06.05.2022 | 09:00

Дойду сэбилэниилээх күүстэрин кылаабынай командующайыгар арааппардаабыт учуутал

Дойду сэбилэниилээх күүстэрин кылаабынай командующайыгар арааппардаабыт учуутал
Ааптар: Борис НИКОЛАЕВ
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ Дьокуускайга «Учуутал Иван Николаевич Данилов» диэн кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэҕэ Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Сунтаар оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо, Саха автономиятын саастыылааҕа И.Н. Данилов үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ оҕону, ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ сыралаах, айымньылаах үлэтин туһунан ахтыылар, хаһыакка суруйуулар түмүллэн киирбиттэр. Кинигэ Иван Николаевич Данилов 100 сааһын туоларыгар анаммыт.

И.Н. Данилов 1922 сыл тохсунньу бастакы күнүгэр Сунтаар оройуонун II Нөөрүктээйи нэһилиэгэр учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Иван төрөппүт аҕата учуутал Н.И. Дорофеев уонна ииппит аҕата нэһилиэк суруксута Д.Н. Данилов – Чуоппаан суруксут эрдэ өлөннөр, кыра сааһыттан олох ыарахаттарын этинэн-хаанынан билэн улааппыт. Ийэтэ Федора Николаевна Михалева төрүт-уус үөрэхтээх Михалевтар сыдьааннара буолан, уонна кэргэнэ өлөөрү сытан уола Иван учуутал буоллун диэн кэриэһин эппитин толорон, кинини оскуолаҕа, салгыы Бүлүү педучилищетыгар үөрэттэрбит.

Ол эрэн Иван бэйэтэ даҕаны, ийэтэ даҕаны ыарытыйаннар, педучилище иккис кууруһун бүтэрэн баран, салгыы үөрэммэтэх. Үөрэнэн бүтэртээбит Кутана, Сиэйэ уонна Элгээйи оскуолаларыгар математика учууталынан үлэлээбит. Дьэ мантан саҕаламмыт кини үйэ аҥаарыттан уһун кэм усталаах педагогическай үлэтэ.

Кини 1943-1949 сс. Сиэйэ 7 кылаастаах оскуолатыгар военругунан уонна математика учууталынан үлэлээбит. Эдэр киһи, комсомолец оскуола учууталларын комсомольскай тэрилтэтин сэкирэтээрэ буолбут. Оскуолаҕа байыаннай-патриотическай үлэни дьаныһан ыыппыт. Ол түмүгэр, үөрэх-иитии үлэтин үрдүк таһымҥа таһаарбытын уонна Сэбиэскэй Аармыйа бөҕөргүүрүн иһин көхтөөх үлэтин иһин Сиэйэ оскуолатын комсомольскай тэрилтэтэ бэйэтин үлэтин туһунан ССРС Сэбилэниилээх күүстэрин  Кылаабынай командующайыгар т. И.В. Сталиҥҥа арааппардыыр чиэскэ тиксибит. Саха АССР-тан маннык 3 арааппар барбыт: Сиэйэ 7 кылаастаах оскуолатын комсомольскай тэрилтэтиттэн, биирдии промышленнай уонна тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэриттэн. Хайдахтаах курдук үрдүк чиэһий?! Бу эдэр учуутал И.Н. Данилов бастакы уонна дьоһун хардыылара этэ.

Манна даҕатан эттэххэ, Сиэйэ нэһилиэгин олохтооҕо Е. Нилов Сунтаар оройуонун «Ильич уоттара» хаһыатыгар (1992. - Атырдьах ыйын 27 к.) оччотооҕу кинини байыаннай дьыалаҕа үөрэппит военругар махтанан  маннык суруйбут: «...Армияҕа тиийэн арай нууччалыы хамаанданы истэр, билэр этим. Ити хамаандалары билэрбэр оччотооҕуга сыыстан-буортан тэйбит курдук, көнө дьылыгырас, бэйэтэ офицер курдук тутта-хапта сылдьар, билигин төһө да оҕонньор аатырдар, көнө уҥуохтаах Саха Республикатын үтүөлээх учуутала Иван Николаевич Данилов көмөтө улахан... Хор, киһи итинник үтүө дьоннору умнубат буолар эбит».

