12.08.2023 | 12:00

Дойдубут тыына хаартаҕа ойууланна

Дойдубут тыына хаартаҕа ойууланна
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 1-2 күннэригэр Дьокуускай куоракка ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” Култуура киинигэр Уһук Илиҥҥи Федеральнай уокурук “Сила России: потенциал территорий как ключ к развитию” форума буолан ааспыта.

Сайдыы билиҥҥи уонна инники торумнарын көрүүлэри, ырытыылары, кэпсэтиилэри таһынан, олохтоохтор түмсүүлэринэн тэриллибит бырагыраамалар, үлэлэр, оҥоһуктар быыстапкалара тэриллибитэ. Биир дьоһун миэстэни онно “Вышитая карта Республики Саха (Якутия)” диэн улахан иэннээх төрөөбүт дойдубут хаартата ылла. Хаарта оҥоһуллуутун туһунан норуот маастара Ульяна Мироновалыын кэпсэттим.

– Ульяна Егоровна, олус кэрэ, элбэх үлэттэн тахсыбыт хаарта түмүктэммитинэн эҕэрдэлиибин! Уонна “Киин куорат” хаһыат ааҕааччыларыгар үлэ туһунан, туох санааттан хаарта оҥорорго быһаарыммыккытын  сырдатаргар көрдөһөбүн.

– Биһиги 2022 сыллаахха “Вышитая карта России” аахсыйаҕа Саха сирин хаартатынан кыттыбыппыт. Москуба, Чебоксары куораттарга биһирэмнэргэ сылдьыбыппыт. Онтон куорсун анньынан, төрөөбүт дойдубут хаартатын оҥорорго санаммыппыт.

Людмила Маркова

– Ааптардары билиһиннэр эрэ.

– Ааптардар төрдүөбүт: бырайыакпыт уус-уран салайааччыта Людмила Жиркова, СӨ норуотун маастара, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайына, СӨ култууратын туйгуна; Нюргуяна Игнатьева – бырайыак худуоһунньуга, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, технология учууталларын холбоһугун салайааччыта, Дьокуускай куорат 33 нүөмэрдээх оскуолатын уруһуй учуутала; Сергей Миронов – координатор уонна бырайыактааччы, СӨ үтүөлээх архитектора, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ хаһаайына, уонна мин, Ульяна Миронова – сүрүн толорооччу. Кэлэктииппит аата “Содружество” диэн. Киэҥ толкуй, анаарыы, норуот үгэһин тутуһуу, инникини көрүү бу тылга барыта сомоҕолоһор.

Элбэх ырытыы, санаа атастаһыытын түмүгэр худуоһунньук наадатын быһаарбыппыт. Тоҕо диэтэргин айылҕа айыытыттан атынын, киһини тулалыыр эйгэни худуоһунньук ситэри киэргэтэр, ойуулаан таһаарар. Бу улахан суолталаах айымньыга бастатан туран эскиис, макыат оҥорорго идэтийбит худуоһунньук үлэтэ ирдэнэринэн, хамаандабытыгар мин олоҕум аргыһа Сергей Мироновы уонна Нюргуяна Игнатьеваны ыларга быһаарыммыппыт. Онон хамаанда сүбэтинэн оҥоһуллубут үлэ.

– Бу хаарта сүрүнэ туохханый, ис тутулун хайдах бигэргэппиккитий?

– Хаартабыт 210х210 иэннээх, 500 кэриҥэ ойуу-дьүһүн оҥоһулунна. Үлэ хабаана уустук – Сахабыт сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын 2032 сыллаахха диэри стратегиятын тутуһан, биэс экэнэмиичэскэй эҥэрдэринэн оҥорорго быһаарыммыппыт. Дьэ бу мантан үлэбит кэнсиэпсийэтэ тахсан кэлбитэ. Бу эҥэрдэринэн хайытааппытын кытта, хаартабыт бэйэтэ сааһыланан тахсыбыта. Онно сөптөөх быһаарыныыны, толкуйу  ылбыппыт тахсан кэлбитэ. Тоҕо диэтэргин, хас биирдии эҥэр үлэ ханнык эйгэтинэн үлэлээн олорорун,  бырааттыы омуктар ханнык улуустарга уутуйан олорууларын, айылҕа көстүүлэрэ, кыыл-сүөл, үүнээйи барыта наардана түспүтэ. Манна элбэх литэрэтиирэ көрүллүбүтэ, үөрэтиллибитэ.

– Сүрүн толорооччу быһыытынан тугу оҥордуҥ?

