17.07.2021 | 13:00

Дойдууна: «Сулус — халлааҥҥа, киһи — сиргэ»

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кинини  айылҕаттан ураты экстрасенс, сүппүт дьону булааччы быһыытынан сахалар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр олорооччулар эмиэ билэллэр. Бүгүҥҥү кэпсиир дьоруойум “Саха сирин экстрасенстара – 2015” күрэххэ “Лучший экстрасенс Якутии” ааты сүкпүт ДОЙДУУНА.

Дойдууна элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүтэ, кинилэр бииргэ төрөөбүт тохсуолар. Хаҥалас улууһа киинэ түспүт, сиргэ үктэммит дойдута буолар. Ийэтэ – Өлүөхүмэ нууччата, аҕата Арҕаа Хаҥалас Нөөрүктээйитэ. Оҕо курдук оонньоон, сүүрэн-көтөн дьоллоох оҕо сааһа ааспыта. Ол эрэн, кини айылҕаттан урата дьоҕурдааҕа, талааннааҕа бэрт кыра сааһыттан биллэрэн барбыта. Сир-дойду дьиктитик тыынарын, олох оҥкула атыннык эргийэрин таһынааҕы ыаллыы сытар оҕолоругар кэпсээн соһутар буолара. Сотору кэминэн туох буолуохтааҕын, туох күүтэрин сирэй-сирэйгэ этэн барара. Арыый улаатан, ситэр сааһыгар туохтан эрэ куттанан, дьырылыс гынан бэйэтэ оннуттан хамсыы сатыыр. Былыргыттан Ойуун, Удаҕан сүдү талаанныттан аккаастанар, ылыммат буоллаҕына дьолуттан матар дииллэрэ. Кыыспыт кырата бэрдиттэн, күүстээх айыыларбыт аһынанннар оччотооҕу кэмҥэ, Дойдуунаны кэрчик кэми анаан толкуйданарга түһэрэллэр.

- Миигин дьонум Тамара диэн аатынан сүрэхтээбиттэрэ. 46 сыл тухары Тамара Егорова диэн аатынан ааттанан кэллим. Тамара – чуумпу, намыын киһи. Быһаччы эттэххэ, көннөрү дьахтар. Биир кэмҥэ атаҕым сүһүөхтэрэ ыалдьан барбыттара. Ынырыктаахай ыарыы этэ. Сиҥнэн эрэр сүүнэ күүс барыта түмүллүбүтэ биирдэ баарын биллэрбитэ. Олоруу да, туруу да кыаллыбат ыарыыта этэ.

Ийэм миигин кыра эрдэхпинэ “бу кыыс ураты эйгэлээх” диир этэ. Дьиксинэр быһыыбыттан “тоҕо мин уратыбыный?”, “оҕоттон туох уратылаахпыный?” диэн ыйытыктар үөскүүллэрэ. Барытын бэллэччи этэ сылдьар оҕону, оччотооҕу да кэмҥэ кырдьаҕастар билэллэр эбит. Бэйэм дьоммор туох буоларын, тугу күүтэллэрин эрдэттэн биллэрэр, сэрэтэр буоларым. Ким хас оҕолонуохтааҕын, кыыһын дуу уолун дуу эмиэ таайарым. Эбэм барахсан кулгааҕынан олох мөлтөх этэ. Таас дьүлэй киһи эмтээх оту, айылҕалыын алтыһыыны олус сыаналыыра. Сарсыарда, дьыбар таҕыста эрэ, эмтээх оттору хомуйар үгэстээҕэ.

- Чараас эйгэҥ хайдах уһуктубутай?

- 19 сааспар наһаа күүскэ аһылла сылдьыбытым. Оччолорго, саҥардыы оҕоломмутум. Бэл, бачча эдэрбиттэн хайдах буоллум, маны дьарык оҥостубатах киһи диэн бэйэбин сабына, кистии, харыстыы туттарым. Ол эрээри, дьылҕа хааны ким даҕаны саба тутар, сотон кэбиһэр кыаҕа суоҕа эбээт. 17 сааспар кэргэн тахсыбытым. Олоҕум суолун киһитэ массыына саахалыгар түбэһэн, бу олохтон букатынныы күрэммитэ. Биир күҥҥэ көрбүт уол оҕолоохпун. Билигин, бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун.

Кэм-дьыл ааспытын кэннэ 2014 сыллаахха эттэтиини ааһаммын, кырдьар сааспар сиргэ кэлбит аналбынан арыллан барбытым. Сүһүөхтэрим ыалдьаннар сатаан хаампат буолан ылбытым, дьону кытта кэпсэтэр тылым кытта сүтэн турардаах.

Дьоммор-сэргэбэр туһаны оҥордорбун диэн, Айылгыбынан үлэлии сылдьабын.

- Саха итэҕэлин туһунан тугу этиэн этэй? Кэнники сылга ИТЭҔЭЛ боппуруоһа сытыырхайан эрэр курдук.

- Саха итэҕэлэ саамай кырдьаҕас буолар. Сахабыт итэҕэлин, сиэрин-туомун ылынар кэммит тирээн турар буолан, маннык хабааннаах кэпсэтиилэр да, сипсийиилэр да тахсаллар. Аан дойдуга даҕаны биһиги итэҕэлбит инники күөҥҥэ турар. Онон баһылыыр-көһүлүүр итэҕэл буоларын өйдөөҥ.