Дьэ ити курдук таһаарыылаахтык үлэлээн, эдэр учуутал И.Н. Данилов 1944 сыллаахха ЫБСЛКС Саха Уобаластааҕы кэмитиэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. 1945 сыллаахха Осоавиахим уопсастыба үлэтигэр көхтөөх кыттыытын уонна биһиги социалистическай Ийэ дойдубут байыаннай кыаҕа бөҕөргүүрүгэр быһаччы көмөтүн иһин Саха АССР  Осоавиахимын Киин сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан бэлиэтэммит.

1946 сыллаахха «Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин. 1941-45 сс.» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.

1949 сыллаахтан Сунтаар орто оскуолатын 5-7 кылаастарыгар математика уонна физика учууталынан үлэлии кэлбитэ. Манна, киэҥ сиргэ, оройуон киинигэр учуутал И.Н. Данилов талаана өссө арыллан, дьоҕура өссө чочуллан, санаата өссө күүһүрэн, айымньылаах үлэ киэҥ аартыгар бигэтик үктэммит.

Дьэ, кырдьык кинигэни арыйбыт, аахпыт ааҕааччы И.Н. Данилов чаҕылхай олоҕу олорбутун билиэҕэ, итэҕэйиэҕэ. Ону учуутал, дириэктэр, салайааччы, биэс оҕолоох иллээх дьиэ кэргэн аҕа баһылыга И.Н. Данилов туһунан ахтыылар, хаһыакка суруйуулар ис хоһоонноро бигэргэтэллэр.

Биир ахтыыга Иван Николаевич үйэ аҥаарыттан ордук учууталлаабыт кэмигэр Сунтаар сэлиэнньэтигэр үөрэппэтэх оҕото аҕыйах буолуон сөбүн эппитэ баар. Ол курдук кини үөрэнээччилэрин оҕолорун ааһан, кинилэр сиэннэрин да үөрэппит эбит. Кинигэҕэ И.Н. Данилов элбэх ахсааннаах үөрэнээччилэрин ахтыылара дьоһун миэстэни ылаллар. Бу ахтыыларга учуутал И.Н. Данилов ахсаан курдук оҕо эрэ ыарырҕатар предметин  хайдах үөрэтэрэ, оҕоҕо сыһыана, үөрэххэ төрөппүтү сыһыарара, сыл түмүгэр оҕо кылааска хаалбатын ситиһэр иһин дьаныардаах үлэтэ, үөрэҕи үлэни кытта табатык дьүөрэлээн тэрийэрэ уо.д.а. кини киэҥ хабааннаах таһаарыылаах үлэтин холобурдара кэпсэнэллэр.

Иҥэн-тоҥон, айымньылаахтык 17-с сылын учууталынан үлэлии-хамсыы сылдьар 36 саастаах Иван Николаевич Даниловка норуот үөрэҕириитин үлэтигэр уһулуччу үтүөлэрин иһин САССР Верховнай Сэбиэтин Президиумун 1958 с. атырдьах ыйын 6 к. ыйааҕынан Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учууталын үрдүк аата иҥэриллибитэ.

И.Н. Данилов 1968 сыллаахха учууталлар Бүтүн Сойуустааҕы съезтэригэр Саха сириттэн 14 дэлэгээт иһигэр киирэн, Сэбиэскэй сойуус учууталларын үрдүкү форумугар кыттан кэлбитэ. Өрөспүүбүлүкэ, бүтүн дойду да таһымнаах мунньахтарга, көрсүһүүлэргэ сылдьыбыта. Онно иитэр-үөрэтэр үлэҕэ саҥа сүүрээннэри, хайысхалары ылыммыта, бэйэтин математиканы үөрэтэр ньыматын кэпсээбитэ, уопутун атастаспыта.

Кини учуутал буолан кылааска киириэҕиттэн, үөрэҕи үлэни кытта дьүөрэлээбитэ. Сайын оскуола оҕолоруттан от, оҕуруот үлэтигэр биригээдэлэри тэрийэрэ, быһаччы салайара. Сунтаар орто оскуолатыгар өрөмүөн үлэтигэр үрдүкү кылаас оҕолорун кытыннарара. Уон сыл Сунтаардааҕы ыччат киэһээҥҥи оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлээбитэ. Кини манна үөрэх уонна үлэ быһаччы алтыһыыларын быыһыгар сылдьыбыта. Итинтэн сиэттэрэн киниэхэ норуот хаһаайыстыбатыгар туһалаах тырахтарыыс, суоппар, повар уо.д.а. идэлээх эдэр исписэлиистэри бэлэмниир үөрэх комбинатын тэрийэр санаа киирбитэ. Ол туһунан И.Н. Данилов ахтыытыттан быһа тардан ааҕыаҕыҥ, билсиэҕиҥ, сэргиэҕиҥ:

