02.11.2024 | 10:00

Дьону үөрдэллэриттэн дьоллоохтор

Дьону үөрдэллэриттэн дьоллоохтор
Ааптар: Татьяна Захарова-Лоһуура
Бөлөххө киир

Бүгүн эһиэхэ билиһиннэрэр айар-тутар дьоҕурдаах, тарбаҕар талааннаах, ис иэйэр куттаах далбар хотуттарым маарыннаһар өрүттээхтэр. Ол курдук, кинилэр ис сүрэхтэриттэн баҕаран туран дьарыктаналлар, иккиэн биэнсийэҕэ тахсыахтарыттан ордук күүскэ ылсан барбыттар. Хайалара да дьоҥҥо үөрүүнү, өрө көтөҕүллүү туругун бэлэхтииллэриттэн дьоллоохтор.

Сааһыран да баран, үөрэниэххэ сөп

Надежда Гаврильевна Пахомова, СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара, мельхиортан, алтантан уонна дьэс алтантан оҥорбут киэргэллэрин киһи эрэ астына көрөр. Кини уран-нарын тарбаҕынан тутан-хабан оҥорбут кулоннарын, ытарҕаларын, бөҕөхтөрүн, биһилэхтэрин дьон сөбүлээн кэтэр. Сыаната да атыттардааҕар удамыр. Оҥоһугун алҕаан, үтүө санааны баҕаран туран туттарарын сөбүлүүр.

– Биэнсийэҕэ тахсан баран бу манныгы оҥорорго 2 сыл кэтэхтэн үөрэммитим. Онтум билиҥҥи үйэҕэ олус сөптөөх идэ эбит. Бэйэм ыксаабакка-тиэтэйбэккэ, холкутук олорон оҥорорбун ордоробун. Хас биирдии оҥоһугум ылбыт киһиэхэ харысхал буоллун диэн, ис сүрэхпиттэн үтүөнү-сырдыгы баҕаран чочуйабын.

– Дьахтар киһиэхэ тимири кытта эллэһэр олус судургута суох буолуохтаах: мельхиор, алтан да үрүҥ көмүстэн быдан кытаанах дииллэр. Моһуоннарын эмиэ бэйэҥ толкуйдуугун? Матырыйаалгын хантан булаҕыный?

– Анал маҕаһыыннар бааллар. Кинилэр сэртипикээттээҕи, химическэй састааба бэрэбиэркэлэммити атыылыыллар. Бастакы сылбар бэйэм биирдиилээн оҥорон саҕалаабытым. Кэргэним оччолорго туораттан көрөр эрэ этэ. Биэнсийэҕэ тахсыаҕыттан сыстан, көмөлөһөн, атыыга таһаарар кыахтанныбыт. Дьахтар киһи соҕотоҕун элбэҕи оҥороро уустук. Оҥоһугум быһыыта-таһаата, ойуута-бичигэ хайдах эрэ бэйэтэ тиийэн кэлэр. Холобур, бу кулон ойуутун кэскиллээх, уйгуну-быйаҥы түстүүр аал-луук маска дьүөрэлиир диэн түһэрбитим. Аргыый-наллаан, иэйиим төһө киирэринэн, ис испиттэн баҕаран үлэлиибин. Оҥоһук киэргэтэр эрэ буолбатах, куһаҕан тыыны чугаһаппат аналлаах. Дьон манныкка наадыйара эбиллэн иһэр. Бу хайысхаҕа саҥа үлэлэһэн эрэбин, кэлин өссө сайдан, тупсаран, ис хоһоонун дириҥэтэн иһиэм дии саныыбын.

– Чуолаан төһө саастаахтар сэргиир, ылар быһыылаахтарый?

– Ордук саастаах көлүөнэ диэххэ сөп эрээри, эдэр, оҕо дьон эмиэ бааллар. Билиҥҥи, бутуурдаах олохтон долгуйар, сэрэхэдийэр санаа сааһыттан тутулуга суох күүһүрбүт курдук. Өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр тахсааччылар, дойдубут күүһэ бэйэбитин кытта сырыттын, харыстаатын диэн, санааларын бөҕөргөтүнээри ылаллара элбэх. Көннөрү кэрэ көстүүгэ умсугутан ылааччы да баар буоллаҕа.

– Бэйэҥ тускунан кэпсии түспэккин ээ?

