03.06.2023 | 10:00

Дьулустаан Бойтунов: «Кинигэни ойуутун эрэ көрөр этим...»

Дьулустаан Бойтунов:  «Кинигэни ойуутун эрэ көрөр этим...»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Суруналыыс сорох дьоруойдарын эрдэттэн ыраахтан ымсыыра көрөр, “хаһан эрэ суруйуом” диэн хаһаанар үгэстээх. Мин кини айар үлэтин кинигэттэн билсибитим. Бу санаатахпына, Николай Лугинов “Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан” арамаанын ааҕа олорон худуоһунньук аатын өйдөөн хаалбыт уонна хайаан да суруйуом диэн ыраламмыт эбиппин. 

Дьылҕам бэлэмнээбит эбит...

Ааспыт нэдиэлэҕэ СӨ Национальнай библиотекатыгар “Бары ааҕабыт!” бэстибээл чэрчитинэн СӨ искусстволарын үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ Духуобунаска академиятын чилиэнэ Дьулустаан Афанасьевич Бойтунов  айар көрсүһүүтэ буолан ааста.

Иллюстрация умсугутуулааҕын, бэйэтэ туспа кистэлэҥнэрдээҕин бу киэһэ худуоһунньук кэрэхсэбиллээх кэпсээниттэн биллибит. Дьулустаан Афанасьевич норуодунай суруйааччы Николай Лугинов “Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан”, “Улуу хууннар” кинигэлэригэр хайдах үлэлэспитин сэһэргээтэ. Кини айымньыны ааҕа олорон тута эскизтэри уруһуйдуур, оттон сорох сюжеттары өр толкуйдуур эбит.

– Николай Лугиновтуун атах тэпсэн олорон уһуннук кэпсэппэппит, бииргэ үлэлээбиппит ырааппыт буолан, тута өйдөһөбүт, түргэнник  быһаарсабыт.

“Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан” арамааҥҥа бастакы ойуубун сүүрбэччэ сыллааҕыта оҥорбутум. Ол саҕана интэриниэт үчүгэйдик киирэ илик, матырыйаалы булар уустук этэ. Билиҥҥи курдук санаатыҥ аайы Гуглга көрбөккүн.

Кэлин санаатахпына, бу историческай арамааҥҥа өр үлэлэһиэхтээхпин билбит курдук, Дьылҕам эрдэттэн бэлэмнээбит эбит. Институкка үөрэнэр сылларбар кытай, дьоппуон, монгол худуоһунньуктарын айар үлэлэрин интэриэһиргиирим. Библиотекаҕа олус да үчүгэй сурунааллар кэлэллэрэ! Сөбүлээбит ойууларбын үтүктэр, түһэрэн иһэр этим.

Монголияҕа икки сыл сулууспалаабытым эмиэ төһүү күүс буолбута. Аармыйаҕа сылдьан ол дойду айылҕатын, сирин-уотун, аттарын сэргии көрөрүм. Билигин тоҕо уруһуйдаабатаҕым буолуой диэн кэмсинэбин, дьиҥэр, иллэҥ кэммит элбэҕэ ээ.

Урут ыһыахха саха таҥаһын кэтэ сылдьар киһини дэҥҥэ көрөрүҥ. Оттон монголлар оннооҕор күннээҕи олохторугар национальнай таҥастаахтарын сөҕө санаабытым.

Кэлин Монголия кыраайы үөрэтэр музейыгар сылдьыбытым. Баҕар, “Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан” кинигэҕэ үлэлиэм иннинэ кэлбитим буоллар, өссө үчүгэйдик ойуулуом этэ дии санаабытым.

Хас биирдии үлэбинкичэйэн оҥоробун

Худуоһунньук: “Тыа сирин тиэмэтэ миэхэ ордук чугас. Уопсайынан, айылҕаны, алаас олоҕун, кыыллары, чуолаан аттары, олоҥхону уруһуйдуурбун ордоробун”, – диэтэ. Ол курдук, талааннаах иллюстратор норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов “Дэриэбинэм барахсан”, Иннокентий Иванов “Чуумпу Бүлүү: алмаас уонна харах уута” кинигэлэрин, Д.М. Говоров “Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө” олоҥхотун ойуунан киэргэппитэ. Кэнники үлэтэ – Андрей Титаров  “Хардааччы Бэргэн” олоҥхото.

