15.11.2024 | 16:00

Дьон атаҕын тыаһа, табах буруота

Дьон атаҕын тыаһа, табах буруота
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Икки атахтаах баарын тухары кэпсээн бараммат, сонун сойбот. Оттон урут, эдэр сылдьан түбэспит түбэлтэлэриҥ эбэтэр ханна эрэ истибит түгэннэриҥ өйгөр хаалан, тэнийэн, кэпсээнтэн кэпсээн буолан, бүгүн ону суруйарга сананным.

Александра (аатын уларыттыбыт) эдэр сылдьан тыа сиригэр олорбута. Дьокуускайга оччолорго медучилищены бүтэрбит эдэркээн кыыһы биир улуус түгэх нэһилиэгэр биэлсэринэн анаабыттара. Шура ахсыс кылаас кэнниттэн сөбүлүүр үөрэҕэр киирэн, түөрт сылынан ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Бииргэ үөрэммит оҕолоро бары арҕам-тарҕам, ким куоракка, ким дэриэбинэҕэ, ким төрөөбүт дойдутугар ананан тарҕаспыттара.

Шура төрөппүттэрэ кини кыра кылаастарга үөрэнэ сырыттаҕына олохтон бараахтаабыттара, онон эбээлээх эһээтэ ылан ииппиттэрэ. Бу чугас дьоно үөрэҕин бүтэрэр сылыгар утуу-субуу эмиэ олохтон туораабыттара. Онон кыыс дойдутугар олох барыан баҕарбатаҕа, көрдөһөн туран туора оройуоҥҥа таласпыта. Дойдутугар, этэргэ дылы, уруу-аймах да дьоно аҕыйахтара, кинини өйүүр дьоно бары атын сиргэ олороллоро, сорохторо куоракка бааллара. Ийэтин балта куоракка хаал, үлэ булуом дии сатаабытын үрдүнэн атын оройуоҥҥа барарга быһаарыммыта.

Дьэ ол курдук от ыйыттан үлэҕэ тахсардыы, өҥүрүк куйаас күн сөмөлүөтүнэн тиийиэхтээх сиригэр көппүтэ. Бэйэтэ куораттан чугас улууска олорор буолан, сөмөлүөт, паром диэни билбэт этэ. Онон аан бастакытын көтөр аалга олорбута. Кыра сөмөлүөт буолан сүрэҕэ өлөхсүйэн, нэһиилэ тулуйан көппүтэ. Ол курдук син этэҥҥэ сири булан баран “һуу” диэбитэ. Аны туран ханна барарын билбэкккэ турдаҕына, хата, биир эдэрчи киһи кыыс муна-тэнэ турарын көрөн аһынан, матасыыкылын кэлээскэтигэр ылыах буолбута. Саҥа биэлсэр кэлбитин билэн, эдэр киһи олус үөрбүтэ, биригэдьиирбин, дьоммун атааран баран, баҕар, кими эмит дэриэбинэҕэ таһаарыам диэн күүтэн турбутум диэбитэ. Кыыс да соһуччу үөрүүттэн олус астынан, уолга мэҥэстэн дэриэбинэ диэки элээрдибиттэрэ.

Шура айаннаан иһэн бу дойду айылҕатын астына, сөҕө көрбүтэ. Сир-дойду сибэккинэн симэнэн турара, алаастар, үрэхтэр, чыычаахтар хайдах эрэ кинини уруйдуу-айхаллыы көрсөр курдук элэгэлдьийэн ааһаллара, күн уота ип-итиинэн сылытара, санаатыгар наһаа түргэнник айанныыллара, мастар, тииттэр күлүктэрэ эрэ көстөн ааһара.

Биригэдьиир Бииктэр кыыһы дьиэтигэр илдьэн ийэтигэр эбиэттэтэ хаалларбыта. Сотору кэлэн дьиэҕин-уоккун булларыам, манна тохтуу түс диэн матасыыкылыгар олорон элээрдэ турбута. 

