31.08.2023 | 10:00

Дьулустан Никаноров: «Информационнай технология аан дойду үрдүнэн сайынна»

Дьокуускай куорат IT-пааркатыгар «Expo Skills» — «Экспо Скиллс» оскуола үлэлиир. Манна эдэриттэн эмэнигэр тиийэ айти-технологияны баһылыырга үөрэнэр. «Киин куорат» хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта Дьулустан Никаноров — бу оскуоланы көҕүлээччи.
Дьулустан Никаноров: «Информационнай технология аан дойду үрдүнэн сайынна»
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

— Үтүө күнүнэн, күндү куорат хаһыатын ааҕааччылара. «Экспо Скиллс» IT-оскуоланы Николай Анатольевич Потаповтыын арыммыппыт, ол иһин иккиэн сүрүн салайааччыларбыт.

Биһиги тэрилтэбит балтараа сыл аннараа өттүгэр тэриллибитэ. Билигин оскуолаҕа сүүстэн тахса оҕо IT эйгэтигэр сөбүлээн дьарыктанар. Оҕолорбут бары сүрдээх көхтөөхтөр, кыһамньылаахтар, кыралаан Арассыыйа уонна Саха сирин таһымнаах күрэхтэригэр кытталлар.

— Информационнай технология эйгэтигэр хаһааҥҥыттан үлэлиигин, туохтан саҕаламмытай?

— Аан бастаан информационнай технологиялары кытта маркетолог быһыытынан үлэлии сылдьан билсибитим. Социальнай ситимнэргэ малы-салы билиһиннэрбитим. Ол эрээри бастаан саайт наада этэ, онтон – таргет (реклама), онтон – сыһыарыы. Бу барыта бүтэр уһукка информационнай эйгэни кытта быһаччы ситимнээҕин өйдөөн,  IT-га кэлбитим.

— “ExpoSkills” IT-оскуолата ханнык сүрүн сыалы бэйэтин иннигэр туруорар?

— Сүрүн сыалбыт-сорукпут – үүнэр көлүөнэни аныгы технологияларга уһуйуу уонна оҕолорго бу эйгэҕэ интэриэһи үөскэтии. Билигин, олох күүскэ сайдар уонна уларыйар кэмигэр, информационнай технология салаата улахан суолталаах. Биһиги оҕолорбут инники идэлэрин баһылыылларыгар, олоххо бэлэмнээх дьон буола улааталларыгар кыһаллабыт. Оттон технология эйгэтигэр ылсыбыт оҕолор толкуйдуур да дьоҕурдара сайдар, инники идэлэрэ даҕаны быһаарыллар.

— Тоҕо чуолаан оскуола арыйарга санаммыккытый?

— Бэйэм эрдэ эбии үөрэх оскуолатыгар үлэлээн турардаахпын, ол эрээри кинилэр үөрэтэр ньымаларын сөбүлээбэтэҕим. Ол иһин табаарыспын кытта бэйэбит оскуолабытын арыйарга санаммыппыт.

— Оҕолору ханнык бырагыраамаҕа үөрэтэҕит?

— Билигин биһиэхэ биэс куурус баар: “Unity” бырагыраамаҕа оонньуу оҥоруу, «Blender-га 3D моделирование”,  “HTML, CSS, JS” тылларга  саайтары таҥыы, веб-дизайн уонна саамай кырачаан оҕолорбутугар “Roblox Studio” движогар оонньуу айар куурус.

— Үөрэх түмүгэр оҕолор тугу баһылаан тахсаллар?

— Куурус бүтүүтэ оҕолор бырагыраамалааһын үөрүйэхтэрин ылаллар, математикаҕа, физикаҕа, геометрияҕа, черчениеҕа билиилэрин  үрдэтэллэр. Оскуола матырыйаалын чэпчэкитик ылынар буолаллар, социальнай бодоруһуу уонна логическай толкуйдааһын характеристикалара улаатар.

— Улахан дьон үөрэниэн сөп дуо? Холобур, саастаах киһи билигин IT-эйгэтигэр үлэлии барыан баҕарар буоллаҕына?

— Манна хааччах суох. Киһи бу олоххо хаһан баҕарар идэтин уларытыан, саҥа таһымҥа тахсыан сөп. Онон биһиги аҕам саастаахтары эмиэ үөрэтэбит, оннук холобурдар да бааллар.

— Атын маннык хабааннаах оскуолалартан эһиги уратыгыт туохханый?

— Биллэн турар, маннык оскуолалар кэлиҥҥи кэмҥэ балайда элбээтилэр, биһиги мантан үөрэбит эрэ. Бу аата, чахчы, IT саҥа таһымҥа тахсыбыт, олохпут сорҕото буолбут.

Уратыбыт өҥө уонна үөрэх хаачыстыбатыгар сытар. Ол курдук, биһиги  оҕолору кыра бөлөхтөргө арааран уһуйабыт. Оннукка уһуйааччы хас биирдии оҕоҕо болҕомто уурар, табыгастаах гыраапык оҥорор уонна оҕо интэриэһин барытын учуоттуур.

— Сорох төрөппүттэр оҕолорбут наһаа элбэх бириэмэни интэриниэккэ аныыллар диэн долгуйаллар. Манна эн туох санаалааххын?

— Мин санаабар, интэриниэти туһалаахтык туттуохха наада. Кэмигэр оонньоон, кэмигэр үөрэнэн.

— Бырагыраамалааһына сатаабат оҕо эһиэхэ тиийиэн сөп дуо?

— Маннык түгэннэргэ биһиги оскуолабыт босхо демо-күннэри ыытар. Оҕо бу күн кэлэн, бэйэтин кыаҕын уонна дьоҕурун бэрэбиэркэлэнэр. Букатын саҥа киһи, биирдэ да тугунан да дьарыктамматах буоллаҕына, биһиги кинини сүрүн кууруска ыытабыт. Статистика көрдөрөрүнэн, оннукка билиилэрэ-көрүүлэрэ лаппа кэҥиир эбит.

— IT-эйгэтигэр ылсыан баҕалаах ыччаттарга тугу сүбэлиигин?

— Информационнай технология аан дойду үрдүнэн сайынна. Онон баҕалаах киһи IT хайа баҕарар хайысхатыгар бэйэтигэр сөптөөҕү булан үөрэтиэн сөп.

— Олус интэриэһинэй кэпсэтииҥ иһин махтанабын уонна ситиһиилэри баҕарабын!

— Махтал!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...