24.06.2020 | 10:27

ДОРУОБУЙАҔА ТУҺАЛААХ АСТАРЫ АСТАНЫАХХА

ДОРУОБУЙАҔА ТУҺАЛААХ АСТАРЫ АСТАНЫАХХА
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сайын кэлэн, халлааммыт итийэн, киһи чэпчэки, тымныы аһы аһыан баҕарар. Ип-итиигэ ис миинэ дуу, сыалаах-арыылаах соркуой дуу сии-аһыы олорорбут өссө тиритиннэрэр, ыгылытар.

Онон бүгүн ааҕааччыларбар анаан сайыҥҥы, ол эрэн тотоойу, минньигэс, иҥэмтиэлээх ырысыаптары бэчээттиибин.

Креветкэлээх клубничнай салаат

Туох наадата: 300 г клубника, 2 лимон, 1 авокадо, 8 ыраастаныллыбыт, буспут креветка, ½ базилик тутума, 2 ост.нь. мас арыыта, 3 ост.нь. яблочнай уксус, 1 ыстакаан дьиҥнээх йогурт, туус, саахар, биэрэс – бэйэ сөбүлүүрүнэн.

Бэлэмнээһинэ: 1. Клубниканы кырбааҥ. 1 лимону теркалааҥ, иккиэннэриттэн суогун ыган ылыҥ.

2. Авокадоны хахтаан баран, сүрэҕин ылыҥ, сымнаҕас этин чараас гына кырбааҥ уонна лимон суогунан ыһыҥ.

3. Клубниканы, авокадоны уонна креветкэни холбооҥ. Мас арыытын, уксуһу, тууһу, биэрэһи уонна саахары булкуйуҥ уонна салааккытыгар кутуҥ.

4. Йогурту теркаламмыт лимоҥҥутун кытта холбооҥ уонна ол соуһунан салааккытын булкуйуҥ. Базилик сэбирдэҕинэн киэргэтиҥ.

Баклажантан сайыҥҥы салаат

Туох наадата: 1 бөдөҥ баклажан, 2 помидор, 100 г  брынза эбэтэр фета сыыр, биир тутум күөх салаат, 50 г  ыраастаммыт грецкэй эриэхэ, күөх от, 1 ост. нь. хартыыһа, 1 ч.нь. мүөт, 3 ост.нь. лимон суога, оливка арыыта, 2 өлүүскэ чеснок, бытархай биэрэс, туус.

Бэлэмнээһинэ: 1. Баклажаннары тиэрбэстии кырбааҥ, туустаан баран 15 мүнүүтэ туруоруҥ.

2. Чесногу илдьиритиҥ, хартыыһа, мүөт, лимон суога, туус, биэрэс уонна оливка арыыта булкуйан, салааккытыгар тумата оҥоруҥ.

3. Баклажаҥҥытын сууйан баран, салпыаккаҕа ууран куурдуҥ. Бу кэннэ оливка арыытыгар саһарчы гына ыһаарылааҥ. Бэлэм баклажаннарга оҥорбут тумаҕытын кутуҥ.

4. Помидордары чараас гына, брынзаны кубиктыы кырбааҥ. Помидордары уонна брынзаны баклажаҥҥытыгар эбиҥ.

5. Чараас тэриэлкэҕэ салаат сэбирдэхтэрин ууруҥ, ол үрдүгэр помидордардаах уонна брынзалаах баклажаннары ууруҥ, күөх отунан, илдьиритиллибит грецкэй эриэхэнэн киэргэтиҥ.

Тунецтаах, оҕурсулаах салаат

 

Туох наадата: 1 бааҥка кэнсиэрбэлэммит тунец балык, 2 сымыыт, 1 устуука эриэппэ луук, 1 устуука помидор, 2 устуука оҕурсу, бэйэ сөбүлүүрүнэн руккола.

Бэлэмнээһинэ:

1. Тунец балыгы бааҥкатыттан ылан салпыаккаҕа сүөкээҥ, уута-хаара бэйэтигэр иҥтин диэн. Оҕурсуну хахтаан баран төгүрүктүү, помидору эмиэ чараас гына төгүрүктүү кырбааҥ. Сымыыты буһаран баран, түөрт аҥыы быһыҥ. Сымыыт сойуо суохтаах, сылаас буолуохтаах. Луук ыраастаныллар уонна тиэрбэстии кырбанар.

2. Улахан тэриэлкэни ылыҥ. Түгэҕэр салаат сэбирдэҕин эбэтэр рукколаны тэлгэтиҥ. Төгүрүччү оҕурсу, ортотугар помидор ууруҥ, ол үрдүгэр луук, онтон өрөһөлүү тунец балыккытын ууруҥ, сылаас сымыытынан киэргэтиҥ. Салаакка эбилик быһыытынан тунец арыытын, суогун эбэтэр чесночнай уксуһу кутуоххутун сөп.