 

Олохсуйуу

Шураны биир кыракый эргэ дьиэҕэ олохтообуттара, хайдах эрэ бэйэтэ соҕотоҕун дьаһанан ыал буолан олороруттан олус үөрбүтэ. Бэйэтигэр сөптөөх тып-тап курдуга, остуола, олоппоһо, ороно барыта баар этэ. Эргэ ыскааптаах, ону таһынан өссө тэлэбиисэр кытта баара. Ааҕааччыларбар билиһиннэрдэххэ, бу 80-с сыллар саҕаланыылара этэ.

Кырдьаҕастар ииппит оҕолоро буолан, сиэри-туому тутуһан куораттан аҕалбыт алаадьытынан дьиэтин-уотун, оһоҕун аһаппыта, тэлгэһэтигэр таһааран уурбута.

Ол сырыттаҕына бииргэ үлэлиэхтээх санитарката, Маайа диэн 50-нун ааспыт дьахтар кэлэн билсиһэн, көмөлөһө кэллим диэн иккиэн бэрт түргэнник биир тылы булан, дьиэни-уоту өрө тардан, кыыска утуйар таҥаһын аҕалан, маҕаһыыҥҥа сырытыннаран баран сарсын кэлэн ылыам, балыыһабытыгар барыахпыт диэн дьиэлээбитэ. Балыыһатын ыраахтан көрдөрбүтэ, ол курдук, балыыһата, дьиэтэ, маҕаһыына да чугас-чугас бааллара кыыһы ордук үөрдүбүтэ.

 

Бастакы «сүрэхтэнии»

Сайыҥҥы киэһэлэр сырдыктар, онон Шура саҥа кэлбит сиригэр туохтан да куттаммакка олус үчүгэйдик утуйан турбута. Сарсыарда Маайата кэлэн иккиэн балыыһаларыгар барбыттара. Эрдэ билсибит дьон буоланнар, тоҥолохторуттан ылсан ыкса бодоруускалаһан хаампыттара.

Шура, балыыһатыгар киирээт, Александра Петровна буола охсубута, Маайаны кытта остуорастара Акулина уонна харабыл оҕонньор Миитээ диэн бааллара. Онон балыыһа кэлэктиибэ бүтэрэ. Бары күө-дьаа кэпсэтэн, олус үчүгэйдик билсибиттэрэ, кыыһы олох ытыстарын үрдүгэр түһэрэн ылбыттара. Бу иннинээҕи биэлсэр  аҕыйах ыйынан икки атаҕынан куоппут. Тоҕотун ким да эппэтэҕэ, хайдах эрэ тугу эрэ кистииллэр дуу дии санаабыта Шура.

Ол курдук бастакы күнүн дьыаланы-куолуну билсиһиигэ, ыарыһахтар каарталарын үөрэтиигэ ыыппыта, балыыһа иһин ымпыгар-чымпыгар диэри кэрийэн көрбүтэ. Сарсыҥҥыттан үлэ күнүн тутуһан үлэлииллэрин туһунан суруйбут биллэриитин харабыл Миитээ маҕаһыын, кулууп иннигэр ыйаары сүүрбүтэ.

Шура киэһэ хойутаан дьиэтин булан, аһын астаан, утуйардыы оҥостон кинигэ ааҕа сыппыта. Ол сыттаҕына хайдах эрэ оһох кэннин диэки атах тыаһа бэрт чэпчэкитик хааман кини хоһун аттынан ааспытыгар, кыыс этэ-сиинэ “дьик” гына түспүтэ. Тымныы уунан саба ыстарбыттыы көлөһүн аллыбыта, санаатыгар, кини хоһун аанын өҥөйөр курдуга. Шура оронуттан ыстанан турбута, саалатыгар тахсыбыта. Ханна эрэ ыттар одоҥ-додоҥ үрэллэрэ, ынах  маҥырыыра иһиллэрэ, дьиэтин иһэ барытын мэлдьэспиттии уу-чуумпу буолан турара. Шура хайдах эрэ дьаахханан барбыта, онтон тэлэбиисэрин холбоон баран олорбута. Оччолорго тэлэбиисэр эрдэ үлэлээн бүтэр, мээнэ чуһуура эрэ турар этэ. Саатар араадьыйа ылыахха баар эбит дии санаабыта. Арай ол чуумпуга олордоҕуна, дьиҥнээх атах тыаһа сүүрэн кэлэн, кини аанын дирбийэн киирэн барбыта. “Дьон ууга түстүлэр, бара охсуохха”, - диэн харса суох хаһыытыыра. Шура иһиттим-истибэтим диэт, аанын арыйа баттаабыта, биригэдьиир уол турара, ыксаан сатыы сүүрэн кэлбит, сибилигин матасыыкылбар тиийээр диэт сүүрэн хаалбыта. Кыыс малын-салын ылан, бастакы көмөнү оҥорор суумкатын сүгэн уолу эккирэппитэ. Матасыыкылларын собуоттуу биэрээт, дэриэбинэ таһыгар баар күөл диэки ойдорбуттара. Тиийбиттэрэ, аймалҕан, ытаһыы-соҥоһуу, киһи дьүүлүн-дьаабытын билбэт алдьархайа буола турара.