Дьулустаан Афанасьевич кыра харчылаах бырайыактарга ылсыбатын аһаҕастык билиннэ.

– Хас биирдии үлэбин быыстапкаҕа кыттар курдук кичэйэн оҥоро сатыыбын. Кинигэҕэ киирдэ да, бүтэр диэн буолбатах. Иллюстрация гонорара быыкаа. Ол иһин оригинал миэхэ хаалар диэн эрдэттэн кэпсэтэбин.

 

Сүрүн уһуйааччым – улахан убайым

– Үөһээ Бүлүү Кэнтигэр художественнай оскуола, куруһуок суоҕа. 70-с сылларга тэлэбиисэр ыал аайы суоҕа, кинигэ аҕыйаҕа. Оскуола оҕолоро библиотекаҕа сылдьарбыт. Мин кинигэни аахпакка, ойуутун көрөр этим. Мөҕүллүөхпэр диэри (күлэр). “Бойтуновтар кэлэн барбыттарын кэннэ долбуурдар ыһыллан хаалаллар”, – диэн буолара. Сэбиэскэй кэмҥэ кинигэ графиката олус күүскэ сайда сылдьыбыта, аатырбыт нуучча худуоһунньуктара үлэлииллэрэ. Биһиги кыра бөһүөлэкпит библиотекатыгар үчүгэй да ойуулаах кинигэлэр бааллара.

Бииргэ төрөөбүттэр сэттиэбит, мин саамай кыраларабын. Эдьиийдэрим да бэркэ уруһуйдууллар, иистэнэллэр, панно оҥороллор.  Хата, уруһуй өттүнэн барбатахтара үчүгэй. Айар үлэ дьахтарга ыарахан. Убайдарым бары уруһуйдууллар. Саамай улахан убайым Тохман Афанасьевич – миигин такайбыт, элбэххэ үөрэппит киһим. Идэбэр сирдээбит уһуйааччым, сүбэһитим кини буолбута. 

 

Айар киһи сакааһынан үлэлиирэ хаһан баҕарар ыарахан. Ааптар тугу этэрин, баҕарарын ойуулуур буоллаҕыҥ.

 

«Төбө ыарыыта»

Дьулустаан Афанасьевич күн иллэҥэ суох. “Бириэмэҕин хайдах аттаран үлэлиигин?” диэн ыйытыыга бу курдук хоруйдаата:

– Биһиэхэ, худуоһунньуктарга, саамай үчүгэй күннэр – субуота уонна баскыһыанньа. Өрөбүллэргэ дьиэбитигэр олорбоппут, мастарыскыайбытыгар үлэлиибит. Мин тугу гынарбын эрдэттэн былааннанабын.

Дойдубар баран кэллэхпинэ, айылҕаҕа сырыттахпына, үчүгэй айымньыны көрдөхпүнэ, иэйиим киирэр. Атын худуоһунньуктар үлэлэрин көрөн, эмиэ уһуктуон сөп. Бу саас Афанасий Осипов галереятыгар сылдьыбытым уонна күүс-сэниэ ылан, кынаттанан тахсыбытым, өссө айыахпын-тутуохпун баҕарбытым.

“Үлэлэргин ханна харайан сытыараҕын?” диэн үчүгэй ыйытыыны биэрдиҥ. Ити биир төбө ыарыыта. Үлэ элбэх, ону барытын дьиэҕэр хайдах да мунньубаккын. Хата, сойууспут мастарыскыай биэрбитэ, үксэ онно сытар. Бастаан киирэрбэр киэҥ-куоҥ курдуга, билигин кып-кыараҕас буолла (күлэр).

