер-гинекологынан үлэлээбит кэмигэр оҕо күүтэр дьахтар өлүүтэ алта төгүл намтаабыта. Ити улахан ситиһии. 20-чэ сыл иһигэр регионнааҕы акушерскай-гинекологическай сулууспаҕа киэҥ далааһыннаах уларыйыылар киирдилэр, судаарыстыбаннай бэлиитикэҕэ медицина сайдыыта бастакы миэстэҕэ таҕыста. Ити барыта Наталья Кирова курдук идэлэригэр бэриниилээх дьон сыралаах үлэлэрин түмүгэ. Күн бүгүнүгэр диэри Наталья Николаевнаҕа акушерство уонна гинекология – саамай бастыҥ идэ...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...