– Эдэрбэр 14 сыл курдук “Сардаана” фабрикаҕа үлэлээбитим, 5-с разрядтаах маастар буолбутум. Уус-уран оҥоһук араас ньыматыгар онно сылдьан үөрэммитим. “Сардаанаттан” элбэх көлүөнэ маастар кынат анньынан, уопутуран, айымньылаах үлэ аартыгар туруннаҕа. Онно ылбыт сатабылбыт, билиибит биһиги олохпутугар күн бүгүнүгэр диэри туһалыыр. Сатабыл уһаарыллар, сытыыланар сирэ. Ол кэнниттэн үөрэх эйгэтигэр сыстан, 12 сыл курдук оҕо аймаҕы уһуйууга үлэлэспитим. Бэйэм эмиэ сайыннаҕым дии. Билииҥ-көрүүҥ хаҥыыр, холобур буолаары сатабылгын эбэр дьүккүөрдэнэҕин. Онтон 2013 с. культорология салаатын бүтэрэн, култуура эйгэтигэр көһөн, 8 сыл үлэлээн, СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара буолбутум. Дьэ, онтон биэнсийэҕэ олорунан баран, эппитим курдук, маннааҕы Ойуулуур-дьүһүннүүр (художественнай) училище экспериментальнай үөрэтии диэн, 2 сыллаах үөрэҕи арыйбытыгар 10-ча буолан үөрэннибит. Наһаа үчүгэйдик үөрэнэн, төрүт култуурабытыгар биир эмиэ саамай туттуллар, биһирэнэр матырыйаалынан – алтанынан үлэлиирбиттэн, урукку, умнулла быһыытыйбыт үгэһи сөргүтүүгэ кыттарбыттан астынабын. Киһи олоҕор туох буолара барыта анаммыт кэмнээх-кэрдиилээх быһыылаах. Урут миэхэ бу манныгынан дьарыктаныаҥ диэбиттэрэ буоллар, сөҕүөм этэ.

– Дуо? Дьиҥинэн букатын ыраах, туора эйгэ буолбатах эбит ээ.

 – Илиибэр оҥоруохтаах матырыйаалбын туттум да, олох ураты турукка киирэн хаалабын. Оҥоһугум ситтэҕинэ, ис-испиттэн дуоһуйабын. Ким эрэ ону ылан, үөрэн-көтөн, астынан, махтанан бардаҕына, үс бүк үөрэбин. Кини өрө көтөҕүллүбүт туруга миэхэ бэйэбэр бэриллэн, киһи тылынан кыайан эппэт иһирэх иэйиитэ кууһар, нэгирим (энергиям) күүһүрэн кэлэр. Айар-тутар баҕам өссө улаатар. Дьикти. Оҥоруохха эрэ диэн оҥоруу – атын. Баҕар, сааһырыы, олоҕу атынннык ылыныы, муударас диэннэрэ кэлбитэ дуу? “Куйаар тутула улаханнык уларыйда” дииллэрэ оруннаах курдук. Туох барыта – толкуй, ис билии, талаан, дьоҕур – арыллар кэмэ кэлбит быһыылаах. Эдэрбэр, бэл, сахалыы да сатаан саҥарбат курдугум ээ. Тугу да улаханнык ырыҥалыы, толкуйдуу барбакка, ис дьиҥҥин, туруккун кимиэхэ да кэпсии, биллэрэ сатаабакка, бириэмэ былдьаһыгар биир кэм үлэлээ да үлэлээ буолуллара. Киһи санаата тардыһар, сүрэҕэ сөбүлүүр дьарыгын нөҥүө дьоҥҥо туһалыыра, үөрүүнү бэлэхтиирэ, олоххо, бэйэҕэ эрэлэ улаатарыгар көмөлөһөрө – саныахха астык. Ис сүрэххиттэн үөрэр буолаҕын.

Бастакы быыстапкатын арыйбыт!

Оҥоһуктаах остуоллары үрдүттэн соҕус кэрийэ көрөн иһэн, уурбут-туппут курдук көстүүлээх, талааннаах тарбах аргыый имэрийэ тутан, харыстаан, илиитин сылааһын иҥэрбит харыс саҕа үрдүктээх эрээри, ой-бото таҥастаах-саптаах гына оҥоһуллубут харыйаҕа иилиллэр, хатайдаан оҥоһуллубут куукулалар иннилэригэр, сүтүкпүн булбуттуу, хорус гына түспүтүм. Баҕар, ол дьоллоох оҕо сааһым оонньуурдарын санатарыттан, ис сахалыы тыыннаахтарыттан буолуо. Маннык кэрэни айан-тутан таһаарар маастары кытта билсиэхпин баҕарбытым.