- Чараас эйгэҕэ ким, хаһыс таһымҥа турарыттан улахан  тутулуктаах дииллэр. Эн манна туох санаалааххын?

- Оннук! Тутулуктаах! Тус бэйэм санаам маннык: билиҥҥи кэмҥэ муна-тэнэ сылдьар, кыайан арыллыбакка, күүс-көмө ылбатах дьон бааллар. Хас биирдии киһиэхэ айылҕаттан сүдү күүс, дьоҕур айыллан кэлэр. Бу дьоҕуру таба тайанан көрүөххэ, тутан-хабан ылыахха наада. Мин тустаах дьоммор үһүс харахтара  арылларыгар күүс-көмө буолабын. Билигин үлэлэһэ сылдьар оҕолордоохпун. Кинилэр Ойуун, Удаҕан буоланнар чараас эйгэни, көстүбэт көстүүнү кытта үлэлиэхтэрэ турдаҕа. Бу оҕолор бары ананан кэлбит дьоннор, билиҥҥи үйэҕэ ананан, ыйдарыллан кэлбит дьоннор ытыктабыллаахтар. Боростуойдук эттэххэ, кинилэр билэллэрин ким даҕаны билбэт.

- Араак ыарыыга ыалдьар дьоҥҥо көмөҥ хайдаҕый?

- Үөһээ Айыылар биэрбит идэлэринэн, иччилэр тугу этэллэринэн эмтиибин. Ыарыыны түөрэн ылааһыны миэхэ анаабатахтара, иҥэрбэтэхтэрэ. Эмтээһини саҥа саҕалаан эрэбин, көрбүөччү быһыытынан үлэлээбитим  балачча буолла.

- Эйиигин элбэх киһи “поисковик” быһыытынан ылынар, өйдүүр эбит.

- Дьон араас кыһалҕалаах буолар. Ону сэргэ олох эҥкилэ эмиэ биир соннук. Ким эрэ сүтэр, кимиэхэ эрэ мала сүтэр, докумуоннар сүтэллэр, харчы сүтэр, көмүстэр, баай-дуол...

Тыа дьоно ынаҕын, сылгытын кытта көрдөтөрө баар суол. Элбэх сылгыһыт сылгытын, убаһатын, аттарын көрдөтөр.  Массыына элбэхтэ сүтэр буолла, дьоннор нүөмэрдэрин көрдөтөллөр. Сүппүт сүүтүгэ дииллэр, сүүтүк суолунан тугу баҕарар булуохха сөп.

- Сүппүт дьоннору булар киһигин, биир эмэ түгэни сэгэтэриҥ буолаарай?

- Уус Дьааҥыга кэргэнниилэр морошкалыы баран бараннар ууга былдьаммыттар этэ. Ойоҕун тутатына булбуттара, онтон кэргэнин биир ый буолан баран тиийбиппэр булбутум. Бу дойдуга иккитэ тиийэ сырыттым, икки сүтүгү булбутум. Маны таһынан, ситим нөҥүө эмиэ булан биэрбитим, ыйан-кэрдэн биэрдэхпинэ булаллар. Ол эрээри, киһини көрдөөһүн – уустук дьыала.

Сүппүт киһини бэйэм көрүүлэнэн уонна ардыгар бэйэлэрэ тиийэн кэлэллэр. Суолларын арыйабын, сүтүктэрин көрдүүбүн, оччоҕуна икки атахтаах бэйэтэ ыйан биэрэр аналлаах. Икки атахтаах баайа – чэгиэн сылдьааһын, дьоло – тыыннааҕар.

Сүппүт киһини булбатах түгэннэр диэннэр эмиэ бааллар. Холобура, биир киһини хас да айылгылаах көрдүүр буоллаҕына, суола сойон хаалар. Онон, көрдөтөр киһи биир эрэ киһилиин үлэлиирэ ордук. Бэрт соторутааҕыта, биир эдэр кыыһы булбутум. Ол кыыһым дьиэтиттэн тахсан баран, биир ый курдук сүппүт этэ. Дьон бэйэ-бэйэлэригэр наһаа майгыннаһаллар. Ити, хаартыскаларын ситимнэргэ тарҕаталларын мин утарабын.

- Дойдууна диэн аат туох суолталааҕый, ааккын хайдах ылыммыккыный?

- Дойдууна диэн аат түүлбэр көтөн кэлбитэ. “Эн Дойдуунаҕын уонна дьоҥҥо көмөлөһөр аналлааххын” диэбиттэрэ. Онно былыргы таҥастаах дьон баара, мин хайдах эрэ Ньыыкан турар диэн үөрэ санаабытым.  Мин баардаахпын ылынымаары аккаастанар күннэрдээҕим, ыйдардааҕым, сыллардааҕым. Ылымматаххына ыалдьаҕын, олох очурдарыгар охтоҕун диэни билэрим да, истэрим да. Хаайбытым кырдьар сааспар төлө тэбэн таҕыстаҕа.

Араспаанньабын эмиэ уларыппыттара. Билигин Доҕордуураба Дойдууна Дьэкиим кыыһа буолбутум 6-с сылыгар барда. Санаам да уларыйда, тулам да чэпчээбит курдук. Дьылҕа хаан ыйыллыбыт суолунан сир үрдүгэр олорорбуттан, тыынарбыттан дьоллоохпун.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...