Гречкалаах, мүөттээх алаадьы

 

Туох наадата: 1 ост.нь. оливка арыыта (рафинированнай мас арыытынан солбуйуохха сөп), 1 устуука сымыыт, 1 уонна 1/4 ыстакаан бурдук, 2 ост. нь. мүөт, 1/2 ч.нь. суода, 1 өлүүскэ лимон суогун ыгаҕыт, туус – 1/4 ч.нь., 1,5 ыстакаан тымныы үүт, гречка хлопьята – 1/2 ыстакаан.

Бэлэмнээһинэ:

1. Дириҥ миискэҕэ гречкаҕыт хлопьятын кутуҥ, туустааҥ, сымыыты кутуҥ, мүөт эбэн баран, биилкэнэн аргыыйдык булкуйуҥ, үүккүтүн кутуҥ. Лимон суогун ыгыҥ уонна 15-20 мүнүүтэ туруоруҥ, гречкаҕыт үллэрин курдук. 2. Бурдугу суоданы кытта миискэҕитигэр сиидэлээн кутуҥ, биилкэнэн булкуйуҥ. Алаадьы тиэстэтин курдук оҥоруҥ, арыы эбэн баран өссө булкуйуҥ. 3. Мас арыытын хобордооххо кутан, ититэн баран, алаадьыгытын ыһаарылааҥ. Буспут алаадьыгытын үрүт үрдүгэр ууран иһиҥ. Барыанньаны кытта биэриэххитин сөп.

Йогуртаах фруктовай салаат

 

Туох наадата: 200 г сибиэһэй вишня, 2 дьаабылака,

2 груша, 2 ост.нь. лимон сога, 2 ост.нь. сахарнай пудра, 150 мл хойуу чөчөгөй, 150-200 мл маҥан йогурт, 2 ч.нь. ванильнай саахар.

Бэлэмнээһинэ: 1. Вишняны үчүгэйдик сууйуҥ уонна уҥуоҕун орооҥ. Дьаабылаканы уонна грушаны хахтаан баран сүрэҕин ылыҥ. Иккиэннэрин бытархай кубиктыы кырбааҥ, 2 ч. нь. лимон суогун ыһыҥ, саахарнай пудраны кутуҥ. Манна вишняны эбиҥ уонна сэрэнэн булкуйуҥ.

2. Чөчөгөйгүтүн ванильнай саахары кытта күүгэннэниэр диэри булкуйуҥ, ол кэмҥэ йогургутун уонна ордубут лимон суогун эбиҥ. Салааты анал иһиккэ кутан баран, чөчөгөйдөөх йогуртунан киэргэтиҥ.

Түргэн  лимонад

 

Туох наадата:  2 устуука лимон, 200 г саахар, 750 мл уу, 6 устуука муус

Бэлэмнээһинэ: 1. Лимоҥҥутун үчүгэйдик сууйуҥ. 2. Аҥаардаталаан баран блендердээҥ. 3. Саахары, тымныы ууну уонна мууһу эбиҥ. 4. 1 мүнүүтэ булкуйуҥ. 5. Кыра сиидэҕэ сиидэлээҥ. 6. Лимонунан киэргэтиҥ.

Клубникалаах варениктар

 

Туох наадата: Тиэстэҕэ: 2 ыстакаан бурдук, ⅔ ыстакаан уу, кымаах туус.

Начыыҥкаҕа:клубника, саахар.

Бэлэмнээһинэ: 1. Бурдукка уу уонна туус эбэн баран тиэстэтэ охсуҥ. 2-3 мм халыҥнаах гына тэлгэтиҥ уонна төгүрүк чааскынан 5-6 см төгүрүктэри оҥоруҥ.

2. Төгүрүккүт ортотугар клубниканы ууруҥ, эрдэттэн түөрт гына бысталааҥ, саахардааҥ уонна буһарыгар тэстибэтин курдук үчүгэйдик ыпсарыҥ.

3. Варениктаргытын туустаах ууга бэлэм буолуор диэри буһарыҥ. Остуолга сүөгэйи кытта биэриҥ.

Ананастаах уонна кууруссалаах салаат

Туох наадата:

200 г куурусса этэ,

300 г кытаанах сыр,

2 өлүүскэ чеснок,

250 г кэнсиэрбэлэммит ананас,

1-2 оҕурсу,

100 г сүөгэй,

туус, хара биэрэс бэйэ сөбүлүүрүнэн.

Бэлэмнээһинэ:

  1. Сыыры бытархай теркаҕа анньаҕыт.
  2. Ананаһы уонна оҕурсуну кубиктыы кырбыыгыт.
  3. Кууруссаны буһаран сойутуҥ уонна бытархай гына кырбааҥ.  
  4. Чесногу илдьиритиҥ.
  5. Барытын булкуйан баран сүөгэй, туус, биэрэс эбиҥ, булкуйан баран тымныы сиргэ ууруҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...