Эдэр биэлсэр аҕалаах уол ууга былдьаммыттарын истэн, манныкка түбэспэтэх буолан, олох уолуйан хаалбыта. Милииссийэ кэлиитигэр кини өлүктэри чинчийэн ыспыраапка суруйан биэриэхтээх эбит. Маныаха чугуруҥнуу турдаҕына, хата, били биригэдьиир уол кэлэн кыыһы үҥүлүтэн, дьону арыый уоскутан, кыыска көмөлөһөр, тута кини туругун өйдүүр. Шура кэлин киниэхэ наһаа махтаммытым диэн кэпсээбитэ. Бу кини медик буолан баран бастакы “сүрэхтэниитэ” этэ.

 

Эргэ балыыһа кистэлэҥэ

Талан ылбыт таптыыр идэтигэр Александра Петровна ылсан үлэлээн барар. Нэһилиэк дьоно кыыһы ылыналлар, олус элэккэй, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах биэлсэрдэрин ытыктыыллар, эдэр диэн сэнээбэттэр,  наада буоллаҕына, көмөҕө да кэлэртэн аккаастаабаттар.

Биирдэ улаханнык тымныйан ыарахан туруктаах оҕо балыыһаҕа киирэр. Бу күн санитарката ийэтэ ыалдьан сатаан хонсубат, харабыл оҕонньоро табылыннаҕына хойут кэлиэм диэн көҥүллэтэр, төрүөхтээх ынаҕын кэтиир буолар. Онон Шура оҕону кытта бэйэтэ хоно хаалар. Төрөппүттэрэ ыраах үлэлии сылдьар буоланнар суох этилэр. Шура оҕону кэтиир-маныыр, палаататыттан арахпат, уол үлүгүнүйэр, эмиэ да тоҥор, эмиэ да тиритэр, кыраадыһа дэлби тахсар, түһэр. Оҕо аҕыстаах, иккис кылааска үөрэнэрэ үһү. Ол курдук утуйар-утуйбат икки ардынан уол аттыгар олордоҕуна, арай көрүдүөртэн, хаптаһын мас истиэнэ быыһынан табах буруота киирэр. Аны туран сыттаах, эбиитин былыргы мохуорка сыта. Кини үлэһиттэриттэн ким да мохуорка таппата, урут эһээтэ тардар табаҕын сытын өйдөөн хаалбыт. Харабыла Миитээ табахсыт даҕаны, балыыһа иһигэр хаһан да таппат, көҥүллэммэт да буоллаҕа. Шура олус соһуйар, ким да кэлбэтэҕэ, эбэтэр утуктаан ыламмын киһи киирбитин истибэккэ хаалбытым дуу диир. Ойон туран көрүдүөргэ тахсар, ким да суох, арай түгэх палаата диэки аан сабыллар тыаһа иһиллэр. Саатар балыыһа ол өттүн уотун сабан кэбиспитэ, онон барыан куттанар. Ол кэмҥэ уола хаһыытыы сатыыр, баттатар курдук дэлби мөхсөр, өссө тугу эрэ ыйа-ыйа ытыыр. Шура букатын да иэдэйэр, уолга көмүскэттэриэх курдук кэлэн ыбылы кууһар, көтөҕөн хачайдаан уоскута сатыыр. Ити курдук балачча буолаллар, онтон оҕо уһуктан син сэргэхсийэр,  ол да буоллар туохтан эрэ куттанан саҥарбат, аан диэки көрүтэлиир. Шура уол санаатын көтөҕөн кэпсэтэ сатыыр, уол хараҕа олох атын сиргэ, аан диэки көрө-көрө куттанар, тугу эрэ этэ сатыыр. Бу кэмҥэ табах буруота истиэнэ быыһынан киирэн барар, сыта эмиэ кэлэр. Кыыс букатын иэдэйиэҕин, хата, уола тугу эрэ аһыахпын баҕардым диэн туумбаҕа баар аһыттан ылан сиир, уу ыймахтыыр. Син тугу эрэ кэпсэппитэ буолаллар, оҕо ийэтин, аҕатын санаан, кинилэр тустарынан кэпсэтэллэр. Бу олордохторуна тас аан тыаһыыр да, харабыл Миитээ аргыыйдык киирэн кэлэр. Шура тута кини кэлбитин билэр да, “баарбыт, уһуктаҕаспыт, кэлэ оҕус” диэн ыҥырар. Миитээ дьоно куттанан олороллорун тута билэр уонна, уоскутаары, ынаҕа этэҥҥэ буолбутун, тыһы ньирэйдэммитин үөрэ кэпсиир. Онтон Шура хараҕа турбутун, уолуйбутун көрөн, тугу эрэ сэрэйбиттии сытырҕалыыр, түгэх диэки баран кэлэр.