– Людмила Осипова диэммин. Мэҥэ Хаҥалас Нөөрүктээйититтэн төрүттээхпин. Эрдэ да дьарыктанар этим. Ол эрээри биэнсийэҕэ тахсыахпыттан күүскэ ылсан үлэлээн эрэбин. Бу күннэргэ дойдубар бастакы тус быыстапкабын арыйан киирдим. Дьон туһанар, наадыйар диэн, харыйа оонньуурдарыгар көспүтүм. Ол иннинэ ааптарыскай оҥоһуктары оҥорорум ыскаапка быыллыйа тураллара соччото суоҕа. Ханна эрэ харайыахха, ууруохха наада. Оттон харыйа оонньуурун сылга хайаан да биирдэ таһааран, көрөллөр-истэллэр. Үөрүүнү бэлэхтиирэ, оҕо сааһы санатара да күндү. Бастаан сахалыыттан саҕалаабытым, кэлин арааһын эбэн, оҕолор сөбүлүүр ойуулуктарын, аниме дьоруойдарын эмиэ оҥорон эрэбин. Бэстибээллэргэ эҥин кыттыам.

– Баататтан хатайдаан оҥороҕун дии?

– Оннук, ол эрээри тиэхиньикэтэ былыргы баата киэнин курдук буолбакка, папье-маше киэнигэр майгынныыр. Деталлара хос-хос килиэйдэнэн оҥоһуллар. Үйэлээх буоллун диэн, акрил кыраасканан уруһуйдаан, өҥнөөн-дьүһүннээн биэрэбин. Килиэйэ – крахмал, сороҕор ПВА эбэбин. Сирэйдэрин полимер туойтан оҥоробун, уруһуйдуубун.

– Дьэ, манна уруһуйдуур талаан, тулуур, дьулуур наада буоллаҕа!

– Художественнай үөрэхтээхпин. Новосибирскайдааҕы педагогическай институт художественнай-графическай факультетын бүтэрбитим. Ону таһынан живопиһынан, графиканан эмиэ дьарыктанабын.

– Оҕо сааспытын санатар пионер оҕолор үчүгэйдэриин! Маны, холобур, төһө өр оҥороҕунуй?

– Бастаан баататын каркааһын оҥорон куурдаҕын. Ол кэннэ хас биирдии килиэйдэммит хаттыгас куурарын кэтэһэҕин. Онтон баатанан таҥаһын оҥороҕун, хатараҕын, кырааскалаан баран эмиэ куурдаҕын. Элбэх деталлаах. Онтугун эмиэ тус-туспа оҥорон куурдан, кырааскалаан баран, таҥан таһаараҕын. Түргэнник куурдар дигидратордаах дьон киэнэ түргэнэ буолуо. Миэнэ көннөрү буолан, бириэмэни ылар. Ортотунан, нэдиэлэ - икки нэдиэлэ курдук барар. Ол иһин хастыы да оонньууру тэҥинэн саҕалыыбын.

Сыаната да, оччотугар ботуччу буолуо?

– Арыый улахан кээмэйдээхтэрим 2 тыһ. солк. Соҕуруулар киэннэрэ быдан сыаналаах. Кыралар, холобур, бу пионердар, чэпчэкилэр. Үксүгэр саастаахтар атыылаһаллар, онон төһө да үлэтэ элбэҕин иһин олус үрдэппэппин. Ретро оҥоһук курдук хаатыҥкаларын валяние ньыматынан оҥоробун. Бэргэһэлэрэ-саарпыктара барыта оччотооҕу таҥаска дьүөрэлии. Сорох таҥастар – реконструкциялар. Холобур, бу ырыаһыт Синильга кэтэр таҥаһын үтүгүннэрбитим. Бу маны саха далбар хотуттара кэтэр саҕынньахтарын хаартыскаҕа көрөн, майгыннатан оҥорбутум.

Людмила Егоровна былырыын норуот маастара, уруһуйдьут Афанасий Бродников төрөөбүтэ 95 сылыгар баататтан юбиляр куукулатын, туттар үнүстүрүмүөннэригэр тиийэ оҥорон биир дойдулаахтарын үөрдүбүт. Ону бэйэтэ кэпсээбэтэҕэ, кэлин дьонтон иһиттим. Дьэ, талаан диэтэҕиҥ!

Онон, доҕоттор, санаа сытар дьарыгын саҕалыыр хаһан да хойут буолбатах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....