«Сунтаарга орто идэлээх кадрдары бэлэмниир профессиональнай-техническэй училищены сотору аһар наадалааҕын туһунан обком секретардарыгар Г.И. Чиряев уонна В.Г.Павлов приемнарыгар сылдьан кэпсэппитим. Ону «Эн туруорсууҥ сөптөөх, ол гынан баран билигин быһаарсарга үп-харчы, база суох. Итини сотору кэминэн быһаарыахпыт уонна үөрэтэр комбинаккын үлэлэт, ол базатыгар аһарга былаанныахпыт», — диэбиттэрэ.

Онон киэһээҥҥи оскуола учууталларыныын былыргы эргэ паровик дьиэтэ туһаныллыбакка хаалан сытарын онтон-мантан матырыйаал көрдөһөн күһүнү супту өрөмүөннээн үөрэтэр кабинет оҥорбуппут. Үөрэх комбинатыгар биир тракторы, биир автомашинаны ылары ситиспиппит уонна алдьаммыт трактор, автомассыына чаастарын хомуйан, Марха профтехучилищетыгар баран, араас схемалары, таблицалары көрдөөн ылбыппыт. Мин уонна «Сунтаар» совхоз парткомун секретара П.Я. Федоров буолан Өлүөхүмэҕэ Дмитров колхозка тэриллибит үөрэх комбинатын кытта билсиспиппит. Трактористары, шофердары бэлэмнииргэ учууталлар Н.Г. Петров, Н.В. Кириллин элбэхтик көмөлөспүттэрэ, сүүрбүттэрэ-көппүттэрэ. Базабытын тэрийэргэ «Сунтаар» совхоз, РТС улахан көмөнү оҥорбуттара. Онтон үөрэх комбината туспа, киэһээҥҥи оскуола уопсай үөрэхтээһиҥҥэ икки аҥыы хайдыбыппыт. Үөрэх комбинатын директорынан П.Г. Данилов уонна К.С. Иванов үлэлээбиттэрэ.

1974 сыллаахха үөрэтэр-курсовой комбинат базатыгар 23-с №-дээх тыа сирин профессиональнай-техническэй училищета аһыллан, мин бүтэһиктээх баҕа санаам туолан, улаханнык үөрбүтүм. Мин идэбин үөрэппит-ииппит оҕолорум С.А. Зедгенидзев уонна В.П. Федоров баччааҥҥа диэри салгыы сылдьалларыттан мэлдьи астына, үөрэ сылдьабын».

Ити курдук И.Н. Данилов Сунтаар оройуонугар профессиональнай-техническэй үөрэхтээһин олохтонуутугар олук охсубут дьонтон биирдэстэринэн буолар.

И.Н. Данилов энтузиаст, новатор учуутал, талааннаах тэрийээччи, сатабыллаах салайааччы быһыытынан оройуонугар, өрөспүүбүлүкэҕэ биллибитэ. Оччолорго «Учууталлар учууталлара» бэлиэ баара буоллар, И.Н. Данилов биир бастакынан наҕараадаланыа этэ. Ол курдук кини 5 оҕото барылара аҕаларын батан учууталлар, үөрэппит үгүс оҕолоруттан учууталларын идэтин утумнаабыты ситэн аахпыт суох, оннук элбэх.

Бу кэпсээбит кинигэбит Иван Николаевич Данилов үтүө аатын үйэтитиигэ дьоһун хардыы буолуоҕа.

Кинигэни биир дойдулаахпыт, мэдиссиинэ билимин дуоктара, РФ Суруналыыстарын, СӨ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, кэнники кэмҥэ араас кинигэни оҥоруунан дьарыктанар В.П. Николаев эрэдээксийэлээн таһаартарбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Сонуннар | 23.10.2024 | 17:38
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэҕэ департамена иһитиннэрэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ветеринарияҕа управлениетын кытта дьиэ кыыллара бэйдиэ сылдьалларын бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ куорат Автодорожнай, Строительнай, Сайсары, Октябрьскай, Гагаринскай уокуруктарынан уонна Марха, Маҕан, Хатас, Тулагы нэһилиэктэринэн ыытыллыбыт эриэйдэ түмүгүнэн боротокуоллар толоруллубуттар, нэһилиэнньэни кытта өйдөтөр, быһаарар, сэрэтэр үлэ ыытыллыбыт....