Бу кэннэ кыыһы кэлэн уоскутан, оҕо утуйбутун кэннэ сиэстэрэ хоһугар бараллар. Онно Миитээ балыыһа кистэлэҥин кэпсиир.

Эргэ балыыһалара инньэ 50-с сыллардаахха тутуллубут эбит. Оччолорго репрессия иккис тыына биллэн, бу дьиэҕэ НКВД үлэһиттэрэ дьону доппуруостуур, муҥнуур тэрилтэлэрэ эбит. Оттон ити мохуорка буруота туох эрэ куһаҕан буолаары гыннаҕына биллэрэ үһү. Инньэ гынан Миитээ ыскаапка куруук бэлэм турар, хатарыллыбыт кыа отун ылан уматан, балыыһатын эргийэ сылдьан буруолатар, алҕыыр, көрдөһөр.

Сарсыныгар санитарка кэлэн бэҕэһээҥҥи түбэлтэни истэн уолуйар, куттанар, Шураны бэйэтин хаалларбытыттан буруйдана сатыыр. Ыарыһах уоллара бэттэх кэлэн иһэр, оройуон киинигэр киирбэккэ, атаҕар турар. Бу кэннэ, хата, куһаҕан сурах биллибэтэҕэ, арааһа, Миитээ тута кэлэн балыыһаны буруонан ыраастаан барыта этэҥҥэ буоллаҕа диэн Шура кэпсээбитэ.

Александра Петровна итинтэн да атын араас түбэлтэҕэ түбэспитин, ол гынан баран үлэлээн бүтүөр диэри мохуорка буруота киирбэтэҕэ, арай олорор дьиэбэр атах тыаһа син биир тыаһыыра, хата, учуутал кыыс кэлбитигэр иккиэммитин атын дьиэҕэ көһөрбүттэрэ диэн кэпсээбитэ. Кини бу нэһилиэккэ уон биэс сыл олус үчүгэйдик эҥкилэ суох үлэлээбит, ол гынан баран ыал буолбатах, хайдах эрэ наар үлэбинэн олорбутум, өссө атын учаастактары көрөр, эмтиир этим, онон эбитэ дуу, ыал буолар, саатар оҕолонор туһунан санаабатах да эбиппин диирэ.

Кини кэлин Дьокуускайга көһөн кэлэн медкииҥҥэ уһуннук үлэлээбитэ, онно эмиэ араас түбэлтэ буолара, атах да тыаһыыра, дьон да сүүрэр курдуга, арыт ыарахан ыарыһах кэлиэн иннинэ туох эрэ кэлэн, тугу эрэ хайаан да биллэрэр курдук буолара, онон аһаҕас эттээхпиттэн эмиэ да эрэйи көрөр этим, эмиэ да сэрэтиллэн барытыгар бэлэм сылдьарым диэн турардаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....