– Людмила Жирковалыын быысапканы иккиэн тикпиппит. Хас биирдии маастар туспа буочардаах буолар. Кэлэктиип үлэтэ биир киһи оҥорбутун курдук, биир тэҥ буочары ирдиир. Маныаха биһиги хара маҥнайгыттан сүбэбитин холбоон, буочарбытын майгыннатыһан, онон аттаран тикпиппит. Айар киһи кыһыҥҥы ыйдарга элбэх үлэни оҥорор. Онон тохсунньу, олунньу ыйдарга үлэбит улахан торума – макыата, сюжеттара оҥоһуллубуттара, хаартабыт иэнэ быһаарыллыбыта уонна матырыйаалбыт ылыллыбыта. Күнтэн-күн үлэ хаамыыта түргэтээн испитэ. Быысапка үлэтин кулун тутар ыйтан саҕалаан, бу атырдьах ыйыгар бүтэрдибит. Барыта биэс ый быысапкаланна.

– Ханнык матырыйаалтан, туох ньыманан тигилиннэ?

– Айар үлэ ирдэбилинэн, туттар матырыйаал барыта үрдүк хаачыстыбалаах буолуохтаах. Иис элбэх тиэхиньикэтэ холбосто. Ол курдук, сукуна таҥаска мулине сабы түһэрэн быысапкалаатыбыт. Быысапка биир сүрүн ньымата “гладь” көрүҥүн тутуннубут. Онно эбии кириэс көрүҥ, сахалыы таҥалай, биэтилэлии тигии, французтуу рококо уонна аппликация, кырадаһынынан тигии курдук  ньымалары дьүөрэлээтибит.

– Бэйэҥ хаһааҥҥыттан иистэнэҕин?

– Оҕо эрдэхпиттэн иистэнэбин. Таҥнар таҥаспын бэйэм тиктэрим. Дьарык оҥостон түүлээххэ тиийэ тигэр буолбутум. Кэлин Култуура дыбарыаһыгар үлэлии киириэхпиттэн, саха салаатын салайааччыта буоларым быһыытынан, төрүт иискэ күүскэ үлэлээбитим. Иис устуудьуйатын тэрийэммин, сахалыы ииһинэн дьарыктанар иистэнньэҥнэри түмпүтүм. Киһи сөбүлүүр дьарыгар идэтийэн иһэр. Иистэнньэҥнэрбин кытта улам быыстапкаларга кыттар буолбуппут. Билэттэн, үтүлүктэн саҕалаан, халадаай, хаһыаччык тигэбит. Паннолары, хартыыналары, ат толору симэҕин быыстапкаларынан туруорабыт.

Сергей Миронов

– Иис эйигин тугунан абылыырый?

– Иис киһиэхэ улахан сабыдыалы оҥорор. Ол курдук, санааҕын сааһылыыр, толкуйдуурга үөрэтэр, кэрэни кэрэхсииргэ сирдиир, кэрэҕэ дьулуһуннарар алыптаах. Киһи киһиттэн үөрэнэр диэн этии бу айар киһиэххэ быһаччы сыһыаннаах. Тоҕо диэтэххинэ, төһөнөн быыстапкаларга кыттаҕын, сылдьаҕын даҕаны, соччонон киһи хараҕа кэҥиир, билиитэ хаҥыыр, саҥа санаалар, толкуйдар төрүү түһэллэр, өссө иистэнэр, оҥорор баҕаҥ күүһүрэр. Бэйэҥ ииһиҥ биһирэннэҕинэ, киһи дуоһуйар, үөрэр, дьоллонор, алып диэн күүстээх турукка киирэр. Иис оннук күүһү, кыаҕы биэрэр.

– Ульяна Егоровна, Саха сирин хаартатын биир ааптарын быһыытынан эйигин биллибит, аны бэйэҥ туох идэлээххин ааҕааччыларга билиһиннэр эрэ.

– Мин култуура институтун бүтэриэхпиттэн, Сунтаар улууһугар, Мииринэйгэ түөрт уон сыл устата култуура эйгэтигэр үлэлээн кэллим. СӨ култууратын, Мииринэй оройуонун култууратын үтүөлээх үлэһитэбин, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ хаһаайынабын, норуот маастарабын.

– Төрөөбүт дойду кэрэтин, сүдүтүн, баайын, кини тыынын, олохтоохторун уруһуй нөҥүө тигэн, барыбытыгар бэлэх оҥордугут. Орто дойдуга олорорбут тухары маннык кэрэ киһи илиититтэн айыллыбыта, айыллар, айыллыа даҕаны турдаҕа. Айар кэлэктиипкэ киэҥ саҕахтары, тус бэйэҕитигэр доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабын.

Нюргуяна Игнатьева

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...