Хас биирдии худуоһунньук  үлэтигэр бэйэтин сүрэҕин сылааһын, санаатын уурар. Эдэр сылдьан кэлин өссө уруһуйдуом дии санаан, үгүс үлэбин харыстаабакка атыылыыр, биэрэр этим. Эн хаста да олор, чуумпуга, ким да мэһэйдээбэтигэр үлэлээ – ону хайдах да кыайан хатылаабат эбиккин, бастакытын курдук син биир тахсыбат, үүт-үкчү буолбат.  Тоҕо диэтэххэ дууһаҥ харандааһыҥ, тарбаҕыҥ нөҥүө барар.

 

Чуумпуга үлэлиирбин ордоробун. Сарсыарда эрдэ ордук таһаарыылаахтык уруһуйдуубун, киэһэ, түүннэри сатаан олорбоппун.  

 

Сүрүн үөрэҕи нуучча оскуолатыттан ылбытым

Дьулустаан Афанасьевич – Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна искусство институтун доцена, бэйэтэ элбэх үөрэх кыһатыгар уһуйуллубут киһи. Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа үөрэммит учууталларыттан Николай Николаевич Иннокентьевы, Людмила Даниловна Слепцованы аҕынна.

– Сүрүн үөрэҕи, биллэн турар, нуучча оскуолатыттан ылбытым. Икки сыл кэриҥэ Санкт-Петербурга академияҕа бэлэмнэнии кууруһугар сылдьыбытым, убайым үөрэнэр мастарыскыайыгар бииргэ уруһуйдуур этим. Онно сатаан киирбэккэ, Красноярскай куоракка кэлбитим. Санкт-Петербурга үчүгэй оскуоланы ааһан, үөрэххэ чэпчэкитик киирбитим. Үөрүөм иһин, Красноярскайдааҕы судаарыстыбаннай художественнай институкка Питергэ үөрэммит эдэр учуутал элбэҕэ. Ол кэнниттэн үс сыл академияҕа стажировкаламмытым, онно дьиҥнээх академикка, А.П. Левитин диэн профессорга уһуйуллубутум. Кини нуучча худуоһунньуктарын кытта илэ алтыспыт, аалсыбыт киһи этэ.

Биһиги үөрэхпитигэр кыргыттар эрэ киирэллэр, уол аҕыйах. Хас бөлөх аайы биирдиилээн үчүгэй оҕо эбэтэр олус күүстээх бөлөх баар буолар. Икки сыллааҕыта бүтэрбит устудьуоннарым бары да үчүгэйдэрэ. Сорох оҕолор талааннарыттан соһуйабын, сөҕөбүн.

Кыыс худуоһунньук буолара, үөһэ тахсара ыарахан. Оҕо көрбөккө, ас астаабакка уруһуйдуу олоруо дуо...

Тыыннаахтар, күүс-уох биэрэллэр

– Көмпүүтэргэ уруһуйдууру соччо ахсарбаппын, ол эрээри куһаҕан диэбэппин. Илии үлэтин ордоробун. Көмпүүтэргэ эскиз оҥорор үчүгэй. Ол эрээри мониторга үчүгэйдик көстөр өҥ бэчээттэнэн тахсарыгар олох атын буолан хаалыан сөп.

Мин музейга сылдьан худуоһунньуктар хартыыналарын, эскизтэрин эмиэ астына көрөбүн. Сурааһыннара кытта тыыннаах буолаллар. Оттон көмпүүтэргэ уруһуйдаммыт үлэ кута-сүрэ суох  курдук.

Биирдэ Афанасий Осипов “Наброски и зарисовки” диэн быыстапкатыгар соһуйбуппун өйдүүбүн. Бөдөҥ монументалист худуоһунньук, живописец кыра ойууларын сөҕө-махтайа көрбүтүм. Үлэлэрэ оннук ураты тыыннаахтар, киһиэхэ күүс-уох биэрэллэр этэ.

Билигин элбэх киһи көмпүүтэргэ олорор. Кинилэр үлэлэрин соччо араарбаккын, ким үлэтэ буоларын быһаарар уустук. Барыта биир тэҥ курдук.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...